Читать книгу Эргиллиэм мохсоҕол буолан - - Страница 2
Эргиллиэм мохсоҕол буолан
ОглавлениеТрофим Трофимович Барахсаанап түүн ортото ким эрэ өттүккэ анньыбытыгар дылы соһуйан уһуктан кэллэ. Тымныы көлөһүн тахсыбыт, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлиир. Дууһатын туох эрэ ыарахан санаа сабардаабыт. Ол туох куһаҕан санаа буулаабытын бу диэн өйдөөбөккө дөйүөрэн сытта. Онтон эмискэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук оронугар олоро биэрдэ. Ойоҕоһугар сытар эмээхсинэ, сөбүлээминэ түүлүн быыһыгар тугу эрэ үөхсэн ботугураан баран, истиэнэ диэки хайыста. Бу алдьархайы! Бэҕэһээ үлэтин кэнниттэн оруобуна 7 чааска тахсан истэҕинэ, тойоно киирэн иһэр эбит. Трофим Трофимович чиккэс гына түһэн баран: «Здрасьте-е!» – диэбитэ. Ону тойоно тоҕо эрэ иэдэс биэрэн кэбиспитэ. Эппиэттээбэтэҕэ. Трофим Трофимович тута тоҕо эрэ дьыалайдаабатаҕа. Аччыктаан, дьиэтин эрэ булар санаалааҕа. Эргэ «Волга» массыынатыгар олороот: «Бардыбыт!» – диэн суоппарыгар үөгүлээбитэ да, дьиэтигэр ойдорбута.
– Хайа, аһыҥ бэлэм дуо?! – аантан ордоотообутунан киирээт, бачыыҥкатын устан элиппитэ.
Хоһугар сүүрэн киирээт, бинсээгин устан ороҥҥо быраҕаат, бааннаҕа киирэн илиитин сууммута. Онтон куукунатыгар киирэн олоппоһун була охсубута. Дусята эттээх хортуоппуй буһаран тоһуйбут. Улаханнык аччыктаабыт киһилии тэриэлкэлээх соркуойун сиэн бүтэрэн баран саҥата суох иккиһин ууммута. Улахан чааскытыттан үүттээх хойуу чэйин иһэн сыпсырыйбыта, дьэ хараҕа сырдаан, төбөтүн өндөппүтэ.
– Били уол ханнаный? Дьонун кытта аһаабат дуо бу?
– Компьютерга олорор, хоһугар аһылыгын илдьэн биэрбитим. Олордун, – хаһаайка холку.
– Эн уолгун буорту да гыммыккын! Туох да туһата суох, компьютерга умса түһэн баран олорор! Уруогун эҥин аахпыта дуо?!
– Ааҕан-ааҕан. Репетиторын кытта дьарыктанна ахан. Сылайдаҕа, оонньоон көрдүн. Оттон эйиэхэ туох баар?
– Уһун күнү быһа таах олорор дьахтар үлэ туһунан ыйыппыта буолаҕын дуу? Үлэм олус элбэх, үрүт-үөһэ кумааҕы түһэн кэлэ турар, онно эппиэттииргэ күн-дьыл баранар. Барыта кэмэ тахсаары ыксал докумуоннар, ону оҥорон сорох киһи остуолуттан да турбат. Чунуобунньуктар тугу да гымматтар, быһаарбаттар, кэлтэй кумааҕыны сыымайдыы олороллор диэн үөҕээччилэри бу мин дуоһунаспар умса анньыбыт киһи, билиэхтэр этэ! Ол мин оҥорбут отчуоттарым суохтара буоллар, хантан үлэлээбит аатырыахтар этэй? Буолаары буолан, Москубаҕа. Мин үлэм Москубаҕа отчуоттанар эбээт! – Трофим Трофимович мэктиэтигэр остуолтан туран хаамыталаан ылла.
– Трофим, ити эн үлэлээбэккэ олороҕун дииргиттэн олус хомойобун. Бэйэҥ олор диэбитиҥ буолбат дуо?
– Олорбоккоҕун! Сымыйанан лабораторияҕа баран үлэлээбитэ буолуохтааҕар уолгун көрбүтүҥ, дьиэҕин-уоккун туппутуҥ сөп. Хамнаһыҥ да сыыһа диэхтээн. Билигин пенсиялааххын, олор, – Трофим Трофимович аһылыгын амтанын дьэ билэн, ыксаабакка ыстаан ыллаҥната-ыллаҥната, өйдөөҕүмсүйдэ.
– Оттон сөп диэн олордоҕум. Аны онон сирэй-харах анньыма диэн этэбин. Бу өрүү бэлэм эбиэккэ, киэһээҥҥи аһылыкка кэлэриҥ бэрт буолбат дуо?
– Олорор дьахтар бэлэм кэлбит аһы астаамынаҕын! Аны онон өттөйөөрү гыммыт дуу? Ким этэй, булдай? Мин баар буоламмын, бэлэмҥэ тараҥнаан эрдэххит!
– Сөп, түксү! Эмиэ сөбүлүүр ырыатын холбоото, ыал аҕата ааттаах киһи булумунаҕын оттон!
– Бу да дьахтар! Киһи аһыан да баҕарбат! – Трофим Трофимович, икки-үс тоорохой хортуоппуй хаалбыт тэриэлкэтин киэр илгэн, остуолтан туран саала диэки ыадаҥнаата.
Дуся оҕонньоро бырдааттанарыгар үөрэнэн хаалан наадыйбат бэйэтэ бүгүн тоҕо эрэ улаханнык кыйаханна. «Киэбирэн да биэрэр! Үрдүк сололоохтор үлэлиир тэрилтэлэригэр киириэҕиттэн бэйэтэ да киһиргэс киһи майгыта олох алдьанна. Тойотторун үтүктэр дьүһүнэ эбитэ дуу? Эс, кини сирэй тойоно хаһыаттан аахтахха, араадьыйаттан иһиттэххэ бэрт ырааҕы көрөр өйдөөх, киэҥ көҕүстээх киһи курдукка дылы ээ. Эбэтэр үлэтигэр хомуруйуллубутун манна кэлэн таһаарара дуу?»
* * *
Трофим уонна Дуся балыыһаҕа билсибиттэрэ. Кыыс Алданнааҕы медицинскэй колледжы бүтэрэн баран дойдутугар балыыһаҕа үлэлии сырыттаҕына, Трофим балыктыы сылдьан улаханнык сэбиргэхтэтэн балыыһаҕа киирбитэ. Кини орто үөрэҕи бүтэрэн учууталынан үлэлии кэлбит эдэр киһи этэ. Сырдык сэбэрэлээх, туртас курдук көнө уһун уҥуохтаах кыыһы уол тута сөбүлээбитэ. Үтүөрэн да баран балыыһаттан арахпакка кыыһы кытаанахтык буулаабыта. Дуся даҕаны уолу сирбэтэҕэ, маннааҕылар курдук арыгылаабат, охсуспат, таҥаһа-саба куруук ыраас буолар. Быһата, эдэрдэр түргэнник сүбэлэрин холбообуттара. Элбэх оҕолоох, аҥаардас ийэлээх Дуся кыыс улахан сыбаайбаны эрэйбэтэҕэ, дьиэлэригэр биэчэрдээбиттэрэ. Онон бүппүтэ. Барахсаанаптар маҥнай утаа ийэлэрин кытта олорон баран, оскуола уопсайыгар хос ылбыттара. Доруобуйам мөлтөх, сынньалаҥ соҕус үлэ буолуо диэн, Трофим Трофимович оскуолаҕа хаһаайыстыбаннай чаас салайааччытынан үлэлии киирбитэ. Кини бу дойдуга тэһийиэ суох курдук буолан истэҕинэ, баһылыктаа диэн этии киллэрэннэр, санаата тохтообута. Кэтэхтэн судаарыстыбаннай, муниципальнай салайыы үөрэҕин бүтэрбитэ. Бэрт сатабыллаахтык баһылыктаан барбыта. Аҕыйах ыйынан атын Трофим Трофимович буола түспүтэ. Дьарамай бэйэтэ тута доруоһалаах тиэстэ курдук үллэн барбыта, хаамардыын, көрөрдүүн-истэрдиин кытта уларыйбыта. Урут дьону көрүстэҕинэ хап-сабар дорооболоһор, харахтарын көрдүүр бэйэтэ, билигин уҥуоҕум кыра диэбэт, үөһэттэн аллара тымныы баҕайытык көрөр буолбут. Кыракый нэһилиэккэ баҕас муҥур тойон буолан талбытынан дьаһайар. Манна кинилиин аахсар да киһи суох. «Трофим Трофимович дуо?» дэттэрэн күнэ тахса ахан сылдьар. «Маннык тойон хаан буола сылдьарбын төрөөбүт дойдубар көрөллөрө буоллар, төһө эрэ соһуйаллар. Сорох-сорохторго баҕас ис дьиҥмин көрдөрүөм этэ! Ордук Хабырыл, Һааска, Бааска, Байбал биллэллэр ханнык. Киэбирбиттэрэ тохтуо этэ. Билигин кинилэр кимнээхтэрий? Оскуолаҕа кинилэр эрэ сулустар этэ. Тустууктар, үчүгэй үөрэхтээхтэр, өрүү кинилэр эрэ туохха барытыгар хамандыыр буолаллара. Учууталбыт Маргарита Васильевна кинилэри тараҥнатан биэрэрэ. Ол бэйэлэрэ билигин туох дьон буоллулар? Ким да бу мин курдук тойон буолбата. Кыраһыабай, спортсмен уолаттары сырсан биэрбит кыргыттар билигин бу миигин, Тэрэппиини, көрөллөрө буоллар ньии…» Трофим Трофимович мэктиэтигэр хараҕын быһа симтэ. Хараҕар маҥнайгы таптала Маша көстөн кэллэ. Чоҕулуччу көрбүт хап-хара арылхай харахтаах, уһун хара суһуохтаах, көнө быһыылаах-таһаалаах, кинини дьиибэлээн күллэҕинэ үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн көстөр кэрэ бэйэлээх кыыһы эр киһи долгуйа санаата.
