Читать книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - - Страница 3
Нина
Оглавление– Чэ, кыыһырымарыый, тулуйарбытыгар эрэ тиийэбит буоллаҕа дии… Арыйаан, таах эйиэхэ кэпсээммин… оттон тута кыыһыра түстүҥ эбээт! Хас дьон айаҕын барытын бүөлээбэт буоллахпыт дии. Наадыйымыах ээ… – Нина саннын уонна төбөтүн икки ардыгар суотабай төлөпүөнүн кыбыта сылдьан доҕорун Арыйааны кытары кэпсэтэр. Ол кэпсэтэрин быыһыгар оҕурсу ыраастаан, кыра гына кырбастыыр. Ити эмиэ… эмиэ кыыс оҕолуу кэрэ бэйэлээх сэбэрэтигэр күлүк түстэ… «Оскуола оҕото уонна учуутал дьахтар» диэн хара мэҥ дьаралыктаах кинилэр истиҥ ыраас сыһыаннарын аймалҕана тубустар тупсан, киэркэйэн… суох, төттөрүтүн буортуйан, ынырыктанан сири-сибиири барытын бараабыт курдук. Дьон-сэргэ бэйэлэрин күннээҕи кыһалҕаларыгар сөп буолбакка, кинилэри эрэ ырытан, кыһалҕа оҥостон тахсалларыттан, бу икки таптаһар сүрэх өйдөспөттөрө күннэтэ дириҥээн иһэр курдук буолла. Оттон Нина, дьиҥэр, дьүөгэтин көрсөөрү үөрэ-көтө остуол тарда сылдьыбыта.
Бүгүн үлэтигэр ийэтин дьүөгэтэ Мария Кирилловна кэлбитэ. Ийэтэ тыыннааҕар чүөчэ Машалыын бииргэ балыыһаҕа үлэлээбиттэрэ. Кыыс ийэтэ биэлсэр, оттон чүөчэ Маша акушер идэлээх этилэр. Мария Кирилловна билигин биэнсийэҕэ олорор. Сотору-сотору бибилэтиэкэҕэ кэлэн кинигэ уларсар, Ниналыын тапсан, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн ааһар идэлээх.
– Ниноош, арба, эн мин кийииппин кытары билсэр эбиккит дии, Даша кэпсээбитэ ээ, – кубаҕай маҥан сирэйдээх, хараҕын тула тахсыбыт дириҥ сурааһыннардаах, кыырыктыйан эрэр кылгас баттаҕын кырыбыайканан туттарыммыт сааһырбыт дьахтар кинигэлээх пуолканы көрө туран, саҥа аллайбыта. Нина сурунааллардаах ыскаабын дьаһайа сылдьан, дьахтары хайдах эрэ аһыммыттыы унаарыччы көрөн кэбиспитэ уонна саҥата суох, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гыммыта.
– Дашалааҕым бу күннэргэ дойдулаары сылдьаллар ээ. Идэтинэн оскуолаҕа үлэлиир. Онон, бу каникулга эрэ кэлэ сырыттылар. Сиэммит Тургуммут икки аҥаара. Аны саас кулун тутарга үһүн туолуохтаах. Оҕолорбутун ахтан иэдэйэрбит буолуо. Хата, эһиги биһиэхэ да кэлэн көрсүө, олоро түһүө, кэпсэтиэ-ипсэтиэ этигит буоллаҕа дии. Кыыс бу дойдуга кими да билбэт буолан, олус чуҥкуйда быһыылаах, – чүөчэ Маша мичээрдээн ылбыта.
– Хайаа, номнуо баран эрэр дуо? Бээ эрэ, хата, кини миэхэ бүгүн ыалдьыттыы кэлиэх эбит дии! – Нина үөрэн саҥа аллайбыта.
– Ээ, хата инньэ гыныҥ ээ. Чэ, бэрт, – Мария Кирилловна эйэҕэстик мичээрдээн кэбиспитэ.
Нина дьүөгэтигэр төлөпүөннээн дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбыта, онуоха кыыһа үөрэ-көтө сөбүлэспитэ. Үлэтин кэннэ ас-үөл атыылаһаары маҕаһыыҥҥа таарыйбыта. Маҕаһыын иһигэр турар лаахтаах саҥатык мас ыскаамыйаҕа хас да дьахтар ону-маны сэһэргэһэ олороллоро.
– Дорооболоруҥ, ким бүтэһигий? – Нина олорор дьону кэриччи көрөн ылбыта.
