Читать книгу Саха аныгы ыалын сандалыта - - Страница 3

Бурдук аһа
Күннээҕи аһылык

Оглавление

Халбаһылаах тиэстэ

Састааба: 2 сымыыт, 3 остолобуой ньуоска бурдук, ¼ ыстакаан үүт, 1 чаайынай ньуоска мас арыыта, 100 г сүөгэй, ону кытары 500 г варенай халбаһы.

Халбаһыны чараас гына быһабыт. Блины тиэстэтинээҕэр хойуу, алаадьы тиэстэтинээҕэр убаҕас гына тиэстэ охсобут. Халбаһыны биилкэнэн ылан, тиэстэҕэ уган баран, итии хобордооххо ыһаарылыыбыт.

Саҥыйахтаах килиэп

Үүккэ хас да сымыыты эбэтэр сымыыт бороһуогун, бурдугу, тууһу кутан, алаадьы киэнинээҕэр убаҕас тиэстэ оҥоробут. Килиэби чараас гына быһан баран, тиэстэҕэ уган ыла-ыла арыыга ыһаарылыыбыт.

Минньигэс омлет

Састааба:

1 сымыыт,

ыстакаан үүт ¼, 1,5 чаайынай ньуоска мааннай куруппа,

чаайынай ньуоска ½ ынах арыыта

(сливочнай арыы).

Мааннай куруппаҕа итии үүтү (үүт ¾ чааһын) кутабыт, кыратык туруоран үлүннэрэн баран, ууллубут ынах арыытын уонна ордубут үүтү кытта булкуллубут сымыыт уоһаҕын кутабыт. Сымыыт үрүҥүн миксеринэн үлүннэрэн баран, булкуйа-булкуйа эбэбит. Бэлэм тиэстэни арыынан сотуллубут итии тимир лиискэ кутабыт, духуопкаҕа буһарабыт.

Быар баахыла

Баахыла тиэстэтин охсобут уонна 1 «Магги» кубигы, эриллибит быары, бэйэ көрүүтүнэн чеснок, эриэппэ луук, туус кутабыт. Үчүгэйдик булкуйан баран, төгүрүк быһыылаах баахыла халыыбыгар (форматыгар) кутан буһарабыт.

Астаах алаадьы

Алаадьы тиэстэтин охсобут уонна эриллибит эти, хортуоппуйу, түөркэлэммит моркуобу, дьаабылыканы, кубиктыы кырбаммыт халбаһыны, өрүс балыгын искэҕин кутан, араас амтаннаах алаадьыны буһарабыт.

Кокурка

Састааба:

6 буспут сымыыт,

200 г сүөгэй,

2 ыстакаан бурдук,

1 чаайынай ньуоска туус.

Сүөгэйгэ тууһу, бурдугу кутан тиэстэ мэһийэбит, бэрэскигэ курдук кыра төгүрүктэргэ араарабыт, сымыыты суулуубут уонна духуопкаҕа буһарабыт.

Оруоса дьөрбөтө

Састааба:

1 хаа (паачыка) хотуобай слоенай тиэстэ, 300—400 г ветчина эбэтэр хопчуонай халбаһы, 150—200 г сыыр.

Ветчинаны төһө кыалларынан чараас гына быһабыт, халбаһы төгүрүктэрин аҥаардыыбыт уонна сыыр куһуоктарын эмиэ кинилэртэн арыый кыра, чараас гына быһан бэлэмниибит. Слоенай тиэстэни биир хайысханан бөлүөгүнэн чарааһатабыт. Түөрт муннук буолбут улахан тиэстэни 3 см кэтиттээх, ветчинаттан 4 төгүл уһун лиэнтэлэргэ арааран быһабыт. Тиэстэ лиэнтэҕэ 3 куһуок ветчинаны эбэтэр халбаһы өлүүскэтин төгүрүк өттө үөһэ буолар, тиэстэттэн кыратык ордо сылдьар гына тэлгэтэбит. Ветчинаҕа сыыр уурабыт уонна сэрэнэн рулет курдук төгүрүтэбит, тиэстэ түмүгүн сыһыары хам тутабыт – оруоса бэлэм. Тимир лиискэ ууран, духуопкаҕа буһарабыт.