Машата билигин үөрэммит оскуолатыгар учууталлыы сылдьарын истэр. Оскуола кэнниттэн тута бииргэ үөрэммит Байбалыгар эргэ барбыта. Байбал аармыйаттан кэлэн баран үөрэммэккэ, сүөһү көрө сылдьар сурахтаах. Кыыс педколледжы бүтэрэн баран алын кылаастарга үлэлиир үһү. Хата, ыалыҥ оҕо-уруу буолан тэнийбиттэр. Сакаастаабыт курдук икки уол, икки кыыс оҕолоохтор дииллэр. Байбал сопхуос сүөһүтүн көрө сылдьан, бутуурдаах 90-с сылларга үлэтэ суох хаалан, улаханнык тэмтэрийэ сылдьыбыт. Маша барахсан дьиэтин, оҕолорун бэйэтэ өрө тардан олороохтообут. Байбал саҥа дьиэ да туттубута биллибэт. Саах сыбахтаах хотонуттан өнүйээхтээбэтэх «оскуолаларын звездата». «Оттон мин…» диэн баран, дохсун санаата батарбакка, Трофим ойон турда. «Бэйи, быйыл саас баран кэлиллиэ. Өссө аатырар курдук, оскуолаҕа аҕыйах оҕоҕо бэйэм ааппынан стипендия олохтуурум дуу… Эс, ол эрэн, өлбүт киһиэхэ дылы. Арай, аҕам аатынан буоллаҕына? Төһө да дэриэбинэтигэр «улуу иһээччи» аатырдар, аҕам эрэйдээх үйэтин тухары оскуолаҕа хачыгаардаабыта. Кырдьык, Барахсаанап Трофим Егорович аатынан стипендияны биир-икки оҕоҕо олохтуур эбиппин. Ол сыл түмүгэр аҕыйах тыһыынчаны биэрдэххэ, моҥкуруут барбатым чуолкай. Ол оннугар аатым-суолум сыттаҕа. Үөрэммит оскуолатын мецената – Трофим Трофимович Барахсаанап. Төһө бэрдий?» Бэртээхэй санаа көтөн түспүтүттэн үөрэн, Трофим Трофимович мэктиэтигэр өрө эккирээн ылла. Өйө бөҕө! Учууталлара наар кини акаарытыттан иҥнэн биэрэллэрэ! «Ордук математика учуутала Валентина Гаврильевна сордуура. Чиэппэр аайы иккинэн ыытан хара сорбун көрбүтэ. Сыл түмүгэр, ханна барыай, син токур үһү туруорбут буолара. Оттон химия учуутала Альбина Михайловна хайдах этэй?! Кини химията билигин миэхэ даарым да наадата суох! Чэ, билигин миигинэн, нэһилиэк баһылыга буола үүммүт үөрэнээччилэринэн, төһө эрэ киэн тутталлар этэ…»
* * *
Мария Даниловна дьиэтин киэһэ хойут булар. Быйыл бэйэтин алын кылаастарын кытта тохсустарга кылаас салайааччытынан анааннар, күн солото суох барда.
«Биһиги оҕолорбут ахсааннарын бэйэҥ билэҕин, маҥнайгы кылааска баара-суоҕа 8 үөрэнээччилэнниҥ. Хамнаһыҥ төһө буоларын сэрэйэн эрдэҕиҥ. Ол иһин эйиэхэ эбии чаас ааҕаары тохсус кылаастары биэрээри гынабын, таарыйа историяны уонна обществознаниены ылыаххын сөп, оччоҕуна эрэ толору чааска тахсар кыахтааххын», – диэн оскуола директорынан үлэлээбитэ ырааппыт, өссө Мариялааҕы үөрэппит кырдьаҕас учуутал Иван Петрович бу күһүн үөрэх саҕаланыыта этии киллэрбитэ. Барахсан кини балаһыанньатын өйдүүр буолан, ити өйүү сатыыр. Мария Даниловна итиччэ этииттэн аккаастаныа баара дуо. Икки кырата оскуолаҕа үөрэнэллэр, улахан кыыс – устудьуон, уоллара – ыал аҕата, дойдутуттан тэйбэккэ, суоппардыыр. Кыыстара төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онон сыл аайы сүөһүлэрин үөрэххэ толук уурарга тиийэллэр. Бу тыа сиригэр абырыыллара эрэ, кырдьыга даҕаны, сүөһүлэрэ. Байбала бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии сатыыр да, соччо өнүйбэттэр, сайын ыам эрэ кэмигэр уу харчылана түһэллэр, кыһын эт атыылаатахтарына үссэнэллэр.
«Үйэм тухары сүөһүгэ хамначчыттаан биэрдим да, уһун сонноммотубут. Айахпытыгар эрэ сордонобут. Сайын үтүөтүн билбэккэ, оттоо да оттоо, кыһын буоллаҕына тымныы, сииктээх хотонтон тахсыбаппын! Инчэҕэй эттээх киһи сылайан-элэйэн да бүттүм! Айака, сүөһүнү эһэн кэбиһиэххэ! Сибилигин тахсан барыларын сүүскэ биэриэм!» – Байбал итирдэ да, харбыт пластинка курдук этэр этиитэ ити. Сарсыҥҥытыгар өйдөнөн, бөлүүн тугу тылласпытын өйдөөбөт курдук туттан, үөрүйэхтик хотонугар тахсыбыта эрэ баар буолар.
Мария Даниловна кэргэниттэн сонньуйар даҕаны, аһынар даҕаны. Олох үтүөтүн билбэккэ, эдэр сааһыттан хотоҥҥо үлэлээн тахсар. 49 сааһыгар кэргэнэ сааһырбыт баҕайы көрүҥнээх, сынньалаҥ үлэҕэ сылдьар кини саастыылаахтарыттан быдан аҕа курдук көстөр. Кыһын тымныыга уҥуохтара ыалдьаллар, бокоорон хаалан, сарсыарда нэһиилэ турар. Балыыһа диэҥҥэ үктэниэ дуо, суох. Быыс-хайаҕас көһүннэ даҕаны, кинини соҕуруунан-хотунан сынньата ыыта сатыыр. «Баран сайдыылаах дойдуну көрөн-истэн кэл, эн сырыттаххына бэйэм баран кэлбит курдук сананыам», – диэхтиир. Онон Мария оҕолору илдьэ, кырдьык, элбэхтик кыраныысса таһыгар бара сырытта. «Мариям Африкаҕа уонна Америкаҕа эрэ сылдьа илик. Аны ити икки дойдуга баран кэлэрэ буоллар, хайа, аан дойдуну бүтүннүү тилийэ көтөр дии!» – Байбал дьоҥҥо сөбүлээн кэпсиирэ ити, бэл, сирэйдиин-харахтыын сырдыы түһэр.
