Читать книгу Былдьаама, дьылҕам, тапталбын - - Страница 2
БЫЛДЬААМА, ДЬЫЛҔАМ, ТАПТАЛБЫН
Кэрэ кэм
ОглавлениеКинилэр биир кылааска үөрэммиттэрэ. Петя Лизаны көрөөт да сөбүлээбитэ, куттуун-сүрдүүн киниэхэ тардыспыта. Кыыс эмиэ киниэхэ тута эрэммитэ. Кинилэр арыый обургу кылааска тахсан, уоллаах кыыс доҕордоһорун курдук бииргэ сылдьар буолбуттара. Кылаас араас тэрээһинэ буоллун, күрэхтэһии буоллун – наар бииргэ кытталлара. Бөһүөлэк дьоно кинилэр сиэттиһэн баран иллээхтик хааман иһэллэрин көрөн үөрэрэ, ким да сиилээбэтэ. Кылааһын да оҕолоро буолуохтааҕын курдук ылыналлара. Учууталлара тэрээһин үлэтигэр иккиэннэрин бииргэ суруйаллара. Петя математикаҕа уһулуччу дьоҕурдааҕа тута биллибитэ. Кини Лиза уруогун ааҕарыгар наар көмөлөһөрө. Онон кыыс эмиэ математика тутулун өйдөөн, бу предмеккэ биэскэ үөрэнэр буолбута. Иккиэн оскуола, кэлин оройуон чиэһин көмүскээн, математика, физика олимпиадаларыгар кытталлара. Петя өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бастыыр буолан, оскуола баар-суох киэн туттар үөрэнээччитэ этэ.
Кини туйгун үөрэҕин таһынан дьаныардаах спортсмен. Ханнык да спорт көрүҥүттэн хайыһары ордорор. Хайыһардьыттар оскуола таһыгар баар ойуурга дьарыктаналлара. Уол сибиэһэй салгыҥҥа тус санаатын сааһылаан сүүрэрин сөбүлүүрэ. Петя Лизатын хайыһардыырга үөрэппитэ. Онон иккиэн араас күрэххэ кыттар буолбуттара. Хайыһар уол майгытыгар олус барсара. Манна ханнык түмүккэ кэлэрэ киниттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕа. Үрдүкү кылааска тахсарыгар Петр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах хайыһардьыт буолбута. Кини атын бөһүөлэккэ күрэхтэһиигэ тиийдэҕинэ, кыргыттар хайгыы көрөллөрө. Бэйэлэрин саастыылаахтарыттан үрдүк уҥуохтааҕа, кэтит сарыннааҕа, сырдык хааннааҕа. Хап-хара хараҕынан утары көрдөҕүнэ, кыыс оҕо хайҕахтаах быара хамсыыра, нохтолоох сүрэҕэ долгуйара. Өссө эбиитин мичээрдээтэҕинэ, үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, киһи эрэ хайгыы көрөр ыччата! Петя улахан кылааска тахсыбытын кэннэ, кыргыттар эккирэтэн сүгүннээбэт буолбуттара. Атын бөһүөлэк, оройуон сытыы бэйэлээх кыргыттара, дьиэтин аадырыһын буланнар, суруйаллара.
– Бу, көр эрэ, эмиэ суруктар! Биһиги саҕана бу курдук кыыс уолга суруйбат буолара. Саат-суут дии саныырбыт. Оттон бу аныгы кыргыттар сытыыларын көр! – ийэтэ Варвара Федоровна уолун хоһугар киирэн суруктары остуолугар бырахта.
Петя онно эрэ кыһаммата. Кини ол суруктары ааҕа да барбата. Хата кини оннугар балта Люда астына-астына ааҕар. Биир да суругу бырахпакка ууруна сылдьар. Саамай кыһыыта баар, суруктары оскуолаҕа илдьэн дьүөгэлэригэр аахтарар. Люда убайынан олус диэн киэн туттар. Кыргыттар бары кини убайын астыналларыгар үөрэнэн хаалбыт.
– Арай ити кыргыттар суруктарын Лизаҕа аахтара биэрдэхпинэ, хайыа этэй? – биир киэһэ аһыы олорон кыыс сүр үөннээхтик көрөн олорон ийэтиттэн ыйытта.
– Бу да кыыс саҥатын! Аны инньэ гына сылдьаайаҕын! Убайыҥ кыыһырыа!
