Читать книгу Эргиллиэм мохсоҕол буолан - - Страница 1

Аан тыл

Оглавление

Икки сыллааҕыта «Бичик» кинигэ кыһата «Билиҥҥи кэм прозата» серияҕа ааҕааччы үчүгэйдик билэр суруналыыһын Айталина Никифорова саҥа кинигэтин таһаарбыта. Ол ааптар төрдүс кинигэтэ этэ. Онно «Сырдык курус» сэһэни кытта «Харыйа», «Нонночка», «Дьол кустуга» диэн кэпсээннэр киирбиттэрэ. Оттон бу сырыыга кини «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» диэн саҥа сэһэнин уонна кэпсээннэрин хомуурунньугун бэчээттэтэн эрэр. «Сырдык куруһу» литератураны кэрэхсээччилэр хайаан да аахпыт уонна сөбүлээбит буолуохтаахтар дии саныыбын. Бу кинигэни ааҕааччы эмиэ ылыныаҕа диибин. Онуоха төрүөт элбэх. Иккиэннэрин холбуу тутан сыаналаатахха, маҥнайгытынан, тиэмэлэрэ сонун; иккиһинэн, ааптар айар ньымата ураты; үсүһүнэн, айымньылар тыллара-өстөрө хомоҕой; төрдүһүнэн, сэһэн киэбин толору тутуспут; бэсиһинэн, интернет үйэтинээҕи ааҕааччы интэриэһэ аахсыллыбыт. Итини арыый да тэниччи соҕус эттэххэ маннык.

Кинигэ тиэмэтин сонуна, мин санаабар, элбэх киһи өйүттэн-санаатыттан сууралла, сүтэ-иҥэ илик түгэннэр, быһыы-майгы, өй-санаа, тыл-өс сырдатыллыбытыгар буолар. Ааҕааччы хараҕар көстөн, кулгааҕар иһиллэн, сыта-сымара муннугар биллэн кэлэрин курдук суруллубут түһүмэхтэр элбэхтэр. Ол иһин киһи сонурҕаан ааҕар.

Ааптар айар ньымата кини идэтийбит суруналыыс быһыытынан өр кэм устата үлэлээбитинэн быһаарыллыан сөп. Чуолаан, суруналыыс кыраҕы хараҕа олох-дьаһах бытархайдарын таба көрөргө үөрэппитэ мэлдьэҕэ суох. Маны таһынан суруналыыс аҕыйах тылынан элбэҕи этэ үөрүйэҕэ эмиэ баар. Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол – күннээҕи олох-дьаһах эйгэтигэр (жизненный мир) сыһыан уларыйыыта, итинтэн сиэттэрэн күннээҕи (повседневность) диэн өйдөбүл киириитэ. Бу киһини уонна уопсастыбаны үөрэтэр наукаҕа эрэ буолбакка, ити эйгэлэри уус-ураннык хоһуйууга кытта сыһыаннаах. Ол курдук, биллиилээх бөлүһүөктэр Вильгельм Дильтей, Эдмунд Гуссерль, Альфред Шюц үлэлэригэр «жизненный мир», «повседневность» диэн өйдөбүллэр ис хоһоонноро уонна кинилэр хайдах туһаныллыахтаахтарын туһунан элбэхтик этиллэн турар. Ити өйдөбүллэр киһини уонна уопсастыбаны үөрэтиигэ хото киирдилэр уонна күннээҕи олох-дьаһах философията (социологията, психологията) диэн ааттанар билии-көрүү салааларын үөскэттилэр. Уус-уран айымньыларга, ордук Арҕаа Европа дойдуларыгар, биирдиилээн дьон иэйиитин, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын хоһуйуу холобурдара элбэхтэр. Сэбиэскэй литератураҕа олох хойукка диэри уопсастыба уонна судаарыстыба интэриэһэ өрө тутуллара, биирдиилээн киһи күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа коммунизмы тутууну кытта ситимнээх эрэ буоллаҕына, уус-ураннык суруйуллуохтааҕын курдук санаа баһыйара. Уус-уран уобарас кылаассабай охсуһуу тула айыллыахтааҕа. Урукку кэмҥэ күннээҕини ойуулуур айымньы идиэйэ өттүнэн сиппэтэх-хоппотох аатырара. Дьиҥэр, суруйааччы маастарыстыбатын таһыма айымньытыгар бытархай көстүүгэ олох-дьаһах уустуктарын төһө сатабыллаахтык арыйбытынан быһаарыллар.

