Читать книгу Ситтэрбэти ситээри… - - Страница 2

Хоһооннор

Оглавление

Чорооннуу чочуйуом

Хомоҕой тылынан

Хоһоону хоһуйуу…

Чочуонай быһыылаан

Чороону чочуйуу!


Тыллары сырсаҥҥын

Түүн-күнүс мөхсөҕүн…

Чоруун мас көрдөөҥҥүн

Чээл тыаны батаҕын.


Дьүөрэ тыл булаҥҥын

Иэйиигин этэҕин,

Оһуору тиһэҥҥин

Дьол маһын кыһаҕын.


Хоһооҥҥун ааҕаҥҥын

Сүрэҕиҥ манньыйар,

Чорооҥҥун көрөҥҥүн

Хараҕыҥ уоттанар!


Ыам ыйа, 2015 с. Дьокуускай к.

Саха балаҕана

Саханы Саха омук дэппит

Туруорбах балаҕаны көрөбүн,

Халадаай ырбаахытын кэппит

Саха эмээхсинигэр холуубун.


Саха мааны эмээхсининии

Ыалдьыты сүрдээҕин кэтэһэр,

Баарынан-суоҕунан маанылыа —

Ол онтон дуоһуйан мичийэр.


Киһиэхэ эрэлин бэлиэтэ —

Хаһан да хатаммат халҕана,

Көмүлүөк аал уотун күлүмэ —

Сылаас сыһыанын сыдьаайа.


Саха балаҕана барахсан

Аас-туор аргыарын кыйдыаҕа,

Сылайбыт-элэйбит айанньыт

Сынньаныа, сылаатын таһаарыа.


Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга

Холумтан сылааһа ириэрэр,

Сайыҥҥы сыралҕан куйааска

Сөрүүн салгына имэрийэр.


Килэйэн-халайан дьэндэйбит

Күндү дыбарыас да буолбатар,

Хас саха сүрэҕин мэлдьитин

Иһирэх өйдөбүл манньытар.


Төһөлөөх элбэх үтүө дьон

Куорсун анньынан балаҕантан

Бар дьонун аатырдар аналлаах

Үрдүккэ көппүтэ буолуоҕай?


Саха сылаас балаҕаныгар

Баараҕай бокулуон уурабын,

Омугу омук гыммыт үтүөҕэр

Сахалыы махталбын этэбин.


Сэтинньи, 2014 с. Дьокуускай к.

Элбэх да ардаҕы аннынан…

Олоҕум айана аастаҕа

Элбэх да ардаҕы аннынан:

Бааллара омуннаах ардахтар,

Сууйбуттара курус самыырдар.


Күһүҥҥү нуһараҥ киэһэҕэ

Көрөбүн тунаарар саҕаҕы,

Күүтэбин кэлиэҕэр эрэнэ

Түннүкпүн тоҥсуйар ардаҕы.


Сэллээбэт, астыбат ардахтыын

Сэлэһиэм ааспыты ахтыһан,

Тиэргэммэр утары тахсаммын

Кууһуоҕум айаным аргыһын.


Үрдүбэр былыттар тохтооннор

Санаабар дьүөрэлии мусталлар,

Халлааны кыптыыйдыы кырыйан

Аймана көтөллөр хоптолор.


Үөрүүлээх өрөгөй кэмнэрбэр

Күлүмнүү субуллар утахтар

Дьиэрэҥкэй үҥкүүлээн тэйэллэр,

Лыҥкынас ырыаны тардаллар.


Чуҥкуйар түгэммэр ардахтар

Санньыардык суккулла түһэллэр,

Үөһэттэн саккырыыр таммахтар

Иэдэспин суруйа сүүрэллэр.


Түннүгүм таастара ытааннар

Тулабар барыта силбэһэр,

Эмискэ айахпын аһытар

Туустаах уу амтана халыйан…


Олоҕум айана аастаҕа

Элбэх да ардаҕы аннынан:

Бааллара омуннаах ардахтар,

Сууйбуттара курус самыырдар.


Сайын хайдах кэлэрий?

