Читать книгу Аанньаллар - - Страница 2

Ийэ буор

Оглавление

Чаҕылыйан күн да күн. Тулабыт барыта сып-сырдык, күп-күлүмүрдэс. Киhи эрэ үөрүөн-көтүөн курдук. Үөрүмүнэ… Биhиги бүгүн педагогика экзаменын мүччү түhэн, астынан-дуоhуйан, кыайбыт-хоппут дьон быhыытынан, бу күнү сынньалаҥҥа эрэ аныыр санаалаах күн кыhалҕата суох, хоспут түннүгүн cэҥийэтигэр быардыы түhэн сытан таhырдьаны одуулуубут.

Уопсайбыт иннигэр баар спорт былаhааккаҕа устудьуоннар «хортуоскалаан» айманаллар, күлэллэр-салаллар. Уопсайы кыйа үүммүт иирэ талах быыhыгар баар ыскамыайкаларга ыгыта куустуспут пааралар бүкпүттэр. Онтон уопсай аанынан киирии-тахсыы элбэх.

Биhиги да сүгүн сыппаппыт. Ону-маны саҥаран көрө-көрө, кэлэр-барар дьону дьээбэлиибит. Бэтиэхэбит табылыннаҕына, иэрийэ-иэрийэ күлсэбит. Ордук дьээбэҕэ талааннаах, үөн хаата Ленка күннээтэ. Эрдэттэн салапаан мөhөөччүктэргэ уу кутан, бэйэтэ этэринэн, «водороднай буомба» оҥорон, тугу да сэрэйбэккэ ааhан иhэр дьон иннигэр быраҕаттаан, былааhы ылла.

Бу сыттахпытына, биhиги харахпыт далыгар тайах мастаах кып-кыра саллаат киирдэ. Оччону көрбүт дьон өрө көтө түстүбүт. Ленка дьиҥнээх сэрииhит киhи көстүбүтүттэн чахчы үөрдэ.

– Эй, защитничек, обороняйся! – диэн хаhыытаат, «буомбатын» кыыратта.

Уулаах мөhөөччүк асфальга охсуллан, «паш-ш» гына эhиннэ, уунан ыhыахтанна. Саллаат соhуйда, тайах маhын ыhыкта сыста. Биhиги, тугу эрэ үчүгэйи оҥорбут дьон курдук, күлэн саhыгырастыбыт.

Саллаат тирэҕин булан, өрө хантайда. Төгүрүк сирэйэ өрө мылайан кубарыйан көhүннэ.

Тэҥҥэ күлэн бычыгырыы олорбут Эльвирабыт эмискэ бөтө биэрдэ, ачыкытын көрдөөн булумахтанна. Онтукатын булбакка, аттыгар олорор Лидатын ачыкытын эhэ охсон ылан кэттэ, симириктии-симириктии саллааты одууласта. Чочумча буолаат, сүр сылбырҕатык ойон туран, ааны былдьаста.

Аны, били мэлдьи холку, дуоспуруннаах кыыспыт сымса хамсаныыларыттан бары быара суох бардыбыт. Туох эрэ кэрэхсэбиллээх буолаары гынна диэн, аа-дьуо туран аан диэки сыҕарыйдыбыт, ас бэлэмнии сылдьар дьуhуурунай Ларисаны, кэмин иннинэ аhын тардыалаhан, ыhыытаттыбыт-хаhыытаттыбыт.

Сотору буолаат, аан тэлэллэ биэрдэ, саллаат кыбыныылаах Эльвирабыт хос ортотугар биирдэ баар буола түстэ уонна аҕылаабыт омунугар биир тыынынан:

– Бу – Уйбаанчык, бииргэ үөрэммиппит! – диэтэ.

