Читать книгу Эһиэхэ, эдэр ыалга - - Страница 1

Аан тыл

Оглавление

Үөһэттэн айыллыбыт ыйаахпыт ыйан, орто дойду дьоно ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, норуоту сайыннаран кэлэн барар ытык иэстээхпит. Ыал буолуу – айылҕа уһулуччулаах, кэрэттэн кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта.

Туох барыта саҕаланар төрүттээх, төбөлөөх. Ол курдук, олох төрдө – ыал. Былыр-былыргыттан киһи аймах сайдыытыгар ураты дьоһуннаах оруолу ылааччы – ыал.

Ыал буоларга быһаарыныы сүрдээх эппиэтинэстээх суол. Икки киһи бэйэ-бэйэлэрин сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, биир сыалайга ситимнэһэллэр, олохторун тухары бииргэ туох баар ыарахаттары сарыннарыгар сүгэллэр, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэллэр.

Кэнники кэмҥэ дьон өйө-санаата, киһи киһиэхэ сыһыана биллэрдик уларыйда. Сылтан сыл ыал буолуу аҕыйыы, оттон арахсыы элбии турар чинчилээх. Дьылҕаларын холбоон, ыал буолан, оҕо төрөтөн, алаһа дьиэ тэринэн олорорго санаммыт эдэр ыччакка аналлаах тэттик да, улахан да кээмэйдээх сахалыы кинигэ суоҕун кэриэтэ. Оттон бигэ туруктаах ыал буолан, өр кэмҥэ өйдөһөн-өйөһөн олоруу үгүс билиини, сатабылы, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну, сыраны-сылбаны эрэйэр.

Онон бу тэттик кинигэбин саҥардыы холбоһон ыал буоларга санаммыт эдэр ыччакка аныыбын. Эһиэхэ эрэ анаммыт тыллар булгуччулаах ыйыы-кэрдии буолбаттар. Ол эрэн, саҥа олох аартыгын арыйааччыларга бастакы истиҥ сүбэһит буолуохтара, санааҕытыгар санаа, күүскүтүгэр күүс эбиэхтэрэ.

Т.С.Куприянова,

норуот үөрэҕириитин туйгуна,

«Азия оҕолоро» норуоттар

кки ардыларынааҕа пуонда стипендиата, Учууталлар учууталлара,

Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

Эһиэхэ, эдэр ыалга

Подняться наверх