Читать книгу Даайыһым, эрэлим - - Страница 2
Даайыһым, эрэлим
2
ОглавлениеБорис Гаврильевич уонна Мария Николаевна Герасимовтары инникитин ааттарын наһаа толору ааттаабакка, дьиэҕэ-уокка кэргэннии дьон истиҥник бэйэ икки ардыларыгар «Маша», «Боря» диэн ыҥырсалларын эмиэ арыый уларытан, судургутук Мария, Борис диэн ааттаан, кинилэр тустарынан ааҕааччыларбар кэпсээн ыларым тоҕоостоох дуу дии саныыбын.
Бористаах Мария, Герасимовтар диэн араспаанньаланан, үөрэхтэрин Мария соҕуруу, Борис Дьокуускай куоракка бүтэрэн, ананан кэлиэхтэриттэн ыла улуус киинигэр олороллор. Кинилэр иккиэн үөрэхтэрин бүтэрбит нөҥүө сылларыгар сайын, чугас табаарыстарын, билэр дьонун ыҥыран, ыал буолбуттарын аҕыйах киһилээх бэлиэтээбиттэрэ. Ол икки өттүттэн тулаайах дьоҥҥо кыра сыбаайба курдук этэ. Билигин төһө да таптаһан, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлээн-хамсаан олордоллор, олох кэрэтэ толору буолуон, ону ситэрэн дьоллоох буолуохтарын оҕолоро суоҕа. Ити ордук кэнники кэмнэргэ кинилэри баттыыр санаа аргыһа буолбута. Биллэн турар, итиниэхэ кинилэртэн ким буруйдааҕын туоһулаһан, сирэй-харах анньыһан ыраас тапталларын киртитиэхтэрин баҕарбат этилэрэ. Ол иһин былырыыҥҥыттан ыла оҕо ылан иитэр туһунан саныыр, кэпсэтэр буолан барбыттара уонна быйыл ол санааларын толордулар. Мария, дьахтар киһи быһыытынан, кыра саастаах төгүрүк тулаайах кыыс оҕону иитиэн баҕарара. Борис ону утарбатаҕа, кини хаһан да таптыыр кэргэнин тылыттан тахсааччыта суох, санаатыгар кыыс оҕо дьонугар өссө ордук чугас сыһыаннаах, дьиэҕэ-уокка илии-атах, көмө буолуоҕун билэр, онон итинник биир санааҕа кэлэн бигэтик быһаарыммыттара. Кэлин киниэхэ бара сылдьыыларыгар оҕо кинилэри кэтэспитэ, биир-биир кууһуталаан, сыллаталаан ылан баран ытаан ылбыта кинилэри уйадыйан ылыахтарыгар диэри долгуппута, оҕону аһынар, бэйэлэригэр ылар санааларын өссө чиҥэппитэ.
***
Герасимовтар, санааларын, баҕаларын толорон, кыыс оҕолоннулар, оттон Даайыс саҥа төрөппүттэрдэннэ. Олоҕу дьоллоохтук олорор баҕа, онно тардыһыы абылаҥнаах күүһэ ити буоллаҕа. Оҕото суох ыал, төрөппүтэ суох оҕо бу орто дойдуга толору дьоллооҕунан ааҕыныан сөп дуо? Ыарахан…
Даайыс саҥа дьиэтигэр, дьонугар сыстан, сыыйа үөрэнэн барбыта. Биллэн турар, маҥнай утаа барыта хайдах эрэ атын, туора, чуҥкук курдуга, бииргэ сылдьыбыт, оонньообут оҕолорун, ийэтин элбэхтик саныыра, ахтара. Ол эрээри киэһэ, дьоно дьиэлэригэр кэллэхтэринэ, Даайыс сэргэхсийэ түһэрэ, күнүс соҕотоҕун сылдьан санаабыт санаа-лара көтөн хаалаллара, ити кини дьонугар олус убанан, ылларан иһэриттэн эбитэ дуу? Мария Николаевна, учуутал буолан, күнүн улахан аҥаара оскуолаҕа барар, сороҕор киэһэ хойутуура да элбэх этэ. Оттон Борис Гаврильевич – быраас-хирург, кини үлэтэ биллэр, күнүс-түүн балыыһаҕа үлэлиир аахсыллыбат түгэннэрэ куруук буолаллара ахсааҥҥа киирбэт. Ол эрээри ити кинилэр сыһыаннарыгар туох да куһаҕан сабыдыалы охсубат уонна оннук буолуон да табыллыбат. Даайыс, оскуолатыттан эрдэ кэлэр буолан, дьиэтин хомуйан-имийэн баран киэһэ дьонун кэтэһэр. Оттон Мария да, Борис да ааннарын аһаат: «Тоойуом, Даайыс, бааргын дуо?» – диэн суохтаабыттыы, ахтыбыттыы ыҥырбытынан үөрэ-көтө киирэллэр.