Кини уола оскуола кэнниттэн Лизаны кэргэн ылар былааннааҕын билэрэ. Атын кыыс киниэхэ төрүкү наадата суоҕа. Варвара Федоровна уолунан киэн туттара ханна барыай? Ити кими батан итиччэ өйдөөҕүн бэйэтэ да билбэтэ. Бэйэтэ оскуолаҕа ортотук үөрэммитэ. Өссө үлэһит буола охсоору, ахсыс кэнниттэн ПТУ-га иистэнньэҥ үөрэҕэр киирбитэ. Хата, эрдэ үлэһит буолан, балыстарын-бырааттарын үөрэхтээх дьон оҥорорго ийэтигэр көмө-тирэх буолбута. Кини дьылҕатыгар онтон хомойбото. Олох-дьаһах кэмбинээтигэр үлэлии сылдьан, телемаастар уоллуун билсиһэн, ыал буолбуттара. Ньукулайа, илиитигэр сатабыллаах киһи, хайа баҕарар тиэхиньикэни оҥорор «көмүс илиилээх» этэ. Дьон халадыынньыктарын, тэлэбиисэрдэрин өрөмүөннэтэн баран, бытыылканан төлүүр идэлэрэ сиэбитэ. Олох арыгыга хам ылларан испитэ. Биир эмит күн өйдөөх кэллэҕинэ, Балбаара үөрэн дьоллоноро. Өйдөөҕөр баҕас кини Ньукулайа киһи киэнэ мааныта этэ. Оҕолорун кытта оонньоон, остуоруйа кэпсээн, дьиэлэригэр, кылгас да болдьоххо буоллар, үүт тураан буолара. Кини остуоруйата элбэҕиттэн, хатыламматыттан сөҕө да саныыра. Ордук уоллара Петя кыра сааһыттан аҕатын «остуоруйата кэпсээ» диэн хаайара. Аны ол испэт кэмигэр дьиэ ис-тас үлэтигэр бүгүрүтүн көрүөххүт этэ. Сатаабата диэн суоҕа. Бэл диэтэр, субу турар куукуна миэбэлин, остуолун, олоппосторун бэйэтэ уһанан оҥорбута бөҕөлөрө, көрүҥнэринэн да маҕаһыын киэниттэн хаалсыбаттара. Балбаара туран ыскаабын имэрэйбэхтээн ылла. Бэс мастан сылаас биллэргэ дылы. Кини Ньукулайын сылааһа…
Балбаара биир дойдулаахтарыттан бу суолга баҕас хом санаалаах. Ньукулайы наар бэйэлэрэ арыгынан хадаҕалаан баран, тиһэҕэр буор иһээччи сирэйдэммитигэр киһинэн аахпат курдук буолтара. Олох-дьаһах кэмбинээтин хотуна тулуйа сатаан баран, үлэтигэр кытта холуочук сылдьар киһини уураппыта. Ол эрээри, аһынан харабылынан хаалларбыта. Дьиҥэр, кыра хамнаска сөбүлэһэн үлэлиир киһи суох буолан, Ньукулайы онно олохтообута. Балбаара оччолорго онтон даҕаны үөрэ санаабыта. Кыра да буоллар, син дохуоттарыгар эбии буоллаҕа.
Балбаара оҕолорун атын дьонтон итэҕэһэ суох иитээри, үлэтин таһынан сакааска иистэнэрэ. Петя оҕо эрдэҕиттэн улаатыар диэри иистэнэр массыына тыаһынан бигэнэн утуйара, сарсыарда уһуктара. Ийэтэ хаһан утуйан ылан сынньанарын кэлин санаан соһуйара. Ол оннугар кинилэр оҕолортон эрэ мааны таҥастаах буолаллара. Ийэлэрэ туох баар сатабылын, мындыр толкуйун ууран оҕолорун таҥаһын тигэрэ. Людата оскуолаҕа саамай мааны таҥастаах кыыс этэ. Кыһыҥҥы сонун, бэргэһэтин барытын бэйэтэ тигэрэ.
– Ийэ-э, Саҥа Дьылга остуоруйа туруорар буоллубут. Маргарита Дмитриевна миигин тута принцесса буолаҕын диэтэ! Онуоха атын кыргыттар тоҕо наар Людаҕа тутаах оруолу биэрэҕит диэн күнүүлээтилэр. Мин ордук Светаҕа абардым. Чугас дьүөгэм дии саныырым. Онтум эмиэ санаата алдьанна ээ. Уонна кинини кытта доҕордоспоппун! – Люда омун-төлөн буолан киирэн кэллэ.
Балбаара кыыһын астына көрдө. Быйыл уон сэттэ сааһын туолар. Оруобуна аҕатын курдук киэҥ хара харахтаах, сырдык хааннаах, кыратык сынтаҕар муруннаах, толлойбут улахан уоһун атаахтаан эбии толлоппут. Андаатар өрөҕөтүттэн тигиллибит мааны саҕынньаҕын устан кыыһырбыт уоҕар ыйаабакка дьыбааҥҥа элээртэ. Уһун сыҥаахтаах тииҥ бэргэһэтин уһулбутугар, уһун хойуу баттаҕа, сарсыарда ыксаан үчүгэйдик өрүммэккэ барбыта, ыһыллыбыт.
– Чэ, чыычаах, уоскуй. Ол Светаҕын кытта күн сарсын эйэлэһиэххит.
– Суох, кини дьиҥ иһин көрдөрдө! Уонна мин киниэхэ нуучча тылыгар көмөлөһөн бэрт ини!
– Хата, ол принцесса былаачыйатын толкуйдуохха эрэ. Уһун үрүҥ өҥнөөх, солко былаачыйаны оҕобор тигиэм. Оттон төбөҕө кэтэргэр аҕаҥ олус үчүгэй хоруона оҥоруоҕа. Кини илиитигэр бэрт талааннаах дии!
– Ээ, ол кини хантан оҥоруой! Наар итирик сылдьар буолбат дуо?! Мин киниттэн саатан маҕаһыыҥҥа да барбаппын! Онно арыгыһыттары кытта турар буолааччы. Тоҕо, тоҕо кини ону өйдөөбөтүй?! Истиэххин баҕардаххына, ааспыкка Гаанньа миигин арыгыһыт оҕото диэн үөхпүтэ. Ону биһиги Светалыын кинини үчүгэйдик кэһэппиппит ээ!