Кинигэ тылын-өһүн анал үөрэхтээхтэр сиһилии ырытан сыаналыахтара. Көннөрү ааҕааччы санаабар, ааҕыллымтыа тыллаах-өстөөх айымньы. Оҥоро сатаан ууһумсуйуу суох. Ол эрээри ааптар билиҥҥи кэм күннээҕи тылыгар-өһүгэр олус охтубатаҕа, сахалыы литература тылын киэбин кэспэтэҕэ хайҕабыллаах. Хомойуох иһин, сорох аныгы суруйааччылар айымньыларын тыла-өһө литератураҕа сыһыана суох буолан иһэрэ киһини хомотор. Бу өттүнэн Айталина Никифорова кинигэтэ эҥкилэ суох үчүгэй диибин.

Саха киһитэ, кэпсиир уонна сэһэргиир диэн туохтуур көрүҥнэрин араарар буолан, кэпсээн уонна сэһэн уратыларын үчүгэйдик өйдүүр. Сэһэн бэйэтэ ураты киэптээх, суруллар сокуоннардаах. Суруйааччы үлэтигэр ону тутуһар эрэ буоллаҕына айымньыта ааҕыллымтыа буолар. Саха биллиилээх суруйааччылара Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов, Николай Якутскай, Николай Габышев, Реас Кулаковскай, Николай Лугинов, Петр Аввакумов, Федот Захаров, онтон да атыттар бастыҥ сэһэннэрэ оннуктар. Сэһэн кэпсээнтэн кээмэйэ улаханынан эрэ уратыласпат, тутула уонна ис хоһоонун арыллыыта эмиэ ураты. Ол курдук, сэһэҥҥэ айымньы геройун дьылҕатын толору көрдөрөр курдук налыччы-хоточчу элбэх сылы хабан саас-сааһынан ойуулуура ирдэнэр.

