Читать книгу Дьолго баҕаран - - Страница 1

Олох сарсыҥҥы күннээх

Оглавление

Надя түүн үөһэ эмискэ уһуктан кэллэ. Сүрэҕэ халыр босхо баран, этиҥ этэринии ньиргийэн тэбэргэ дылы. Тыый, туох дьикти түүлүн түһээтэ… Дьиҥэр, кини ийэтин сырдык, сымнаҕас сэбэрэтин көрбүтэ ээ… Хайдах эрэ үөһэттэн көтөн кэлэн сүүһүттэн сыллаан ылбыта, онтон хоһун аанын аһан тахсан иһэн эргиллэн баран олох атыннык өөр-өр көрөн турбута. Аан тоҕо эрэ олус тыастаахтык сабыллыбыта. Уһуктубута, сүрэҕэ биир кэм мөҕүллэн тэбэр тыаһа эбит этэ. Кыыс ийэтэ тыбыс-тымныы салгынынан сүүһүн даҕайбытын ала-чуо өйдөөн кэлэн, ис-иһиттэн тоҥон ылла, дууһата тулаайахсыйан биирдэ эймэһийэ түстэ.

Халлаан саҥа суһуктуйан эрэр. Надя утуйбакка сыттаҕына сотору киирэр аан күлүүһэ хачыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Аҕатын сөҥ куолаһа иһиллэр, хас да киһи ботугураһан кэпсэтэллэр.

– Кыыска хайдах этэбит? Оо, дьэ, буолар да эбит! – тастыҥ эдьиийэ өрө тыынар.

Кыысчаан иэдээн буолбутун сүрэҕинэн-быарынан сэрэйэн ытыы сыппыта…

Ийэтэ муҥнаах “женскэйинэн” эпэрээссийэҕэ киирэн баран, наркоһу тулуйбакка, быстыбыта. “Ээ, бу диэн, уустук операция буолбатах, элбэх билэр дьахтарым оҥорторон тахсыбыта…” – диэн кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэн күлэр саҥата бу баарга дылы.

Бу күннэргэ кыракый квартираларын иһэ – аалыҥнас киһи. Ийэтин элбэх да киһи билэр, сылаастык саныыр эбит.

– Зоя барахсан соһумардык, хомолтолоохтук да күрэннэ. Саҥа отутун ааһан иһэн… Сахаҕа сэдэх кыраһыабай, өйдөөх дьахтар этэ. Кандидатскайа олох бэлэм этэ, көмүскүүрэ эрэ хаалбыта. Ону ити ыарыы обургу илдьэ барда. Арай операцияҕа сөбүлэспэтэҕэ буоллар, билигин биһиги аттыбытыгар идэтинэн күлэн мичилийэ сылдьыа этэ! – диэн хараастан туран Зоя үлэлиир кафедратын сэбиэдиссэйэ эппитэ-тыыммыта. Кини кырдьык да улаханнык уйадыйбыт, санаата түспүт көрүҥнээҕэ.

Бу курдук дьон биир-биир туран кыысчаан ийэтин истиҥник-иһирэхтик ахталлар, хараасталлар, ытыыллар.

Оттон кини барытын түүл-бит курдук ылынар. Баҕар, барыта түүл буолуо. Уһуктубут киһи диэн, бэйэтин ыарыылаахтык кымаахтаан ылар. Суох, иэдээн обургу илэ кэлэн турар эбит. Түүл буолбатах… Кыыһы аймахтарыгар хонноро ыыппыттара. Сарсыныгар дьиэтигэр кэлбитэ, саала ортотугар ууруллубут улахан остуолга хоруоп турар. Киһи эмиэ толору. Надя ийэтин көрүөн тоҕо эрэ толлор. Хоруоп диэки көрбөккө буола сатаан хоһугар ааһан иһэн бэйэтиттэн тутулуга суох, ханнык эрэ күүс ыҥырбытын курдук, хараҕа онно хатанна. Ийэтэ бөдөҥ бэйэтэ хайдах эрэ синньээн, кыччаан хаалбыт, сирэйэ куп-кубархай, дуоспуруннаахтык туттан илиитин түөһүгэр ууран сытар. Ама бу кини ийэтэ дуо? Кыыс атыҥырыы санаата, түөһүн иһин туох эрэ аһыынан хаарыйан, хам ылан кэбистэ, тыыныан салгына тиийбэт курдук, дьон саҥата ырааттар ыраатан барда, тула барыта устугас буолла… £йдөнөн кэлбитэ, оронугар сытар эбит. Аҕата туналыппакка көрөн олорор. Надя оҕо эрдэҕинээҕитин санаан кэлэн, саамай чугас киһитин моойуттан ыга кууһан ылан уйа-хайа суох ытаата.