– Ол баар дии! Света хайдах курдук бэриниилээх дьүөгэний? – Балбаара дууһата төһө да ытаатар, күлбүтэ буолла. Кини бу курдук олорбута ыраатта. Дууһата киниттэн туспа эттик курдуга. Муҥатыйара, ытыыра-ыллыыра, сүрэҕэ хам ылара, мөхсөрө-нүөлүйэрэ. Онтон кини бэйэтэ күннээҕи түбүгүнэн олороро. Дууһата суох, хаҕа эрэ. Кыыһа аҕатын туһунан эппитин истибэтэҕэ буолла да, иһигэр олус ыарыылаахтык ылынна. Төһө да Ньукулайын аһыннар, тугу да гынар кыаҕа суоҕа. Төһөлөөх кинини сэрэтэ сатаабытай? Хайыай, хас биирдии киһи тус олоҕор бэйэтэ эрэ эппиэттиир. Кини баҕарбытын да иһин, кэргэнин оннугар олорор кыаҕа суоҕа.
Сотору Саҥа Дьыл сүпсүлгэнэ бу тиийэн кэлбитэ. Балбаара бу күннэргэ үлэтэ ордук элбэҕэ. Кини олох утуйар уутун умнан туран иистэммитэ. Сакааһын быыһыгар кыыһыгар ыраахтааҕылар кэтэр ырбаахыларын курдук уһун, синньигэс бииллээх былаачыйа тикпитэ. Аллараа өттүнэн сарайан түһэрин курдук иһинэн боробулуоханан уобуруччу иилбитэ. Убайа Петя кытаанах кумааҕыны фольганан бүрүйэн, төбөтүгэр сүрдээх үчүгэй хоруонаны оҥорбута.
Люда онон киинэҕэ көстөр сарыабына курдук оҥостон, үөрэн-көтөн оскуолатыгар тэбиннэ. Петя эмиэ киэһэ оскуолатын биэчэригэр барардыы тэриннэ. Кини уол уол курдук судургу. Наар кэтэр көстүүмүн бэйэтэ ыраастанна, өтүүктэннэ.
– Ийэ-э, эн иискин тохтот. Тугу да астаама, биһиги оскуолаҕа аһыахпыт. Сыт, сынньан, – диэн баран ийэтин сымнаҕастык кууһан ылла. Ийэ уолун диэки махтаммыттыы имэрийэ көрдө.
– Сөп, сөп. Сынньаныам. Ол эрээри, хайдах аһа суох олоруомуй. Баҕар, аҕаҕыт кэлиэ дии.
Уола ийэтин диэки аһыммыттыы көрөн баран, саҥата суох тахсан барда. Дьахтар дьиэтигэр биирдэ чуумпу сатыылаата. Кулгааҕа куугунаан ылла. Туран эрэллээх доҕорун, араадьыйатын, холбоото. Киэһээҥҥи сонуннары кэпсээн эрэллэр. Биэс сыллаах былаан туолуутун туһунан сылайбакка биэрэллэр. Сытан ылыан саныы-саныы киэһээҥҥи аһын өрбүтүнэн барда. Сылаас аһа суох хайдах хонуохтарай? Сэмээр кэргэнин кэтэһэр. Хортуоппуйун ыраастаан, сууйаары уһаатын диэки баран истэҕинэ, төлөпүөнэ тырылаата. Дьиэ чуумпутун аймаан, ураты модьуурдаахтык тыаһаабыт төлөпүөнүгэр биирдэ ойон тиийдэ.
– Алло!
– Баһаар! Баһаар! Кэмбинээт дьиэтэ умайа турар! – хайа эрэ дьахтар куолаһа мэйиитигэр дьөлө киирэрдии хаһыытаата.
Балбаара атаҕа биирдэ баата курдук буолла. Хортуоппуйдаах миискэтин туппутунан дьыбааҥҥа накыс гынна. Чочумча дөйүөрэн олордо. «Коля! Коля!» дии санаат, хантан кэлбитэ биллибэт күүс киирэн, ойон туран таҥынна. Сиирэ-халты сонун, бэргэһэтин кэтээт, таһырдьаны былдьаста. Кэмбинээт диэки тохтообокко сүүрэн тиийдэ. Баһаарынай массыыната улахан уотун умуруорбут. Киирэр аан диэкиттэн салҕааһын дьиэ уокка былдьаммыт. Хап-хара буруо унаарар.
– Харабынай! Харабынай ханнаный? Тыыннаах дуо?! – дии-дии тоҕуоруһан турар дьоҥҥо тиийдэ.
– Варвара, Варвара! Бу тугуй ээ?! Судаарыстыба баайын-дуолун уокка былдьаппыт дии Ньукулайыҥ! – дириэктэрэ, кини санаатыгар, олус холкутук унаарытан саҥарда.
– Оттон бэйэтэ ханнаный диибин ээ?!
– Ханна барыай? Баар! Итирэн баран табаҕын умуруорбакка утуйан хаалбыт! Оо, бу айылаах ороскуоту ким уйунар?! Эн хата ону санаа! Эриҥ буолуохсут ол олорор!
Балбаара ыскаамыйаҕа нүксүйэн олорор Ньукулайыгар сүүрэн тиийдэ. Киһитэ кутталыттан өйдөммүт курдук. Биир кэм «тыый, тыый, тыый…» эрэ диэмэхтиир.
Ол түбэлтэ кэнниттэн суут Ньукулайы хаайыыга уураахтаабыта. Дьокуускай таһынааҕы холуонньаҕа ыыппыттара. Маҥнай утаа аҕалара хаайыыттан ый баһыгар-атаҕар суруйар этэ. Кэлин суруга мэлийбитэ…
* * *
Төһө даҕаны аймалҕаннаах сыл саҕаланнар, Михайловтар син өрүһүнэн кэмнэринэн олороллор. Дьиҥинэн баран эттэххэ, ыал ийэтэ Балбаара оҕолоругар ийэни-аҕаны толору солбуйан сылдьар буолан, аҕалара суоҕуттан оҕолор улаханнык оҕустарбатахтара. Хата олохторо уоскулаҥ буолбута. Киэһэ аайы ийэлэрэ аҕаларын күүтэн долгуйара тохтообута.