Сайын кэлэр наҕыллык,

Сааһы сэмээр солбуйан,

Кэрии тыаҕа чобуотук

Кэҕэ кыылын ыллатан.


Сайын кэлэр дьиктитик,

Омуннурбат саас курдук,

Кырааскалаан, тупсаран,

Отун-маһын көҕөрдөн.


Сайын кэлэр киэмсийэн,

Эдэр кыыстыы кэрэтик,

Сибэккитин тэлгэтэн,

Сирбит иэнин киэргэтэн.


Сайын кэлэр дьоһуннук,

Далбар хотун кэриэтэ,

Үүттээх сүөгэй кэһиилээх,

Алла турар арыылаах.


Сайын кэлэр дьиктитик,

Саймаарыйан наҕыллык,

Эдэр кыыстыы кэрэтик,

Хотун курдук дьоһуннук.


Ыам ыйа, 2015 с. Дьокуускай к.

Мин өйүм, мин санаам тардыһар…

Сулустаах киэһээҥҥи халлааны

Суһумун кэрэхсии көрөбүн,

Чуҥкунуур чуумпуну иһиллээн

Санаабын сааһылыы тутабын.


Үтүмэн үйэлэр тоҥорон

Кырыарбыт номохтор ирэннэр,

Кэпсииллэр элбэҕи, оҥостон —

Кый ыраах үөһэттэн түһэннэр.


Барыта баараҕай таһаалаах

Киэҥ куйаар киэлитин иһигэр,

Кэм-кэрдии хардыыта дьоһуннаах —

Хонукпут сылынан кэмнэнэр.


Тунал ый ыас хара түүннэргэ

Дьэрэкээн симэҕэ буоланнар,

Сирдээҕэр улахан сулустар

Оҕуруо кэриэтэ көстөллөр.


Мөлүйүөн сыллары нөҥүөлээн

Илдьиттэр кэлэллэр илистэн,

Аан талҕа буоланнар силлиэрэн

Ааһаллар ардыгар сэрэтэн.


Кып-кыра кумахтыы сананным

Сир уола бу халлаан анныгар,

Дойдубун үрдүктэн сэҥээрэ —

Куйаарга көтүөхпүн баҕардым.


Баҕардым сулустуу мичиҥнээн,

Бар дьоммор сыдьаайа тыгыахпын,

Саһарҕа күлүмэр суунаммын

Ый курдук ып-ыраас буолуохпун.


Хаһан да кырдьыбат халлаанныын

Хантайан сэлэһэр курдукпун,

Мин өйүм, мин санаам тардыһар

Киэҥ куйаар көстүбэт дуолугар.


Муус устар, 2015 с. Дьокуускай к.

Халлааны уйаннык ытатан

Сайыммыт сайаҕас мичээрэ

Санньыйбыт туманныын барыста,

Күһүммүт силбиктээх кэмнэрэ

Халлааны уйаннык ытатта.


Аат эрэ харата дайбанан

Алыыны үрдүнэн хаас үөрэ

Соҕуруу субуллар айанын

Сэргээммин одуулаан турбутум.


Эмискэ киэҥ халлаан урсунун,

Күһүҥҥү нуһараҥ чуумпутун

Хараастыы хаһыыта аймаата,

Уйулҕам утаҕын таарыйда.


Доҕору сүтэрэн аһыйыы,

Дойдулуун өр кэмҥэ арахсыы

Кутурҕан ырыатын таһаарда,

Сир дойду үрдүнэн тарҕаата.


Халлааны хантайан көрбүтүм —

Кынатын санньыардык сапсынан,

Былыты быыһынан кылбаҥнаан

Соҕотох туруйа ааспыта.


Доҕорбун атаарбыт кэриэтэ

Сайыһа көрөммүн хаалбытым,

Туох эрэ кэрэттэн маппыттыы

Хомолто күлүгэр саспытым.


Алтынньы, 2014 с. Өлөөн сэл.

Кыһыны таптыыбын

Кыһыны олуһун таптыыбын —

Көм хаары дуоһуйа оймуубун,

Чысхааны кытары сырсабын,

Чолбону сонургуу көрөбүн.