– Атыылас-атыылас, биһиги ыксаабаппыт, – эр киһи халыҥ камуфляж сонун тиирэ кэппит толуу дьахтар киирбит кыыһы этэрбэһиттэн бэргэһэтигэр диэри өрө көрөн таһааран баран тоҥуй соҕустук хардарбыта. Нина, хата, уһуннук уочаракка турбакка тута атыылаһар буолбутуттан үөрэ санаабыта, атыыһыкка чугаһаабыта.
– …бээ, ити сэмэйин көрүмэҥ, оскуола оҕотун… – дьахталлартан биирдэстэрэ арыычча улаханнык сибигинэйбитин хайалара эрэ өттүккэ анньан тохтотто быһыылаах – ньим баран хаалбыта.
Ити тыллар төһө да сибигинэйии былаастаах этиллибиттэрин иһин, Нина кулгааҕар дарбааннанан, ордук дуорааннанан иһиллибиттэрэ. Тугу ылыахтааҕын төбөтүгэр сыымайдыы сылдьыбыта да, барыта өйүттэн көтөн хаалбыт этэ. Үлүбээй «итини, ону» диэн атыыласпыта буолаат, кимтэн эрэ куотан эрэрдии, таһырдьа ыстаммыта.
Кэтэххэ кыҥастаһыыттан, сири-буору аннынан сибигинэһииттэн куотан да биэрээхтиир. Ханна да куоппутун иһин ити сурах-садьык хаалыах быһыыта биллибэт, тилэх баттаһан ситэн иһэр. Бүгүн маҕаһыыҥҥа туран истибитин Арыйааҥҥа кэпсээбититтэн номнуо кэмсиннэ… Доҕоро кини курдук куотан да бэрт. Нина оннугар Арыйаан эбитэ буоллар, эргиллэ түһээт уун-утары көрөн туран тугу эрэ хайаан да хардарбыта эрэ баар буолуо этэ.
«Миигин таптыыргыттан кыбыстаҕын дуо? Тоҕо умса туттаат наар куотар аакка бараҕын?» диир. Кырдьык, Нина кыбыстар дуо? Эбэтэр?..
– Айыкка, чэ, кэбис, Арыйаан, бүтүөх. Мин дьүөгэм кэлэрэ чугаһаата. Сарсын кэпсэтиэхпит.
Нина төлөпүөнүн туора уураат, оҥорбут салаатын эрчимнээхик булкуйа туран, сэниэтэ эстибиттии олоппоско олорунан кэбистэ уонна тыастаахтык өрө тыынна.
Ити эмиэ… төлөпүөнүнэн кэпсэтиилэрэ итинтэн атыннык түмүктэммэт буолан эрэр. Хаарыан уоллаах кыыс…
Кэмниэ кэнэҕэс күүлэ аана тыаһаата, онтон аам-даам туманы бүрүммүтүнэн, Даша киирэн кэллэ.
– Хайаа, бэйэҥ булан кэллиҥ дуо? Мин олох да төлөпүөннээтэххинэ утары тахсаары кэтэһэн олорбутум, – Нина санньыар санааларын хаалларан, үөрэ-көтө ойон турда, Дашалыын иэдэстэринэн даҕайсан эҕэрдэлэстилэр.
– Ээ, Батас атааран биэрдэ. Мэ, бу чэйи кытары сиэхпит диэн торт астаабытым, – дьоҕус эрээри олус минньигэс көрүҥнээх мүөттээх туорду дьүөгэтигэр утары уунна.
Кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ саалаҕа аастылар. Нина тэлэбиисэргэ ырыа ханаалын холбоото уонна мэһэйдээбэт гына саҥатын кыччатан биэрдэ. Сурунаал остуола баарыгар чэй бэлэмнэнэн, оҥостон олордулар. Эдэр дьон күннээҕини ону-маны кыратык кэпсэтэ түһэн баран, бииргэ устудьуоннаабыт сылларын, бииргэ үөрэммит оҕолоро ким ханна тиийбитин, тугу гынарын, ким кимниин сибээстэһэрин, алтыһарын күө-дьаа кэпсэтиһэн бардылар.
– Мм, наһаа минньигэстик астыыр эбиккин дии! Дьиҥнээх повар-кондитер диэн эн сылдьар эбиккин буолбат дуо! – Нина Даша аҕалбыт туордун амсайа олорон наһаа сөхтө-махтайда.