Саас оскуолаларыгар ураты сүпсүлгэн турда. «Артекка» биир путевка кэлбит. Учууталлар, оҕолор бары Петя Михайлов барара биллэр диэтилэр. Кылаастарын салайааччыта кылаас чааска Петяны «Артекка» барарынан эҕэрдэлээтэ.
– Сэбиэскэй Сойуус бары муннугуттан уһулуччу талааннаах оҕолор мустар сирдэригэр барар улахан чиэс-бочуот! Биһиги оскуолабытыгар, мин өйдүүрбүнэн, бу маҥнайгы путевка. Бу курдук оройуоҥҥа биирдии путевка кэлэр. Быйыл биһиги оскуолабыт олимпиадаларга көрдөрүүтэ бастыҥ буолан тигистибит, – учууталлара Маргарита Дмитриевна үөрэн-көтөн эттэ. – Биһиги педсэбиэккэ Петя Михайловка путевканы биэрэр туһунан быһаарыныыны ыллыбыт. Онон, оҕолоор, Петяны эҕэрдэлиэҕиҥ!
Бары ытыстарын тыаһа хабылла түстэ.
– Петя, эҕэрдэлиибин! Эн саамай чулуу үөрэнээччигин! – Лиза харахтарыгар үөрүү кыыма тырымнаата. Кинилэр оскуола кэнниттэн аа-дьуо хаамсан дьиэлээтилэр. Тапталлааҕын үөрбүт хараҕын көрөн, уол сүрэҕэ минньигэстик мөҕүл гынна.
– Лиза, бүгүн миэхэ олус дьоллоох күн үүннэ! «Артекка» барар туһунан санаан да көрбөт этим. Ханна эрэ ыраах, киин сиргэ баар оҕолор сынньаналлар дии саныырым. Оттон бүгүн миэхэ ол путевка тигистэ! Ханнык эрэ түгэх оройуон сэмэй уолугар! Дьикти дии?
– Суох, син биир биһигиттэн туох да уратыта суох оҕолор сынньаналлар. Оттон эн курдук өйдөөх, туйгун үөрэхтээх, спортсмен барбатаҕына, ким барыай? Мин олох соһуйбатым! – кыыс уолга эрэллээхтик эттэ.
– Эн наһаа күүстээх санаалааххын. Мин бэйэбэр эрэлим тиийбэт. Тугу эрэ гыныам иннинэ наар «сатыам дуо, миэхэ кыаллыа дуо?» дии саныыбын. Оттон эн ыллыҥ да оҥороҕун. Ол майгыгын олус астынабын. Уонна куттаммат буоларга эйигиттэн үөрэнэбин, – уол, бу иннинэ хаһан да бу курдук ис санаатын эппэт бэйэтэ, сэмээр быктарда. Онтуттан кыбыстан иэдэһэ кытарда. Хараҕынан симириктээтэ. Лиза уолун сэмэй майгытын билэр буолан, олус аһына санаата.
– Мин наар эн аттыгар сылдьан санааҕын өрө көтөҕүөм, сөп?
– Оо, Лиза-а, эйигинэ суох мин хайдах да бу киэҥ дойдуга олорор кыаҕым суох! – уол эрчимнээхтик күллэ. Кыыс синньигэс биилиттэн кууһан уоһуттан уураата. Кыыс соһуйан уолу түөскэ аста.
– Бүт эрэ! Уонна хаһан даҕаны итинник быһыыланыма!
Бу кинилэр ыраас тапталларын маҥнайгы уураһыыта этэ. Кыыс хаана оонньоон, долгуйан имэ тэтэрэ кыыста. Кинилэр эһиил оскуоланы бүтэрэллэр. Оскуола кэнниттэн иккиэн тутуспутунан университекка киирэр былааннаахтар. Петя – математическайга, Лиза – филологическайга.
* * *
– Доҕоор, иһиттиҥ дуо? Биһиги бөһүөлэкпитигэр «Артекка» путевка кэлбит!
– Ноо! Дьэ үчүгэй дьыала эбит! Үөрэх дьаһалтата бэркэ үлэлээбит. Сарсын Ульяна Сергеевнаны ыҥыран хайгыам этэ, – ыал аҕата аһыыр остуол иннигэр хаһыат ааҕа олорон ойоҕор хардарда.
– Мин эйигин ол хотуну хайҕаа диэн ити сонуну кэпсээбэтим ээ. Дьиҥэр, эн итинник дьыаланы ким хайа иннинэ билэн, бэйэҥ дьаһайыахтаах этиҥ! – Нина Власьевна кыыһырбытын биллэрэн, солко халаатын уолугун күүскэ тардыалаан көннөрүммүтэ буолла. Кэргэнэ хаһыатын туора ууран, ойоҕун диэки соһуйбуттуу көрдө.
– Бээрэ, доҕор, онто да суох мин үлэм элбэх. Аны үөрэх дьаһалтатын үлэтинэн дьарыктанарым хаалбыт! Бүтүн оройуону дьаһайабын буолбатах дуо? – Иван Гаврильевич куолаһа кытаатта.
– Уйбаан, өйдөөрүүй. Биһиги баар-суох кыыспытын «Артекка» ыытыахха диэн этэбин ээ. Киниттэн ордук ким баарый? Кыыспыт туйгун үөрэхтээх, бастыҥ спортсменка. Онно баран төһө эрэ сайдан кэлиэ этэй? Инники олоҕор дэлэ эрэ үчүгэй буолар этэ! – Нина аны албын саһыллыы майгытын киллэрэн, сүр сымнаҕастык ньылбаарта.