Дьыбартан хойдубут туманы

Түөспүнэн силэйэ хаамабын,

Кымыстыы кыынньыбыт салгыны

Чачайа ыймахтаан ылабын.


Халлаантан ыһыллар кыырпахтар

Үөр туллук буоланнар дайаллар,

Көй көмүс кутуллар утахтар —

Өрүллэр, өһүллэр суһуохтар.


Көмнөҕү суорҕанныы бүрүнэн

Сис тыаҕа барыта иһийэр,

Күөх сааһы айылҕа кэтэһэн

Көмүк хаар анныгар утуйар.


Ойдом тиит кырыарбыт мутугар

Оҕуруо тиһигэ тиһиллэр,

Тоҥуу хаар кылбайар ньууругар

Айылҕа оһуора дыргыллар.


Сэтинньи, 2014 с. Дьокуускай к.

Кутаалыы умайыам

Суһумнуур халлааҥҥа

Сулустар мусталлар,

Дьиримниир үрдүккэ

Дьиэрэҥкэй тэбэллэр.


Сулуһу быалааммын

Куйаары арҕарыам,

Эйигин буламмын

Бу сиргэ аҕалыам.


Умайар сулустуу

Уохтаахтык ууруоҕум,

Олоххун бүтүннүү

Күлүмнүү оонньотуом.


Тапталтан саҕыллаат

Кутаалыы умайыам,

Тулабын сырдатаат

Баҕардар умуллуум…


Дьүкээбил дьиримин сөхпүтүм

Ардахтаах сиппэрэҥ күннэргэ

Анаабыр сиригэр кэлбитим,

Дьыбардаах күһүҥҥү киэһэҕэ

Дьүкээбил дьиримин сөхпүтүм.


Дьүкээбил уоттара умайан

Сулустар дьиэрэҥкэй тэптилэр,

Халлааммыт сабыыта арыллан

Көстөллөр тааллыбат дьиктилэр.


Дьүкээбил аллара налыйан

Таптал Хайатын кууспалаата,

Сымнаҕас солколуу долгуйан

Суһумнуу, тэлимнии оонньоото.


Анаабыр сүүрүгэр суунаары

Таһымныыр чүөмпэҕэ умуста,

Уон араас өҥүнэн күлүмнээн

Уонна дьэ, олуһун тубуста.


Бу маннык эриэккэс көстүүттэн

Уйулҕам олуһун долгуйда,

Мин санаам дьэрэкээн өҥнөнөн

Муҥутуур үрдүккэ күөрэйдэ.


Балаҕан ыйа, 2014 с. Сааскылаах сэл.

Анаабыр

Улахан, Куччугуй Куонаапка

Ини-бии үрэхтэр холбоһон,

Киирбэт күн тырымнаах сырдыкка

Анаабыр өрүһэ үөскээбит.


Тус хоту айанын салҕаабыт

Туундара күлүмнүүр суһуоҕа,

Аарыктаах айаҥҥа аттаммыт

Араҥас сулуһун батыһа.


Санньыйан намтаабыт былыттар

Сир үрдүн сабардаан кэлэллэр,

Сибиниэс өҥнөммүт сүүрүктэр

Силлиэлиин сырсаннар сүүрэллэр.


Хайаны, хапчааны быыһылаан

Хахсааттыын хабырдык хапсыһар,

Хотугу Байҕалга тардыстан

Харса суох аллара дьулуһар.


Күһүҥҥү кыдьымах кыаһылаан

Кыыһыран кыынньаллар долгуннар,

Кыыл таба үөрүнүү кылбаҥнаан

Көҥүлгэ тахсаары мөхсөллөр.


Анаабыр уораана оргуйан

Алмаас толуутун чочуйар,

Кыырпахтар халлааҥҥа кыырайан

Кыыһаллар дьүкээбил буоланнар.


Алтынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.

