Читать книгу Тыалырар салыҥнаах олоҕум - - Страница 2

Бастакы кэрчик
Олоҕум оҕолоро
(рубаилар)

Оглавление

1

Хомотор, үөрдэр да хоhооннор —

Олохтон төрөөбүт оҕолор.

Ааҕааччы сүрэҕэр тиийэллэр —

Көҥүлгэ суолларын солооннор.


2

Мин – олох оҕото эбиппин,

Олоччу куоппуйа киhибин.

Үчүгэй, куhаҕан көрүҥэр

Үүт-үкчү үтүктэн иhэбин.


3

Дьылҕабын түннүгүм кырыатын

Курдары одуулуу сатыыбын.

Тугу да көрбөппүн. Ол эрэн —

Кырыа-муус ууллуо дии саныыбын.


4

Үйэбин батыhан сырсабын —

Үп-харчы кыланар кыыhабын.

Тыыйбын даа! Атыылаан аhыам дуо —

Хаарыаннаах күн сиэрдээх аналбын?!


5

Мин солоон эрэбин Дьол суолун…

Туоруом дуо тоhуйар Сор дуолун?

Булларбыан, муударас мускуйан, —

Олоххо табыллар Дьолуобун!


6

Хас күнүм мөккүөргэ мүккүллэр,

Тоҥ үөскэ харгытаан түмүллэр.

Ол өрүс муустарын суйдаары,

Санаалар көмүөллээн эрэллэр.


7

Ыалдьарбар – истэргэ дылыбын

Алааhым уйаргыыр саҥатын.

Төрөппүт сылаас тыын толуйар —

Бырааhы, эмп эҥин арааhын.


8

Боотуруом! Аттыбар эн бааргын!

Ыардары барытын уйабын.

Бу миэхэ, хатыҥҥар, кэккэлэс —

Үйэлээх бэс доҕор буолаҥҥын.


9

Дьүөгэм кыыс ытаабыт хараҕар

Буруйбун булабын, ардыгар.

Куоскаттан тиигири төрөтөн,

Куhаҕан – кыраттан кыыhырсар.


10

Сорохтор сэнииллэр, кыынньыыллар,

Кырыылаах тыллары тамныыллар.

Ол кэммэр – дойдубар тапталым

Тыллара тыын уган быыhыыллар.


11

Бэйиэтиэм! Сөҕөбүн билиигин

Дириҥээн нүөлүтэр иэйиигин.

Ол эбит – эн көтөр кынатыҥ!

Эн миэхэ – холобур киhигин!


12

Айылҕа, олох да кэрэтэ —

Кыыс уоллуун тапталын кэриэтэ.

Бу ини – истиҥник өйдөһүү,

Курдары өйөһүү бэлиэтэ?!


13

Өһүөннээх сэниир дьон саҥата

Өрүүтүн сур бөрө буолбатах.

Саhыллыы сыhыантан арыт мин

Соругум сорҕото туолбата.


14

Дьиктини санатта хараҥа —

Kүhүҥҥү түүн сылаас ардаҕа.

Ыйдаҥа сырдыктаах хоhоонум

Тыллара таммалыыр, бадаҕа.


15

Хайҕалтан – эбиллэн барбатым,

Сирииттэн – көҕүрээн хаалбатым.

Хайдахпын, баарбынан сыаналаан,

Кырдьыксыт бириэмэ быыhаатын.


16

Үөһэҕэ чугас дьон бассыыбай

Сураҕы тиэрдэрэ – быраапсай

Сыанабыл курдуктук иhиллэр…

Кэм-кэрдии көннөрүө дуо арай?!


17

Кэрэ кыыс сирэйэ – визитка,

Уоланы итирдэр быhыыта?

Ардыгар оннооҕор уохтаах ээт, —

Сороххо бытыылка водката!


18

«Чиэhинэй уоруйах баар!» – дииллэр,

Ол кими этэллэр кинилэр?

Сокуону уорарга оҥорор

Улахан өйдөөхтөр үһүлэр.


19

– Үгүстүк албыны кууhабын:

Үчүгэй киhи дии саныыбын…

Билэбин бульдогу, лаайканы…

Билиэм дуо овчарка хайдаҕын?


20

«Киэҥ халлаан кыыhаҕын!» – диэбэттэр,

«Космос дочаҕын!» – дэhэллэр.

Тыа дьоно сүөһүтүн ахсаанын

«Төбөбүт ахсаана…» – дэhэллэр.


Тыалырар салыҥнаах олоҕум

Подняться наверх