Биир сарсыарда Даайыс оскуолатыгар хайдах эрэ олус көҕө суох хомунарын, ыалдьыбыт киһилии туттарын-хаптарын ийэтэ бэлиэтии көрдө. «Урут итинник буолбат этэ ээ, туох буолла, ыалдьыбыт быһыыта эмиэ да биллибэт курдук, ыалдьыбыта буоллар, сарсыарда тураат да миэхэ этиэ эбитэ ини, оскуолаҕа, кылааһыгар туох эрэ өйдөспөт быһыы баар буолла дуу» диэн ийэ киһи сүрэҕэ таайтара соҕус сэрэйдэ.
– Даайыс, тоойуом, ыарыйдыҥ дуу?
– Суох, ийээ…
– Оччоҕо туох буоллуҥ? Ким атаҕастаата? Этиий.
Кыыс тоҕо эрэ ытаан сыҥсыйан барда. Мария тута сэрэйдэ: кылааһыгар оҕолору кытта боруоктастаҕа.
– Чэ, Даайыс, тоойуом, кэпсээ миэхэ, хайа оҕо атаҕастаата, мин ол оҕону кытта кэпсэтиэм дии. Барыта үчүгэй буолуоҕа, эрэн.
– Ийээ, ол оҕо үҥсүбүккүн диэн өссө атаҕастыа, иэстэһиэ суоҕа дуо?
– Суох, тоойуом, оннук буолуо суоҕа.
– Кылааска мин кэннибэр олорор Ньургун диэн уол уруокка да, көрүдүөргэ да куруук дьиибэлии сылдьар, оҕолор онтон күлсэллэр, көр оҥостоллор.
– Тоҕо, туох диэн дьиибэлиирий?
– Эн ыал иитиэх оҕотоҕун, эйигин ким да көмүскэһиэ суоҕа диир, уруокка олорон баттахпын тардыалыы олорор, көхсүбэр кумааҕылары сыһыарар, хатыйар, охсор, онтон да атын баракаастары оҥорорун олох тулуйуо суохпун, оскуолаҕа үөрэнэ барыахпын баҕарбат буоллум, – кыыс уйа-кэйэ суох ытаан барда.
Кэнники кэмҥэ Мария кыыһа оскуолатыгар урукку курдук үөрэ-көтө буолбакка, туох эрэ санаалаах дуу, ыалдьыбыт курдук дуу, уота-күөһэ суох барарын бэлиэтии көрөн, өссө биирдэ «тоойуом, Даайыс, ыалдьаҕын дуу, эбэтэр туох баарый, миэхэ этиий» диэн ыйыппыттааҕа ээ. Онуоха, хап-сабар: «Ийээ, барыта үчүгэй ээ», – диэн хардарбыта. Ол эрээри кыыһа туохтан эрэ санаарҕыырын таайа сатыы, кэтээн көрө сылдьыбыта. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа, ийэтин, дойдутун, икки сыл бииргэ олорбут табаарыстарын ахтара, эбэтэр биһигини сөбүлээбэтэ дуу диэн араас санаалар киирбиттэрэ. Оттон биричиинэтэ ити эбит дии… Ити туһунан кэргэнигэр Бориска тугу да эппэккэ сылдьыбыта.
– Тоойуом, Даайыас, эн итинтэн санаарҕыы сырыттыҥ дуо?
– Оттон… сороҕор мин оскуолаҕа барыахпын баҕарбат буолан ылабын ээ…
– Кэбис, тоойуом, итинник саҥарыма, мин кэпсэтиэҕим, барыта үчүгэй буолуоҕа.
Мария Ньургуну уонна кини төрөппүттэрин кытары кэпсэппитэ. Ньургун аны хаһан да дьиибэлиэм суоҕа диэн Даайыстан бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ. Онтон ыла барыта этэҥҥэ буолбута. Даайыс оскуолатыгар эмиэ үөрэ-көтө, тиэтэйэ-саарайа барар буолбута.
Даайыс бэйэтэ кыра, ол эрээри бары-барыта баар хостоох. Компьютердаах, бу киниэхэ анаммыт тэрил, манан бэчээттии, оонньуу үөрэннэ, өссө музыка, ырыа истэригэр эмиэ олус табыгастаах.
Дьоно бэйэ-бэйэлэригэр олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, Даайыһы хаһан да улаханнык саҥаран мөхпөттөр, сэмэлээбэттэр, хата, куруук «тоойуом» диэнтэн атыннык ыҥырбаттар, сүбэлии-амалыы, үөрэҕин, оскуолатааҕы сонунун сураһа, билсэ сылдьаллар. Оттон кини дьонун истиҥник сахалыы «ийээ», «аҕаа» диэн ыҥырара кинилэргэ олус иһирэхтик иһиллэрэ.
Ити курдук күннэр ааһан испиттэрэ.
***
Үөрэх бүтэн сайын кэлбитэ. Мария уоппускатын ылбыта. Быйыл ханна да барар-кэлэр былааннара суох. Сорох сылларга, путевка буллахтарына, иккиэн соҕуруу сынньанан, күүлэйдээн кэлэр буолаллара. Кэнники кэмнэргэ олох-дьаһах да ыараан, баҕа хоту барыта кыаллыбат буолан испитэ.