Биhиги киирбит дьону эргийэн, саллааты одууластыбыт. Кыыспыт ыалдьытын төрдүс этээскэ биир тыынынан тэлээрдэн таhаарбыт бадахтаах: саллааппыт аҕылаабыт, сүүhүгэр көлөhүнэ бытыгыраабыт. Элбэх кыыс хараҕа киниэхэ туhуламмытыттан симитиннэ, кытар гынна, кэннинэн тэйдэ. Үөскээбит уу чуумпуга төлө туппут тайах маhа сатала суох улаханнык тыаhаан муостаҕа «кур» гынна. Уолбут тирэҕин сүтэрэн, ыксаан истиэнэҕэ өйөннө, буруйдаммыттыы умса көрдө.

Дьэ өйдөнөн, ким тайах маhы туруорар, ким олоппос аҕалар, ким эбии иhит-хомуос булар түбүгэр түстүбүт.

Нум-нам буолан, киэhээҥҥи аспытын аhаары остуолбут тула олордубут. Ыалдьыппытын маанылаан, ортобутугар угуннубут.

Эмиэ туох да буолбатаҕын курдук күлэн-салан, кэпсэтэн-ипсэтэн бардыбыт.

Саллааппыт саҥата суох, тургутардыы, барыбытын биир-биир кэрийэ одуулаhа олордо.

Эльвирабыт киэмсийэ соҕус:

– Бу Оксана, Лида, Лена, Лариса, Валя, бииргэ үөрэнэбит, – диэн билиhиннэрдэ.

Буолары буолбаты кэпсэтэн, чэйдээн ортолоон эрдэхпитинэ, саллаат Уйбаанчык Эльвира саннын сэрэниин-сэрэнэн имэрийэн ылла уонна:

– Эльвира-а, эhиги наhаа үчүгэйгит, – диэн сибигинэйдэ.

Эльвира соhуйан кытар гынна уонна:

– Ваня, эн хайдах буоллуҥ? – диэтэ.

Тылга толкуйдаах Лида:

– Сахаларга биир киhини эhиги диэбэттэр, нууччалыы эрэ Вы, Вас диэххэ сөп, – диэн куолулааччы буолла.

Уолбут көлөhүнүн туора сотунна, сэмэй баҕайытык мичик гынна:

– Суох, мин барыгытын этэбин. Үчүгэйкээн баҕайы саха кыргыттарын ортотугар олорорбуттан наhаа үөрэбин. Дьоллоохпу-уун…

Оччо хайҕаммыт дьон үөрэн сахсас гына түстүбүт, өссө тугу этэр эбит диэн, ыалдьыппыт сирэйин өрө мыҥаатыбыт.

– Эльвира, мин эhиэхэ тыыннаах хаалбыппар махтана кэлбитим…– саллаат үөhэ тыынна.

– Эс, ол хайдах? Биhиэхэ даа? – Эльвира тугу да өйдөөбөтөхтүү эргим-ургум көрдө. – Эн армияҕа барыаххыттан таастыы сүтэн хаалтыҥ дии. Оннооҕор дьоҥҥор «сураҕа суох сүппүт» диэн биллэрии кэллэ диэбиттэрэ.

– Буолуо. Армияҕа учебка кэнниттэн сулууспалыахтаах чааспытыгар тиийээппитин кытары биир сарсыарда полканы барытын стройдаттылар. Уоттаах-төлөннөөх тыллары этэн баран: «Кто готов выполнять свой интернациональный долг перед Родиной, шаг вперед!» – диэн хамаанда биэрбиттэригэр бүтүн полк биир киhи курдук инники хардыылаабыппыт. Баҕар, ол олус эдэрбититтэн, олоҕу ситэ билэ иликпититтэн буолуо гынан баран, ол түгэҥҥэ хайдах табаарыстарбытыттан хаалыахпытый диэн санааттан салайтарбыппыт буолуо. Тус бэйэм туох эрэ улахан суолталаахха кыттан эрэр курдугум. Хайдах эрэ бары үрдүк күүрүүлээхтик өрө көтөҕүллэн, этиллибит интернациональнай иэспитин толоро уон аҕыс саастаах эдэркээн уолаттар түhээн да баттаппатах Афганистан диэн дойдубутугар аттаммыппыт. Дьиҥ иhин ыллахха, биhиги онно туох иэстэммит үhүбүт. Иннибитигэр туох күүтэрин хантан билээхтиэхпитий?! Хаспыт хара дьайдаах «груз 200» буолан, хаспыт илиититтэн-атаҕыттан матан киhи аҥаара буолан эргиллиэхпитин…– Ваня куолаhа титирэстээн ылла.