– Ол путевканы баччааҥҥа диэри кимиэхэ да аныы иликтэр үһү дуо?
– Суох, суох! Дьүүлгэ сылдьар үһү, – дьахтар хап-сабар хардарда. Кини төһө даҕаны путевканы Михайловтар уолларыгар анаабыттарын иһиттэр, онно эрэ аахайбата. Хайдах ол хаайыыга сытар аҕалаах, боростуой ыал оҕото «Артекка» барыай? Бу бөһүөлэккэ кини кыыһыттан ордук оҕо суох! Онон ол сонуну истээт да, кыыһын хайдах бэрийэн ыытарын былааннаабытынан барбыта. Ол былааныгар, биллэн турар, бэйэтэ эмиэ киирэр. Хайдах оҕону бэйэтин ыытан кэбиһиэхтэрэй? Кини арыаллаан барсыа, бэйэтэ Хара муора кытыытыгар ханнык эмит санаторийга сынньаныа. Дьахтар, сонно тута профсоюзтарга тиийэн, бэйэтигэр путевка сакаастаабыта.
Сааскы ылааҥы күн. «Саас кэллэ, саас кэллэ!» – дэһэргэ дылылар чыычаахтар чугдаарар саҥалара. Хаар ууллан, дьиэлэр сарайдарыттан таммахтар быыстала суох чырылыы сүүрэллэр. Тула сып-сырдык, дьэп-дьэҥкир. Киһи кута-сүрэ ыллыыр, үөрэр-көтөр күнэ-дьыла турар. Иван Гаврильевич дьиэтиттэн тахсан эрчимнээхтик сибиэһэй салгыны эҕирийбэхтээтэ, биллэрдик сылытар буолбут күн уотугар сирэйин сыламнатта.
– Үчүгэйиин! – саҥа аллайда. Уонна эрэллээхтик туттан олбуорун аанын аһан, хара «Волгаҕа» олороот, үлэтигэр тэптэрдэ. Массыынатын түннүгүнэн саҥа күн түбүгүн саҕалаан эрэр бөһүөлэгин астына көрдө. Бу ыалын аах эһэлэрэ Миитэрэй оҕонньор «Һай-һат!» буолан ынахтарын уулата күөлгэ киирэн эрэр. Аас-туор олох, сэрии сүтүгүн бүтүннүү санныгар сүгэн, нүксүччү түспүт киһи санаата кытаанаҕыттан сөҕөр. Сэриигэ үс бырааттыы буолан барбыттара. Кини сэрии бүппүтэ быданнаабытын кэннэ эргиллэн кэлбитэ. «Дьоппуон сэриитигэр быраҕаннар, өстөөҕү тиһэҕэр тиийэ эһэн баран кэлбитим» диэн ахтара. Сорохтор эмиэ да билиэҥҥэ сылдьыбыт үһү диэн сири аннынан кэпсииллэрэ. Ол гынан баран, билиэҥҥэ түбэспиттэри таах ыытан кэбиспэттэр. Хайдаҕа эбитэ буолла? Атын бэтэрээннэр курдук ол-бу көрсүһүүлэргэ, кылаас чаастарыгар сылдьарын сөбүлээбэт. Сэрии сылын умна сатыыр курдук. Ийэлэрэ Огдооччуйа барахсан, оҕолорун аһыытыгар буолуо, уһаабатаҕа. Миитэрэй онон иччитэхсийбит өтөҕөр төннүбүтэ.
Кэлээт да, сэрии кэнниттэн эстибит холкуоһугар үлэҕэ туруммута. Дойдутугар ахтылҕанын үлэлээн таһаарар курдуга. Миитэрэйи холкуоска бэрэссэдээтэлинэн анаары гыммыттарыгар буолумматаҕа. «Үлэһит илии тиийбэт эбээт, мин кыһыл ытыспынан үлэлиэм. Салайары дьахтарга да сүктэриҥ», – диэбитэ. Уйбаан бэйэтэ оҕонньор наар үлэлээн өрө мөхсөн тахсарын көрө улааппыта. От кэмигэр бөһүөлэккэ кэлбэккэ да алааска олорон оттуура, кыһынын хотонтон тахсыбата. Бу билигин да хара сарсыардаттан хойукка диэри үлэҕэ миккиллэр. Хата, этэҥҥэ оҕо-уруу тэринэн быр бааччы олорор. Улахан кыыһа оскуола дириэктэрэ. «Ээ арба, били путевка дьыалатын ыйытыахтаах этим» кэргэнин сорудаҕын санаан өрө тыынна…
– Ульяна Сергеевна, дорообо! Киир, олор! Хайа, туох сонуннааххыт үөрэх чаастара? – Иван Гаврильевич кириэһилэтиттэн туран, симиктик туттан киирбит дьахтарга илиитин уунна.
– Сонуммут элбэх. Кэлиҥҥи сылларга математика, физика олимпиадаларыгар иннибитин биэрбэппит. Онуоха математика учуутала Михаил Петрович өҥөтө туох да улахан. Кини үлэлээбитэ ыраатта. Үөрэтэр оҕолоро наар ситиһии көтөллөөх күрэхтэһииттэн кэлэллэр. Биһиги кинини үтүөлээх учуутал аатыгар түһэрбиппит. Быйыл 60 сааһын туолар. Туох да биллэ илик дуо? – Ульяна Сергеевна, тойоно үтүө санаалаах көрсүбүтүн иһин, тута долгуйбута ааһан боппуруоһун туруоруста.