– …Паапа, бииргэ олоруохпут дуо?

Ыйытыы салгыҥҥа ыйанан хаалла. Бу ыйытыыга кыыс олоҕо, инники дьылҕата бүтүннүү киирэрэ. Күн анныгар кини соҕотох аҕата эрэ хаалла. Киниттэн атын кимэ да суох. Аҕата тоҕо эрэ саҥарбат. Атаҕын аннын көрөн ыар санааҕа баттатан олордо. Ол курдук хоруйу биэрбэккэ хостон аа-дьуо тахсан барда. Кыыс аҕатын көҥдөй көхсүн эрэ көрөн хаалла.

Надя аҕатыгар хомолтото бу аһыыга умнулла быһыытыйбыта хат тиллэн кэллэ. “Миигиннээҕэр бэйэтин оҕолорун ордорор буоллаҕа. Кини атын ыал аҕата. Атын ыал аҕата, атын ыал аҕата…” – ити тыллар күн сырдыгын бүөлээн, биирдэ киэптээн кэбистилэр.

Ийэтин кистиир күннэрэ күһүҥҥү уорааннаах халлааҥҥа дьүөрэтэ суох чаҕылхай күннээх, сырдык этэ. “Сырдык санаалаах, элэккэй киһилиин халлааммыт кытта кылбаа күнүнэн быраһаайдаһар”, – диэн дьон ботур-ботур кэпсэтэллэрин аһыытын быыһыгар кыысчаан истэн хаалбыта.

* * *

Надя кыыс уон үс сааһын күһүнэ ити курдук ийэтин илдьэ барбыта. Кинилэр иккиэйэҕин сүрдээх иллээхтик, ыраастык олорбут квартиралара кураанахсыйан, хараҥаран хаалбыт курдуга. Кыыс кими да көрүөн, кимниин да айах атан кэпсэтиэн баҕарбат. Оронугар сытан тахсар. Аймахтара кэлэн аралдьытан, араас аһы астаан күндүлээн көрөллөр да, кыыс тулалыыр эйгэни истибэт курдук буолбута. Тастыҥ эдьиийдэрэ айаҕалыы сатаан аҕатын ыҥырбыттара. Надя бу сиргэ баар куоластартан эрэ күндү аҕатын бүтэҥи куолаһын истэн, сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута. Хараҕын быһа симэн аҕалаах олоҕун санаан ылбыта.

– Паапа, эн дуо? Букатын кэллиҥ дуо?

– Суох, сыллыый, эн хайдаххын билээри кэллим. Сатаммат, салгыы олоруохха наада. Баҕарар буоллаххына, биһигини кытта олор. Балтыларыҥ туора көрүөхтэрэ суоҕа, – диэн баран аҕата тоҕо эрэ хараҕын кистиир.

“Баҕарар буоллаххына”… Кини аҕатын кытта олоруон баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Оттон кини кэргэнэ хайдах көрсүөй? Кыыс аҕата кута-сүрэ тостубутун, ити ыҥырар да тыла эрэлэ суоҕун оҕотук сүрэҕинэн сэрэйбитэ.

“Миша научнай үлэтин олох бырахпыт быһыылаах. Наар “молочкаҕа” уочаракка турарын көрөллөр эбит. Ити дьахтара дьиэҕэ хаайан бүтэрбит ээ, быһыыта. Дьиҥэр, кини кыахтаах киһи ээ…” – диэн ийэтэ дьүөгэтинээн кэпсэтэрин истибитин бу олорон санаан кэллэ. Аҕатын уота-күөһэ суох, мунчаарыы кыымынан эрэ саҕар хараҕын көрөн, Надя аһынан, “анараа дьахтарга” абатыйан киэр хайыспыта.

– Суох, мин бэйэм да олоруом, – өһөс куолаһынан хардарбыта.