Мария Даниловна эбиэттэн киэһэ үрдүкү кылаастарга уруогун биэрээри оскуолаҕа кэллэ. Урут хаһан да биэрбэтэх предметин ыарырҕаттар даҕаны, кыһалҕаттан чаас биэрэр. Бэйэтэ оҕо курдук библиотекаттан тахсыбат буолла, түүнү быһа конспект сурунар. Хата, историяны билэн, хараҕа арыллыбыкка дылы буолла. «Туох барыта син биир туһалааҕынан эргийэр, учуутал ааттаахпын да, оскуола программатын да билбэт эбиппин» дии саныы иһэн, эмискэ киһиэхэ кэтиллэ түстэ.
– Маша, эн дуо? Хайа, миигин билбэтиҥ дуо? Трофиммын дии!
– Уой, Трофим, билбэтим. Көрбөтөх да ырааппыт, уларыйан хаалбыккын, – Мария Даниловна ис киирбэхтик мичээрдээн ылла.
– Дьэ бу төрөөбүт-үөскээбит дойдубар кэлэ сылдьабын, оскуолабар меценат буолар былааннаахпын.
Трофим Трофимович хас эппит тылын дорҕооно бэйэтигэр ураты суолталаахтык иһилиннэ, мэктиэтигэр түөһүн мөтөттө.
– Тыый, олус хайҕалаах дии! Эн билигин тугунан дьарыктанаҕын? Оскуолаҕа завхозтуур диэбиттэрин истибитим…
– Суох! – киһитэ өһүргэнэн куолаһа бөтүүктээн ылла. – Мин нэһилиэк баһылыгынан үлэлиибин. Олохтоохтор туруорсан, куоластааннар, баһылыктыы сылдьабын. Ол иһин бу төрөөбүт дойдубар көмөлөһөр санааҕа кэллэҕим, – дии-дии, Трофим Трофимович улахан-улаханнык көрөн ылла.
– Баһылык буолбуккун бу саҥа иһиттим. Бэрт дии! Ол аата дьон эйиэхэ эрэнэн таллахтара. Чэ, кэл, барыах, директорга атааран биэриэм, – Мария Даниловна кырдьык да тойон хаан кэлэн турар дии санаан, киһи иннигэр илим-салым түстэ.
Ону эрэ күүтэн турбут киһи кыра бэйэтэ үрдээбиккэ дылы буолан, тот хаас курдук туттан дьахтары батыста.
– Оскуолабыт эрэйдээх олох уруккутунан тураахтыыр эбит. Саҥа оскуола тутуутун эҥин бу нэһилиэк баһылыга туруорсубат дуу, тугуй?
– Туруорсан-туруорсан! Хас сыл буолла сурук, көрдөһүү суруллубута. Сыл аайы инвестиция бюджетыгар киллэриэх буолаллар. Былырыын ыаллыы сытар нэһилиэккэ оскуола киирбитэ, ол иһин биһиги эмиэ тэбилиннибит быһыылаах.
– Ол аата сатаан туруорсубат буоллаххыт! Кэпсэтиитин сатыахха наада. Улахан тойоттор маастарын табар диэн бэйэтэ сатабыл. Баһылыккыт көлөөк киһи буоллаҕа.
– Тыый, баһылыкпытын эн бэркэ билэр киһиҥ, сэбиэскэй саҕаттан былааска үлэлиир уопуттаах киһи, республикаҕа тиийэ ытыктанар, тарбахха баттанар салайааччы.
– Ол Павлов оҕонньор билигин даҕаны олорор дуо? Ол да иһин сайдыы суох.
– Эс, Трофим, наһаа быһа-бааччы тылласпат буоллаҕыҥ. Дойдуҥ дии. Атыттартан тугунан да хаалсыбаппыт. Николай Андреевич, хата, дьонун-сэргэтин билэрэ бэрт буолан, хайа сатанарынан көмө-тирэх буола сатыыр. Ол да иһин кинини нэһилиэнньэ сынньаппат, көрдөһөн туран хаалларбыппыт. Бэйэтэ да тохтуон баҕарбыта ыраатта. Дьон ытыктабылын бүтүн олоҕунан ылыан ылбыт киһи диэн кини баар.
– Билигин атын кэм. Эдэрдэр тахсыахтаахтар! Оҕонньоттор суолу биэрбэккэ олороллор. Директоргыт эмиэ били Иван Петрович оҕонньор дуу? – Трофим Трофимович эҕэлээхтик саҥарда.
– Трофим, майгыҥ олох уларыйбатах. Дойдубар көмөлөһө кэллим диигин да, тылыҥ-өһүҥ тоҕо толооһой, – Мария Даниловна куолаһа кытаатта, кыыс эрдээҥҥитин курдук кынчарыйан ылла.
– Чэ-чэ, сөп. Оонньоон этэбин ээ! Хата бу директорскайга кэллибит. Уйбаан Бөтүрүөбүс, дорообо! Биллиҥ дуо?
Илиитин ууммутунан остуолга кумааҕыларга умса түһэн олорор киһиэхэ супту хааман кэллэ.
– Барахсаанапкын, быһыыта.
– Сөҕөбүн эрэ! Оскуолаҕа хас оҕо үөрэнэн ааспыта буолуой да, Иван Петрович барыбытын эндэппэккэ билэр, дьэ өй диэтэҕиҥ! Мин наадалаах кэлэн олоробун.
– Иван Петрович, мин барыым. Уруогум саҕаланара буолла, – Мария Даниловна аан диэки барда.
– Сөп-сөп. Трофим Трофимович биһикки кэпсэтэ түһүөхпүт.
– Иван Петрович, мин билигин баһылыкпын. Нэһилиэнньэ талан, хайыамый, үлэлии сылдьабын.
– Хата диэ! Соһуттуҥ-соһуттуҥ. Дьон оннук итэҕэйэн талбыт буоллахтарына, дууһаҕын биэрэн туран үлэлиэххин наада. Баһылык диэн норуот киһитэ буолуохтаах. Оҕо буоллун, оҕонньор буоллун интэриэстэрин билиэхтээххин, көмө-тирэх буолуохтааххын. Олус ыарахан, эппиэттинэстээх үлэ…
– Билэбин-билэбин. Биһиги диэки тиийиммэт-түгэммэт элбэх, бары аҕал дии сылдьар дьон. Ол да буоллар, киһи үлэлиир үлэтэ, – Трофим Трофимович, учуутала оҕону үөрэтэр курдук саҥаран барбытыгар абатыйа санаан, быһа-бааччы этэ сатаата. – Мин манна меценат буолар санаалаах кэлэн олоробун. Үчүгэй үөрэхтээх икки хас оҕоҕо стипендия аныам этэ.
– Үчүгэй дьыала! Биһиги выпускниктарбыт ити курдук быһаарыналларын өйүүбүт эрэ. Бэйи эрэ, ол ким аатынан стипендия олохтоору гынаҕыный?
– Толкуйдаан баран, аҕам аатын үйэтитээри гынабын.
– Аҕаҥ Трофимы этэҕин дуо? Ким билэр, доҕор… Маны мин бэйэм быһаарбаппын, нэһилиэк общественноһын кытта сүбэлэһиэхпин наада. Быһаарыныыҥ үчүгэй буолан баран…
– Буолан баран, тугуй? Боростуой оробуочай этэ диэн этэҕин дуо? Оттон үйэтин тухары оскуола оһоҕун оттубутун умуннугут дуо?
– Бэйи эрэ, эн аҕаҕын боростуой оробуочай диэн эппэппин ээ. Хайдах-туох олорбуккутун умуннуҥ дуо? Тэрэппиин, кырдьык, арыгылаабата буоллар, ааттаах үлэһит киһи этэ буоллаҕа, кэлин арыгылаан хас да төгүл оскуоланы тоҥорон, аҕыс айдааны таһаарбыта, оскуола уопсайа кытта тоҥон кыра оҕолоох учууталлар ыалынан олоро сылдьыбыттара. Оннук халы-мааргы быһыы умнуллубат, доҕор. Арыгыһытынан аатырбыт киһи аатынан туйгун үөрэнээччилэргэ стипендия олохтуур диэн сыыһа дьаһал буолуо дии саныыбын. Онон, бырастыы гын, Трофим, кыаллыбат суол.