– Дьэ, бу дьыалабыай киһи тыла! Киирээт, туохха ыҥыртарбыппын да истибэккэ олорон, кимэн киирэҕин ээ? – Иван Гаврильевич күллэ. – Дьэ, кырдьык, эһиги үчүгэйдик үлэлээҥҥит быйыл «Артекка» путевка кэлбит эбит дии. Ону мин бүтэһигинэн иһиттим. Ол хайдаҕый?
– Иван Гаврильевич, мин эйигин билэрэ буолуо диибин ээ. Үөһээҥҥилэр эппиттэрэ буолуо диэн олох да отчуоттаабатаҕым. Истибэтэх эбиккит дуу? – үөрэх дьаһалтатын салайааччыта мух-мах барда.
– Мин өйдүүрбүнэн, мин манна салайааччынан олорорум тухары бу маҥнайгы путевка. Кими ыытаргытын баҕас миигин кытта сөбүлэһэр инигит?
– Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Өссө быһаара иликпит, – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
– Ульяна Сергеевна, эн билэҕин, мин кыыһым кыһыл көмүс мэтээлгэ баран иһэр, туйгун үөрэнээччи, спортсменка, үҥкүүһүт, музыкальнай оскуоланы быйыл туйгун сыананан бүтэрдэ. Онон кинини ыыттаххытына, ким да омнуолуо суоҕа дии саныыбын. Эн ону туох диигин?
– Оскуола педсэбиэккэ быһаарыахтаах. Сөп. Мин өйдөөтүм.
– Чэ, бэрт. Эн биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһүөхтээхпит. Оччоҕо эрэ үлэ тахсар буоллаҕа дии. Оттон Михаил Петрович дьыалатынан Дьокуускайга бара сылдьан наҕараада салаатын кытта бэйэм үлэлиэҕим, – диэн кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн туран илиитин уунна.
Ульяна Сергеевна тойонун хоһуттан ыарахан санаалаах таҕыста. Оскуола дириэктэрин Галина Дмитриевнаны кытта Петя Михайлов барар диэн быһаарбытын санаан, өрө тыынна. Дьиҥэр, ол оҕо барара саамай сөптөөх дии саныыра. Дириэктэрэ да кытаанахтык туруорсубута. Галина, олус туруору майгылаах киһи, ити сонуну дьэ хайдах ылынар? Кыбыттарыылаах да дьыала буолла! Ульяна Сергеевна Галиналыын үрдүк үөрэххэ история салаатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ. Онон эн-мин дэһэн билсэр дьүөгэлиилэр. Онон ити санаатын үллэстээри тута оскуолаҕа барарга сананна. Хоһугар киирэн халтаҥ сонун кэтээт, дьүөгэтигэр барда.
Оскуолаҕа олус күндүтүк ылынар оҕо аймах айдааныгар куустаран, тута уоскуйбукка дылы буолла. Бу манна кини уонча сыл үлэлээбитэ. Ол кэмин туохтааҕар да күндүтүк ахтар. «Таах сибиэ салайар үлэҕэ да сөбүлэһэн» диэн санаа эмиэ көтөн түстэ. Бу санаа оскуолаҕа киирдэҕин аайы кэлэр.
– Дорообо, Галя! – дириэктэр хоһун аанын эрчимнээхтик аһан киирдэ. Сонун көхөҕө да ыйаабакка устан дьыбааҥҥа бырахта.
– Хайа, туох буоллуҥ? – Галина дьүөгэтин көрөөт, туох эрэ санааҕа баттаппытын таайда. Ульяна – настарыанньата сирэйигэр сурулла сылдьар киһи. Кыра оҕо курдук атаахтаабыттыы уоһун толлоччу туттан, атаҕын атаҕар быраҕан, быар куустан дьыбааҥҥа олордо.
– Мин ити путевка айдааннаах буолуо диэн сэрэйбитим! Ол иһин даҕаны барыта олус судургутук быһаарыллыбыта! Таах сибиэ туруорсан! Мин, дьиҥинэн, Петяҕа биэрээри туруорсубутум! Итиччэ өйдөөх, кыахтаах оҕону өйөөбөтөхпүтүнэ, кими өйүөхпүтүй?! – Ульяна ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата.
– Олох өйдөөбөтүм, Галя. Ол тугуй, путевкабыт кэлбэт буолбут дуо?
– Кырдьык, ити кэриэтэ кэлбэтэ буоллар!
– Сүгүн быһаар эрэ! – аны Галина ойон турда.
Ульяна Петя оннугар атын кыыс барар буолбутун хайдах баарынан кэпсээн биэрдэ.
– Биллэн турар, Лиза Иванова эмиэ туйгун үөрэнээччи… – быһаарыыта суох унаарытта.
– Суох! Ити сонуну мин үлэһиттэрбэр да, оҕолорбор да эппэппин! Оннук быһаарыммыт буоллаххына, бэйэҥ эт! – Галина буоларын курдук кытаанахтык саҥарда. Ити кэннэ кини санаатын туох да төлөрүппэт.
