Читать книгу Төрүт ньыманан ис кыаххын арый - - Страница 3
Ис турук мөлтүүр, күүһүрэр төрүөтэ
ОглавлениеИс турук – киһи барҕа баайа.
Ис турук бөҕө буолара, бастатан туран, киһи мындыр өйүттэн, айылҕа сокуоннарын сөпкө өйдүүрүттэн улахан тутулуктаах; иккиһинэн – иитиититтэн, олоҕу хайдах көрө, ылына үөрэммититтэн, ордук тугу сыаналыырыттан. Холобур, харчыга охтон хаалбыт олус иҥсэлээх эбэтэр, биллэ-көстө сатаан, ааты-суолу өрө туппут дьон бөҕө туруктаналлара уустук. Киһи, олох ыарахаттарын сатаан уйар, киһилии сиэрдээх, аһаҕас сүрэхтээх эрэ буоллаҕына, сирдээҕи дьолу билэр кыахтаах. Олох араас эйгэтигэр ситиһиилэннэххэ даҕаны, ол түмүктэриттэн астынар-дуоһуйар турук эккинэн-сииҥҥинэн, куккунан-сүргүнэн, өйгүнэн-санааҕынан сатаан ылынар эрэ буоллаххына кэлэр.
Ол иһин дьэ биһиги, аныгы кэм дьоно, ис турук туһунан билиилэри баһылыырга, толору туһанарга кыһаллыахтаахпыт. Бу билиилэри, сатабыллары анаан үөрэтии судаарыстыба таһымыгар ыытыллыбат. Билиҥҥитэ уһуйааннар уонна үөрэх кыһалара тас, ол эбэтэр академическай билиилэри биэриигэ сүрүн болҕомтолорун уураллар. Оттон ис туругу сайыннарыы, бөҕөргөтүү соруктара сүнньүнэн киһиэхэ тус бэйэтигэр, ыалга, итэҕэл уонна уопсастыбаннай хамсааһыннарга сүктэриллэллэр.
Биһиги күннээҕи олохпут сирдээҕи, материальнай соруктары быһаарарга модьуйар – ыал буолуу, идэлэнии, дьиэ-уот тэринии, хамнастаах үлэҕэ тиксэн оҕо-уруу иитии. Ити, биллэн турар, олоххо бастакы турар соруктар. Ол гынан баран киһи ис туруга мөлтөх, доруобуйата кэбирэх буоллаҕына, ити соруктары төһө да баҕардар астына-дуоһуйа толорор кыаҕа суох буолар. Ис туругун аанньа ахтыбат, болҕомтоҕо уурбат киһи сотору кэминэн кэбириир, мөлтүүр. Дьэ оччоҕо кини сирдээҕи олоҕун оҥостор, үптэнэр-харчыланар туһугар өрө мөхсө сылдьан доруобуйатын айгыратан кэбиһэр уонна мунньуммут үбүн сыыһын ону көннөрөргө бараахтыыр. Бастаан алдьатар, онтон көннөрө, эмтии сатыыр. Аныгы олоххо итинник көстүү элбээн иһэр.
Ол иһин биһиги, олоҕу олорбут, сааспытын арыый да сиппит көлүөнэ дьон, билигин туруулаһан туран ыччаппытыгар оҕо, эдэр саастан бэйэ туругун көрүнэргэ, сыаналыырга үөрэтэр ытык иэстээхпит. Айылҕабыт уонна дьоммут-сэргэбит туһугар.
Гаджет содула. Эрдэ эппитим курдук, билигин киһи уйулҕата (психиката) күннэтэ сүрдээх улахан ноҕуруусканы көрсөр. Бэрт соторутааҕыта диэри алаастарынан, дэриэбинэлэринэн наҕыл тэтимҥэ олорбут дьоҥҥо ити сүрдээх улахан охсуулаах. Аныгы информационнай технологиялары кытары алтыһар, онтон сатаан харыстанарга туох да үөрэҕэ-сатабыла суох дьоҥҥо эмискэ ити балысхан сайдыы оҥоһуктарын ыһан кэбиспиттэрэ туох аанньа буолуой?! Сиилээбэппин. Үйэбит оннук.