Сүрэҕим кутаатын

Ыраахха угуйар

Үүт тураан куйаары,

Халлааны сырдатан

Тырымныыр сулуһу,

Күлэр ый утаҕын

Күлүмнэс ардаҕын


Ханыылыы көрөбүн

Сэгэрбэр эйиэхэ,

Сүрэҕим кутаатын

Күөдьүппүт киһиэхэ.


Күһүҥҥү кэмнэрим

Көй көмүс киэргэлин,

Сүрэҕим сыдьаайар

Иэйиитин сылааһын,

Хоһуйар хоһоонум

Тылларын бастыҥын


Барытын аныыбын

Сэгэрбэр эйиэхэ,

Сүрэҕим кутаатын

Күөдьүппүт киһиэхэ.


Алтынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.

Учууталга махталым

Учуутал диэн алыптаах

Абылыыр үтүө тылтан

Истиҥ иэйии кууһара

Эмньик оҕо сааспыттан.


Учуутал мин санаабар —

Үтүө санаа Аанньала,

Учуутал мин харахпар —

Уоттаах Чолбон сулуһа.


Оскуолаҕа киирэммин

Букубаары аахпытым,

Боччум билии ыламмын

Көччөх буолан көппүтүм.


Учууталга махталым

Уҕараабат, уостубат,

Төлөрүйбэт аналым —

Үлэ, үөрэх күүрээнэ.


Учуутал күн кэриэтэ

Сырдыгынан сыдьаайар,

Хараҥаттан таһааран

Тунал ыйдыы сырдатар.


Учуутал ийэ тэҥэ —

Сүрэҕин уотун бэрсиэ,

Ааҥнаабыт ыксал кэмҥэ

Аҕалыы сүбэ биэриэ.


Кини сахпыт кутаата

Мындыр өйүн үөрэҕэ,

Сайаҕас, сылаас сүрэҕэ

Сирдии туруо үтүөҕэ.


Ахсынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.

Өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ…

Оҕо сааһым доҕотторо!

Көрсүөҕүҥ бары ыҥырсан,

Тимирбит дойду оҕолоро

Дойдулаах дьоннуу сананан.


Өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ

Өҥ-быйаҥ хочолорбутун,

Төрөөбүт төрүт сирбитин,

Туруу үлэһит дьоммутун.


Сандал саас саҥа кэлиитэ,

Туой Хайа арҕаһар тахсан,

Бэс туорааҕынан бырахсан

«Сэриилэһэ» көрүлүүрбүт.


Хайа чыпчаалыгар туран

Кэлэр кэммитин түстүүрбүт,

Ыраас ыраҕа уйдаран

Ыраах саҕахха көтөрбүт.


Сайыҥҥы сырал кэмнэргэ

Суһумнуур уулаах Чуонаҕа

Күнү күннээн сөтүөлүүрбүт,

Күннүүн сырсан умсарбыт.


Бастыҥ кэрэмэс түгэннэр

Бүтүө суох кэриҥнээхтэрэ,

Оҕолуу уйан сүрэхтэр

Оҥоһуу оннук дииллэрэ.


Күлүгэ суох эрэнэрбит —

Кэрэ өлбөт төлкөтүгэр,

Дойдубут инникитигэр,

Дьон ыллыктаах санаатыгар.


Түүлбүтүгэр да көрбөппүт —

Дойдубут ууга тимирэн,

Аал уоппут саба үрүллэн

Үрүө-тараа барыахпытын.


Өйдүөҕүҥ, бүгүн чуумпуран

Ааттарынан ааттаталаан,

Кэрэгэй дьылҕа хаарыйан

Суох буолбут доҕотторбутун.


Олох салҕанар тыыннаахтан,

Дойду аатырар дьонунан.

Сир үрдүттэн симэлийэн

Сүппэтэ буоллар дойдубут.


Оҕо сааһым доҕотторо,

Түмсүөҕүҥ биһиги бары,

Сарын-сарынтан өйөнсөн

Удьуор утумун салҕаары.


Балаҕан ыйа, 2015 с. Сааскылаах сэл.