Бу кинигэҕэ киирбит «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» айымньы сэһэн буолара саарбаҕа суох. Биир бэйэм бу айымньыны сөбүлээбитим биир сүрүн төрүөтүнэн ити буолар диибин. Ис хоһоонун сиһилии сырдаппакка эрэ сэһэн бэлиэ түгэннэригэр ааҕааччы болҕомтотун туһаайыахпын баҕарабын. Сүрүн герой Трофим Трофимович Барахсаанап, омос көрүүгэ, аныгы кэм салалтата дуоһунас кирилиэһин дабайар суолун бигэтик үктээн иһээччилэриттэн биирдэстэрин курдук өйдөбүлү хаалларар. Кини төрөөбүт дойдутугар «сээн» дэппэккэ улаатан, оскуоланы нэһиилэ бүтэрдэр да, син үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, кэргэнин Дуся дойдутугар олохсуйар, үс оҕолонор, орто баайыылаах үлэһит кэккэтигэр киирэр. Демократия кэмигэр оскуолаҕа завхозтуу сылдьан нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар кыайар. Баараҕадыйан, дуоһунастанан, үптэнэн-харчыланан баран, дойдутугар дьонун-сэргэтин билсэ таарыйа бэйэтин «көрдөрө» тиийэр. Итинник санаа үөскээбитэ бэйэтэ туһунан остуоруйалаах эбит. Сэһэҥҥэ ол сиһилии ырытыллар. Трофим эһэтэ Дьөгүөр Барахсаанап нэһилиэк сис баайа, кыаммакка-кырдьаҕаска сүрдээх аламаҕай, аччыгы аһатар, тоҥмуту хоннорор үтүө-мааны майгылаах киһи эбит. Өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэгэр оскуола туттарбыт. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ улахан дьиэтин сэбиэт хонтуората гыммыттар, баайын-дуолун төһө да көҥүл өттүнэн туран биэрбитин, дьоно-сэргэтэ көмүскэһэ сатаабытын үрдүнэн кулаактаан кэбиспиттэр. Аччыгый кыыһа Ааныс чиэски сиргэ оҕо дьиэтигэр утаарыллыбыт, уолун Трофимы (сэһэн геройун аҕатын), ыарыһах ийэтэ Бороскуо өлбүтүн кэннэ, урукку хамначчыттарын Огдооччуйа кыыһа, билиҥҥи интэринээт остуораһа Кэтириис көрөн-харайан атаҕар туруорар. Трофим тулаайах хаалбыт Маайыһы кытта оҕо эрдэхтэриттэн доҕордоһон, ситэн-хотон, улахан тапталынан холбоспуттар, элбэх оҕоломмуттар, уолларын Трофим диэн ааттаабыттар. Трофим Егорович сытыы-хотуу, туругас-олоругас, айар үлэҕэ дьоҕурдаах, киһи кэтэһэр ыччата буолан испит. Хомойуох иһин, кылаассабай өй-санаа күөнтэһиитин содулугар туоратыллан, үөҕүллэн-мөҕүллэн, олох очуругар оҕустаран, үтүөх-батаах сылдьан арыгыһыт буолан хаалар, кэлин тиһэҕэр тоҥон өлөр. Трофим Трофимович кулаактаммыт, норуот өстөөҕө аатыран ытыллыбыт киһи сиэнэ, буор иһээччи аҕа уола, ол содулугар кыаммат ыал оҕото буолан, үтүргэҥҥэ, сэнэбилгэ сылдьар, туох да дьоҕура-талаана суох, «туос ама киһи» аатырар. Кини бииргэ үөрэнэр кыыһын кэлтэйдии таптыыр. Ол кыыс аата Маша. Кылааһын бастыҥ уолугар Байбалга кэргэн тахсан, икки уол, икки кыыс оҕолонон быр бааччы олохтоох тыа ыала буолаллар. Маша СГУ-ну бүтэрэн Мария Даниловна диэн ааттанан учууталлаан, Байбал техника үлэһитэ, сопхуос эстибитин кэннэ, бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн айахтарын ииттэн олороллор. Трофим Трофимович оҕо эрдэҕинэ туоратыллыбытын, сэнэбилгэ сылдьыбытын, дойдутуттан тэйитиллибитин иэстэһэр санааттан оскуола мецената буоларга сөбүлэһэн аҕатын аатын оскуолаҕа иҥэттэрэ сатыыр. Оскуола салалтата утарсар. Дьолго эдьиийэ Анна Егоровна МГУ философияҕа факультетын бүтэрэн, диссертация көмүскээн учуонай буолан кэлэн научнай-чинчийэр институкка үлэлии сылдьан, аҕатын дьылҕатын истэн элбэхтик туруорсан, Егор Семенович Барахсаанап үтүө аатын тилиннэрэр. Дьонугар-сэргэтигэр өлбөөдүйбэт үтүөлээх саха саарынын аата төрүттээбит оскуолатыгар иҥэриллэр уонна киниэхэ пааматынньык туруоруллар. Барахсаанаптар ааттара үйэтитиллэр. Удьуор утума салҕанар. Кырдьык кыайар, сиэр силигилиир.

Сэһэҥҥэ үс көлүөнэ олоҕо сырдатыллар. Көлүөнэ аайы хас да киһи дьылҕата арыллар. Тэниттэххэ роман да суруллуон сөп оҥоробун. Оттон айымньы бу киэбин мин киинэҕэ аналлаах сэһэн (киноповесть) диэх этим. Ааһа баран, бэлэм киинэ сценарийыгар чугас. Сюжетын сайдыыта киинэлии. Сонун жанр. Билиҥҥи ааҕааччы ирдэбилигэр толору сөп түбэһэр.