* * *

Бүгүн Надя оскуолатыгар бараары эрдэ турда. Турбута, школьнай формата өтүүктэнэн плечиккэ ыйаммыт, саҕата, манжеттара кичэллээхтик сууйуллан олох саҥа курдук кылбаҥныыллар. Бэлэм таҥаһын кэтэн баран куукунаҕа киирбитэ, остуол тардыллан турар. Эдьиийэ хааһы астаан түбүгүрэ сылдьар.

– Бэйи, хайдах соҕотоҕун бараары гынаҕын? Мин атааран биэриэм, – диэт сонун үрдүгэр түстэ.

Кыыс өрүү бэйэтэ сылдьар этэ. Муодарҕыы санаата да, саҥарбата.

Оскуолаттан кэлбитэ, эбиэтэ бэлэм, аһаан баран иһитин сууйаары гыммыта.

– Бэйэм сууйуом, эн уруоккун аах, – диэн эдьиийэ дьаһайда.

Аны кини олоҕор саҥа, тутаах киһилэннэ. Тыаттан киин куоракка дьол көрдөһө кэлбит аймахтара кыыһы дьоно сүбэлэһэн баран киниэхэ эппэкиин оҥорбуттара. Сааһыра барбыт кыыс бэрээдэктээҕэ, ырааһа элбэҕи быһаарбыта. Лилия диэн музыка курдук иһиллэр ааттаах кыыс аны Надя иһин эппиэтинэһи сүкпүтэ.

Лилия оскуолаҕа ортотук үөрэммит буолан, ханнык да үөрэҕи кыайбатаҕа. Хата биир иллээх коллективтаах институкка машинистканан үлэлии киирэн, онон сөп буолан, кэлин үөрэххэ таласпатаҕа даҕаны. Наар ыал муннугар олорбут киһини куорат киинигэр үчүгэйкээн квартираҕа хаһаайканан оҥорон кэбиспиттэригэр үөрэн атаҕа сири билбэт буолбута. Тулаайах хаалбыт кыыс сокуоннай сааһын туолуор диэри манна олорор бырааптаммыта. Кини Зоя баарыгар бу дьиэҕэ ырааһыттан, маанытыттан сэрэнэн-сэрэнэн сылдьыбытын өйдүүр. “Маннык олорбут киһи-и”, – дии санаабыта. Оттон билигин ол дьиэтигэр бэйэтэ көҥүл хотун буолан хаалла. Сууйарын-соторун чааһынан кини кимиэхэ да сирдэрбэтэҕэ.

Надя даҕаны эдьиийин сирбэт курдуга. Ол гынан баран, кыыс маҥнай утаа Лиля киниэхэ тугу да гыннарбатын, барытын “бэйэм” диэн иһэрин атыҥырыы саныыра. “Наһаа кыра оҕо курдук тутар”, – диэн кыһыйан да ылара. Кэлин бэлэмҥэ түргэнник үөрэммитэ. Утуйан турбут оронун да оҥорбот буолбута. Биирдэ эмит таҥаһын сууйдаҕына эдьиийэ “кирдээхтик сууйбуккун” диэн хат сууйан кулуппаайдыыра. Ол иһин таҥнар таҥаһын сатаан сууйбат курдук саныыра.

Аймахтара кыргыттар хайдах олороллорун көрөн истэригэр сэмээр үөрэллэрэ. Лиляҕа сөпкө тайаммыттар: дьиэтэ-уота мэлдьи ыраас, кыыс үтүө ийэлээх оҕоттон туох да итэҕэһэ суох, бэл диэтэр, уойбут. Аймахтар сотору бэйэлэрин олохторун түбүгэр оҕустаран, Зоя кыыһын туһунан дэҥҥэ саныыр буолбуттара.

Надя алын кылаастарга үчүгэйдик үөрэммит, сытыы-хотуу кыыс эбит буоллаҕына, кэлин мөлтөөн хаалбыта. Оҕолортон эрэ туора сылдьар, наар туохтан эрэ сэрэммит курдук дук-дах туттар. Улаатар сааһыгар саатар төлөһүйэн хаалан, уолаттар наар хаадьылыыр идэлэммиттэрэ. Кыыс бэйэтин сатаан көмүскэммэт буолан, куруук күлүү-элэк оҥостор киһилэринэн буолбута. Оскуолатыгар аат эрэ харата барара. Эдьиийигэр этиэн эмиэ толлоро. “Баран айдааны таһаардаҕына, аны иэстэһэ сылдьыахтара”, – дии саныыра.

