Читать книгу Дьолго баҕаран - - Страница 2
Туонньа
Оглавление“Ок-сиэ, бөлүүн хаардаан үллэҥнэппит дии. Тула барыта сырдаабытын, ырааһырбытын көр! Олохпут эҥкилэ суоҕар дылы…” Оҕолор ыарахан рюкзактарын сүгэн, саҥа хаары баһыалаан оскуолаҕа бараллара көстөр. Ыалын калитката аһыллан хаачыргаата – Сибиэтэ маҕаһыыныгар ыксаатаҕа. “Киһи барыта дьарыктаах, үлэлээх-үөрэхтээх. Арай мин бу олоробун…”
Ити ыар санаатын кыйдаары Туонньа түннүктэн тэйэн, иһити-хомуоһу сууйан, тыаһаан-ууһаан барда. Кини төбөтүгэр көтөн түһэр баттык буолбут санааларын таас иһит тыаһынан үргүтээри гынардыы туттар-хаптар.
“…Мин даҕаны мааны үлэлээх, хотун-хаан ахан буола сылдьыбытым. Кэм уларыйбатаҕа буоллар, билигин, арааһа, кырата нэһилиэк баһылыга да буолан олоруом этэ. Баҕар, оройуоҥҥа тиийэ да хотун-хаан буолуом этэ. Оннооҕор буолуохтар тахсан сылдьаллар. Боростуой дьону кытта сатаан кэпсэппэт, күргүөмнээх үлэҕэ кыайан түмпэт, кабинеттарын иһиттэн тахсыбат тойоттор баар буолбуттар. ¥өһэттэн ыйыыта-кэрдиитэ суох хамсамматар. Идея диэн кэлиэ дуо? Оо, мин эбитим буоллар!..”
Туонньа ити санаатыттан ис-иһиттэн абатыйан, көстүрүүлэтин өссө эрчимнээхтик аалан барда. Кырдьык, Антонина Ивановна олорор бөһүөлэгэр биллэр-көстөр киһи. Маннык бэйэлээх хайаан бу кыра дэриэбинэҕэ батан олороруй диэх айылаах. Саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан, киирэн-тахсан кыыс оҕото. Ким хайа иннинэ икки этээстээх дьиэ тутта охсубута. Биир сайын оройуон киинигэр элбэхтик сыбыытаан, хайа эрэ оһуобай дефицити бэрийэр дьахтардыын ылсан-бэрсэн, мутукча күөх өҥнөөх сабыс-саҥа “Жигулины” көтүтэн аҕалан, оҕонньорун уруулга олордон кэбиспитэ. Оччолорго оннук массыына сэбиэттэригэр уонна маҕаһыын сэбиэдиссэйигэр эрэ баара. Туонньаны дьон таһыттан көрөн, санаата туолбут, олоҕор элбэҕи ситиспит дьахтар курдук саныыллара. Оннук да этэ. Баҕардаҕына кимиэхэ барытыгар сөбүлэтэр, тылын ылыннарар эдэр дьахтар сотору үлэтэ-хамнаһа бэркэ табыллан барбыта. Оскуолаҕа алын кылаастар учууталларынан үлэлии сылдьыбыт киһини детсад сэбиэдиссэйинэн оҥорбуттара. Сотору олохтоох сэбиэккэ депутатынан талбыттара.
Киһи-киһи тас көрүҥүнэн эрэ тус-туһунан буолбат. Биһиги бары туспа ауралаах, ураты энергиялаах буоларбыт туһунан ордук кэлиҥҥи кэмҥэ дьүүллээн биллибит. Сорох киһиттэн түргэнник сылайаҕын, биричиинэтэ суох кыыһырыаххын баҕараҕын. Оттон Туонньа ураты тыынынан дьону барытын “иитэр” курдук. Оннук кини көстүбэт күүстээх. Ол иһин атыттар кини тылынан барбыттарын өйдөөмүнэ да хаалаллар. Бөһүөлэк биир да тэрээһинэ Антонина Ивановната суох барбат буолбута. Бэл сэбиэттэрэ “кини туох диирэ буолла” диэн, тиһэх быһаарыныыны ылыммат буолбутун дьон бэлиэтиирэ.