«Петя оннугар «Артекка» Лиза барар буолбут үһү!» диэн сурах оскуолаҕа түргэнник тарҕанна. Үрдүкү кылаас оҕолоро ити сонуну араастаан ылыннылар. Албыны-көлдьүнү билэ илик оҕолор алҕас ини диэн, маҥнай утаа аахайбатахтара. Онтон кэлин чахчытын билэн баран, дууһаларыгар араас санаа ытыллыбыта. Бу олоххо киһи дьиҥ билиитин, кыаҕын таһынан өссө атын күүс баарын билбиттэрэ. Ким былаастаах – ол кыайыылаах тахсарын ала-чуо арааран көрбүттэрэ. Бу иннинэ Лизаны, тэбис-тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн улааппыт киһилэрин, бары сөбүлүүр эбит буоллахтарына, эмискэ кыыһы атын харахтарынан көрдүлэр. Кини атын эбит. Итинтэн ылата оҕолор, киксибэккэ да сылдьан, Лизаттан бары тэйбиттэрэ. Арай таптыыр кыыһыттан санаатын уларыппатах биир киһи баара. Ол – Петя. Хата кини бэйэтин оннугар Лиза барар буолбутуттан үөрбүтэ. Тапталлааҕа киэҥ сири-уоту көрөрүттэн санаата көтөҕүллүбүтэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун иннигэр кыыһы көмүскүүр аатыгар барбыта.
Айдааны тардыбыт путевка Лизаҕа тиксэр буолбутун туһунан оскуола дириэктэрин үөрэххэ солбуйааччыта Альбина Никитична кылаас чааһыгар киирэн биллэрбитэ.
– Биһиги Лиза барарын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабыт. Кини маҥнайгы кылаастан туйгуннук үөрэнэр, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. Оҕолор, эһиги өйдөөҥ, хомойуох иһин, путевка биир эрэ. Кыахтаахпыт эбитэ буоллар, бу икки киэн туттар үөрэнээччилэрбитин тэҥҥэ ыытыа этибит! Онон эһиги сөпкө өйдүөххүтүн наада! – кыһыл помадалаах уоһун чорбото-чорбото кичэллээхтик эттэ.
– Оччоҕуна тоҕо бастаан Петяны ыытабыт диэбиккитий? Манна диэн эттэххэ, Петя Лизаны математикаҕа көмөлөһөн өрө тардыбата буоллар, холоон туйгун аатырыа этэ! – кылаас саамай сытыы кыыһа Таня ыйытан хабылыннарда.
– Эттим дии, путевка биир диэн! Маҥнай утаа үчүгэйдик толкуйдаабакка ыксал дьаһал тахсыбыта. Онно даҕаны биир бэйэм Лиза Иванова эмиэ холоонноох диэбитим, – Альбина Никитична тоҕо эрэ Лиза аттыгар кэлэн санныттан имэрийбэхтээн ылла.
Бэйэтэ даҕаны кыбыстан нэһиилэ олорор кыыс, ытаан тоҕо бараат, кылаастан ойон таҕыста.
– Бардын хайаатын! Хата кини тойон оҕото эбит дии! Бастыҥ барыта кинилэргэ тиксиэхтээх! Көрөөрүҥ-истээриҥ: биһиги бары «производство – үрдүк үөрэх» диэммит, ыанньыксыттыы хаалыахпыт, оттон кини тута үрдүк үөрэххэ киириэҕэ! – Таня санаатын аһаҕастык эттэ.
– Лиза-а, Лиза-а! Күүт эрэ!
Петя кыыс кэнниттэн сырыста. Лиза хайыһан да көрбөккө сүүрэр икки, хаамар икки былаастаан баран иһэрин уол ситэн ылла.
– Лиза-а! Уоскуй, улахаҥҥа уурума! Оҕолор айдааран баран тохтуохтара. Ханнык эрэ путевка туһуттан айдаардахтарын! Мин барыахпын олох баҕарбаппын. Итэҕэйэҕин? – Петя кыыһы санныттан кууһан ылла.
– Тоҕо, тоҕо да итинник быһаардылар?! Мин эмиэ баҕарбаппын! Ити Таняны ыыттыннар! Мин эмиэ аккаастаныам! Иккиэн барымыах! Оо! Хайдах мин итини тута өйдөөбөтөхпүнүй?! Ыл, сип-сибилигин дириэктэргэ киириэх! Мин аккаастыыбын диэм! – Лиза тута быһаарынан өрүкүйэ түстэ.
– Саамай сөп! Наһаа да маладьыаскын!
Кыыс ытыыра тохтоото, санныттан ыар сүгэһэр түспүккэ дылы буолан, саҥа таһааран күллэ. Сиэттиспитинэн оскуолаларын диэки сүүрдүлэр. Кылаас чааһа саҥа бүппүт. Кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна дуоскатын сото турар.
– Биһиги иккиэн путевкаттан аккаастанабыт! – аан айаҕыттан хаһыытаабытынан Лиза биирдэ кылаас ортотугар баар буолла. – Оннук буолбат дуо, Петя?
– Чахчы!
– Эс, хайдах иккиэн аккаастаныаххытый? Иккиэҥҥититтэн хайаҕыт эмэ син биир барыахтаах. Итиччэ путевка тиксибитин кэннэ. Бээ эрэ, эһиги миигин манна күүтүҥ. Мин дириэктэргэ киирэ сылдьыам, – диэн баран, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйан учууталлара кылаастан тахсан барда.
Уоллаах кыыс, улахан кыһалҕаттан төлөрүйбүт дьон быһыытынан, үөрэ-көтө күө-дьаа кэпсэтэ олордулар.
– Мин оҕолортон наһаа да хомойдум. Киһини буруйдаабыттара эчи түргэнин. Ол путевканы мин көрдөөн ылбыппар дылы. Мин эмиэ туйгун үөрэхтээҕим иһин, үөрэх дьаһалтата ыыта сатаатаҕа! Ити Таня дьүөгэм курдук этэ дии. Ис дьиҥэ хайдаҕа дьэ көһүннэҕэ! Уонна кинини кытта доҕордоһон да бэрт! Ити кини миигин оҕолору утары соруйан туруорда. Наһаа ынырык кыыс дии?