* * *

Лилия түргэнник куорат дьахтара буолбута. Маанытык таҥнар, дохсуннук туттар-хаптар буолбутун билэр дьоно бары бэлиэтииллэрэ. Зоя дьүөгэлэрэ кини тулаайах кыыска тиксиэхтээх күндү түүлээх бэргэһэлэри, саҥыйахтары уларыта сылдьан кэтэр, тарбахтара билэр көмүс биһилэхтэринэн күлүмүрдүүр буолбутун көрөллөрө. Истэригэр сөбүлээбэтэхтэрин иһин, тулаайах кыыска көмөлөспөт аата, хайдах олоҕор орооһуохпутуй диэн саҥарбаттар этэ. Лилия төһө да үөрэҕэ суох буоллар, сытыы-хотуу, дьону бэйэтигэр тардар тыллаах-өстөөх буолан, сотору атын, үрдүк хамнастаах үлэҕэ көспүтэ. Кини олоҕунан толору дьоллоох курдуга.

Арай чугас дьүөгэлэригэр: “Ити тулаайах кыыһы көрөн бэйэм олохпун оҥостумаары гынным”, – диэн үҥсэргиир идэлэммитэ. Кырдьыга, кини отутун лаппа ааспыта. Биирдэ куорат таһынааҕы дэриэбиэнэҕэ билэр дьонугар ыалдьыттыы, сир астыы диэн баран-баран, олор аймахтара уолларын кытта билсибитэ. Лилия көрөөт сөбүлээбитэ. “Кини миэнэ буолуоҕа”, – дии санаабыта. Дьахтар санаабыт санаатын хайаан да ситиһэр майгылааҕа. Уолу аҕыйах ыйынан “эрийэн” ылан, күһүнүн сыбаайбалаан ньиргитэн эрэллэрэ эрэ баара. Кини дьолугар, сытыары сымнаҕас майгылаах уол түбэспитэ.

– Эр киһи диэн пластилин курдук, тугу баҕараргын оҥоруоххун сөп, – диир үгэстэммитэ аны кини.

Лиляҕа түбэһиэх, “пластилина” кырдьык да ураты истигэн буолан биэрбитэ. ¥өрэҕэ суох тыа уолун куһаҕана суох үлэҕэ кэпсэппитэ. Кылаабынайа, үүннэрэр кэскиллээх тэрилтэ этэ. Кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ киллэрбитэ.

* * *

Эдьиийэ Надяттан тугу да ыйыппат буолбута ыраатта. Дьиэҕэ дьиҥнээх хаһаайка – кини этэ. Онон биир үтүө күн дьиэлэригэр туора киһи киирэн кэлбитигэр кыыс соһуйбатаҕа. Киһи киирбитэ да бэрт курдуга. Эдьиийэ кыраттан тымтан хаһыыра сылдьара тохтоон, наар ньылбаарбыт куолаһынан саҥарар буолбута. Күтүөт да баара-суоҕа биллибэт, үчүгэйин-куһаҕанын биллэрбэт.

Надя тугу да гына үөрэммэтэх буолан, эдьиийэ бэйэтин олоҕор умса түспүтүгэр эрэйи да көрдө этэ. Кирдээх таҥастаах, имиллибит кууркалаах сылдьар буолбута.

– Бу кыыс олох акаары быһыылаах! Соруйан киһини саакка киллэрэн, кирдээх таҥастаах сылдьаҕын! Баттаҕын да сатаан сууммат! – диэн биир киэһэ Лиля ыһыы-хаһыы бөҕө буола-буола, кыыһыран-тымтан, тыаһаан-ууһаан Надя таҥаһын устан сууйбута-тараабыта.

Хороччу улаатан эрэр кыыс онно кыбыһынна, бэйэтин сэнэннэ да этэ! Күтүөтэ саҥата суох элэктээбит курдук көрөн олороруттан барыах-кэлиэх сирин булбакка, умса туттан турбута. Онтон ыла таҥаһын хайдах сатыырынан суунар, өтүүктэнэр буолбута.