…Таһырдьа атын кэм кэлбитэ. “Дьиикэй ырыынак” кэмэ үүнэн сиэтэ-аһаата диэн айдаан бөҕө айааһаабыта, үгүс түрүлүөн турбута. Элбэх киһи куттанан, бу айдааннаах кэм ааһарын кэтэһэн, сууланан олорбута. Дьон үксэ туох-туох буолан иһэр диэн, улахан сэрэххэ түспүттэрэ. Ол икки ардыгар тыа сирин тутан олорбут совхозтар ыһыллан хаалбыттара. Совхоз баайын үллэстии кытаанах киирсиитэ буолбутугар саҥа кэммит букатыннаахтык кэлбит ээ, быһыыта, диэн тойоннооһун буолбута. Паай былдьаһыытыгар тыын тыыҥҥа туруу кытаанаҕа сатыылаабыта. Ыаллыылар сирдэрин былдьаһан иирсибиттэрэ, аймахтыылар ынах-сүөһү ахсаанын аахсыытыгар хайалара да ордук-хоһу ылбатын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Ол эрээри, буоларын курдук, бу да сырыыга боростуой дьонтон былааска чугас дьон ордон тахсыбыттара. Кинилэр тыал хайа диэки үрэрин түргэнник билэн, совхозтан буор-босхо ылбыт сирдэрин-уоттарын, сүөһүлэрин-сылгыларын, күрүөлэрин-хаһааларын чааһынай хаһаайыстыба диэн ааттаан, кумааҕылаан-таймалаан, сокуоннаан кэбиспиттэрэ.
Антонина Ивановна, биллэн турар, бу итии күннэргэ инники кирбиигэ сылдьыбыта. Сотору оҕонньорун бааһынай хаһаайыстыба салайааччытынан оҥорбута эрэ баара. Сир үчүгэйиттэн быһан ылбыта. Совхоз биир улахан бааһынатын эмиэ бэйэтин анныгар суруммута. Николаевтар биирдэ байа түспүттэрэ. Ыал ийэтэ, кэпсэтиилээх муҥутаан, куоракка киирэн, дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыктанабыт диэн, чэпчэтиилээх, өр сыл болдьохтоох бөдөҥ кредити ылан, техника арааһын атыыласпыта. Кинилэр илиинэн оттооһун диэни түргэнник умнубуттара. Оттон босхо төһө ынаҕы, дьиэ кыылын ылбытын ыаллара ситэн аахпат да буолбуттара. Туох да диэбит иһин, рынок кэмэ Антонинаҕа сирэйинэн эргийбитэ. Кырдьыга да, бу – кини курдук дьоҥҥо анаммыт кэм-кэрдии.
“Туһанан хаалыахха наада. Билигин ылан хаалбатахха, хойутуохха сөп. Оо, дьэ, тыаҕа олорорум кыһыылаах даҕаны! Куораттар сытыйа байдылар. Санаатахтарын аайы баантан кредит ылар сурахтара иһиллэр. Ол кредиттэрэ чэпчэтиилээх аатыран, олох да төлөөбөт буолуохтаахтар. £ссө кредиттэ ылыахха. Төннөрбөт курдук туох эмит быыс-хайаҕас баар буолуохтаах…” Маннык былааннаах Тоня аны куоракка элбэхтик сыбыытыыр буолбута. Эдэр сылдьан алтыспыт, комсомол тэрийэр семинардарыгар, конференцияларыгар элбэхтик бииргэ сылдьан билсибит дьонун көмөтүнэн “быыһы-хайаҕаһы” түргэнник булбута.
– Доҕоор, наһаалаан эрэҕин быһыылаах. Харчы бөҕөтүн иэс дии-дии ылаҕын. Хайдах төннөрөбүт? Биһиги курдуктар көлөһүммүтүнэн байыа суохпут… – биирдэ кэргэнэ утуйаары сытан ботугураабыта.
