Читать книгу Эһиэхэ, эдэр ыалга - - Страница 2
Кыыс – кийиит, уол – күтүөт
ОглавлениеКиэһээҥҥи чуумпуга уоллаах кыыс
Сиэттиһэн оргууйдук хаамсаллар,
Күнтэн күн көрсүһүү түмүгэр
Биир бигэ санааҕа кэллилэр.
Сып-сырдык, сып-сылаас саалаҕа
Саахса дьиэтигэр киирдилэр,
Сукуна сабыылаах остуолга
Сэрэнэн, дугунан тиийдилэр.
Уоллаах кыыспыт сэмэйдик,
Килбиктик мичээрдээн ылаллар,
Таптаспыт харахтар сылаастык
Эрэнсии кыымынан саҕаллар.
Олох киэҥ аартыгар үктэнэр
Дьоһуннаах соругу ылынан,
Ыал буолар көрдөһүү суругу
Долгуйа утары ууннулар.
Ыал буоларга быһаарынан, ЗАГС дьиэтин боруогун атыллаан киирэн сайабылыанньа биэрдигит. Маннык дьоһуннаах хардыыны оҥоруоххут иннинэ тугу толкуйдаатыгыт? Ис сүрэххититтэн ыал буоларга баҕардыгыт дуу, эбэтэр былааннамматах кыһалҕа күөрэйэн таҕыста дуу? Дьэ, ол иһин олохтоохтук өссө толкуйданныннар диэн биир ыйы соруоктаан эһиги сайабылыанньаҕытын кэтэһиннэрэллэр. Бу кэмҥэ тугу гыныаххытын сөбүй?
Баҕар оччо-бачча болҕомто ылыллыбатах олус наадалаах боппуруостар көтүөхтэрин сөп. Ол иһин:
Доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэниҥ: венеролокка, ону таһынан кыыс гинеколог, уол андролог быраастарга көрдөрүнүҥ. Тыҥа ыарыыта элбээн иһэринэн флюорограммаҕа сылга биирдэ түһүҥ.
Тымныйыыттан ордук кыыс эмсэҕэлиир. Атаҕа тоҥоруттан маатката, яичниктара, бүөрэ тымныйар, уу үөскүөн, искэн, эт үүнүөн сөп. Дьэ, ол иһин дьыл кэмин көрөн таҥныан, гинеколог сүбэтин толору тутуһуон наада.
Хааҥҥыт састаабын быһаартарыҥ. Өскө резус (+) (–) дьон холбостохторуна оҕолонумуохтарын, эбэтэр биир эрэ оҕолонуохтарын сөп. (+) (+), (–) (–) резустаах дьон бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр, оҕо-уруу тэнитэллэр.
Киһи сир-халлаан ситимигэр олорорун быһыытынан гороскопкутун үөрэтиҥ.
Төрдүгүтүн-уускутун үөрэтиҥ. Чугас аймахтыылар холбоһон хаалар түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолар. Араас наследственнай ыарыылар кэлин көбөн тахсыахтарын сөп (бокоорор, ньиэрбэ ыарыытын араас көрүҥэ, быччыҥ ситэри сайдыбатын араас көрүҥэ о.д.а.).
Чөл олоҕу тутуһуҥ! Үөрүҥ-көтүҥ, эйэ дэмнээх буолуҥ