* * *

Надя оскуоланы бүтэрэр сылыгар кинилэр дьиэлэрин оҕо ытаан бэбээрэр саҥата толорбута. Лиля оҕолонон даххаһыйбыта. Надя күтүөтүн кытта кини бары хаппырыыһын толорон сүүрэр-көтөр муҥар түспүттэрэ. Уол оҕоломмут киһи буолан, күтүөт үөрэн уоһа ыпсыбат буолбута. Кинилэр дьиэлэригэр оҕо тыына киирэн, тула сылаанньыйбыта-сымнаабыта, кытааппыт салгын биирдэ “һуу” диэбиккэ дылы буолбута. Ол гынан баран ити үтүө уларыйыыны Надя эрэ бэлиэтии саныыр быһыылааҕа. Эдьиийэ наар сылайан, айаккалаан тахсара. Сарсыарда аайы “абааһы оҕото” букатын утуппатах аатырара.

Надя оскуоланы үксэ “токур үһүнэн” бүтэрбитэ. Эдьиийэ кини үөрэҕэр олох кыһаллыбат этэ. Оҕолонон атын түбүккэ баттаппыта. Бииргэ үөрэнэр кыргыттара выпускнойга ким хайдах платье кэтэрин туһунан эрэ кэпсэтэр кэмнэрэ үүммүтэ.

– Оттон эн тугу кэтэҕин? – диэн эмискэ ала-чуо Надяттан кылаастарын бастыҥ кырасаабыссата ыйытан чаҕылыннарбыта. Надя тугу хоруйдуон билбэккэ кытаран эрэ хаалбыта. – Бальнай платьелаах буолуохтааххын, – диэн баран сэнээбиттии көрөн унаарытан кэбиспитэ кырасаабысса.

Кырдьык да, кини тоҕо эрэ ити туһунан санаабакка сылдьар. Бээ, эдьиийэ тугу эрэ толкуйдуур ини.

– Мин выпускнойбар тугу кэтэрим буолуой? Кыргыттар бары бальнай платье тиктэрбиттэр үһү, – киэһэ аһыы олорон Надя Лиляттан ыйыппыта.

Дьиэ иһигэр хайдах эрэ ураты чуумпу сатыылаабыт курдук буолбута. Биир кэм биилкэ-тэриэлкэ эрэ тыаһаан талыргыыр.

– Ити баар! Туохха да харчы тиийбэт. Эн хамнаһыҥ сыыһа диэн быыкаайык! Аһылыкка эрэ тиийэр-тиийбэт. Эр киһи ааттаах! Сааппат даҕаны! – Лиля куолаһа эрин мөҕөн чап-чаҥкынас буолбута.

Надя остуолтан туран барбыта. Хоһугар киирэн, оронугар умса түһэн, үөрүйэхтик сыттыгын кууһан сытан хараҕын уутунан сууммута. Сыттыга эрэйдээх! Кыысчаан көмүскэтин уутун төһөтө иҥэриммитэ буолуой? “Маамам баара буоллар! Мин саамай кыраһыабай бальнай платьелаах буолуом этэ. Киниэхэ бу саамай дьоллоох күнэ буолуо этэ”, – диэн санаатыттан өссө уйа-хайа суох ытаан барбыта.

* * *

Оскуолата ураты музыканан, оҕолор дьоллоох саҥаларынан, күлүүнэн-салыынан биир кэм эймэһийэн олорор. Кыргыттар ыраахтан үрүҥ лыахтар курдук кылбайан, сырдаан көстөллөр. Надя кэлэн баран күрүөҕэ өйөнөн турбута. Кини бүгүн атыттар курдук бальнай платьета суох. Тохсус кылаастан Саҥа дьыл уонна Восьмой март бырааһынньыгар кэтэр баар-суох мааны, хараҥа күөх өҥнөөх платьетын кэппитэ. Биир кэмҥэ “мокрай асфальт” диэн аатыра сылдьыбыт матырыйаалтан тигиллибит платьета “бүгүҥҥү түгэҥҥэ дьүөрэм суох” диэбиттии Саҥа дьылга күлүмүрдүүрүн “умнан” өлбөөрөн хаалбыт курдуга.

Надя ким да өйдөөн көрбөтө буоллар диэбиттии саалаҕа кумуччу туттан киирэн, аан аттыгар турар олоппоско олорунан кэбиспитэ. Бүтүн киэһэни быһа ол олоппоско иччи буолан олорбута. Арай аттестатын ыларыгар тура сылдьыбыта. Оо, онно кыбыһынна да этэ! Бэл диэтэр, оскуола директора дьахтар кинини сиилээбит тымныы харахтарынан үүттүүргэ дылыта.