– Тугу да өйдөөбөт буолан баран, саҥарыма! Харчыгын төннөр диэн ким ыххайан эрэр? Эн сүөһүлэргин көрөргүн бил! – диэн Туонньа идэтинэн оҕонньорун айаҕын бүөлээн кэбиспитэ. – Оҕолору үөрэхтиэххэ наада. Билигин улахан бэригэ суох үрдүк үөрэххэ чугаһаппаттар дииллэр. Мин бэйэм туспар буолбакка, оҕолорум инникилэригэр сордонобун ээ!
“Бу киһи муҥкук даҕаны! Аныгы олоҕу адьас өйдөөбөт. Ити атын эр дьон курдук ытырбытын ыһыктыбат, өссө атыттар киэннэриттэн хабыалыыр да киһи буолбат ээ. Ынах кутуругун эрийэн үйэтин моҥуура буолуо. Чэ, ол эрэн, ким эрэ хаһаайыстыбаны тутуохтаах буоллаҕа. Арай кини ити биири кырдьык этэр ээ, быһыыта. Кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктанан байан барыа суохпут. Көлөһүммүт айахпытын эрэ толуйар. Харчыны кут да кут буолабыт да, барыс ыларбыт көстүбэт… Хата, кыргыттар атыыһыттаан харчыны баһан ылаллар быһыылаах. Холонон көрүөх баҕайым дуу?” – бу санаатыттан дьахтар мэктиэтигэр олоро түспүтэ. Кини утуйар уута көппүтэ.
Туонньа аны атыыһыт буоларга кытаанахтык санаммыта. Баантан уочараттаах кредитин ылан баран, атыынан дьарыктаммыттара ырааппыт уоппуттаах дьахталлары кытта Кытайга барсыбыта. Кытай кыра куоратыгар тиийэн, рыноктан оҕо-дьахтар таҥаһын хомуйбута, хаһаайыстыбаҕа наадалаах табаартан эмиэ харбыалаабыта. Сарсыарда эрдэ туран рыноктарыгар тэбинэллэр, киэһэ хойут нэһиилэ саллаҥнаан гостиницаларын булаллар. Хата, таһаҕас тиэйэр анал дьон баар буолан абырыыллар эбит. Аҕыйах харчыга букатын бүтэн барыаххар диэри баулларгын соһо сылдьаллар. Тоня дьахталларын кытта бэркэ тапсан атыыһыттаан, дьиэтигэр төннүбүтэ. Табаарын бөһүөлэк маҕаһыынын атыыһытыгар, ыаллыы олорор Сибиэтэҕэ бырыһыаҥҥа туттарбыта. Кураанахсыйан турбут маҕаһыыҥҥа саҥа, чэпчэки сыаналаах табаар киирбит үһү диэн, дьон үмүөрүһүү бөҕө буолбуттара. Онон Антонина аҕалбыт табаарын үс бүк сыанаҕа батаран, санаата улаханнык көтөҕүллүбүтэ. Барыһын ылаат, өссө барбыта. Дьон буоллаҕына аны Туонньаны ас-таҥас тахсар киһитин курдук көрөн, анаан кэлэн сакаастыыр буолбуттара. Онон аны ырааппакка дьиэтигэр олорон атыылаан абыраммыта.
Бу курдук кини бизнеһэ санаатын хоту баран испитэ. Сотору бэйэтэ маҕаһыын туттарбыта. Бөһүөлэк киинигэр ыраахтан “Антонина” диэн бөдөҥ буукубаларынан сандаарар бэртээхэй маҕаһыын баар буолбута. Билигин Туонньаҥ бэйэтэ атыылаабат. Хамнаска атыыһыт тутар.
Урукку да былааска, билиҥҥи да кэмҥэ миэстэтин булбут Антонина Ивановнаны дьон бары ытыгылыыр этэ. “Кини аһатан-таҥыннаран олорор дии”, – диэн буолара. Тиийиммэттэргэ Туонньа килиэби-саахары иэс биэрэр буолан үгүстэри, кырдьык, абыраабыта. Кини дьадаҥытык улааппыт буолан, элбэх оҕолоох кыаммат ыал ийэлэрин ис дууһатыттан аһынара.
