Итэҕэл уонна ыраастаныы

Итэҕэл уонна ыраастаныы
Автор книги: id книги: 2878602     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,78$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6672-8 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан итэҕэл уонна ыраастаныы туһунан мындыр көрүүлэрин үллэстэр. Кини дириҥ ис хоһоонноох сүбэлэрэ куту-сүрү бөҕөргөтөргө, ыраастанарга төһүү күүс буолуохтара, дьиҥ дьол туругун билэргэ көмөлөһүөхтэрэ. В книгу вошли рассуждения белого шамана, алгысчыта, философа Кулан хаан о вере саха и об очищении. Его советы содержат глубокую жизненную мудрость. Они станут подспорьем в укреплении духа и очищении души, помогут обрести истинное счастье.

Оглавление

Группа авторов. Итэҕэл уонна ыраастаныы

Аан тыл

Итэҕэл

Саха итэҕэлин туһунан

Дьиҥ итэҕэл уонна религия

Итэҕэл уонна ыраастаныы

Итэҕэл өйдөбүллэрэ. Көҥүл буол!

Аныгы кэмҥэ. Сахам дьонугар

Ыраастаныы

Өй-санаа сылайыытыттан ыраастаныы

Ис турук уонна быччыҥнар

Ыраастаныы, өбүгэ ситимэ

Ис кыбыстыы

Сааһы ситиһии

Сырдыкка салаллыы. Үүнүү-сайдыы тохтообот тутула

Көмүскэллээх буолуоҕуҥ

Түмүк

Отрывок из книги

Өксөкүлээх Өлөксөй «сахалар бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээхпит» диэн этэн турар. Кини, биллэн турар, итэҕэл диэн тылы дьиҥ бэйэтин өйдөбүлүгэр туттан эттэҕэ – олох кистэлэҥин, айылҕа сокуонун, норуот муудараһын быһыытынан. Билиҥҥи курдук «религия» диэн тутах өйдөбүлгэ буолбатах. Итэҕэл, дьиҥ билии быһыытынан, олоххо туһалыыр буоллаҕына туһа туспа. Оттон бэлиитикэ хабааннаах религияҕа кубулуйдаҕына алдьатар, арахсыыны төрүөттүүр күүс буолар.

Итэҕэли үөрэхтээх, элбэх билиилээх буолан баран тоҥ сүрэхтээх дьон кыайан сүрүннүүр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ итэҕэл эмиэ таптал курдук киһи ис туругун кытта сибээстээх. Таптыырга киһини ким да үөрэппэт, арай тапталга бэлэм, аһаҕас сүрэхтээх буоларга уһуйан көрүөххэ сөп. Билиҥҥи үөрэх, тас, тоҥ билиини биэрэр буолан, ордук өйү сайыннарар. Өй тапталы да, итэҕэли да үөскэтэр кыаҕа суох, төттөрүтүн, аччатыан сөп. Тас билиитинэн сирдэтинэр киһи, кырдьык, үчүгэйи-куһаҕаны араарары билэр. Өй бэйэтин айылҕата оннук. Кини, нууччалыы эттэххэ, практичнай. Ол иһин наар бэйэтин барыһынан олорор. Барыстан, кыайыыттан үөрэр, оттон ночооттон, кыайтарыыттан хомойор. Өйүнэн эрэ салайтаран сылдьар киһи ис туругу сатаан иитиэхтиир кыаҕа суох. Өй барахсан киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар анаммыт, сүрдээх туһалаах айылҕа биэрбит кыаҕа. Кини хайаан да баар буолуохтаах. Өйдөөх киһи практичнай, дьыалабыай буолар. Бэйэтин барыһын элбэхтик толкуйдуур, ол туһугар сыралаһар. Өйө сайдыбыт киһи үчүгэй бизнесмен, бэлиитик, салайааччы буолуон сөп. Ол эрээри өй эйгэтэ киһини аҥаардастыы баһылаатаҕына, киһи сүрэҕэ сабыллар, тоҥ, тоҥуй буолар. Бэйэтин иннин ордук көрүнэн, дьону аанньа ахтыбат, кыһаммат, бэйэтин эрэ суолун солонор аатыгар барар. Оннук киһи олоҕо олус чуҥкук, тутах буолар. Тоҕо диэтэххэ сүрэҕэ сабыллыбыт киһи Айыы, айылҕа тыынын ылара тохтуур. Манна, дьэ, айылҕа олус мындыр оҥоһуута баар. Тугу эмэ таптаатаххына, тугу эмэ кэрэхсээтэххинэ, сэҥээрдэххинэ, сөхтөххүнэ эрэ сүрэҕиҥ аһыллар, дьиҥ дьол туругун билэр кыахтанаҕын. Ону тэҥэ ис күүс киирэр. Ол аата киһи кута-сүрэ бөҕөргүүр.

.....

«Күн айыы киһитэ буол» диибит. Айыы диэн оҥорон таһаарыы (творение). Ол аата «сырдыгы айааччы» диэн суолталаах. Оттон айыы киһитэ диэн – турук. Икки үрдүкү туругу өбүгэ ордук чорботон бэлиэтээбит – айыыны уонна иэйиини. Ону биэрэр күүстэр Айыыһыт уонна Иэйэхсит буолаллар. Айыыһыт ордук эр киһи эйгэтигэр сыһыаннаах. Холобур, оҕо төрүүрүгэр Айыыһыт оҕо кутун эр киһиэхэ дьулайынан киллэрэр. Онно Иэйэхситэ чугаһаабыт дьахтар арыллан, ол Айыыһыт тыынын бэйэтигэр киллэрэн, Иэйэхситтиин холбоон, оҕо үөскүүр. Дьахтар төрөөбүтүн кэннэ, аны Айыыһыт атаарыллыахтаах, оччотугар дьахтар сымныыр, холкутуур, уоскуйар.

Айыы диэн тыл хайдах үөскээбитин дириҥник өйдүүр гына ырытан көрүөххэ. Тыл олоҕо «ай» (твори). Оттон «тугу гыныы?» диэн ыйытыыга хоруйдаан «ай+ыы=айыы» (творить) буолла. Бу тыл дьайыыны көрдөрөр. Оттон дьайыы түмүгэ бэлэм, оҥоһуллан бүппүт эмиэ «айыы» (сотворение) буолла. Ол эрээри бу тыл киһи туругун – айыы туругун (творчество, вдохновение) эмиэ көрдөрөр. Ордук киһи туругар быһаччы сыһыаннаах «иэйии» диэн тылга көстөр.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы
Подняться наверх