Ол иһин бастакы түмүктэри оҥостор кэммит уолдьаста диэн көрөбүн. Холобур, оҕоҕо 7 сааһыгар диэри смартфоннары, гаджеттары биэрэри тохтотуохха. Сокуонунан. Оҕо хараҕа улаханнык мөлтүүрүн ааһан, олох кыратыттан ити тэриллэргэ сыстыбыт буоллаҕына, хойукка диэри саҥаран быстыбат, хамсанара-имсэнэрэ бытаарар, ас буһарар үлэтэ, этэ-сиинэ микроэлеменнэри иҥэрэрэ кэһиллэр. Наар хамсыыр хартыыҥкалары көрө үөрэммит оҕо өйүгэр дьүһүйэр, оҥорон көрөр кыаҕа төрүт суох буолар.
«Комфортнай» эйгэ содула. Билиҥҥи кэм дьоно олоххо буолар араас түһүүнү-тахсыыны уйара, ылынара мөлтөөн иһэр. Уйулҕабыт да, доруобуйабыт да уйбат, кыраны да тулуйбаппыт. Ити эмиэ олохпут эйгэтин, укулаатын, айылҕатын уларыйыытын содула. Төһөнөн олох усулуобуйата тупсан иһэр да, соччонон киһи ис кыаҕа биллибэтинэн кэбириир, мөлтүүр. Сылааска, бэлэмҥэ үөрэммит тымныыны-куйааһы тулуйбат, биһиэнин курдук элбэх үөннээх, бырдахтаах айылҕаны уйбат буолар. Өрүү, нууччалыы эттэххэ, «комфортнай» эйгэтигэр өйө-санаата тардыһа турар. Онтон сылтаан ыарахантан куота сатыыр… Өрө тилигирэйэ, хара үлэҕэ миккиллэ сылдьыбыт тыа киһитэ сылаас, толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ хаайтарыа эрэ кэрэх – аҕыйах кэминэн ыараан, мөлтөөн, амньыраан барыаҕа, өскөтүн бэйэтэ ис санаатыттан успуордунан дьарыктаммат, хамсаммат, толору тыыммат буоллаҕына.
Чэгиэн, сэнэх сылдьан ис санааттан дьарыктанар, ис туругу, доруобуйаны көрүнэр култуура урукку кэмҥэ букатын суох этэ. Тоҕо диэтэххэ айылҕа хаамыытынан төрүт дьарыкпытын, онно олоҕуран үөскээбит үгэспитин тутуһан олорорбут. Ол аата ыал барыта сүөһүлээх, оһоҕунан ититиллэр судургу оҥоһуулаах дьиэлээх буолан, уутун, отун-маһын булунар туһугар өрө мөхcөрүгэр, хамсанарыгар күһэллэрэ. Билигин үксүбүт букатын атын оҥкуллаах олоххо олорорго саҥа үөрэнэ сатыыбыт. Аны бэйэҥ туруккун көрүнэргэр эйигин ким да күһэйбэт, арай үгүс киһи улаханнык ыарытыйдаҕына, кэһэйдэҕинэ эрэ өйдүүр. Ону даҕаны сорохтор бэйэ кыаҕын сайыннарыах оннугар арҕааҥҥы мэдиссиинэ эмигэр найыланаллара баар суол. Оттон эминэн-томунан дьарыктанар бизнес эн чэгиэн буоларгар улахан интэриэһэ суох. Бу орто дойдуга ким барыта, туох барыта бэйэтин интэриэһин өрө тутар.