Татаардыы бэрэски

Тиэстэтэ:

бурдук, 1 сымыыт, чаайынай

ньуоска ½ суода,

1 остолобуой

ньуоска мас

арыыта, үүт

(суорат), туус.

Бэрэски фарша: сиикэй эт

(эриллибит эт

да барар),

хортуоппуй,

куубиктыы быһыллыбыт

эриэппэ луук, туус, хара биэрэс.

Тиэстэни мэһийэбит, чараас гына бөлүөгүнэн тэнитэбит, үс муннуктуу эбэтэр төгүрүктүү быһабыт. Үс муннук (төгүрүк) чараас тиэстэ ортотугар 1 ньуоска фаршы кутабыт, тиэстэни үөһэ өттө аһаҕас хаалар гына хам тутан бэйэ-бэйэтигэр сыһыарабыт. Итии духуопкаҕа уган буһарабыт.

Тылчаан (Язычок)

Састааба: үлүннэриилээх тиэстэ,

варенай халбаһы, сибиэһэй оҕурсу,

помидор, майонез.

Халбаһыны чараас гына быһабыт, ортотунан аҥаардыыбыт. Үлүннэриилээх тиэстэни бэрэски оҥорор курдук төкүнүтэбит, тэнитэбит уонна халбаһыны уурабыт, тиэстэни икки кытыытын хам тутабыт, үрүт өттүн аһаҕас хаалларабыт. Хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Оҕурсуну уонна помидору синньигэс гына быһабыт. Таһаараат да сылаастыы, тиэстэбит иһинээҕи халбаһы икки өттүн кыратык майонезтыыбыт, биир өттүгэр оҕурсу, иккиһигэр помидор куһуоктарын угабыт. Түргэн уонна тотоойу.

Эттээх лэппиэскэ

Үлүннэриилээх тиэстэни кыра гына төкүнүтэбит, бөлүөгүнэн тэнитэбит, кытыытыгар төгүрүччү фаршы синньигэс гына уурабыт. Тиэстэни иһин диэки саба бүрүйэн хам баттыыбыт уонна итии хобордооххо бастаан хам баттаабыт өттүбүтүнэн умса ууран буһарабыт. Эт аҕыйах барарынан барыстаах.

Сандалы бэрэски

Тиэстэтэ:

300 г сүөгэй, 105 г

оргуйбут сөрүүн уу,

1,1 кг бурдук,

2 сымыыт,

1 чаайынай ньуоска суода, туус.

Фарша: 900 г убаһа этэ, 200 г хаһа,

1 эриэппэ луук,

150 г ууга буспут ириис, туус,

хара биэрэс.

Тиэстэ мэһийэбит уонна 15 мүнүүтэ туруорабыт. Бу кэмҥэ эти, хаһаны кыра гына быһабыт, ирииһи холбуубут, бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, биэрэс кутабыт. Тиэстэни кыра тэҥ төгүрүктэр гына быһабыт, бөлүөгүнэн чарааһатабыт, фаршы кутан баран кытыытын хам тутан сыһыарабыт уонна итии хобордооххо буһарабыт.

Тэллэйдээх бэрэски

Хатыҥаайы тэллэйи (подберезовик) сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбыыбыт, туустаан, лууктаан арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.

Мундулаах бэрэски

Мунду төбөтүн, иһин быраҕабыт, сууйабыт, мясорубкаҕа эрийэбит, бэйэ сөбүлүүрүнэн тууһуубут, лууктуубут, арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.

Вафля-бэрэски

Састааба: маҕаһыыҥҥа атыыланар 4 төгүрүктээх туорка аналлаах вафля, алаадьы тиэстэтэ, эриллибит эт.