Бу киэһэ алын кылаастан бииргэ үөрэммит, доҕордоспут кыргыттара туохтан эрэ сэрэммит дуу, сыстыганнаах ыарыыга сыстыахпыт дуу диэбиттии киниэхэ чугаһаабатахтара. “Эчи, бары маанылара да бэрт! Маннык дьоллоох күҥҥэ көҥүл оонньоон-көрүлээн сылдьыахтара суоҕа дуо? Мин кимиэхэ интэриэһинэй буолуомуй? Ыраахтан олорон да кинилэри көрөрүм сөп”.

– Хайа, бу эн тоҕо үҥкүүлээбэккэ олороҕун? – история учуутала Иван Петрович санаатын быһа түһэн ыйыппыта.

– Бэйэм. Сатаан үҥкүүлээбэппин ээ.

– Надя, ханнык үөрэххэ туттарсар санаалааххыный?

– Ким билэр. Тыл өттүгэр барбыт киһи дии саныыбын. Нуучча тылыгар туттарсан көрөрүм буолуо.

– Сөпкө толкуйдаммыккын. Эн курдук үчүгэйдик сочинениены суруйар оҕо манна суох. Литература учуутала эйигин элбэхтик ааҕар, начитаннай диэн хайҕааччы. Историяҕа да, активнайыҥ буоллар, үчүгэй буолуохтаах этиҥ.

Хата, Иван Петрович Надя аттыттан арахпакка, ону-маны сэһэргэһэн санньыар санааларыттан аралдьыппыта. “¥түө да киһи! Соҕотох диэн аһынан кэпсэтэр быһыылаах”, – кыыс махтаммыттыы сылаастык учууталын диэки көрөн ылбыта. Надя биэчэр бүтэрин күүппэккэ, эрдэ дьиэлээбитэ.

* * *

Лилия кыыһы үөрэххэ киллэртэрэргэ туруммута сүрдээх. Билсиилээхтэригэр барыларыгар эрийэн, ылсыах-бэрсиэх буолар. Надя ийэтин кытта бииргэ үлэлээбит дьахталларга эмиэ эрийэ сылдьыбыта. Урут университекка лаборанынан эҥин сылдьыбыттар билигин хайыы-сах учуонай буолан, миэстэлэригэр ыйааһыннаммыттар эбит. Ону истэн Лилия үөрүүтэ улахан.

– РО-ҕа киирэр буоллуҥ быһыылаах! ¥рдүттэн үлэлии сылдьар дьон көмөлөспөтөхтөрүнэ, ким көмөлөһүөй! – эдьиийэ омуннаахтык чоҕулуйбут харахтарынан эрилис-туралыс көрөттөөн ылбыта.

Надя, кырдьык, улахан конкурсу ааһан, баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ. Сочинениетыгар ис хоһоонун иһин “биэһи” ылан улаханнык үөрбүтэ. “Лилия эрэ билсиитинэн киирбэтим ини”, – дии санаан ис-иһиттэн чэпчээн ылбыта.

Аймахтара буоллаҕына Лилияны хайдах хайҕыахтарын булбаттар. “Мөлтөх үөрэхтээх кыыһы сатабыллаах буолан үрдүк үөрэххэ киллэртэрбит ээ”, – диэн буолбута. Онон Лиля эмиэ дьон хараҕыгар харыс үрдээн көстөн санаата көнньүөрэн сылдьыбыта.

Айылҕаттан, этэллэрин курдук, баардаах киһи олоҕун устата син биир ол дьоҕура арыллар уратылаах. Надя университекка киирэн баран утуйа сыппыт ис кыаҕа уһуктубукка дылы буолбута. Оскуолаҕа үксүгэр точнай наука предметтэрин ыарырҕатар этэ. Оттон филфакка тылы кытта ситимнээх наукалары чэпчэкитик баһылаабыта. Онон сотору кини группатыгар биир бастыҥ үөрэхтээх студентканан буолбута. Сарсыарда аайы үөрүүнэн университетыгар тэбинэрэ. Дьиэтин киэһэ хойут булара. Наар эдьиийин тымтыбыт сирэйин көрөрүттэн, үөннээх тылын истэриттэн сылайан, иллэҥ да кэмин барытын үөрэнэр сиригэр атаара сатыыра. Эбии факультативка сылдьан, кыралаан научнай үлэ иһин-таһын кытта билсэн барбыта.