Тыын ылан баран сунтаардыы унаарытан кэпсээнин салҕаата.

– Сэрии диэн сэрии! Бу олорон мин өлөр да өстөөхпөр сэрии диэн тугун билиэн баҕарыам суох этэ. Хайдах гынан бу күнү тыыннаах ааспыт киhи диэн дьаархана сылдьыы, бу сарсыарда үөрэ-көтө хаадьыласпыт доҕоруҥ аатын киэhэ өлбүттэр испииhэктэригэр булар, хаан-сиин, өлөрсүү – ол барыта киhини тупсарбат, киhи кутун-сүрүн алдьатар эрэ.

Бу үлүгэрдээх дойдуга умса-төннө түhэ сырыттаххына, былыт быыhыттан күн көрөрүн курдук, дойдугуттан кэлэр суруктар чаҕылхай үөрүү буолаллара. Дьоммут барахсаттар биhиги ханна сылдьарбытын хантан сэрэйиэхтэрэй? Сойууска баар чааспыт аадырыhыгар ыытыллар суруктарга күннээҕи түбүктэрин, отторун-мастарын айдаанын туhунан суруйаллара сүрдээх суолталаах буолара. Хаhан эрэ түүл буолбут олохпутугар тиийиэхпит диэн эрэл кыымын үөскэтэллэрэ.

Биир сарсыарда караултан сылайан-элэйэн кэлэн, утуйардыы оҥостон эрдэхпинэ, амыдайым, халлаан курдук күп-күөх харахтаах Брянскайтан сылдьар Ваня Полетаев казармаҕа сүүрэн киирбитэ.

– Ванек, танцуй, тебе посылка. За добрую весть мне – половина, – дии-дии миигин эргитэн кулахачыппыта.

Мин, бу куйааска миэхэ ким посылка ыыттаҕай диэн, соhуйбутум да буоллар, сахам сахата өтөн, үөрүүбүн биллэрбэккэ, Полетаевы батыспытым. Штабтан тиийэн баhыылкабытын ылан кэлбиппит. Эльвира, ол эhиги, кылааhым кыргыттара, ыыппыт баhыылкаҕыт этэ. Баhыылкабыт хаппаҕа аhаҕас этэ да, казармаҕа диэри арыйан көрбөтөхпүт. Киллэрэн сэрэнэн фанера дьааhыгы остуолга уурбуппут. Караулга сылдьыспыт уолаттарбыт кэтэhэн олороллоро. Чочумча олорон баран сержаным:

– Ванек, давай! – диэн хамаандалаабытыгар киэптии соҕус туттан биир-биир кэhии хостоон барбытым.

Дьааhыкка сгущенка, кофе, чэй, табах, кэмпиэт, бирээнньик бааллара. Түгэҕэр дьоҕус кэмбиэр сытара. Саҥата суох илдьэн, сыттыгым анныгар кистии аспытым. Кэлин бэйэм бүөмнээн көрөн астынаары.

Чэй оргутта охсон, Дьэргэстэй ыhыаҕын ыспыппыт, Омоллоон олоҕун туппуппут. Табаарыстарым чахчы миэхэ ымсыырбыттара, саха кыргыттара маладьыастарын хайҕаабыттара, аадырыстарын ыйыталаспыттара. Хас биирдиибит дойдубутун санаан иhийэн да ылбыппыт.

