Читать книгу Атырдьах сэргэ - - Страница 4
Сэһэннэр
Ини-биилэр
Инники кирбиигэ
ОглавлениеКэмниэ кэнэҕэс маршевай ротаны кытары Бүөтүрдээҕи эмиэ арҕаа ыытар буолбуттара. Вагоннарга олорон тус арҕаа айаннаан лигийии буолбута. Новосибирскайга чугаһаан иһэн биир станцияҕа тохтообуттарыгар Бүөтүр Түүлээхтэн сылдьар Оллонов Прокопийдыын уонна биир дойдулааҕа Заболоцкай Константин Алексеевичтыын-Сонтойдуун оргуйбут уу ыла сырсыбыттара. Бүөтүр котелогар саҥа уу ылан эрдэҕинэ поезтара хоҥнубутунан барбыта. Прокопийдыын тэтимин ылан лиһиргээн-лаһырҕаан эрэр поеһы эккирэтэн кыл мүччү сиппиттэрэ. Саллааттар илиилэриттэн харбаан ылан вагоҥҥа ньылбы соһон ылыталаабыттара. Сонтой өссө да ыраах сүүрэн иһэрэ да поезд түргэтээтэр-түргэтээн хаалан хаалбыта. Новосибирскайга тиийэн икки күн тохтообуттара да киһилэрэ биллибэтэҕэ. Онтон Алтайга тиийбиттэрин кэннэ Прокопийы атын чааска ылан барбыттара. Бүөтүр Мальтаттан арахсыбыт дьонуттан соҕотоҕун хаалан баран, сотору сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр сиригэр тиийбитэ. Сэрии буолбут сиригэр чугаһаан истэхтэрин аайы тимир суол кытыытыгар умайбыт вагоннар дьардьамалара, күл-көмөр буолбут дьиэлэр оһохторо эрэ хоройон турара, араас алдьаныы-кээһэнии элбээн испитэ. Кэнники икки-үс күн ньиэмэс самолеттара буомбалыылларыттан сэрэнэн түүнүн эрэ айанныыллара. Халлаан тымныйан барбыта.
Биир түүн ньиэмэс самолеттара үлтү буомбалаабыт станцияларыгар тиийэн бэрт суһаллык сүөкэммиттэрэ. Халлаан сырдыар диэри биирдэ да сынньанан ылбакка арҕаа диэки хаампыттара. Иннилэригэр ыраах сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр этэ. Ол тыас киһини бүтэйдии саба баттыыр туох эрэ дьулаан күүстээҕэ. Хараҥа саҕахха ырыых-ыраах күһүҥҥү чаҕылҕан кэриэтэ уот күлүмнүүрэ кытары көстөрө. Сарсыарданан киэҥ толоону ортотунан эрийэ-буруйа субуллубут үрэх үрдүгэр кэлэн окуопа хастыбытынан барбыттара. Халлаан былытыран инчэҕэй хаар түһэн тэлимнээбитэ. Бүөтүр сыра-хара бөҕөнөн окуопатын хаһан бүтэрэн баран, сынньана олордоҕуна отделениеларын хамандыыра үрэх кытылыттан от үргүү барарга ыҥырбыта. Бэһиэ буолан үрэх кытылыгар киирэн иһэн кинилэртэн чугас соҕус баар мас муостанан саллааттар холуонналара туораан эрэрин көрбүттэрэ. Хара баттахтаах дьону көрөн Бүөтүр, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн хамандыырыттан көҥүллэтэн муоста диэки сүүрбүтэ. Арай, саллааттар ортолоругар убайа Лэгэнтэй Боотуоннуун иһэллэр эбит. Бүөтүр соһуйан хаалан маҥнай саҥата суох таалан турбута, онтон:
– Убаай, Лэгэнтээй! – диэн хаһыытаабыта. Дьоно сахалыы саҥаны истэннэр өрө көрө түспүттэрэ. Бүөтүр холуоннаны кытыытынан халты-мүлтү тэбинэн батыһан истэҕинэ, убайа аах хамандыырдарыттан көҥүллэтэн суол кытыытыгар тахсыбыттара. Петлицатыгар младшай лейтенант бэлиэлээх, куйаабылламмыт уһун киһи:
– Аргунов – три минуты. Потом догоните, – диэн баран ааһа акылдьыйа турбута.
Лэгэнтэй Мальтаттан арахсыахтарыттан оччо уларыйбатах этэ, арай ыстыыктаах сааны хороччу сүгэ сылдьара. Оттон Боотуон хайдах эрэ куччаан хаалбыт курдуга. Саҥата суох утарыта көрсөн турбахтаат Лэгэнтэй:
– Нохоо, табахтааххын дуо? – диэбитигэр Бүөтүр хоонньуттан өлүү мохуоркатын ылан биэрбитэ. Бэйэтэ табахтаабат этэ, ол эрээри өлүү мохуоркатын туохха эмэ атастаһаары ылбытыттан үөрэ санаабыта. Лэгэнтэй быраата ууммутун синиэлин ис сиэбигэр куду анньаат аны:
– Нохоо, харчылааҕыҥ буолаарай? – диэбитэ. Онуоха Бүөтүр уон солкуобайдааҕын ылан биэрбитэ уонна күлэн ыттайа турар Боотуонтан:
– Бу аата ханна тиэрдэллэр үһүнүй? – диэн ыйыппыта.
– Яснай Поляна диэки тиийэбит диэбиттэрэ, – диэн баран киһитэ өндөх гынан дьоно төһө ырааппыттарын көрөн ылбыта. Онтон окуопа хаста сылдьар дьону көрөн ылаат: – Эһигини манна тохтоппуттар эбит дии, – диэбитэ.