– Өйдөннө, киһини итинник сэниир эбиккит. Өссө мин эһиэхэ үчүгэй санаалаах, көмөлөһөөрү кэлбитим, былыргыны умнубат, нэгэй дьон эбиккит… Мин билигин улахан киһибин, хачыгаар, арыгыһыт оҕото буолбатахпын, баһылыкпын! Миэхэ тиийэ үүммүт ким баарый? Дьэ, ити буоллаҕына, мин ааппын өссө да истиэххит! – диэн баран Трофим Трофимович директор хоһун аанын сүр эрчимнээхтик быраҕан тахсан барда, кэнниттэн эргэ оскуола оппуохата саккыраата.
– Оо дьэ, Тэрэппиин муҥнаах уларыйаахтабатах. Хайдах ити бэйэтэ да өйдөөбөтө буолла? – Иван Петрович, бэркиһээн, баһын быһа илгиһиннэ.
* * *
Мария Даниловна үлэтин кэнниттэн ыксаан дьиэтигэр сүүрүү быластаан кэллэ. Оһоҕун оттон, киэһээҥҥи аһын өрүөн наада. Байбал дьахтар уонна эр киһи үлэтэ диэн чуолкай арааран, дьиэҕэ да баар буоллаҕына, күөс өрбөт. Бу да сырыыга дьыбааҥҥа тыыла тэбинэн, кинигэ ааҕа сытар.
– Байбал, сонуннаах кэллим! – Мария, аанын боруогун атыллаат, сонунун кэпсии охсоору саҥа аллайда. Кини хобу-сиби таһар кэмэлдьитэ суох да, бу сырыыга Тэрэппиинтэн соһуйбута бэрт буолан санаатын үллэстэ охсоору ыксаата. – Тэрэппиин кэлбит! Өссө тош курдук тойон буолбут!
– Ханнык Тэрэппиин?
– Барахсаанап Тэрэппиин «баһылык буоллум, оскуолабар көмөлөһөөрү кэллим» диир. Киһи уларыйар да буолар эбит! Билбэтим ээ өссө кинини.
– Ол оннук айылаах тупсубут дуо? – Байбал эҕэлээхтик саҥарда.
– Тупсубут диэтим дуо? Хайдах эрэ көрөрдүүн-истэрдиин атын, мэктиэтигэр уҥуоҕунан үрдээбиккэ дылы. Сүрдээх дуоспуруннаах.
– Хата, киниэхэ, тойон буолбут диэн, ымсыырдыҥ дуо? Эйигин эккирэтэн муҥнаммытын өйдүүбүн ээ, – Байбал, кинигэтин ууран баран, дьыбааҥҥа олордо, кэргэнин диэки үөннээхтик көрөн ылла.
– Бүт эрэ! Былыргыны баран, эттэҕиҥ. Күнүүлээбит да киһиҥ баар. Тэрэппиини урут киһинэн да аахпат этигит дии. Эрэйдээҕи атаҕастаан да биэрэргит. Арыгыһыт эрэ оҕото диэн.
– Аҕата Тэрэппиин дьэ, кырдьык, улуу иһээччи этэ. Оскуола иннигэр, маҕаһыыҥҥа охто сытара харахпар бу баар. Сордоох ыт курдук өлбүтэ. Таһырдьа өлөн баран сытарын булбуттара дии, итирик буолуо диэн ким да күн устата наадыйбатах этэ. Алта оҕотун тухары биир да киһи көрдөөбөтөх бэйэлэрэ дуу. Төһөтүн да иһин, хааннара, төрөппүт аҕалара буоллаҕа.
– Диэмэ даҕаны. Ийэлэрин Маайыһы аһынар да этим. Наар балыыһаҕа остуорастаабыта, оҕолорун улаатыннаран киһи-хара гыммыта. Кыргыттар бары үрдүк үөрэхтэннилэр. Кими батан, үөрэхтэригэр итиччэ кыахтаахтара буолла. Бу биһиэнин курдук төлөбүрдээххэ үөрэниэхтэрэ дуо, хайа харчыларынан, бэйэлэрэ дьиҥ кыахтарынан ааһан иһэн үөрэҕи баһылыыллар. Ити Тэрэппиини көр, улахан киһи буола үүммүт.
– «Улахан киһи» ийэтин да харайсыбатаҕа. Эн буоллаҕына, тойон буолбут дии-дии, бүтүн бырааһынньык тэрийиэх курдуккун!
– Бүт эрэ! Киһи атаҕар турбута туох куһаҕаннааҕый! Наар аһынар этим, хата, син киһи буолбут диэн үөрдүм. Бээ эрэ, кыргыттарга эрийэ охсуохха.
– Маша, бүгүн киэһэ Тэрэппиинтэн сылтаан биһиги аһаабат ыал буоллубут дуо?
– Наар эн аһыҥ айдаана! Чэ, аһаан да баран кэпсэтиэҕим.
– Хата, ити ыал ийэтин тыла. Мин даҕаны уолаттарга кэпсээн күллэртиэҕим.
– Эһиги наһаа күлүү гынымаҥ эрэ. Киһи тахсыбытыгар үөрүөх эрэ тустаахпыт. Биһиги кылаастан баһылык буолбут ким баарый? Суох! Байбал, хата, Тэрэппиин кэлбитинэн кылааһынан көрсүһүү тэрийиэх баара.
– Бу дьахтар даҕаны тылын! Улахан сах Тэрэппиин кэлбит эбит. Бааскалаах Һааска, арай, элэктээри, бэлэстэринэн күлээри көрсүөх дииллэрэ буолуо.
– Наһаалаамаҥ эрэ! Киһини күлүү-элэк гынар сэттээх буолуо. Тэрэппиининэн оонньоомоҥ, онтуккут билигин атын киһи.
– Ханна көрсөөрү гынаҕын?
– Ханна буолуой, биһиэхэ ини. Атын көрсөн олорор сирбит суох буоллаҕа.
– Тэрэппини көрөн наһаа да үөрбүккүн, дьиэҕин да туран биэриэх курдуккун дуу?
– Байбал, наар биһиэхэ көрсөбүт буолбат дуо? Кыргыттар бары тугу эмэ астаан аҕалыахтара дии.
– Чуумпу олохпутун аймаан эрдэҕин көр…
* * *
Маайыс кэргэнэ маатыра-куутура буолан кэлэрин истэ сытта. Тэрэппиинэ култаҕар бытыылката суох сатаммат буолбута ыраатта даҕаны, кини идэтинэн киһитэ хаһан кэлиэр диэри кыайан утуйбат. Бу да сырыыга эрдэ сыппыта да, ханна баарый, утуйбата. Туох аньыытын-харатын иһин, бу маннык сордоох олоххо тиксибитэ буолла?! Дьахтар абатыйан, бэйэтин аһынан эмиэ ытаан хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ. Күнүс дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолоругар ыар санаатын биллэрбэт буола сатыыр бэйэтэ түүн баҕас киниэнэ. Хараҥа балай түүн уонна ый кини ытыырын-соҥуурун, ыарахан санаатын, дууһатын хара батталын, дьылҕатыгар абатыйыытын билэн эрдэхтэрэ. Кини хара соро – кэргэнэ. Оттон хаһан эрэ кинилэр даҕаны эдэр буола сылдьан, сөбүлэһэн холбоспуттара, ийэ-аҕа буолар дьолу элбэхтик тэҥҥэ үллэстибиттэрэ. Алта оҕоҕо биһик ыйаатахтара. Тэрэппиин эдэр сылдьан букатын атын киһи этэ. Ити амырыын сыттаах, арыгыттан, салгынтан боруоран көстөр хара киһи буолуо баара дуо. Суох. Сэрии тулаайахтара интернакка олорон үөрэмиттэрэ, улааппыттара. Тэрэппиин Маайыстан икки сыл аҕа. Кыыс кыра сааһыттан саһархай харахтаах, сырдык хойуу баттахтаах, маҥан эттээх-сииннээх уолу көрө үөрэммитэ. Кини өйдүүрүнэн интернаттарын оһоҕун өрүү Тэрэппиин отторо, сотору-сотору мас хайытара, саһаанныыра. Туруу үлэһит уол этэ. Кыыс киниэхэ хайдах эрэ ураты сыһыаннааҕын сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Тулаайах кыысчаан уолу дурда-хахха буолар убайын курдук ылынара. Оннук даҕаны этэ. Тэрэппиин кыра уҥуохтаах, дьарамай бэйэлээх кыыһы аһына, харыстыы саныыра. Хаһааҥҥыттан ити бүөм санаа тиллибитин билбэт. Арааһа, кыысчааны көрөөт аһыммыта. Остолобуойга Маайыска элбэх аһылыгы куттара сатыыра, сороҕор бэйэтин лэппиэскэтин биэрэрэ. Интернакка онно ким да наадыйбат этэ. Тулаайах оҕолор бэйэлэригэр балтыны, бырааты, убайы ирээттэһэн кэбиһэллэрэ. Ханныгын да иһин, соҕотохсуйбакка, иккиэлэспит ордук курдуга. Ордук улахан кыргыттар кыралары балыс, быраат гыналлара. Маайыска Тэрэппиин убайын солбуйбута.