Алта оҕолоох соҕотоҕун хаалбыт ийэтин санаатаҕына тыына кылгаан ылар. Аҕалара төһө да арыгыһыт буоллар, биир кыһын үлүйэн күн сириттэн суох буолбутугар, Туонньа улаханнык аймаммыта. Кини оҕолортон эрэ мөлтөх таҥастаах, наар аччык сылдьыбыт оҕо сааһын умна сатыыр. “Мин оҕолорум баайдык-тоттук олоруохтаахтар” диэн санаа өйүгэр-сүрэҕэр бигэтик иҥэн, билигин кини ыстаал курдук кытаанах, туруоруммут сыалын ситиһэргэ туохтан да иҥнэн-толлон турар санаата суох.
Киһи баҕарбытын барытын күн бүгүн толорон биэрдэххинэ, онно тута кини бу баҕа санаата – барыта буолбатах эбит дии саныаҕа диэн биир философ эппитэ баар. Киһи баҕа санаата – байҕал. Онтун толорор иһин олорор. Ол эрээри харах туолбата диэн эмиэ баар. Антонина Ивановна сөптөөхтүк атаҕар турда эрээри, санаам туолла дии санаабат. Наар киниттэн ордук олорор, куоракка килэйбит-халайбыт коттеджтаах дьоҥҥо ымсыырар аатыгар түспүтэ. Санаатыгар кинилэр – кырдьык байбыт дьон. Аны куоракка үчүгэй дьиэ-уот тэринэр туһунан толкуйга түһэн, уйатыгар уу киирэн, уку-суку сылдьыбыта.
– Туох буоллуҥ? Кэлин санааҥ түспүт курдук ээ, – кэргэнэ Баһылай хараҕын өҥөйөр. Кини Туонньа настырыанньатын сэрэйэ охсор идэлээх. Эрчимнээхтик сүүрэ-көтө сылдьар сэгэрэ бу күннэргэ тугу эрэ умнубут курдук тутта сылдьарын хайдах бэлиэтии көрүө суоҕай. Кини Туонньата бу курдук буоларын сөбүлээбэт. Тута чуҥкуйа түһэр. – Барыта этэҥҥэ буолбат дуо? Аһыыр ас, таҥнар таҥас баҕас баар. £ссө атыттарга бэрсиэхпитин сөп.
– Эн күннээҕинэн олороҕун. Бүгүн иһиҥ тот буоллаҕына – эйиэхэ туох да наадата суох.
– Оҕолор этэҥҥэ сырыттыннар. Уонна эн санааҕын түһэримэ да, миэхэ, кырдьык, атын наадата суох.
– Киһи барыта эн курдук судургу эбитэ буоллар, олох чэпчэки да буолуо эбит.
– Судургубар хотонтон тахсыбат буоллаҕым дии! Сайын үтүөтүн билбэккэ, оттуубун, атыыга хортуоппуй, хаппыыста олордобун. Боростуойум бэрт буолан, үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэлээн тахсар эбиппин дии! – кэргэнэ эмискэ оргуйан турбута.
– Суох, Вася, эн миигин өйдөөбөтүҥ. Эн үлэлээбэтэххинэ, тыа сиригэр хайдах ыал буолан олоруохпутуй? Эн дьарыгыҥ – ол, миэнэ – атын. Аныгы кэмҥэ олорон биэрбэтэхпитинэ табыллар буоллаҕа дии. Доо, уонна биһиги оҕолорбутугар ким кыһаллыай? Уһуну-киэҥи толкуйдаарыый, – дьахтар тыйыс куолаһа сымныы түспүтэ. Киһитэ сымнаҕас даҕаны, кыыһырдаҕына эһэ тириитин кэтээччи. Ол иһин кыылын уһугуннарымаары Туонньа ньылбаарбыта. – Ол гынан баран тыа сиригэр бүгэн олорор сыыһа дии саныыбын. Оҕолор оскуолаларын бүтэрэллэрэ чугаһаата. Куоракка дьиэ-уот тэринэр туһунан толкуйдуох баара.
