Читать книгу Ситтэрбэти ситээри… - - Страница 1

СИТТЭРБЭТИ СИТЭЭРИ, ТЫЛ ОҺУОРУНАН СИМЭЭРИ…

Оглавление

Киһи олоҕо – айан. Киһи төрүөҕүттэн иннин диэки дьулуһар: оҕо эрдэххэ – тута-хаба, көрө-билэ охсоору, эдэр кэмҥэ – олох умсулҕаныгар устаары, былыта суох саҕахтары арыйан иһээри, сааһыран, түспэтийэн баран – өссө да сиппэтэҕи ситээри уонна ааспыты, саатар, санааҕа эргитээри…

Үөһэттэн өҥөйөн көрдөххө, карта биир туочуката – кыра сир лоскуйа, оттон Сири тыыннаан олорор киһи тэбэр сүрэҕин үйэтигэр тэҥҥэ сылдьар өйдөбүлэ, өйөбүлэ – төрөөбүт дойдуга – сайдыы модун сүүрүгэр суураллан сүтүүтэ, ол сүтүк ахтылҕан ааспат аалыыта буолуута, Сир Ийэҕэ киһи төрөөбүт дойдулаах буоларга толору бырааптааҕа, «сайдыы» ким эрэ эстиитин төрдө буолуо суохтааҕа, өйгө-сүрэххэ иҥмит төрөөбүт буорга хаһан эрэ «хатыҥ чараҥ суугуна дьүрүскэн буолан иһиллибит», «кырылас кумаҕа кырыымпалыы ыллаабыт» тыыннара – Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ поэзиятын биир сүрүнэ буолар.

«Хас биирдии киһини дойдута,

Төрөөбүт түөлбэтэ күүтүөхтээх,

Үс кута үөскээбит уйата

Күүс-күдэх киниэхэ биэриэхтээх»,


– диэн, поэт бэйэтэ эппитин курдук, киһи төрөөбүт түөлбэтиттэн күүс-күдэх ылар, тирэхтэнэр, кынаттанар. Оттон төрөөбүт түөлбэтэ «сайдыыга» суураллан сүппүтүн да иһин, поэт Чуона Мэхээлэ поэзия күүһүнэн тилиннэрэн, хагдарыйбыт «ньургуһуну иккистээн тылыннарбытын» курдук, дьон сүрэҕэр тыыннаах тылларынан кутар:

«Кэҥээбит урсуна налыйан,

Кытылын сибэкки симээбит,

Кырылас кумаҕа тэлгэнэн,

Кырыымпа кэриэтэ ыллаабыт.


Күөрэгэй ырыалаах хонууга

Күөх ача күөгэйэ долгуйбут,

Хатыҥнаах чараҥын суугуна

Сэбирдэх сиккиэрин түһэрбит.


Чуонаны харыстыыр, көмүскүүр

Тиит мас хаххалаах дьирбиилэр,

Имигэс, күөгэҥнэс талахтар,

Эркиннии сабардыыр хайалар»,


– бу Чуона Мэхээлэ «Айанньыт кубалар намтааннар…» поэматыттан быһа тардыыга Күннүк Уурастыырап кэрэ дьикти Амма кытылын «тыалыра турар талахтарын» сайаҕас тыала илгийэр.

«Айанньыт кубалар намтааннар…» поэма 9 чаастан турар, аарыма кырдьаҕас санаатынан бэриллэр айымньы. Поэмаҕа быстах санаа тууйуллуутугар оҕустаран, муннугу-ханныгы кэйэ сатааһын суох, ол оннугар «соҕотох сулуһу санатан кытылга кыламныыр кулуһун аттыгар ыар дьэбир санааҕа баттаппыт кырдьаҕас» дойдутун дьылҕатын анаарыыта суруллар. «Түүн түһээн, төрөөбүт түөлбэтигэр бар дьонун көрсөн, алгыстаах тылларын истэн» «силбиги күөнүнэн силэйэн, кырдалы кэрийэ сүүрэр». Туой Хайа, эмиэ бу аарыма кырдьаҕас курдук, сыл-хонук тыалыгар иэдэһин тоһуйан, Ийэ Айылҕа уонна Киһи биир ситимнээхтэрин туоһута буолан, дьиппиэрэн турар:

«Туой Хайа киил киппэ санныгар

Сылайан дьиппиэрбит үйэлэр,

Тайанан күүс-күдэх ыланнар,

Дьоһуннаах айаны салҕыыллар.


Сааһыран саһарбыт иэдэһин

Сыл-хонук тыалыгар тоһуйар,

Ардах-хаар үөһэттэн суккуллан

Өбүгэм суолларын суурайар…».