Дьиҥэ, айылҕа оҥоһуутунан бэйэ эрэ иннин көрүнэн олорор – аньыы. Хараҥа тыыны айар-үөскэтэр, тус бэйэҕэ алдьатыылаах. Холобур, мэйии үлэтин ылан көрүөҕүҥ. Киһи этэ-сиинэ хаһаайынын майгытын хатылыыр. Бэйэмсэх киһи салалтата – төбөтө, мэйиитэ эмиэ бэйэтин эрэ ордук көрүнэр буолар. Ол аата эт-сиин үлэтин тэҥник көрөн, үчүгэйдик, суобастаахтык салайыан оннугар, туох баар хааны-сиини (сиин – лимфа систиэмэ убаҕаһа, уута) бастаан бэйэтигэр ылар. Оччоҕо атын уорганнарга тиийбэккэ, эт-сиин үлэтэ кэһиллэр. Ону таһынан, киһи мэйиитин үлэтэ аһара күүһүрэн, күүрүү үөскүүр, тымыр кыарыыр. Сатаан утуйбат буолуу, наар тоҥ өй ирдэбилинэн олоруу, эт-сиин көрөрүгэр-истэригэр (чувство) кыһаммат буолуу төрдө-төрүөтэ итиннэ сытыан сөп. Оннук киһи олус тоҥуй, тоҥумтуо буолар.
Тымныы үтүөтэ. Киһи ис кыаҕын арынарыгар биир улахан төһүү күүс тымныы буолар. Тоҥуу диэн ис күүрүү. Тымныыны тулуйбат, сылааска үөрэммит киһи үрдүк күүрүүлээх буолар. Билигин тымныынан дьарык ис кыаҕы арыйар кыахтааҕа туох да мөккүөрэ суох. Холобур, Дьокуускайга олорор тымныы ууга сөтүөлүүр «моржтартан» коронавирус пандемиятын кэмигэр биир да киһи ыараханнык ыалдьыбата, онтон дьаныһан дьарыктанааччылар букатын да билбэтилэр. Бу элбэҕи этэр.
Киһи этин-сиинин кыаҕа муҥура суох буолбатах. Сахалар бары өйдөөн-төйдөөн баар тымныыбытын сатаан туһаннахпытына, чэгиэн-чэбдик, бөҕө-таҕа туруктаныа этибит диэн бигэ эрэллээхпин.
Манна эбэн сүбэлээн эттэххэ, тымныыга үгүстүк сылдьар киһи аһылыга сүнньүнэн белковай буолуохтаах (холобура, эт). Аҥаардас сылытынарын, ититинэрин туһугар эт-сиин сүрдээх элбэх калорийы барыыр. Ону таһынан, тымныыга сылдьан киһи ууну аҕыйахтык иһэрэ ордук диэн көрөбүн.
Саха күүһэ – үгэстэригэр. Саха киһитэ ис эйгэтин арынарыгар олус да элбэх кыахтаах эбит – ыһыахпыт, алгыспыт, оһуохайбыт, тойукпут, хомуспут, олоҥхобут, тылбыт, олохпут-дьаһахпыт урукку укулаата. Кырдьык, аҕыйах ахсааннаах буолан баран, олус дириҥ билиилээх, сөҕүмэр кыахтаах норуоппут. Бу үтүмэн үгүс үгэспитин, кыбыстыбакка, кэтэмэҕэйдээбэккэ, дьиҥ бэйэтин аналынан туһанарбыт буоллар, төһөлөөх элбэх киһи санаа түһүүтүттэн, куһаҕан дьаллыктан, бэйэҕэ тиийинииттэн босхолонуо этэй?! Ону баара, билигин даҕаны ситэри ылса иликпит, билигин даҕаны таһынан өйдүү сылдьабыт… Холобур, санаалара түһэн дуу, тугу да гыналлара суох буолан дуу, арыгы испит киһи диэн толкуйдуу сылдьар дьон, кыбыстыбакка, муста түһэн оһуохайдыыллара буоллар, хайҕал дуу, бириис ду ылаары буолбатах, ис туругу сэргэхситэр, сүрү көтөҕөр туһугар, төһөлөөх холкутуйуо, астыныа-дуоһуйуо, сүргэлэрэ көтөҕүллүө этэй?!
