Читать книгу Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис - - Страница 2
АРСЕН ТОМСКАЙ ТУhУНАН ЧАХЧЫЛАР
ОглавлениеОскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ науканан дьарыктанар буолан, ордук үөрэххэ, билиигэ олус тардыһара.
Дьиэтигэр наукаҕа сыһыаннаах элбэх тустаах литература, кинигэ баара уонна сурунаал суруталлара.
12 сааһын туолуута Арсен нуучча, омук классик суруйааччыларын – Александр Дюматтан саҕалаан Жюль Верн, Чарльз Диккенс, Франсуа Рабле айымньыларыгар тиийэ аахпыта.
Кыра эрдэҕиттэн дьоҥҥо көмөлөһөрүн ордороро. Биирдэ 3 солкуобайы булан баран (оччолорго элбэх харчы), кылааһын оҕолорун барыларын маҕаһыыҥҥа илдьэн маактаах буулка уонна үүт атыылаһан күндүлээбитэ.
Биирдэ төрөөбүт күнүгэр киниэхэ ыраахтан салайыллар вездеход бэлэхтээбиттэрэ. Ол саҕана оннук оонньуур күндү, аҕыйах буолара. Хайдах айанныырын, салайылларын билэн, бэйэтигэр улахан арыйыы оҥорбута. Ити күнтэн программа оҥорорго интэриэс үөскээбитэ.
Хаһыаттан, кинигэттэн компьютер уонна программа оҥорор суруйуулары булан аахпыта.
12 сааһыттан дэриэбинэҕэ хаппыыста сыыс отун ыраастааһыҥҥа үлэлээбитэ. Манна аан бастаан эт илиинэн үлэ диэн хайдаҕын билбитэ, сыраны-сылбаны ууран ылбыт харчы хайдахтаах курдук күндүтүн өйдөөбүтэ.
Тохсус кылаас кэнниттэн СГУ иһинэн үлэлиир физико-математическай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Манна куорат үрдүнэн соҕотох компьютер кылааһа баара. Арсен компьютер иннигэр аан бастаан олорбут түгэнин хаһан да умнубат.
Арсен түөрт сааһыттан кэлэҕэйдиир буолбута. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр онтон олус эрэйдэнэр этэ. Саамай сүрүнэ, итини билигин болҕомтоҕо уурбат, кыбыстыбат.
Үгүс толкуй кэнниттэн саҥа саҕахтары арыйарга быһаарыммыта. Кыахтаах, өйдөөх ыччат өрөспүүбүлүкэбитигэр хаалан үлэлээтэҕинэ эрэ сайдыахпыт диэн, ити суолунан күүстээхтик ылсарга туруммута.