Тэрэппиин оскуолаҕа биир бастыҥ үөрэнээччи этэ. Ордук ахсааҥҥа кимиэхэ да иннин биэрбэтэ. Сорудаҕын барытын ким да иннинэ толорон баран биллибэккэ-көстүбэккэ олорор буолара. Учуутал ыйыттаҕына эрэ эппиэттиирэ, хонтуруолунай буоллаҕына туйгун үөрэхтээх оҕолор иннилэринэ да суоттаан баран, бүтэһик оҕо үлэтин туттарыар диэри умса туттан олороро. Кини биир да сыыһата суох үлэтин анныгар токур «үстэн» ордук сыана турбат этэ. «Тэрэппиин эмиэ кимтэн эрэ устан ылбыт!» – диэнтэн атыны учууталлара Мааппа Дмитриевна эппэт этэ. Кэнэн, тулаайах муҥнаах ону хантан аахсыай. История саамай сөбүлүүр предметэ этэ. Интернат библиотекатыттан история учебнигын хас да кылааһы көтөн ааҕа охсоро, уруокка биирдэ эмэ ыйыттахтарына, симик баҕайытык саҕалаан баран, киһи эрэ истэн истэр олоруох курдук, бэриллибит тиэмэни таһынан кэпсээн барара. Афанасий Иванович уолу хаһан да хайҕаабат этэ, хата, сэмэлиирэ, ардыгар үөҕэн да кэбиһэрэ. «Кулаак ыамата, манна кэлэн сэбиэскэй былаас абыраллаах үлэтин, дьадаҥылары өрө тардар улууканнаах дьыалатын туһунан сымыйанан лахсыйыма! Искэр ону барытын үөҕэр, сиилиир буолуохтааххын! Аҕаҕын сөпкө хаайан тураллар. Өссө онно тута миэстэтигэр ытан кэбиспиттэрэ да буоллар! Дьадаҥылар көлөһүннэрин тоҕон, байбыттар эһиги, Барахсаанаптар бааргыт! Ыт сирэйдэр! Баайгытын-дуолгутун барытын судаарыстыба туура тутан ылбыта, сэбиэскэй былаас өссө аһыныгаһа бэрт буолан, бу эһигини интэринээккэ олордор, үөрэттэрэр. Мин эбитим буоллар, оскуолаҕа саа да тэбиитигэр чугаһатыам суоҕа этэ!» – дии-дии, кып-кыһыл буолан умса туттан турар уолга уолугар түһүөхтүү ынан кэлэн, силэ бырдааттыы-бырдааттыы, бардьыгынаабыта көрүөхтэн түктэри этэ.
Онтон ыла Тэрэппиин билиитин-көрүүтүн таһыгар таһаарбат, «хомунньуус партияҕа дьиҥ-чахчы бэриниилээх» дьадаҥылар оҕолоруттан ордубат буола сатыыра. Сыыйа үөрэххэ интэриэһэ да сүппүтэ. Хайдах да суруйдун, суоттаатын, үстэн атын сыананы учууталлар туруорбаттарын билэр буолан, уруокка таах хаҕа эрэ олороро. Кини иннигэр аан барыта сабыылаах. Кыра сылдьан аҕатын киһи барыта норуот өстөөҕө диирин иһин абааһы көрө саныыра. «Кулаак ыамата» аатыран уолаттартан кырбанан биэрээхтиирэ.
Кини тоҕус оҕоттон чороҥ соҕотох ордон сылдьар. Ханна эрэ балта баар буолуохтаах. Аҕаларын хаайбыттарын, дьиэлэрин-уоттарын, күрүөлэрин-хаһааларын бүтүннүү куорҕаллаабыттарын кэннэ бэйэтэ да сэбиргэхтэппит ийэлэрэ уһаабатаҕа. Ыалдьан охто сытар киһиэхэ луохтуур «кулаак ойоҕор» кэлбэт аатыран абыраабатаҕа. Ийэтэ Бороскуо чүмэчи курдук ууллубута. Обургу киһини кинини интэринээккэ туттарбыттара, балтын киин сиргэ оҕо дьиэтигэр илдьэ барбыттара. Балта Ааныс диэн ааттааҕын эрэ билэр, бу диэн дьүһүнүн да өйдөөбөт. Сотору-сотору балтын түһээн көрөр. Түүлүгэр араастан көстөр, уларыйа сылдьар курдук. Ардыгар: «Убаай!» – дии-дии, киһи куйахата күүрүөх хаһыытыыр, ытыыр-соҥуур. Оччоҕуна Трофим түүн ортото ытаан бөтүөхтүү сытан уһуктан кэлэр. Хараҕын уутун кыатаммакка, сыттыгын бобута тута сытан, уйа-хайа суох ытаан, көхсө кэҥээбит курдук буолар. Балта ардыгар чээлэй күөх оттоох төгүрүк алаастарыгар сибэкки хомуйан көтөр-дайар, чуораанчык курдук күлэр-үөрэр. Үчүгэй түүлү түһээтэҕинэ, уол күнү быһа санаата көнөн сылдьар.
Бу дойдуга Тэрэппиини аһынар арай биир киһи баар. Интэринээккэ остуорастыыр Кэтириис, уолу көрө-көрө, сүрэҕэ хаанынан ытыыр. «Барахсаанап дуо?» дэтэн бэйэтин кэмигэр суон сураҕыра сылдьыбыт киһи суос-соҕотох хаалбыт оҕотун учууталлар, оҕолор сирэйэ-хараҕа суох атаҕастыылларыттан абатыйар да, тугу да гынар кыаҕа суох. Ордук ити дириэктэр Аппанаас Уйбаанабыс наһаалыыр. Барахсаанабы билбэт киһиэхэ дылы. Билэн бөҕөтө. Билиэ эрэ баара дуо, кинилэри барыларын даҕаны хоргуйууттан хайдах быыһаата этэй? Отутус сыллар саҕаланыыларыгар кэлэктиибинэн олоруу айдаана туран, сүөһүнү барытын холкуостарга холбооһун кэмигэр аччыктааһын турбутугар ити Аппанаас дьонун кытта хоргуйан тыыннара быстаары сыттаҕына, Дьөгүөр Барахсаанап аһынан дьиэтигэр тиэйэн илдьэн аһатан-сиэтэн быыһаан турар. Кинини эрэ буолуо дуо, дэриэбинэ ыалын бүтүннүү көрөн-истэн олорбута. Дьөгүөр дьонтон ордук баайа-дуола диэн сүөһүтэ элбэҕэ этэ. Онтун кыстатар туһугар хара көлөһүнүн тоҕон, биир да күн сынньаммакка кыһыл ытыһынан үлэлээн тахсара. Кини курдук туруу үлэһит бу эргин суоҕа. «Хамначчыттарын көлөһүнүн тоҕон байбыт» диэн кэлин үөҕэллэрин истэн, Кэтириис улаханнык сонньуйар, дьонтон кэлэйэр. Кини ийэтиниин ити Барахсаанаптарга дьукаах олорботохторо буоллар, хоргуйуохтар этэ. Туга да суох олорон ынаҕы ыамына, хотону күрдьүмүнэ. Бэйэлэрин хамначчыттаан иэдэйбит курдук санамматтар этэ.