Ааспыты эргитэ сатаама

Түннүкпэр нөрүйбүт аар хатыҥ,

Туохтан эн эмискэ мунчаардыҥ?

Суугунуур ырыаҕын тохтотон,

Санааҕа баттатан чуумпурдуҥ?


Баҕардар, сайыныҥ ааспытын

Суохтааҥҥын сайыһа хааллаҕыҥ?

Эбэтэр чээл солко симэҕиҥ

Саһара хаппытын сирдэҕиҥ?


Сарсыарда саһарҕа уһуктан

Сарыалга эйигин сууннарбыт,

Хаһыҥнаах аргыартан харыстаан

Сандал күн көмүскэ суулаабыт.


Кыталык ырыата аргыстаах

Кэлиэҕэ элбэх да күөх сайын,

Эн өссө чэчирии тупсуоҕуҥ

Саҥалыы киэргэлгин кэтэҥҥин.


Аар хатыҥ! Сайыны сайыһан

Ааспыты төннөрө сатаама,

Кэм-кэрдии айгыстар айанын

Тохтотор кыах суоҕар саараама.


Ахсынньы, 2014 с. Дьокуускай к.

Тыыннаах буолар кэрэтиэн

Күлүмүрдүү күндээрэн

Күммүт күлэн мичийэр,

Кэлэр кэмим сандааран

Кэхтибэттии киэркэйэр.


Кустук курдуур халлааны

Сэттэ өҥүн оонньотон,

Санаам сырдык ырата

Ырыа буолан дьиэрэйэр.


Сарыал тыаллыын куустуһан

Хомус тыаһа лоҥкунуур,

Истиҥ иэйии уһуктан

Кутаа буолан умайар.


Тыыннаах буолар кэрэтиэн —

Күөрэгэйдиин ыллаһар,

Мүөттээх салгын сөрүүнүөн —

Утаппыттыы ыймахтыыр.


Ахсынньы, 2014 с. Дьокуускай к.

Күүтэбин көрсүһэр чааспытын

Өйдүүбүн, биир сайын ыраахтан

Аан бастаан эйигин көрбүппүн,

Кыталык дьүөрэтэ таһааҕын

Кэрэхсии одуулаан турбуппун.


Сүрэхпэр умсулҕан иэйиитин

Сахпыта арылхай хараҕыҥ,

Санньылҕан санаабын сырдатан

Суһумнуу оонньуура суһуоҕуҥ.


Эриирдээх, эндирдээх айантан

Элэйэр-сылайар кэмнэрбэр

Умайар сулуһум буолаҥҥын

Угуйа тыгарыҥ иннибэр.


Ыраата барбыккын сайыһан

Тэбилик тирэҕим сүппүтэ,

Тумарык мөссүөҥҥүн суурайан

Тулабар үрүҥ күн өспүтэ.


Дьыл-хонук аастаҕын аайытын

Эйиэхэ тардыһыым күүһүрэр,

Тапталтан талбаара тааламмын

Күүтэбин көрсүһэр чааспытын.


Олунньу, 2015 с. Дьокуускай к.

Улуу үөрүү миигин кууста

Сиэммэр Сандалга

Будулҕан туман дьайҕаран

Тулам тырымныы сырдаата,

Ахсынньы ый аам-даамыттан

Сандал саас сыдьаайын ыста.


Улуу үөрүү миигин кууста:

Бүгүн биһи дьиэ кэргэҥҥэ

Дьол чорооно көтөҕүлүннэ —

Сиэн уол күн сиригэр кэллэ.


Үтүө түгэнтэн манньыйан

Эбэлэр түбүккэ түстүлэр:

Куораты тилийэ сүүрэннэр,

Оҕо таҥаһын көрдүүллэр.


Кыра сиэним күн сиригэр

Күүттэриилээх күндү киһи,

Кини бэбээрэ ытыырын

Ырыа бастыҥар тэҥниибин.


Эрбэх саҕа киһичээнтэн

Элбэҕи эрэнэ күүтэбит,

Кырачаан бэйэтэ улаатан,


Ситтэрбэти ситээри…

Подняться наверх