Олорбохтоот, мин ороммор кэлэн кэмбиэрбин хостообутум. Сэрэнэн муннугун хайа тардыбыппар илиибэр моонньуга кэтэр быалаах кып-кыра саппыйа оҕото түhэн кэлбитэ. Мин тугун өйдөөбөккө, суругу утаппыттыы ааҕан барбытым.

Эльвира, эhиги чахчы наhаа үчүгэйдэргит, маннык кылааhынньыктаахпыт диэн санаан, итиччэ ыраах дойдуга кэhии ыыппыккыт. Эhиги суруккутугар бииргэ үөрэммиттэр ким ханна тиийбитин, тугу гынарын, ким оҕоломмутун-урууламмытын сиhилии кэпсээн баран, суругу «эн ыарахан сулууспаҕар күүс-көмө буоллун, дойдугун санаттын, араҥаччылаатын-арчылаатын диэн, төрөөбүт Элгээйиҥ буорун уган ыытабыт» диэн түмүктээбит этигит.

Онно эрэ илиибэр тугу тутан олорорбун өйдөөбүтүм. Ытыспар ыга туппут кыракый саппыйабын муннубар даҕайан сыллаан ылбытым. Туох эрэ олус сылаас төбөм оройуттан тилэхпэр тиийэ сүүрбүтэ, сүрэҕим ыарыылаахтык ыга кымаахтаабыта. Харахпар ийэм, аҕам, балтыларым, эбэм эмээхсин көстүбүттэрэ, муннубар түптэ, саҥа тыллан эрэр хатыҥ сэбирдэҕин сыттара биллибитэ, кулгаахпар бииргэ үөрэммит оҕолорум айдааннара охсуллан ааспыта…

Биирдэ өйдөммүтүм: хараҕым уу-хаар баhыллан ытаан сыҥырҕыы олорорум…

Табаарыстарым, дойдутун ахтылҕанын таhаардын диэн буолуо, ким да кэлэн мэhэйдэспэтэҕэ. Мин килэччи көрөн өөр да өр сыппытым. Элбэҕи санаабытым быhыылааҕа да, биири дьэҥкэтик өйдөөбүтүм: мин бу үтүгэнтэн хайаан да дойдубар тыыннаах төннүөм диэн. Уонна олус кытаанахтык утуйан хаалбытым.

Түhээн Бүлүү эбэбэр сөтүөлээн чомполоно сылдьарым: дойдум күнэ сырылаччы тыгара, мин олус дьоллоохтук күлэ-күлэ ууну ытыhынан таhыйан ыhыахтанарым…

Ити күнтэн ылата мин кынаттаммыт курдугум… Өйүм-санаам дьэҥкэрэн, күүспэр күүс эбиллэн, саллаат олоҕун араас моhолун этэҥҥэ туораан испитим.

Кандагар чугаhыгар баар кыракый кишлагы ылыыга олус кырыктаах кыргыhыы буолбута. Командирбыт кыргыhыы ортотугар өстөөх буулдьатыгар табыллан суох буолбута. Командира суох хаалбыт саллааттар чыhыыра ибиирэн олорор буулдьа ардаҕын анныгар төбөтө суох хаалбыт дьон кэриэтэ этибит.

«Дуухтар» тугу гыналларын кэтэhэ сыттахпытына, арай дэриэбинэ диэкиттэн ып-ыраастык нууччалыы:

– Сынки, родные, вперед! – диэн дьахтар хаhыыта иhиллибитэ.

Умса түhэн, сыаптаан сытар саллааттар кэккэлэрэ биирдэ өрө үллэх гыммыта да, бары ойон туран ытыалыы-ытыалыы иннибит диэки түhүнэн кэбиспиппитин өйдөөбөккө да хаалбыппыт. Кыл түгэнигэр кишлагы атаакалаан ылбыппыт. Ол курдук биhиэхэ «Төрөөбүт дойду», «Сойуус» диэн өйдөбүллэр олус күүстээхтэрэ. Кэлин билбиппит, били хаhыытаабыт дьахтар бу кишлакка оҕолорго нуучча тылын үөрэтэ сылдьар эбит этэ. Сааhыра барбыт, олохтоох тыллаах-өстөөх дьахтар биhиэхэ «Родина-мать зовет!» диэн былакаат уобараhа буолан көстүбүтэ. Дьылҕа ханнык ыйааҕа, олох ханнык суола кинини итиччэ ыраах тэлэhиппитэ буолла?