Этэҥҥэ сырыттахха, бириэмэ кынаттаах курдук биллибэккэ көтөн ааһар. Надя студеннаабыт дьоллоох кэмнэрэ бүтэллэрэ чугаһаабыта. Кини дипломнайын суруйар буолан, Национальнай библиотека ааҕар саалатыттан тахсыбат буолбута. Биирдэ идэтинэн библиотека сабыллыар диэри олорон баран дьиэтигэр киирбитэ, Лиля куукунаҕа кимниин эрэ кэпсэтэ олороро.

– …Кыыс сокуоннай сааһын туолбута ыраатта. Хаһан баҕарар биһигини үүрэн кэбиһиэн сөп. Бачча сыл тухары киниэхэ хамначчыттаан баран таһырдьа тэбиллэрим итэҕэс эбит дии… – эдьиийин куолаһын арааран истэн хаалбыта.

Кыыс иһигэр сонньуйа санаабыта. “Ама, хайдах үүрэр үһүбүн?”

* * *

Надя үрдүк үөрэххэ киирэригэр сэбиэскэй былаас этэ, оттон бүтэрэр сылыгар иннэ-кэннэ биллибэт, рынок кэмэ диэн ааттаах тутул үөскээбитэ. Ол уларыйыы ким эрэ бүтэһик уурунуу харчытын күдэҥҥэ көтүппүтэ, оттон сорохторго күннэрэ дьэ тыкпыта. Бириэмэ уларыйбытыттан кыра да дьон туһаммыттара.

– Доо, билигин дьон бары квартираларын приватизациялыыр буоллулар. Бэйэбит ааппытыгар суруна охсубатахпытына, государство, ити сбербааҥҥа уурунуу харчыбытын уоран ылбытын курдук, квартирабытын эмиэ былдьаан ылыа, – диэн биир күн эдьиийэ куолаһа ньылбааран ахан көрсүбүтэ.

– Мин онно тугу да өйдөөбөппүн. Докумуону ылан бэйэҥ оҥор ээ, – диэбитэ онуоха кыыс сүр судургутук.

Эдьиийэ, кини инньэ эрэ диирин кэтэһэн олорбут киһи быһыытынан, үөрэн харахтара тырымнаһа түспүттэрэ. Лиля аҕыйах хонон баран туох эрэ кумааҕытын куду анньан, илии баттатан ылбыта. Оччолорго Надя ийэтин дьиэтиттэн букатыннаахтык аккаастанан, эдьиийигэр “дарственнай” оҥорорго сөбүлэһэн илии баттаабытын хантан билиэй? Эдьиийигэр толору бэринэ үөрэнэн хаалбыт кэнэн кыыс ол лииһи ааҕа да барбатаҕа. Лилия да дьыала иһин-таһын кэпсии барбатаҕа. Арай кини настырыанньата тосту уларыйан, наар өрө көтөҕүллэн сылдьар буолбутуттан бары өрө тыыммыттара.

– Надя, эн үөрэххин бүтэрэн баран олоҕу билэ таарыйа тыаҕа баран үлэлээ. Манна куорат оҕолорун сатаан тутуоҥ суоҕа, – биир киэһэ аһыы олорон эдьиийэ кыыс дьылҕатыгар ыалдьарын биллэрэн эппитэ-тыыммыта.

– Миигин университекка хаал дииллэр ээ. Аспирантураҕа направление биэриэхпит диэн сүбэлээбиттэрэ.

– Хайа муҥун мин моойбор олороору гынаҕын? Наар үөрэҕи сырса сырыттаххына, хаһан үлэлээн айаххын ииттэҕин? Олох ол-бу буолума! ¥лэлиигин, онон бүтэр!

Бу курдук Надя наукаҕа карьерата быстыбыта. Кини тылланан туран хоту оройуоҥҥа путевканы көрдөөбүтүгэр бары да соһуйбуттара. Куратора хааларын курдук кэпсэтэн көрбүтэ даҕаны, буолумматаҕа. Тыаҕа биир эмит сайын дэҥҥэ баран кэлэр кыыс бу курдук билбэт дойдутугар тоҕо талаһарыттан муодарҕааталлар да, эдэр специалист баҕатын ылыммыттара.