– Куорат квартиратын сыанатын хантан ситээри гынаҕын? Арай мас дьиэҕэ сананыахха сөп буолуо.
– Пахай, хаарбах дьиэҕэ барыа суохпун! Харчы эргитэ охсон баран үчүгэй, киэҥ-куоҥ таас дьиэни ылыахха наада. Онтон өссө көстөн иһиэ…
– Эргитэ охсор ээ… Эттэххэ дөбөҥ ини.
– Чэ, ол эн толкуйуҥ буолбатах. Быыс-хайаҕас көстүөҕэ.
Кэпсэтии манан бүппүтэ. Туонньа аны өссө бөдөҥ кредит ылан баран эргитэрин саныы сылдьыбыта. Бөһүөлэгин маҕаһыыныттан ылар барыһа кырата бэрт. Онтун курдат эргитэн иһэр. Ол тохтообот харчы. Харчы быыстала суох эргийэн истэҕинэ эрэ сатанар диэн ырыынак суруллубатах сокуонун тыа атыыһыта бэркэ билэр. Онон саҥа кредит ылан, аны куоракка атыылыыр “туочуканы” булуон наада.
Биир үтүө күн дьахтар оҥостон-туттан баран наар кредит ылар бааныгар тиийбитигэр урукку иэскин төлөөтөххүнэ биирдэ биэрэбит диэн аккаастаан ыыппыттара. Манныгы истэн баран Туонньа соһуйан эрэ хаалбыта. Эмиэ билсиилээхтэринэн сүүрбүтэ.
– Антонина, бу эн хаһан тохтуугун? Мин сөбүн көмөлөспүт курдук саныыбын ээ. Билигин атын кэм. ¥п-харчы кытаанах хонтуруолга киирэн эрэр. Онон көмөлөһөр кыаҕым аны суох, – диэн хас тылын ыйааһыннаан эрэрдии сыыйбыта эрэммит үрдүк сололоох киһитэ.
Баан биэрбэт буоллаҕына ханнык эмит баай тэрилтэттэн көрдөөн көрүөххэ сөп. Туонньа дьону абылыыр бары сатабылын киллэрэн, аны биллэр-көстөр тэрилтэ салайааччыларынан сүүрбүтэ. ¥үнэн эрэр коммерсант дьахтары өйүүр дьон көстүбүттэрэ. Онон улахан эрэйэ суох үбү-харчыны булан эмиэ айаҥҥа туруммута. Бу сырыыга Москубаҕа баран, бүтүн вагонунан табаары тиэйбитэ. Дьокуускай кэлиилээх-барыылаах, элбэх киһи аалыҥнаһар автовокзал оройуонугар кыра маҕаһыыны куортамнаан, үлэтин-хамнаһын саҕалаабыта. Биллэн турар, кини тыа маҕаһыынын курдук буолбатах. Табаара хамаҕатык атыыланар. Ол эрээри итирик-кутурук, хаамаайы дьон сүгүн үлэлэппэттэр эбит. Олортон көмүскэнэргэ анал киһи тутуохха наада дии саныы сырыттаҕына, биир хараҥа күһүҥҥү киэһэ тирии кууркалаах, биир кэм ыстаан дьаллаҥнаабыт уолаттар көтөн түспүттэрэ.
– Биһиги эйиэхэ “крыша” буолуохпут. Киэһэ аайы киирэр үпкүттэн сүүрбэ бырыһыанын биһиэхэ отстегивайдаан иһиэхтээххин!
– Оччоҕуна ити үлэбэр мэһэйдиир бырадьаак дьонтон көмүскүөххүт дуо?
– Олор диэн букашкалар буоллаҕа дии. Оннооҕор буолуохтан крышалыахпыт!
– Арай мин аккаастыым?
– Оччоҕуна манна үлэлиэҥ суоҕа. Бу биһиги миэстэбит. Маҕаһыыныҥ манна турарын иһин төлүөхтээххин. £йдөөтүҥ дуо?!