Оттон быраман дьыллартан «систэри, маардары туораабыт, сыһыылары, хочолору силэйэн, сыркы, сүүрээн тардыһан, таһымныы, дьалкыйа кэҥээбит кыыс кэрэ Чуона барахсан, өрүүлээх суһуохтуу субуллан, маанылаах хотуннуу нэлэйбит». Поэт маннык тыыннаах тылларынан төрөөбүт өрүһүн хоһуйар, кэрэ кыыска, хотун дьахтарга холуу көрөр:

«Бу маннык уу нуурал дойдуга

Таптал уйата тутуллубут,

Оҕо-аймах көрдөөх күлүүтэ

Сүрэҕи үөрүүнэн толорбут».


«Тэлэллибит тэргэн суоллардаах, арыллыбыт киэҥ аартыктардаах», ойуурга көтөрө-сүүрэрэ, күөллэргэ көмүс хатырыктааҕа толору, быыппастар былчыҥнаах уоланнардаах, кыталык кылбаа кыргыттардаах «баайталым олох устубут» дойдутун дьоно, хоту дойду дьонун үөрүнньэҥ майгытынан, маҥнай алмаас таас көстүбүт сураҕын истэн үөрбүттэр, «алдьархай ааҥнаан кэлиэхтээҕин түүллэригэр да көрбөтөхтөр».

«Арҕааттан халҕаһа былыттар

Алдьархай илдьитэ буоланнар,

Сир-дойду үрдүнэн ааҥнааннар

Сабардыы халыйан тахсаллар.


Туой Хайа ыаһыран, уордайан

Тыйыстык хаастара түрдэстэр,

Чуонабыт өрүтэ түллэҥнээн

Балысхан бааллара ынчыктыыр.


Этэллэр эҥсиллэр этиҥнэр,

Лиһигир, лүһүгүр сүүрэннэр,

Чуонаны далайга тимирдэр —

Хомолто сураҕа тарҕанар…».


Муҥутуур сайдыы киһи дьылҕатын аахсыбакка, дьулуруйа турара трагедияҕа тиэрдэр. Ааптар бу аан дойдуга буолар быһыыны-майгыны, таһыттан көрдөххө, сахалыы холкутук, дьиппиэнник, киһи өссө көмүскэнэр кыахтаах туругун тутан олорон суруйар. Ол хоһоон формалаах поэма, ханнык да риторическай ыйытыылара суоҕуттан, маннык түбэлтэлэргэ литературнай айымньыларга үксүн туттуллар норуот тылынан уус-уран айымньыларын тыла-өһө кэлимсэнэн киирбэтэхтэриттэн көстөр. Онон айымньы тыына өссө итэҕэтиилээхтик, ааҕааччыга судургутук тиийэрэ ситиһиллэр. Онно күүс-көмө буолар – хоһоонунан айымньы тэтимэ, рифмата. Сиэмэх кыыл кэриэтэ барыны мэҥиэстиэх долгуннар барылаан, часкыйан кэлэннэр Таас Дьахтарга кубулуйбут Чуона атаҕар кэтиллэн, «күүгэннии оргуйаат тохтууллар, уҕараан, уохтара намыраан, эриэн үөн буоланнар сыҥаллар». Дьэ, манна:

«Айанньыт кубалар намтааннар

Уу кырсын кырыйа көтөллөр,

Күөх ньээкэ түөлбэни суохтааннар

Кутурҕан ырыатын тардаллар…».


Кубалар маанылаах, эйэлээх көтөрдөр, кутурҕан ырыатын тардан, айылҕа алдьаммытыттан хараастыыны, айманыыны көрдөрөллөр. Кинилэр М. Горькай Буурҕаһытын курдук кыырыктаах далай үрдүнэн тэлээрэ көппөттөр, намтаан, түһэн ааһар күөх ньээкэ түөлбэлэрин көрдүүллэр… Кинилэр охсуһар кыахтара суох, кутурҕан бэлиэтэ буолаллар. Мантан курус санаа үүйэ тутар – аар Айылҕабыт инникитэ хайдах буолуой. Киһи, кырдьык даҕаны, өйдөөтөҕүнэ, биллэҕинэ эрэ инники суолу ыйдаҥарда сатыан сөп. Төрөөбүт дойдутун сүтэрбит киһи, эдэр оҕо сылдьан абарбыт-сатарбыт санаата тааһыран, билигин бэйэтэ сааһыран, төннөрөр кыаҕа суоҕун билинэн, абатын-сататын сүрэҕэр сөҥөрдөн, суламмакка, кэп туоммакка, охсуһууга ыҥырбакка, аарыма кырдьаҕас, ол аата, мин санаабар, үгүс үйэлэри туораабыт норуот уобараһа буолан, мындырдык өйдөтөр, сэһэргиир, дьон сүрэҕэр айылҕа айбытын алдьатыы туохха тиэрдиэҕин этэр…

Ааптар:

«Бар дьону букатын тумуннун

Дойдуну сүтэрии иэдээнэ»,


– диэн санаанан поэматын түмүктүүр.