Кэтириис Барахсаанабы тутан илдьэ барбыттарын бу буолбут курдук өйдүүр. 1931 сыллаахха күһүҥҥү ытыс таһынар түүҥҥү хараҥаҕа улахан дьиэ аанын бокуойа суох лүҥсүйбүттэриттэн ийэтин кытта хоонньоһо сытар Кэтириис эмиэ уһуктубута. Кутталыттан ис-иһиттэн тымныйан ылбыта. Оронуттан ойон туран аан диэки баран иһиллээн турбута. Хаһаайын тиийэн тугу да сэрэйбэккэ эрэ аанын аһа баттаабытыгар хас да киһи дьиэҕэ биирдэ кутулла түспүттэрэ. Тугу көрдүүллэрэ биллибэт, дьиэни үлүбээй дьэҥдьийэн барбыттара. Ыскааптан кинигэни, таҥаһы бүтүннүү хостуу-хостуу муостаҕа тамнаабыттара, ороннор тэллэхтэрин кытта арыйа баттаталаабыттара.
– Дьөгүөр Барахсаанап! Эйиэхэ үҥсүү киирдэ! Норуот баайын-дуолун куорҕаллаабытыҥ, дьадаҥылар көлөһүннэрин тоҕон байбытыҥ барыта билиннэ! Сэбиэттэр былаастара уураахтаабыт коллективизацияларын утаран, холкуоска биир да сүөһүгүн туттарбакка, киирбэккэ олорон, оробуочайдар, бааһынайдар былаастарын утараргын биллэрдиҥ! Онон сэбиэттэр былаастарын аатыттан хаайыллаҕын! – хара бэкир киһи, куолаһын соното сатыы-сатыы, бардьыгынаата.
– Дьоммун кытта быраһаайдаһыым, кыратык бириэмэтэ биэриҥ, саатар, – Дьөгүөр кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан көрдөстө.
– Суох! Норуот өстөөҕө! Таҥна оҕус, бардыбыт! Улахан тойону манна көһүтэн турууһубут дии!
Кэргэнэ Бороскуо, туох быһыыта-майгыта тахсыбытын дьэ өйдөөбүт курдук, хатаннык сарылаат, уйа-хайа суох ытаан барда. Кырачаан кыыс, ийэтэ сарылаабытыттан куттанан, иэрийэ-иэрийэ ытаата. Дьиэ иһигэр киһи тулуйбат айдаана турда. Кэтириис хараҕын быһа симэн баран турар Тэрэппииҥҥэ тиийэн уолу санныттан кууста. Уолчаан кутталыттан сап-салыбырас буолбут. «Бу барыта сымыйа-сымыйа. Харахпын аспаппын. Аспаппын…» – диэн уол биир кэм ботугууру турда.
Ити кэмтэн ылата Барахсаанаптар дьиэлэрэ биирдэ кураанахсыйа түспүтэ. Дьукаахтыы олорбут дьон бары үрүө-тараа ыһыллыбыттара. Кэтириис ийэтиниин эрэ Бороскуону аһынан хаалбыттара. Аҕаларын тутан барааттарын кытта сарсыарда бэрт эрдэ нэһилиэктэрин сэбиэтэ кэлэн ороҥҥо сэниэтэ суох сытар дьахтар сирэйигэр туох эрэ кумааҕытын үҥүлүппүтэ.
– Хамсыыр-хамсаабат баайгыт барыта норуокка бэриллэр! Бу улахан дьиэҕин күн бүгүн босхолоо! Хамначчыттаргытыгар туппут дьиэҕитигэр тахса охсуҥ!
Куура хатан нэһиилэ сылдьар сэбиэттэрэ оҕонньор Хабырыыс бүгүн сыыдамсыйбыта сүр, биир кэм сүүрүүнэн сылдьар буолбут. Убаҕас бытыгын оҕотун имэрийэ-имэрийэ, оботтоохтук уоттаммыт кыччаҕар хараҕынан дьиэ малын-салын, миэбэли, иһити-хомуоһу көрүтэлээтэ.
– Туох баар үрүҥ көмүс, таас иһиттэри, түүлээх таҥаһы, көмүс киэргэли барытын үлэһит норуот туһугар тутабыт. Чэ, туруоххут дуо?! Дьэҥдьийиҥ, баайы-дуолу бу дьааһыкка хаалаан иһиҥ! – диэн илии-атах буолар дьонугар сэбиэттэрэ хамаандалаата.
Бороскуо кэргэнин илдьэ барбыттарын кэннэ атаҕа биирдэ уйбат курдук буолбута, сэниэтэ бүтүннүү эстэн, хаҕа эрэ сытар киһи хайдах да буоллуннар диэбиттии, истиэнэ диэки хайыһан кэбистэ. Ол улахан туох баайдара кэлбит үһү. Аҕыйах үрүҥ көмүс ньуоска, саахар уурар иһит баар. Кини мааныга кэтэр саһыл тыһа истээх саҕынньахтаах, кырса түүтэ бэргэһэлээх, киэргэлэ диэн ийэтиттэн хаалбыт үрүҥ көмүс ытарҕалаах, Дьөгүөрэ оҥотторон бэлэхтээбит биһилэҕэ баар.
Дэҥдьийээччилэр оҕо кыһыҥҥы бэргэһэтин, сонун кытта уктан эрэллэрин көрөн, Кэтириис тулуйбакка ойон турда уонна:
– Саатар, оҕо таҥаһын тыытымаҥ! Кыһын тугу кэтиэй?! Сааппаккыт даҕаны! Ыалы бүтүннүү имири эстигит буолбат дуо?! – диэн хаһыытаата.
– Эн, Кэтириис, саҥарба! Былыргылыы хамначчыттыы олорбокко, холкуоска киирэн хата норуот туһугар үлэлээ! Батараак олоҕо билигин суох! Атыныҥ буоллар, туох ханна баарын ыйан-кэрдэн биэрэн көмөлөһүөҥ этэ. Өссө кулаак баайын харыстаабыт буола-буола! Акаары!
Кэтириис Тэрэппиин сонун, бэргэһэтин төттөрү таһыйан ылла да кэннигэр тутта.
– Оҕону кыһын үлүтэн өлөрөөрү гынаҕыт дуо? Кини нэк буолбут соно эһиэхэ туохха нааданый?
– Чэ-чэ, ити хааллын. Бу акаарыны кытта аахсымаҥ. Барахсаанабы баай буолуо диэбитим, ханна баарый? Эбэтэр көмүһүн, харчытын атын сиргэ кистээбит дуу? Бороскуобуйа, эриҥ көмүһүн ханна гыммытай? Ама, кини муспут баайа бачча эрэ үһү дуо?!
– Ханнааҕы баайын этэҕитий? Дьөгүөр баайа диэн сүөһүтэ эрэ! Көмүһү муспатах бэйэтэ! – Кэтириис улаханнык абатыйан саҥарда.
– Сүөһүтүн бүтүннүү холкуоска туттарыллыаҕа!
– Саатар, биир ыанар ынаҕы хаалларар инигит? Бу кыра оҕобутун тугунан аһатабыт?
– Кэтириис, эн биири өйдөө. Сэбиэскэй былаас дьадаҥылар үчүгэйдик олороллорун туһугар кыһаллар. Оҕону да көрүүтэ суох хаалларыахпыт суоҕа. Бороскуо, бу эн, ийэҥ буолан бары холкуоска киириҥ, оччоҕуна норуоту кытта тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан олоруоххут, – Хабырыыс сымнаабыт куолаһынан сыыйда.
Баайы талааччылар тахсан барбыттарын кэннэ дьиэҕэ ураты ыарахан чуумпу сатыылаата.