Саха киһитэ удьуор утумун ытыктыыр, баардылыыр. «Төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата» диэн өйдөбүл баар. Ол дьайыытын Айталина Никифорова сэһэнэ үчүгэйдик көрдөрөр. Киһи барыта аанньа ахтыбатах Трофим Трофимовиһыттан дьоһуннаах киһи тахсар. Төһө да оҕо дьиэтин чэпчэкитэ суох усулуобуйатыгар улааппытын иһин, дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатын ситиһиилээхтик бүтэрэн учуонай буолбут Ааныс дьылҕата эмиэ ону кэрэһилиир.

Кэпсээннэри ыллахха маннык. «Баҕалаах олох күлүк өттө» диэн кэпсээҥҥэ 16 сыл учууталлаан, тус олох диэни билбэккэ сылдьыбыт Светлана Николаевна кэргэнэ хамнастаах үлэҕэ тахсан, кыаҕыран, туһунан дьиэ-уот туттан, нус-хас олорон эрэрэ ойууланар. Урут уопсай интэриэс иннигэр бэрт дуона суох хамнаска түүнүн-күнүн араарбакка үлэлээн уонна оҕолоро кыраларыгар кинилэргэ саба баттатан бэйэтин иннин көрүммэккэ сылдьыбыт буоллаҕына, билигин доруобуйатын, ис-тас көрүҥүн тупсарыынан күн бокуойа суох дьарыктанар. Ол быыһыгар кэргэнин аһын-таҥаһын бэрийэр. Баҕалаах олоҕо наһаа астыннарар, дуоһутар. Оннооҕор кэргэнэ Вадим көссүүлэммитигэр кыһаллыбат, төһө да абардар, хомойдор, кэлэйдэр, «баҕалаах олоҕун» алдьатыан баҕарбат. Олус чопчутук, кыраҕытык, бэргэнник суруллубут кэпсээн.

«Түүл» диэн кэпсээҥҥэ билиҥҥи кэмҥэ быыбар хас биирдии киһини, ыалы таарыйарын туһунан олус бэргэнник суруллубут. Сүөдэр оҕонньор сааһын тухары доҕордоһон кэлбит, ньуосканан-хамыйаҕынан бырахсан олорбут ыкса ыалын Аппанааһы биир үтүө сарсыарда дьиэтиттэн холдьоҕон таһаарар. Маныаха кини түүлүн буруйдуур. Ол эрэн ис дьиҥэр ыллахха, буолаары турар быыбар сүпсүлгэнэ ытык кырдьаҕастар үйэлээх доҕордоһуулара үрэллэр кутталын үөскэтэр.

Бүтэһик кэпсээн «Аҕам кута» диэн. Онно дойдутугар командировкаҕа айаннаан иһэр ааптары суол былаһын тухары биир мохсоҕол арыаллаабыта суруллар. Саха итэҕэлигэр көтөр киһи кутун бэлиэтэ. Онон ааптар эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммит аҕатын кута мохсоҕол буолан кинини араҥаччылыы-арчылыы сылдьарыгар бүк эрэнэр.

Билиниэх тустаахпын, мин урут-уруккуттан нууччалыы да, сахалыы да дьахтар суруйааччылар айымньыларан сөбүлээн ааҕабын. Билиҥҥи кэмҥэ прозаҕа дьахталлар тахсыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр кэккэлэригэр Айталина Никифорова бигэтик киирдэ. Бэйэ суолун-ииһин, тиэмэтин, кимиэхэ да маарыннаабат айар ньыманы, ураты буочары ахсаабакка көрдөнөрө киһини үөрдэр. Ити үчүгэй бэлиэ: ол аата саха литературата өссө биир ааҕыллымтыа айымньылардаах суруйааччынан эбиллиэх этэ.

В.Д. Михайлов,

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора

Эргиллиэм мохсоҕол буолан

Подняться наверх