Чуона Мэхээлэ «Сэргэ туһунан номох» поэматыгар норуотун кытта биир тыыннаах, сиргэ чиҥник үктэнэн турар, мындыр саха киһитин уобараһа сэргэни кытта ситимнэнэн көстөр. Былыргы өбүгэтин өтөҕөр буор саха сыдьаана кэлэн, кырдьаҕас сэргэлиин алтыһан, өспүт үйэлэр дуорааннарын өйүгэр-сүрэҕэр иҥэринэр. Саас баттаан сиҥнибит балаҕан, кытыастар кыымнарын сүтэрбит көмүлүөк онно, дьыл-хонук ардаҕа суурайбыт дьон-сэргэ суолун омооно ааспыт кэм туманыгар суураллан өлүктүйбүт буоллахтарына, арай «ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ – тэлгэһэ сэргэтэ» билигин да саҥата суох поэт дууһатыгар элбэҕи кэпсиир. «Наҕыллык мин диэки иэҕэйэн» диэн бу кыра этии дириҥ суолталанан тахсар – сэргэ хойдубут салгыны силэйэн кэлбит уолугар сыста түһэн, кэпсээн барар. «Бар дьон ыарахан да кэмин билэн, умнаһа харах уутунан хайыта суураллыбыт», «дьон-сэргэ баай-талым олоҕор Дьөһөгөй маанылаах оҕотун хонноҕун сылааһыгар туппут» сэргэ барахсан, билигин алаас-алаас аайы им-дьим иһийэн туран, оо, элбэҕи да санатар, кэпсиир буоллаҕа. Ону «сайдыылаах» олох хаҕыс тыала тоҥорботох, ириэнэх уйулҕалаах эрэ киһи истэр-билэр…

Поэма тыла-өһө сааһыламмыта, чиҥэ ааҕыллымтыа оҥорор. Тылынан ойуулааһын киһини өссө умсугутар, сэргэ турар алааһыгар, ол аата өбүгэ тыынын эйгэтигэр киллэрэр:

«Былыргы өтөххө кэлэммин

Хойдубут чуумпуну аймаатым,

Аастыйбыт салгыны ыймахтаан

Хас да сүүс саастаахтыы сананным».


Дьон-сэргэ биллибэтэҕэ ыраатан, салгын «хойдубут», бэл, «аастыйбыт», сэргэлээх былыргы тэлгэһэ эйгэтин салгына хойдон-хойдон, таастыйан, киһи санаатын да утаҕа кыайан киирбэт буолбата буоллар дии саныыгын… Поэт дууһалаах киһи «үйэлэр быылларын оймоон, ситтэрбэт номоҕу сырсар».

«Очуостуу дьиппиэрбит сыллартан

Кырыарбыт илдьити мин туттум», —


диэн поэт эппитэ – аастыйбыт салгын анараа өттүттэн «айаннаан» кэлбит кырыарбыт «илдьити» ааҕааччыга чугаһатан, киһи хараҕар илэ көстөн кэлэрдии оҥорор. Бу – санаа күүһүн тылынан киһи уйулҕатыгар тиэрдии күүһэ!

«Кыргыһыы сэмнэҕин санатар

Кыа хаанныы кытарар эмэхтэр

Кыдыйсар кыдьыктаах сахтартан

Кырыыстаах үйэни кэпсииллэр»,


– диэн, кырыыстаах кыргыс үйэтин хартыынатын бу түөрт строка ууран биэрэр.

«Арай дьон хаалларбыт мэҥэтэ

Тэлгэһэ сэргэтэ тураахтыыр —

Ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ

Саҥата суох элбэҕи кэпсиир».


Поэт сэргэ уобараһын инникилээх, кэскиллээх оҥорор. «Былыргы быраман дьыллартан күн тохтуур биир ытык күнүгэр», ол аата ыһыах күн, «Аар Кудук Чэрчи Мас чыпчаалын үөһээҥҥи айыылар булаллар». «Урааҥхай олоҕо ойууламмыт сиэдэрэй оһуордаах сэргэ» таһыгар сылгылар кистииллэр, халлааҥҥа тойон кыыл элиэтиир. Ол эрэн «арҕааҥҥы аргыарга үрдэрэн, дохсуннук айанныыр олох эрдиитэ суох оҥочо курдук дагдаҥныыр», туох да тохтоппот тэтимнээх олох айаныгар «быыппастар маҥан ат миҥэлээх алаас сайыһан далбаатыыр». Олох тэтимин дохсун долгунугар, алаас, сэргэҕэ баайыллыбыт Дьөһөгөй оҕото көмүскэл, харысхал буолуохтара диэн поэт сырдык, эрэл санааны саҕар.