– Кэтириис, кэл эрэ, – Бороскуо сэниэтэ суох саҥата иһилиннэ. – Кырдьык, Хабырыыс сөпкө этэр, эһиги ийэҕитиниин холкуоска киириҥ, хата сүөһүлэргитин көрө-харайа сылдьыаххыт. Кэтириис, бу оҕолору хаалларыма, көрө-истэ сылдьаар дуу… Мин турарым биллибэт…
– Кэбис, Бороскуо, инньэ диэмэ. Үтүөрүөҥ дии…
Бороскуо, этэрбин эттим диэбиттии, хараҕын быһа симтэ, хараҕын уута тохтоло суох сыттыгар сүүрэ сытта. Кэтириис хаһаайката мөлтөөбүтүн билэр. Кинини сөтөл буулаабыта ыраатта. Элбэхтик төрөөн сыыстарара ханна барыай. Уончата оҕоломмута да, таҥара илиитигэр икки оҕото ордон хаалла. Кэтириис ийэтиниин Барахсаанаптарга атаҕастанан-баттанан олорбут курдук хаһан да санамматахтара, биир ыал сиэринэн бары үлэлээн-хамсаан эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Бороскуо кинилэри кытта тэбис-тэҥҥэ хотоҥҥо сылдьара, сайынын от оттуура, хотун курдук биирдэ да дьарыйан көрбөтөҕө. Хата дьиэ иһигэр Кэтириис ийэтэ Дьэбдьиэ муҥур хотун этэ. Асчыта бэрт буолан, кини илиитин-атаҕын кэтэһэллэрэ.
* * *
Барахсаанаптар улахан дьиэлэригэр сэбиэт көһөн киирэн, сарайыгар кыһыл былаах кытыаста оонньуур. Кыра да дьиэлэригэр ымсыыран көрөн баран, хаһаайка суккуруур тыына эрэ сытарын иһин онуоха-маныаха диэри Бороскуону тыыппатахтара. Дьэбьиэ тута холкуоска киирбитэ. Кыыһын барыах диэн хаайа сатаабыта да, Кэтириис хайаан ыалдьа сытар дьахтары кыра оҕолорун кытта быраҕан барыай.
Ыам ыйа туолан, тула сырдаан, сылыйан, сир харааран турар кэмигэр Бороскуо олох мөлтөөтө. Иэрийэ-иэрийэ сөтөллөр бэйэтэ, сэниэтэ суоҕуттан тыынын нэһиилэ ылан бобуллан барбытыгар Кэтириис ыксаан эмтиир пууҥҥа тэбиннэ.
– Эмиэ эн кэллиҥ дуу? Барбаппын, кулаак ойоҕун эмтээбэппин хайаабаппын диэбитим дии!
– Мэхээс, улахан аньыыны оҥостума. Икки оҕону көрбүтүнэн тулаайах хааллараары гынаҕын дуо? Бороскуо эйиэхэ туох буруйдааҕар итинник сыһыаннаһаҕын? Кытаат, олох тыынын кыайан ылбат буола сытар! Баран көр!
– Эн миигин манна дьаһайыма! Байан-тотон олорон, биһигинньиктэр диэки көрүөн да баҕарбаттара. Кыһалҕа тирээн, син көрдөһөр-ааттаһар күннээх эбит ээ!
– Дьонуҥ, сүөһүлэрэ ойбоҥҥо түһэн, ыал устун бара сыспыттарыгар Дьөгүөр Барахсаанап буор босхо ынах, ньирэй биэрэн салҕаабытын өйдөөбөккүн дуо?!
– Баай киһи биир-икки сүөһүнэн итээбэтэҕэ буолуо! Кэтириис, ону-маны түөһүмэ, бар, сүгүн үлэлэт!
– Хара да санаалаах, ыт сирэй эбиккин!
– Баайдар хамначчыттара, манна сэбиэскэй судаарыстыба туһугар үлэлии сылдьар киһиэхэ кэлэн үөхсүбүккүн тыллаан биэриэм ээ!
– Тыллаа, бэрт киһи, хата, миигин эмиэ хаайтар! Аньыыгар-хараҕар таҥара суутугар эппиэттиэҕиҥ! – диэт, Кэтириис ааны күүскэ сабан тахсан барда.
Кыһыйбытын иһин тугу гыныай?! Ытаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү дьиэтигэр тиийдэ. Тута тымныы, курас салгын билиннэ. Быыс кэннин аһа баттаата. Бороскуо барахсан хайыы-үйэ тыына суох сытар.
– Бороскуо! Бырастыы гын! Барыбытын бырастыы гын даа! Иччитэхсийбит дьиэҕэр сытан, оҕолоргун аһынан төһө эрэ ыар санааҕа баттатан бараахтаатыҥ?! – Кэтириис хотунун түөһүгэр нөрүйэ сытан өр да өр ытаата.
* * *
– Тыый, тоойуом, хараххын бу улахан баҕайытык хайалара баста?
– Ээ, суох, бэйэм…
– Сыллыый, кистээмэ. Эт миэхэ, кинилэри тута түһэн биэриэм. Эдьиийиҥ бу да буоллар күүстээх. Оҕобун кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа! – дии-дии, Кэтириис сутуругун салгыҥҥа күөрэтэн ылла.
Кэтириис уолугар чугас буолаары интэринээккэ остуораһынан киирбитэ. Кыаҕа баарынан уолун көрө-истэ сатыыр да, бу эмиэ ханна эрэ охсуһан кэлбит.
– Мин аҕабын абааһы көрөбүн! Норуоту халаан байбыт! Киниттэн сылтаан миигин бары туораталлар, атын оҕолортон итэҕэстээх курдукпун! – уол хараҕын уутун туора-маары сотунна.
– Тэрэппиин, өйдөөн иһит. Эн аҕаҥ хара көлөһүнүн тоҕон, үлэлээн, элбэх сүөһүнү иитэн олорбута. Кини көмөтө суоҕа буоллар, били нээптэрин саҕана турбут аччыктааһыҥҥа биһиги бары да хоргуйбут буолуо этибит. Элбэх киһиэхэ тугунан да суураллыбат өҥөлөөх кини баар! Дьөгүөр Барахсаанап туттарбыт оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаллар, уопсай дьиэҕэ учууталлар олороллор. Хайдах даҕаны кини норуот өстөөҕө аатырыан табыллыбат. Ити кыларыйар кырдьык! Эн, улахан киһи, итини долоҕойгор кытаанахтык хатаан кэбис!
– Оччоҕуна учууталлар эҥин бары тоҕо мин аҕабын норуот өстөөҕө дииллэрий? Ордук Афанасий Иванович мөҕөн, үөҕэн тахсар. Директор абааһы көрөрүн иһин атын учууталлар эмиэ үөрэтиэхтэрин да баҕарбаттар быһыылаах.
– Тоойуом, куһаҕан дьон ханна баҕарар бааллар. Ити Аппанаастан бэйэм сөрү диэн сөҕө сылдьабын. Эн аҕаҥ кинилэри хоргуйууттан быыһаабыта. Махтанарын оннугар ити кэбилэнэр. Билиҥҥи былааска бэрт буола сатыыра буолуо, сэрэйдэххэ. Кини өссө аҕаҥ биһиэхэ анаан туппут кыра дьиэтигэр олорор эбээт. Дьиэбин да былдьаһан туруо диирэ буолуо, баҕар. Киһи иһин ким билиэ баарай, тукаам.
Эдэр сааһыттан буулаабыт сүһүөҕүн ыарыыта бэргээн, атаҕын нэһиилэ соһон хаамар Кэтириис туран оһоххо сылыта уурбут чаанньыгыттан уолугар итии чэй кутан биэрдэ.
– Өйдүүгүн дуо, бу ийэҥ Бороскуо сөбүлээн туттар үрүҥ чаанньыга дии. Миэхэ атын да иһиттэргит бааллар. Улаатан баран ыал буоллаххына биэриэҕим. Ити Маайыс барахсан наһаа элэккэй, үчүгэй майгылаах кыысчаан дии. Табаарыстаһаҕыт быһыылаах, – дии-дии, Кэтириис үөннээхтик уолун диэки көрдө.
– Ээ, суох. Көннөрү уолаттар атаҕастаары гыннахтарына көмүскүүбүн.
– Сөп-сөп. Эчи кырата, хачаайыта да бэрт. Хата, Маайыһы хоспор киллэрэн чэйдэтэр буолуом.