* * *

…Бүгүн балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ. Надя бэйэтэ маҥнайгы кылааска киирэр оҕолуу долгуйан аанньа утуйбата. Талаһан кэлбит хоту дойдутун дьоно-сэргэтэ аламаҕайдарыттан, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр айылгылаахтарыттан кыыс соһуйа да, астына да санаабыта. Саҥа учуутал кэлэрин бөһүөлэк дьоно бары кэтэспит курдуктара. Оскуола таһыгар учууталларга анаан тутуллубут түөрт квартиралаах дьиэҕэ икки хостооҕун анаан кэбиспиттэрэ. Аттынааҕы квартиратын хаһаайката тута киирэн билсибитэ. Маҥнай утаа диэн, куобах, кус этин бэрсибитэ. Бырааһынньыктыы тардыллыбыт остуолугар ыҥыран чэйдэппитэ. Зинаида Ивановна Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх-уустаах эбит, манна эмиэ учууталынан ананан кэлэн баран кэргэн тахсан олохсуйан хаалбыт. Улахан сир сонунун-нуомаһын ирэ-хоро ыйыталаспыта.

– Төһө да дойдубун аҕыннарбын, оҕолорум төрөөбүт сирдэрин иккис дойду оҥостон олоробун. Мантан барар санаа да суох, – диэн мичээрдээн кэбиспитэ хаһаайка.

Олохтоох сонуну кэпсээн, билиһиннэрэ түһэн баран: “Уопсайынан, бу дойду дьоно оҕолуу судургу, ыраас майгылаахтар. Кыраттан үөрэллэр, хомойоллор. Онон иллээхтик олоруохха сөп”, – диэн санаатын түмүктээбитэ кини.

Надя сарсыарда эрдэ туран хомунан, саҥа көстүүмүн кэтэн оскуолатыгар тиийбитэ. Кинини бэһис кылаастарга салайааччынан анаабыттара. Куоракка практикатын барарыгар кылааска отуттуу оҕо олорор буоллаҕына, манна баара-суоҕа уонтан тахса үөрэнээччилээх. “Хата, хас биирдиилэрин кытта тус-туһунан үлэлиир кыах баар буолсу”, – диэн эдэр учуутал үөрэ санаабыта.

…Надежда Михайловна сотору бастыҥ учууталлар ахсааннарыгар киирбитэ. Кини ордук нуучча литературатын айымньылаахтык биэрэрин кэпсээн гыммыттара. ¥өрэх управлениетын араас бэрэбиэркэлэрэ эдэр учуутал үрдүк таһымын бэлиэтээн бараллара. Надя идэтигэр таба тайаммытыттан, үтүө дойдуга кэлбититтэн үөрэ саныыр. Арай ардыгар эдьиийин, аҕатын санаан ылан, улаханнык хараастар. Кини биирдэ ийэтин дьүөгэтигэр эрийэн сонунун үллэстибитэ, куоракка туох уларыйыы буолбутун туоһуласпыта.

– Надя, эн дьиэҕин Лилия атыылаабыт үһү. Сураҕа, саҥа квартира ылбыттар. Эйигиттэн ыйыппыта дуо?

– …Билэбин ээ. Мин манна олохсуйарга сананан сөбүлэҥмин биэрбитим, – диэн хап-сабар хардарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Дьиҥэр, кини бу сонуну саҥа истибитэ. Ол гынан баран, син биир итинник буоларын эрдэттэн сэрэйэр этэ. Ийэтэ суох буолуоҕуттан ити дьиэ киниэнэ буолан бүппүтэ. Ол дьоҕус квартиралара кинини да, ийэтин да дьоллооботоҕо. Онон атыыланан көрдүн. Кыыс биири өйдөөбөт – бачча кэм тухары бииргэ олорбут, хайдаҕын да иһин, кинини көрбүт эдьиийэ тоҕо ити курдук тыйыс, тымныы майгылааҕый? Тоҕо кини туһугар истиҥник кыһамматый? Бу дойдуну булуоҕуттан ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ.

“Ол аата дьиэҕэ эрэ суудайан олордоҕо. Киһилии истиҥ сыһыан, иэйии диэни билбэккэ кырдьан эрэр. Эрэйдээх…” – Надежда Михайловна Лиляны ис-иһиттэн аһына санаабыта.

Дьолго баҕаран

Подняться наверх