Вафля төгүрүгүн эриллибит этинэн сыбыыбыт, иккис төгүрүгүнэн сабабыт уонна ойуутун батыһа сытыы чараас быһаҕынан тэҥ куһуоктарга быһабыт. Тиэстэҕэ уган ылан баран, итии хобордооххо алаадьы курдук буһарабыт.

Халаачык

Састааба:

3 сымыыт, туус,

1 чаайынай ньуоска суода, 1 ыстакаан кефир эбэтэр маҕаһыын сүөгэйэ (сметана), 1 бааҥка сгущеннай үүт уонна бурдук.

Тиэстэбитин мэһийэн баран, арыыга буһарабыт.

Сметанник

Састааба:

0,5 ыстакаан үүт,

2 ыстакаан суорат, 0,5 чаайынай ньуоска суода, 2 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,

1 ыстакаан саахар, туус, ванилин.

Мэһийэн баран, духуопкаҕа буһарабыт.

«Ыксаллаах» бутерброд

Састааба:

килиэп, чеснок, майонез, сыыр,

мас арыыта.

Килиэби быһан мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Майонеһы чесногу кытары холбоон килиэпкэ ымньыыбыт, сыыр уурабыт, микроволновай оһоххо эбэтэр духуопкаҕа уган, сыырын уулларабыт.

Түөкэй

Маҕаһыыҥҥа атыыланар кыра барааҥканы ылан, чаас аҥаара үүккэ уган бөскөтө түһэбит. Таһааран баран, арыынан сотуллубут тимир лиискэ уурабыт уонна үрдүгэр фрикадельканы (эриллибит эттэн оҥоһуллубут төгүрүгү) сиикэйдии уурабыт, үрдүн түөркэлэммит сыырынан бүрүйэбит уонна духуопкаҕа угабыт.

Буулка (1 көрүҥэ)

Састааба:

5 кг көстүрүүлэҕэ (60 устуука)

1,5 л үүт,

1 остолобуой

ньуоска доруоһа,

5 остолобуой

ньуоска үүт бороһуога, остолобуой ньуоска ½ туус, 6 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,

курууска улахан ортотунан саахар, курууска аҥаара мас арыыта.

Тиэстэ килэбэчийиэр, илииттэн арахса сылдьар буолуор диэри күүскэ илиинэн мэһийэбит. Охсо-охсо бурдук кутан иһэбит. Үллүбүтүн кэннэ булочкалары оҥоробут, таҥаһынан бүрүйэн 1 чаас хос сылааһыгар туруоран, үлүннэрэ түһэн баран, духуопкаҕа угабыт. Буһан тахсыбыт булочка үрдүн, чааскы түгэҕэр чэй заваркатын саахары кытары булкуйан баран, сотобут.

Буулка (2-с көрүҥэ)

Састааба:

35 устуукаҕа —

1 л үүт, 0,5 л сылаас уу, 1 ыстакаан саахар, 1 остолобуой ньуоска туус (үрдэ суох), 100 г маргарин, 2 сымыыт,

1 хаа доруоһа,

бурдук.

Тиэстэни хойуу гына охсобут. Тимир лииһи арыынан сотобут, булочканы формалаан баран, үллүөр диэри туруора түһэбит. Ол кэннэ 1 сымыыты алдьатан, дэлби булкуйабыт уонна онон буулкалары чараас гына сотобут. Итии духуопкаҕа угабыт. Начыынныыр буоллахха, булочка тиэстэтин икки өлүүскэҕэ араарабыт, алларааҥҥытыгар повидло уурабыт, үрүт тиэстэтин 8 сыыппаралыы, эрийэ тутан, үрдүгэр сыбыыбыт. Эбэтэр киилэлээх сакалааттан биир кэмпиэти аҥаардаан баран, тиэстэнэн суулуубут. Суулаабыт өттүн анныгар тутан буһарабыт.