– Махтал, – кыыс истиҥник мичээрдээн кэбистэ. – Дойдубар Дьулуур нэһилиэгэр учууталлыыбын ээ. Саха тылын, литературатын үөрэтэбин. Ол быыһыгар, сололоннорбун эрэ, сакааска туорт астаан атыылыыбын. Хата, сүрдээҕин сөбүлээн оҥоттороллор.
– Тыый, бэрт дии. Эчи үчүгэйиин!
– Мария Кирилловна эмиэ наһаа сөбүлүүр. «Мин сиэнчээним уонна кийиитим барахсан оҥорор туордун саҕа минньигэс туох баар буолуон сөбүй» диэн дьээбэлэнэр. Аны сайыҥҥа диэри сиэнин ахтан аҥаара хаалара буолуо.
– Ээ, ол аата аны сайын биирдэ манна кэлэҕит диэ?
– Кэлэрбит буолуо. Эбэтэр дьоммут бэйэлэрэ биһиэхэ бара сылдьыахтара.
– Үһүс кууруска сылдьан, саҥа дьыл кэннэ үөрэнэ кэлбиппитигэр оҕолоруҥ эйигин ыал буолан, академ ылан кэтэхтэн үөрэххэ көспүт диэбиттэрэ. Эрдэ эн кимниин да доҕордоһо сылдьыбыккын билбэт буолан, кимиэхэ кэргэн тахсыбыккын ыйыталаспатах да эбиппин.
– Оннук буоллаҕа дии. Ол устудьуоннуур кэммитигэр эн биһикки улаханнык доҕордоспотох буоламмыт, мин эмиэ эн хайа дойду буоларгын билбэт этим. Ааспыкка бибилэтиэкэҕэ көрсөн баран, маҥнай утаа ханна эрэ көрбүт кыыһым дии санаабытым ээ.
– Мин эмиэ олох билбэтэҕим дии, – кыргыттар тэбис-тэҥҥэ күлсэн ыллылар.
– Хата, бу олорон, аан маҥнай бастакы кууруска эйигин көрбүппүн санаан кэллим. Ол күн 247-с аудиторияҕа үөрэниэхтээх этибит. Учууталбыт кэлэн ааны аһарын кэтэһэн көрүдүөргэ олордохпутуна, эһиги бөлөх биһигинниин бииргэ үөрэнээри кэлбиккит дии. Онно эн мин аттыбар кэлэн турбутуҥ уонна хоп-хойуу, уп-уһун кыламаннаах кип-киэҥ, хап-хара харахтаргынан Бэмби курдук эйэҕэстик унаарыччы көрөн ылбыккар: «Тыый, наһаа да кыраһыабай кыыс эбит», – дии санаабыттааҕым баара.
– Ээ, чээ, хата киһини кыбыһыннарда, – Нина симиттибиттии умса туттан олорон күлэн ылла. – Хата, мин эйигин ол паараҕа кыраһыабайын ааһан эбиитин олус киэҥ билиилээх кыыс эбит дии санаабытым. Былыргы түүрдэр тустарынан олус элбэҕи билэргинэн барыбытын, ордук учууталбытын сөхтөрбүтүҥ дии.
– Оо, ол мин саамай сөбүлүүр уруогум этэ. Өлүктүйбүт түүр тылын утаппыттыы үөрэтэр этим дии. Оттон билигин туроктар тылларын үөрэтэ сылдьабын. Биһиги сахалар тылбытыгар ханыылыы буолан, үөрэтэргэ чэпчэки курдук. Инникитин Турцияҕа бара сылдьар санаалаахпын. Баҕар, табылыннаҕына, турок тылын дириҥэтэн үөрэтиэм.
– Тыый, оттон наһаа үчүгэй дии! – Нина дьүөгэтин хараҕа уоттанан ылбытын көрөн, олус үөрэ санаата. Кутурҕаҥҥа куустарбыт бэйэтэ инникигэ киэҥ былааннааҕын, ырааска сырдыкка талаһарын, туох эрэ кэрэҕэ тардыһарын бэлиэтии көрөн, санаалыын чэпчииргэ дылы гынна.