Ити кэнниттэн, биир сарсыарда утуйа сыттахпына, ким эрэ ыарыылаах баҕайытык уолукпуттан өрө ыйаан таhаарбыта.

Көрбүтүм – ыга кыыhырбыт сирэйдээх полкам командира Ничепуренко маат-муут бөҕөтүн түhэрэн, миигин сахсыйа турара. Казармалары кэрийэ сылдьан, мин аhаҕас уолукпун көрөн тохтообут этэ.

– Сволочь, травкой увлекаешься? Идиот, знаешь кто ты после этого? – дии-дии миигин саппыйам быатыттан тардыалаабыта.

Быам солко буолан моонньубар быhа кииртэ да, хата быстыбатаҕа.

Баарбын-суохпун былдьатан эрэр киhи, дьэ өйдөнөн, төттөрү тардыалаhан чиччигинээбитим, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии быhаарааччы буолбутум:

– Э-э-это не ты-ты-травка, э-это земля, зы-зы-земля, земля, ну это почва…

– Какая такая почва? Сними немедленно!

Мин туох иhин устар санаам суоҕа, мүччү туттаран туора ойбутум.

– Ванёк, объясни ты толком, что у тебя? Отдай сюда! – айдааҥҥа үмүөрүспүт саллааттар ортолоруттан сержаным кыттыспыта.

– Ни за что! Бу мин буорум, это – моя земля, это – моя эльгяйская земля! Никому её не отдам! – мин ыксаан саппыйабын устан кэннибэр туппутум.

– А ну, покажи! – полк командира илиитин ууммута.

Мин саараан баран, быстыам дуу, ойдуом дуу, биэрдэҕим дии.

– Только обратно верните…– диэхтээбитим.

– Он ещё тут условия диктует! Ну и порядки у вас! – Ничепуренко ылан быаны өhүлэ тардан, тарбаҕын төбөтүнэн буорбун кымыстаан ылан, муннугар даҕайбыта, ытыhыгар кутан имиппитэ, онтон тылын төрдүгэр ууран амсайан көрбүтэ.

Өйдөөбөтөхтүү мин диэки чыпчыҥнаабыта:

– И, правда, земля! Откуда она у тебя и зачем?

– Это мне одноклассницы из Союза отправили, – диэт, мин саппыйабын ылаары тарбачыспытым.

Сержаным урут түhэн эhэ охсон ылбыта уонна:

– Эх, ты… У тебя земля Союза, и ты молчал? Ну, якут, ты даешь! А если тебя убьют, наша земля духам попадет? Нетушки, дорогой, эта святая земля Союза должна охраняться всеми, а не одним Иваном Тыасытовым, – диэбитэ.

Мин сүрдээҕин хараастыбытым да, тула эргийбит табаарыстарым харахтарын көрөн тохтообутум.

Ол көрүүгэ араас баара: сөҕүү-махтайыы, ордугурҕааhын, кэлэйии… Бары ити кып-кыра эрээри, олус улахан суолталаммыт саппыйаны ылан көрүөхтэрин баҕарбыттара. Буор буортан туох уратылаах буолуой? Афганистан буоруттан атына суоҕа буолуо да, ити аҕыйах кымаах буор бүтүн Сойуус суолталаммыта. Ол Сойууска мин Сахам сирэ эрэ киириэ дуо…

Биир сүбэнэн саппыйаны сейфэҕэ хатаабыттара.