Кэтириис интэринээккэ хос ылан абыранан олорор. Сарсыарда тыҥ хатыыта туран интэринээт оһохторун оттор, остолобуой үлэһиттэрэ кэлиэхтэрин иннинэ баахтарга хааһы буһарар ууларын оргутан тоһуйар, дьиэ муостатын бүтүннүү сууйар. Хата, мас мастааһыныгар оҕолор көмөлөһөн абырыыллар. Кэтириис быйыл 50 сааһын туолар. Хаһааҥҥыта эрэ хайа баҕарар ыарахан үлэни кыайар кыыс-бухатыыр этэ. Эр дьону кытта тэбис-тэҥҥэ от охсоро, түҥ тайҕаҕа мас суулларыытыгар сылдьара, мас саһаанныыра, күннээҕи сүөһү көрүүтүн үлэтин этэ да барыллыбат. Бэйэтин кэмигэр эр киһи хараҕа быраҕыллар көрүҥнээҕэ: хара бараан буолан баран, туолбут ый курдук төгүрүк сирэйдээх, арылыччы көрбүт сытыы, уоттаах харахтаах, ыас хара уһун хойуу суһуохтаах, толору түөстээх, кэтит самыылаах. Киниэхэ элбэх эр бэрдэ ымсыыран кэргэн кэпсэтэ сатаабыттара даҕаны, кымньыы курдук сытыы тыллаах кыыс санаммыт уолаттары күлүү-элэк оҥостон, хаадьылаан ыытара. Ол иһин сыыйа кини уот тылыттан саллан, ким да чугаһаабат буолбута. Ийэтэ Дьэбдьиэ кыыһын эргэ биэрэ сатаан элэ-была тылын барытын эппитэ да, кыыһа букатын атыыр аккааһын түһэрэрэ. Оттон сэрии кэнниттэн кимиэхэ эргэ барыа баарай. Ол курдук чороҥ соҕотох хаалбыта. Кэтириис сүрэҕин кистэлэҥин дууһатын түгэҕэр илдьэ сылдьар. Кини уон биэс саастааҕар аҕалара мас мастыы сылдьан оһолго түбэһэн суорума суолламмытын кэннэ ийэтиниин, барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолан, үтүө дьонтон ыйдаран Барахсаанаптары булбуттара. Оччолорго Дьөгүөркэ күөгэйэр күнүгэр сылдьар уон аҕыстаах уолан бэрдэ этэ. Уһун көнө уҥуохтаах, дыраҕар сарыннаах, кыараҕас буолан баран иһирдьэ олорбут, оттомноохтук, сытыытык көрбүт харахтаах, хойуу хаастаах, күллэҕинэ үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, кими барытын абылыах курдук кэрэтийэн көстөр уолу кыысчаан көрөөт симиттибитэ, тоҕото биллибэккэ, сүрэҕин оҕото күүскэ тэбиэлээбитэ. Дьыл-хонук устан ааһан испитэ. Кыысчаан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстан, олорон турбакка түбүгүрэрэ. Арай биирдэ хаһаайыннарын уола Дьөгүөр Бүлүү түгэҕиттэн бу дойдуга суох кэрэ бэйэлээх кулуба кыыһын сүгүннэрэн иһэр үһү диэн сонуну истибитэ. Кэтириис тапталлааҕа ойох ылан эрэрин истэн, сирэ сиҥнибит курдук буолбута. Ол күнү быһа кыыс барахсан кистии-саба хараҕын уутунан сууммута. Кини сүрэҕин аһаҕас бааһын туһунан кимиэхэ да этэр кыаҕа суоҕа. Быстар дьадаҥы, тулаайах кыыһы хайаан Барахсаанап оҕонньор уолун кытта холбуой? Кини ону бэркэ билэрэ. Ол иһин тапталын дууһатын түгэҕэр кистээн кэбиспитэ. Иэйиитин кистээбитэ да, сүрэҕин бааһа сааһын тухары оспотоҕо. Хата, сүктэн кэлбит кыыс көрүҥүн курдук майгыта эмиэ сайаҕас, сэмэй буолан барыларын кутун туппута. Кэтириис атыны санаабакка, үлэлээбитин курдук үлэлии сылдьыбыта. Хотуна Бороскуо доруобуйата мөлтөҕүн иһин, кини оҕолору көрсөр түбүккэ түспүтэ. Кэтириис таптыыр киһитэ аттыгар баарыттан, өрүү кинини көрө сылдьарыттан дуоһуйара, онтон атын дьол наадата да суоҕа. Дьиктитэ баар, дьахтар ураты иэйиитин ким да билбэт эрээри, Дьөгүөр курдаттыы сэрэйэр курдуга. Кэтирииһи улаханнык саҥарбытын өйдөөбөт, биирдэ эмэ уйаҕастык көрөн ылара. Оо, оччоҕуна эдэр дьахтар таптаппыт саҕа сананан, ол күн устата сүргэтэ көтөҕүллэрэ, кынатаммыт курдук буолара.
Кэтириис олоҕун тухары биир чаҕылхай түгэни умнуо суоҕа. Айылҕа муҥутуур киэркэйиэҕинэн киэркэйэн, күөх суугуҥҥа сууланан турар мааны кэмэ этэ. Бэҕэһээҥҥи этиҥнээх ардах кэнниттэн айылҕа барахсан тыын ылбыттыы өссө сиппит-хоппут, кустук өҥүнэн оонньуу, күөрэгэй ырыатынан туолан ахан турар. Кырках да былыта суох ыраас халлааҥҥа күн күлэр, сардаҥаларын ыһыахтыы оонньуур. Бөтүрүөп ардаҕын кэннэ отчуттарга анаабыт курдук халлаан. Кэтириис ким-хайа иннинэ туран уотун оттон, биэдэрэтин ылан күөлгэ уу баһа киирдэ. Бу орто туруу-бараан дойду кэрэтин ньии! Дьахтар түөһүн минньигэс иэйии толордо. Биэдэрэтин сиргэ ууран баран, ырбаахытын устан, дьэп-дьэҥкир ууга киирдэ. Бүтүн бэйэтин сөрүүн уу кууһан ылла. Кэтириис ис-иһиттэн үөрэн, күлэн ыла-ыла, сөтүөлүү сырытта. Эмискэ биэрэк диэкиттэн ким эрэ сөтөллөрө иһилиннэ. Кыыс, бачча эрдэ киһи эрэ кэлиэ диэбэтэх буолан, улаханнык уолуйда.
– Ээй, манна кэлимэҥ! Антах барыҥ, мин таҕыстахпына биирдэ киирээриҥ! – диэн хаһыытаата.
Чочумча тура түстэ. Ким да баар сибикитэ биллибэт. Кыбыстан кумуччу туттан, биэрэккэ сүүрэн тахсан ырбаахытын кэтэ оҕуста. Инчэйэн ыараабыт хойуу баттаҕын эрийэ тутан ыкта, онтон сатабыллаах баҕайытык өрүнээт, үөһэ туттаран кэбистэ. Биэдэрэҕэ уу баһан баран, чэпчэкитик үктэнэн күөстүүр сир диэки хаамта. Эмискэ иннигэр Дьөгүөр күөрэс гыммытын өйдөөмүнэ да хаалла. Эр киһи, тургутардыы көрөн турбахтаан баран, уулаах биэдэрэтин ылла. Кэтириис чобуо бэйэтэ соһуйан, долгуйан, саҥата суох кэнниттэн батыста.
Ол күн эр дьон киэһэ хойукка диэри от оҕустулар, дьахталлар кинилэр кэннилэриттэн сыыс да оту хаалларбакка харбаан, бугул бөҕөтүн туруоран истилэр. Күргүөмнээх үлэ үтүө түмүгэ дьону ситимниир, харыс үрдэтэр. Күнү быһа оттообут дьон киэһээҥҥи аһылыкка күлэн-оонньоон, хаадьылаһан, били сылайбыттара ханан да суох буолла.
– Кэтириис бүгүн ыйтан-халлаантан түспүт киһилии сылдьар. Сэһэннээх-сэппэннээх бэйэтэ бу эмиэ ууну омурдан олорор. Ыл, хотуй, туох буоллуҥ? Кими эрэ таптаан таабырын буоллуҥ дуу? Аппанаас, кураанахха муҥнана сылдьарыҥ буолаарай? – дэриэбинэлэрин араадьыйата Балбаара эдэр дьону хаадьылаан быарын тарбаата.
Кэтириис киниэхэ эрэ кыһаммата. Уруккута буоллар, сытыы тыллаах муҥутаан, кимиэхэ да иннин биэриэ суоҕа этэ. Оттон бүгүн кини ураты иэйиигэ куустаран, кыраҕа кумаардаабат. Хата, Аппанаас уол кыбыстан, кулгаахтыын дьэс кытаран, ойон туран тыа диэки сүүрдэ.