Балык бөрүөк (1 көрүҥэ)

Састааба:

0,5 ыстакаан майонез, 0,5 ыстакаан кефир, 5 остолобуой ньуоска бурдук, 4 сымыыт, туус, быhах төбөтүгэр суода,

1 бааҥка балык кэнсиэрбэтэ,

0,5—1 ыстакаан буспут ириис, луук.

Луугу кыра гына кырбаан баран, кыра арыыга ыhаарылаан ылабыт уонна ирииhи, балыгы кытта булкуйан кэбиhэбит. Майонеһы уонна кефири эбэтэр маҕаhыын сүөгэйин холбуубут, сымыыт кутабыт, туус, суода эбэбит, ол кэннэ бурдугу. Сүөгэй курдук тиэстэ буолар, наhаа хойуута да, убаҕаhа да суох. Буhарар формаҕа тиэстэ аҥаарын кутабыт, үрдүгэр балыктаах ирииһи тарҕаччы уурабыт, онтон тиэстэ тобоҕунан бөрүөк үрдүн ньуосканан кутан бүрүйэбит. Духуопкаҕа уган, орто уокка 25—30 мүнүүтэ буhарабыт. Маннык бөрүөккэ балык оннугар эти угуохха эмиэ сөп.

Балык бөрүөк (2-с көрүҥэ)

Састааба:

1,5—2 ыстакаан ириис.

Тиэстэтэ:

2—3 ыстакаан сиидэлэммит

бурдук, паачыка аҥаара маргарин,

1 ыстакаан кефир эбэтэр сэппэрээтэр убаҕас сүөгэйэ, 1 чаайынай ньуоска аҥаарынан туус.

Өрөһөлүү сиидэлэммит бурдукка паачыка аҥаара маргарины быһаҕынан бытархай гына бысталыыбыт уонна кефири (эбэтэр сүөгэйи), тууһу эбэн тиэстэбитин илиигэ сыстыбат буолуор диэри мэһийэбит уонна холодильникка эбэтэр сөрүүн сиргэ уурабыт. Ол кэмҥэ балыкпытын хатырыктыыбыт, уҥуоҕуттан араарабыт, төбөтүн быһабыт. Тиэстэбитин икки өлүүгэ арааран, бэлимиэн тиэстэтинээҕэр арыый халыҥ гына тэнитэбит. Биирин лиискэ тэлгэтэбит. Буспут ириис улахан аҥаарын, 1 обургу луугу төгүрүк гына быһан уурабыт. Лавровай лииһи (4 устуука сөп) эбэбит, ол-бу туманы таммалатабыт. Онтон балыкпытын икки өттүттэн тууһаан уурабыт уонна ордубут ирииспитин үрдүгэр кутабыт. Тиэстэбит аҥаарынан саба ууран баран, кытыытын хам тутан холбуубут. Бөрүөкпүтүн бүтүннүүтүн сымыытынан (1 сөп буолуо) ньалҕаарыччы сотобут. Тиэстэ кытыытыттан ордооччу, ол ордубутунан арааһынайдаан (сэбирдэх, сибэкки курдук моһуоннаан) бөрүөкпүт үрдүн киэргэтэбит. Ону эмиэ сымыытынан ньалҕарытабыт. Духуопкаҕа чаас кэриҥэ буһарабыт.

Универсальнай тиэстэ

Састааба:

100 г маргариҥҥа 1 ыстакаан бурдук уонна ыстакаан аҥаара кефир.

Бу тиэстэ үчүгэйэ диэн өлүүлэринэн (порциянан) төгүрүктэргэ үллэрэн баран, тоҥорон кэбиһиэххэ сөп. Маргарины бурдугу кытары бытархай гына быһаҕынан илдьиритэ ныһыйабыт, кыратык туус, суода эбэбит, кефиринэн убатабыт. Бэлимиэн тиэстэтин курдух хойдуор диэри мэһийэбит. Маннык тиэстэ расстегайга, балык, эт, фрукта начыыннаах бөрүөккэ барытыгар барар.

Саха аныгы ыалын сандалыта

Подняться наверх