Салгын куту бөҕөргөтүү. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үс гыммыт иккитэ хайалаах сиртэн турар. Салгына, атын дойдуларга холоотоххо, чыҥха ураты, киһи кутун-сүрүн, өйүн-санаатын ыраастыыр күүстээх. Ыраас салгынынан тыынар билигин олус күндү буолла. Ону ситэри өйдүү иликпит. Үксүн дьиэ иһигэр атын дьон тыынан таһаарбыт, олус элбэх азоттаах, углекислай гаастаах, санаа-оноо иҥпит салгынынан тыынар киһи элбэх. Оннукка салгын кут киртийэр, атын дьон санаатынан, кыһалҕатынан туолар. Ол барыта быарга олорор, өрөһөнү күүрдэр, үөһү хойуннарар. Коронавирус пандемията аан дойду үрдүнэн дьон тыынар уорганнара олус мөлтөөбүтүн дьэҥкэтик көрдөрдө. Бу ыарыы бүттэ, аны маннык хатыланыа суоҕа диэн этэр кыахпыт букатын суох. Вирус хайа баҕарар кэмҥэ «тупсан-сайдан», саҥалыы күүһүрэн кэлиэн сөп.
Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга бетон, таас дьиэҕэ олорор доруобуйаҕа охсуулааҕын өйдүөх тустаахпыт. Тас тэмпэрэтиирэ олус тымныйар буолан, дьиэни салгылатыы кыаллыбат, вентиляция бэйэтин оруолун ситэ толорбот. Онтон таас истиэнэ тыыммат, дьиэ салгылаабат. Итини эмиэ тус бэйэбит турукпут туһугар толкуйданарбыт уолдьаста.
Билигин ордук күүскэ салгын куту бөҕөргөтөр кэм кэллэ. Онно дьэ Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн туоналара, ыраас салгына абырал буолуохтаахтар. Бэйэбит тыытыллыбатах, эйгэтэ алдьамматах кэрэ айылҕабытыгар сылдьан сынньанарбыт туохтааҕар да ордук, туһалаах. Төрөөбүт дойдубут барахсан тылынан сатаан этиллибэт сүдү күүһүн, киһиэхэ биэрэр ыраас, модун тыынын өйдүөхтээхпит. Кэм-кэрдии уларыйда, онон киһи доруобуйатыгар болҕомто уурбатаҕына, ким да көмөлөһүө суоҕа, олохпут – бэйэбит илиибитигэр. Билигин өбүгэлэрбит билиилэрин холбуу тутан, саҥалыы тыыннаан туһаныах тустаахпыт. Салгын суолтатын ырыҥалаан, сахалыы анааран дириҥник өйдүөххэ. Тыыммыт салгыныҥ сонно тута хааҥҥар тиийэр гына айылҕа киһи буор кутун олус мындырдык айбыт эбит. Хааныҥ хайдаҕый да, санааҥ-онооҥ эмиэ онтон саҕыллан тахсар буоллаҕа. Өбүгэлэрбит ону олус бэркэ билэллэрэ. Дьон тоҕуоруһар сиригэр салгыны кытта төһөлөөх элбэх араас бытархай эттиктэр, тыыннар, эҥин араас ыарыы, дьаҥ биһиги испитигэр киирсэрэ буолуой?! Дьэ ону сибиэһэй салгынынан тыынан, анаан дьарыктанан ыраастыахтаахпыт. Буор куту, хааны-сиини киртитэн, ыаратан, ыарытыннаран кэбиспэт туһугар. Салгын кут мөлтөөбөтүн туһугар.
Итинтэн сиэттэрэн тыын диэн өйдөбүлү эмиэ ылан көрүөҕүҥ. Киһи орто дойдуга олорорун тухары тулалыыр эйгэтигэр тыынын тарҕатар, иҥэрэр. Бу – кини анала.
Туох барыта тыыннаах. Ол аата бэйэтин иһигэр хамсыы-имсии турар эйгэлээх. Киһи эмиэ туһунан тыыннаах, аныгылыы эттэххэ, информационнай эйгэлээх – ону сахалыы быһаччы «тыын», «салгын кут» диэн ааттыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһи олоҕу бэйэтин көрүүтүнэн ылынар буолан, эйгэтин онон толорон биэрэр. Эн эҕирийэн ылар салгыныҥ искэр киирэн ол эйгэҕин, салгын куккун кытта холбоһор уонна таска тахсан тарҕанар. Элбэх киһи биир санааҕа кэллэҕинэ – биир тыыннанар, олорор сирин-уотун ол тыынынан толорор. Ону аныгылыы «эгрегор» диэн ааттыыллар. Ол айылҕа ыраас тыына буолбатах, киһи айбыт тыына.