Чуона Мэхээлэ бу ахтыллыбыт икки поэмата, чахчы да, сахалыы тыыннаах ааҕааччы кутун-сүрүн тутуох, киһи өйүн-санаатын долгутуох, элбэҕи толкуйдатыах айымньылар. Дойдуга, олоххо тапталы өрө туппут, ону уус-уран тыл күүһүнэн дьон сүрэҕэр тиэрдэр айымньылар быһыытынан сыаналанан, саха литературатыгар бэйэлэрин миэстэлэрин булуохтара диибин.

Чуона Мэхээлэ «Сүрэхтэн тахсар тылларым», «Иккиһин тыллыаҥ дуо, ньургуһун…» кинигэлэригэр, эмиэ бу «Ситтэрбэти ситээри» кинигэтигэр курдук, айылҕа уонна киһи биир ситимнээхтик хоһуллаллар. Төрөөбүт буор ахтылҕана, дойдуга таптал кини хоһоонноругар мэлдьи сүрүн миэстэни ылаллар. Дойдутун сандаарбыт бөһүөлэгэ, долгуйар сибэкки муората, лиҥкир тиит ойуура, хатыҥнаах чараҥа, дьоно-сэргэтэ тоҕуоруспута түүлүгэр көстөллөр, онтон кэрэ түүл, олох кырдьыга буолан, хаһан да хоруй ылбат сүрэх кыланыытыгар кубулуйар:

«Күүһүрэр ахтылҕан ыарыыта

Сыл-хонук аастаҕын аайытын:

Ханнаный, мин дойдум – Туой Хайа?!

Ханнаный, хаарыаннаах мин Чуонам?!».


Бу даҕаны түбэлтэҕэ поэт трагедията бэйэтин иһигэр хаалар, буруйдааҕы көрдөөн, ситиһэ сатаан түмүк оҥорбот, хоһоонунан этиллэр санаа аһаҕас хаалар. Онон өссө ордук итэҕэтиилээх, ааҕааччыны соруйан туох эмэ санааҕа аҕала сатааһын суоҕа көстөр. Ол аата – дьиҥнээх поэзия.

«Поэзия күүһүнэн ньургуһун барахсаны иккиһин тылыннарар дьоҕурдаах поэттар баар буолбуттарыттан үөрэ саныыбын», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта Иван Мигалкин Чуона Мэхээлэни поэт быһыытынан үрдүктүк сыаналаабытын толору ылынабын. Чуона Мэхээлэ поэзиятыгар айылҕа тыыннааҕымсытан ойууланара үгүс: курус күһүн өксүөн тыалга мэ-ҥэстэн кэлэр, хатыҥнар халадаай ырбаахы кэтэн чараҥҥа мусталлар. Хайдах курдук киһи хараҕар холустаҕа түспүт тэҥэ хатанан хаалалларый, маннык тыл күүһүнэн таҥыллыбыт хартыыналар:

«Сырдыкка, аал уокка тиэтэйэн

Отчуттар тыылара кылбаҥныыр,

Солбуһа эрдиилэр күөрэҥнээн

Салбахтар хоптолуу дайаллар.


Куукуйдаах үрэҕин үрдүнэн

Күөх туман наҕыллык айанныыр,

Аастыйбыт баттаҕын долгутан

Киэһээҥҥи Бүлүүлүүн куустуһар.


Сардаҥа утаҕа умуллан

Уҥуоргу сис хайа дьааһыйар,

Түлүк уу сабардыы халыйан

Уйаҕас долгураҥ сатыылыыр».


(«Сүлдьүкээр киэһэтэ»)

«Күн тиит мас мутугар олорон

Көмүс ый тахсарын кэтэһэр,

Күөл уутун сиэркилэ ньууругар

Кып-кыһыл сирэйин көрүнэр».


(«Сүрэҕим үөрүүнэн угуттуур»)

«Сүрэхтэн тахсар тылларынан» «ньургуһуну иккиһин тылыннарар», «ситтэрбэти ситэ» сатыыр поэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Российскай Федерация суутун систиэмэтин Бочуоттаах үлэһитэ Михаил Егорович Иванов-Чуона Мэхээлэ инникитин даҕаны маннык үтүө айымньылары суруйа туруо, саха литературатын байытыһыа дии саныыбын.

Галина Фролова,

поэт,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун солбуйааччы бэрэссэдээтэл

Ситтэрбэти ситээри…

Подняться наверх