Читать книгу Саха аныгы ыалын сандалыта - - Страница 1
ААН ТЫЛ
Оглавление«Сүүс киһи санаата биир» диэн, «аһылык» таайыылаах саха таабырына баар. Аны «Олоробут аһыыр туһугар, аһыыбыт олорор туһугар» диэн этии эмиэ баар. Ол да курдук хайа баҕарар киһи, баҕарбатар даҕаны, ас туһунан санаатыгар оҕустаран ылара элбэх бөҕө буоллаҕа. Оттон дьиэ хаһаайката барахсан сарсыардаттан саҕалаан, күнү туура «дьоммун тугунан аһатабын, тугу астыыбын» диэн санаан, толкуйдаан ылара кэмэ суоҕа биллэр. Онон, биһиги бу кыракый кинигэбитин эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох бука бары саха дьахталларыгар, иэримэ дьиэ иэйэхситтэригэр аныыбыт.
Кэлиҥҥи сылларга нууччалыы да, сахалыы да тылынан өҥнөөх ойуулаах, үчүгэй кумааҕылаах, үрдүк полиграфическай оҥоһуулаах кулинарнай кинигэлэр дэлэйдилэр. Итилэртэн биһиги кинигэбит уратыта диэн, ас эрэсиэбин састаабын аттынааҕы маҕаһыынтан, бэйэбит оҕуруоппутуттан кэбэҕэстик булуохха сөбө буолар. Манна киирбит бүлүүдэлэри хомуйан оҥорооччулар бэйэлэрин астыыр кинигэлэриттэн устан, аймахтарыттан, билэр дьонноруттан ыйыталаһан оҥордулар.
Чэ, онон, күндү дьүөгэлэр, дьиэтээҕилэргитин сонун аһынан күндүлээн үөрдүҥ, чугас дьоҥҥут истиҥ-иһирэх махталларын ылыҥ!