Ол күнтэн ылата блокпостарынан тарҕаhар саллааттар докумуоннарын туттарар кэмнэригэр саппыйаны ылан илииттэн илиигэ бэрсэн эргитэр идэлэммиттэрэ. Ким оннук өй укпута буолла, ол оннук кэhиллибэт ытык үгэс буолбута.

Ити сиэри-туому толорон баран, биhиги отделение биир күн сэттис нүөмэрдээх блокпоска олорбут саллааттары солбуйа барбыппыт. Ол дьуhуурустубаҕа сатамматахпыт. Дуухтар биhиэхэ саба түспүттэрэ. Түүн да, күнүс да сынньалаҥ биэрбэккэ, имири эhэр санаалаах кэлэн түhэ турбуттара. Тиhэх Полетаев биhикки хаалбыппыт. Мин атахпар бааhырбытым. Полетаевым барахсан ытыалаhарын быыhыгар кэлэн миэхэ көх-нэм буолара. Бүтэhигэр:

– Ванёк, кажется назад нам путь заказан, не забудь оставить последнюю пулю себе… – диэхтээбитэ.

Түүнү быhа ытыаласпыта, сарсыарданан ах барбыта…

Мин да ботуруоннарым бүппүттэрэ, атын сиртэн баран көрдүүр кыах суоҕа. Автомат саабын биирдиилээн ытарга туруоран баран, түөспэр ууран сыппытым. Төhө өр сыппытым эбитэ буолла, билбит суох… Дуухтар бары өллүлэр диэн тыас хомуммуттара быhыылаах. Уум суоҕа, тамаҕым хатара сүрдээҕэ, сотору-сотору өйбүн сүтэрэрим.

Өйдөнөн кэллэхпинэ, амырыын хартыына этэ. Ип-итии, ол дойду күнэ олох киhи оройугар тыгара… Аттыбар табаарыстарым өлүктэрэ истэрэ сараччы үллэн, бэйэлэрэ өhөччү көҕөрөн, сыт-сымар, дьүhүн-бодо буолан сытаахтыыллара. Аата-ахсаана суох сахсырҕа үөрэ сааҕыначчы көтөрө.

Ол сытан туох ааттаах улахан сахсырҕата үрдүбэр ыйанна диэн санаалаах өйдөнөн кэлбитим: биhиги вертушкабыт кэлэн олороору салбахтарынан сапсына турара. Тыыннаахпын биллэрээри илиибинэн сапсыйа сатаабытым да, сэниэ суоҕа. Туох баар күүспүн мунньунан, автомат саабын халбары анньан ыга туппут тардарбын бэрт эрэйинэн төлөрүппүтүм. Син өйдөөн көрбүт этилэр.

Ити кэннэ Ташкеҥҥа госпитальга биирдэ өйдөммүтүм. Арыый буолан баран, тумбочкам үрдүттэн саппыйабын булан ылбытым…

Били мааҕын солуута суох тылга тииhэн, күлэн саhыгыраhа олорбут кыргыттар ах барбыппыт. Уйбаанчыкпытын саҥа көрбүттүү одууласпыппыт. Сэнии көрбүт кыракый Уйбаанчыкпыт олоҥхо бухатыыра буолан тупсан, киэркэйэн көстүбүтэ.

Уолбут ырбаахытын тимэҕин сүөрэн, киртийэн өҥө-түүтэ биллибэт буолбут саппыйаны хостоон Эльвираҕа ууммута.

Эльвира саҥата суох ылан икки илиитинэн хам тутан олорбохтообута уонна миэхэ ууммута. Ити курдук остуолу эргитэн саппыйаны хаhаайыныгар төнүннэрбиппит.

Уйбаанчык ылан, моонньугар төттөрү кэппитэ, тимэхтэммитэ, куйах кэппит бухатыыр курдук түөhүн имэриммитэ, мичээрдээбитэ уонна:

– Аны, кыргыттаар, эhиги кэпсээҥ Сахам сирин сонунун! – диэбитэ.

Аанньаллар

Подняться наверх