– Ол, биллэн турар, Тургун улааттаҕына буолара буолуо. Билигин мин оҕом эрэ туһугар олоробун. Кини эрэ этэҥҥэ сылдьара миэхэ ордук суолталаах, – Даша куолаһыгар эмиэ кутурҕан дуораана охсуллан ааста. Кыыс сүр ыараханнык үөһэ тыынан ылла уонна кэпсэтии тутулун уларытаары сатамньыта суохтук мичээрдээбитэ буолла. – Оттон эн, Нина, үөрэҕиҥ кэннэ идэҕинэн үлэлээбэтиҥ дуо?
– Ээ, биир сыл ыаллыы сытар Налыы оскуолатыгар үлэлээн баран, бу дойдубар кэлбитим.
– Тоҕо? Учуутал идэтин ахсарбатыҥ дуо?
– Ээ, оттон… туох диэмий… – Нина кэпсиэн дуу, кэпсээмиэн дуу саараабыттыы, чочумча саҥата суох аата суох тарбаҕар кэппит Арыйаан бэлэхтээбит биһилэҕин мускуйа олордо. Онтон быһаарыммыттыы дьүөгэтин диэки көрөн ылла. – Итэҕэйиэҥ суоҕа эбитэ буолуо. Ол эрэн… үөрэнээччибин, салайар кылааһым оҕотун таптаабытым…
Кыыс бу тыллары ыган таһаарардыы симиктик сибигинэйэн ылаат, кыбыстыбыттыы сирэйин саба тутунна, ах баран хаалла.
– Онтон?.. – кини соһуйуон иһин, дьүөгэтэ бу сонуну омуннура, аймана истибэтэ, Нина кэпсээнин салгыырын кэтэһэн утары көрөн олордо.
– Таптаабытым, кини миигин таптаабыта… ол тапталбытын харыстыыр инниттэн, уонна… хайдах да учуутал үтүө аатын киртитэрим табыллыбатыттан, идэбиттэн аккаастаммытым. Билигин кини Налыыга уон биирис кылааска үөрэнэ сылдьар. Биирдэ эмэ көрсөбүт, үксүн төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит, – Нина кыыһырсыы былаастаах бүтэһик кэпсэтиилэрин санаан, олус дириҥник үөһэ тыынна. Даша дьүөгэтин тургутардыы уун-утары көрдө.
– Нина, таптыыр, таптатар киһилээх диэн дьол буоллаҕа дии. Тоҕо наһаа санаарҕаатыҥ?
– Төһө да учууталлаан бүппүтүм иһин, ханна да тиийдэрбин учуутал үөрэнээччини иирдибит диэн ис хоһоонноох дьон күлэр, сүөргүлүүр, үөхсэр тыла-өһө батыһа сылдьар курдук. Наһаа сылайдым. Саатар… Арыйаан биһикки итинтэн сылтаан кыыһырсарбыт күн ахсын сытыырхайан иһэр курдук. Айылааҕын, хайа-хайабытын эрэйдээбэккэ, арахсан хаалбыт киһи дуу дии саныыр буолан эрэбин.
Уу чуумпу сатыылаата. Арай таһырдьа соҕотохсуйбут дуу, уордайбыт дуу тыал улуйара, иһиирэрэ иһиллэр.
– Нина, эт эрэ. Эн кинини кырдьык таптыыгын дуо? Эбэтэр…
– …таптыыбын… Наһаа таптыыбын. Кинитэ суох аны хайдах да олоруо суох курдукпун.
– Оччотугар тапталгыт туһугар тулуй, туруулас уонна харыстаа… Төһө да уустук кыһалҕалар кыһарыйбыттарын иһин, төһө да өйдөммөт, киһи эрэ кыйаханыах, уордайыах түгэннэрэ буолбуттарын иһин, кытаатан тапталгытын харыстааҥ. Туора дьон санаатын буолбакка, бастакы уочарат бэйэҕит сүрэххит тугу этэрин истиҥ. Кыраттан кыыһырсар, өһүргэнсэр буолумаҥ. Эйэ дэмнээхтик быһаарса, сүбэҕитин холбуу, биир суолу тала үөрэниҥ. Мин… мин сыыһабын кэлин өйдөөбүтүм. Буолар буолан бүппүтүн кэннэ… эн мин сыыһабар үөрэн, Нина. Кытаатан тапталгын харыстаа… – Даша сүрдээх ыараханнык үөһэ тыынна уонна мичээрдээн кэбистэ. Кини көрдөрөн туран эдэр кыыс дьүһүнүн ыһыктынан, эрэйи эҥээринэн тэлбит саастаах дьахтарга кубулуйан хаалла. Ыар санаа саба бүрүйбүт харахтарын тула дириҥ мырчыстаҕастар муһуннулар, бэйэтэ саннын бөкчөччү туттан кэбистэ. Оттон ыган таһаарбыт мичээрэ…суох. Ол мичээргэ төрүт да майгыннаабат. Төттөрүтүн, ытабыл, санаарҕабыл, кутурҕан уонна курутуйуу бэлиэтэ буолан көһүннэ. Нина дьүөгэтин санныттан кууһан ылан бэйэтигэр ыксары тарта.
– Даша, бырастыы гын. Ааспыкка эн кимиэхэ кэргэн тахсан манна кийииттии кэлбиккиний диэн наһаа да толоостук ыйыппыппын, – кыыс дьүөгэтин баттаҕыттан имэрийэ-имэрийэ төбөтүн кыыс санныгар уурда уонна хараҕын быһа симэн ылла.
– Ээ, итинник диэмэ. Эн хантан билиэҥ баарай. Санааҕар тутума ээ.
– Олох туох да диэхпин булбаппын. Наһаа ынырык суол… – Нина күөмэйин бүөлүү турбут кытаанаҕы ыйыста сатаата. – …Биһиги биир уулуссаҕа олорбуппут. Оҕо сааспар кини миэхэ убайым кэриэтэ этэ. Мин бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан ийэбин уонна бииргэ төрөөбүт суос-соҕотох эдьиийбин сүтэрбитим. Аҕам ону тулуйбакка арыгыга умса түспүтэ. Ол курдук тулаайахсыйан хаалбытым. Учууталым Галина Петровна миигин бэйэтигэр ылбыта, ийэбин солбуйбута. Оҕолор бары аһыналлара, сэрэнэн кэпсэтэр, аҕала сатыы-сатыы алтыһар курдуктара. Ол наһаа ыарыылааҕа. Оттон Максим туох да буолбатаҕын курдук дьээбэлиир, куруук күлэ-үөрэ сылдьар буолара. Ол иһин атыттардааҕар кинини кытары алтыһарбын ордорор этим. Алтыс кылааска биирдэ бэлисипиэт тэбэргэ үөрэммитим. Максим үөрэппитэ. Хайдах эрэ убайым курдук чугастык саныыбын. Кирилл Максимҥа холоотоххо, арыый сымнаҕас, симик буолан эбитэ дуу, кинини кытары улаханнык алтыспатахпыт. Максим кыра эрдэҕиттэн сытыы, киирбит-тахсыбыт уол этэ. Наар кэпсээн-ипсээн, үөрэн-көтөн олох киһини чуҥкуппат буолара. Кырасыабай, кыыс эрэ бары хараҕа хатанар көрүҥнээх уол буолан, оччолортон элбэх кэрэ аҥаар сүрэҕин сүүйэн үгүһү да ытатта-ыллатта быһыылааҕа. Кэлин улаатан баран улаханнык билсибэтэхпит. Ол эрээри көрүстэхпитинэ хайаан да тохтоон үөрэ-көтө кэпсэтэрбит. Бүтэһигин устудьуоннуу сылдьан көрсүбүтүм. Кини ол кэмҥэ үөрэҕин бүтэрэн, номнуо үлэһит буолбут этэ. ГУК-тан тахсан иһэммин утары көрсө түспүтүм. Аны санаатахха, эйиэхэ кэллэҕэ буолуо – кыыспар кэллим диэбитэ. «Тыый, сотору сыа сиир буолбуппут дуу, хайдах дуу?» – диэн дьээбэлэммиппэр: «Сиэн-сиэн, балтыбын ыҥырбатахпына кими ыҥырыамый», – диэн күлбүтэ. Өрүү буоларын курдук хайдах-туох сылдьарбын ыйыталаспыта. Кини наар итинник наһаа кыһаллар идэлээх буолааччы…
Даша биллэр-биллибэттик санна дьигиҥнээн ытаан ылла, онтон, күүскэ өрө тыынан уоскуйа быһыытыйда.
– Баһыыба, Нина. Кини туһунан дьон ахтан ааһарын иһиттэхпинэ, күүспэр күүс эбиллэр курдук. Мин доҕорум дьоҥҥо үчүгэй эрэ өйдөбүлү хаалларбыт диэн үөрэбин.
– Хайдах билсибиккитий? Кэпсиэҥ буолаарай?
– Күн бэҕэһээ курдук барытын өйдүүбүн…