– Таня наар тугу саныырын уот харахха этэр. Ол иһин киирэн биэрэр. Оттон оҕолору кытта мин кэпсэппитим. Уолаттар эн буруйа суоххун өйдөөбүттэрэ. Оттон кыргыттар – наһаа уустук дьоҥҥут!
Сотору учууталлара оскуола кураанахсыйбыт көрүдүөрүн устун хобулугун тоһугуруур тыаһа иһилиннэ. Кылаас аанын эрчимнээхтик аспытыттан сэрэйдэххэ – кыыһырбыт. Кылгас куударалаах баттаҕын түргэн-түргэнник өрүтэ анньымахтаат, кэлэн оҕолор аттыларыгар турар олоппоско олордо. Кыһыл кырааскалаах тыҥырахтарынан остуолу тоҥсуйталаата.
– Дириэктэр боппуруоһу олус сытыырхатымаҥ, оройуон таһыгар айдаан таһаараары гынаҕыт дуо диир. Онон ити боппуруоска хат эргиллибэт үһүбүт. Лиза, эн бараҕын! – кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, учууталлара бэйэтин остуолугар тиийэн олордо, бэрэбиэркэлии олорбут тэтэрээтин ылла.
* * *
Сайын кэлэн иһэр сибикитэ биллэн, сылаас сатыылаата. Кыстык кэнниттэн дьон олбуордарын ыраастаналлар, сайыҥҥа оргууй үктэнэллэр. Киэһэтин бөһүөлэк түптэ буруотун минньигэс сытынан туолар.
Киинэҕэ сылдьан баран, Петя Лизатын дьиэтигэр атаарда. Дууһатыгар чэпчэки, ыраас, эгди. Кини этигэр-хааныгар күнтэн күн күүс эбиллэргэ дылы. Сүрэҕэ үөрүүнэн туолан, уол хааман иһэн кылыйталыыр. Эдэр киһи эрчимэ батарбакка, аанын тэлэччи аһан дьиэтигэр киирдэ. Тута алаадьы ураты алыптаах сытын ылан, өссө үөрдэ.
– Ийэ-э, алаадьылаабытыҥ олбуортан биллэр! – диэбитинэн куукунаҕа ойон киирбитэ, ыалдьыт баар эбит. Таня ийэтин кытта чэйдии олороллор. Уол соһуйан тылыттан матта.
– Ээ, бу Таня кэлэн алаадьылаан абыраата. Мин ииспин бүтэрэ сатаан олох бокуой булбаппын. Эдэр оҕо диэтэххэ, асчыта диибин диэн! Олорон чэйдэ ис.
Ийэтэ үөрбүт ахан, сыыдам сыыдамнык уолугар хортуоппуйдаах эти кутта.
– Бу хортуоппуйу Таня хаҕылаан, аспыт түргэнник буста. Ыл, аһаа!
– Ээ, суох. Мин ыалга аһаан кэллим.
Петя сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саҥата суох хоһугар киирэн хаалла.
– Варвара Федоровна, мин ис санаабын эйиэхэ аһыахпын баҕарабын, – кыыс эмискэ сибигинэйэн саҥарда. – Мин… Мин Петяны таптыыбын… Сэттис кылаастан быһа. Кинини кытта бииргэ сылдьаары хайыһарынан дьарыктанабын. Саатар көрөөрү… Оттон кини… Кини миэхэ олох наадыйбат… – Таня хараҕа уунан туолла.
– Миигин сэрэйбэтэ, билбэтэ буолуо диигин дуу? Маҥнайгы таптал – саамай истиҥ иэйии. Ол эрээри оҕо сылдьан таптаабытыҥ сотору умнуллуо. Атын уолу көрсүөҥ. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар дьон, олоххут иннигэр. Оттон Петя анала атын. Билэҕин дии… – ийэ кыыһы аһынан сымнаҕастык саҥарда.
– Мин санаабар, кини Лизаны аҥаардастыы таптыыр. Оттон Лиза бэйэтин эрэ билинэр. Наһаа мааны, атаах кыыс! Сайын биһигини кытта биирдэ эмит окко сырытта дуо? Суох! Биһиги сайыны быһа наар үлэлээн тахсабыт, оттон кини дьонун кытта соҕуруу сынньанар. Тойон оҕото буоллаҕа! Петя хараҕа сабылла сылдьар! – били сибигинэйэ олорбут кыыс аны кыыһыран-тымтан туран кэллэ.
– Оргууй саҥар! Петя истиэ! Эн кыыс оҕо кыыс курдук намыын, наҕыл соҕус буолуоххун. Таҥаскын-сапкын да көрүнүөҥ этэ. Быйылгы ыһыахха тугу кэтээри сылдьаҕын?
– Ээ, мин онно эрэ наада буолбаппын!
– Суох, инньэ диэмэ. Уолаттар мааны кыргыттары көрөллөр! Эн миэхэ таҥас ылан биэрдэххинэ, мин эйиэхэ наһаа үчүгэй сайыҥҥы былаачыйа тигиэм. Ыһыахха уһун солко былаачыйа кэтиэҥ этэ. Кыыс да кыыс буолуоҥ!
– Суох, мин таҥас атыылаһар харчым суох. Эдьиийим биэнсийэтигэр олоробут дии, – кыыс умса көрөн саҥата суох барда.
– Чэ, буоллун, миэхэ таҥас көстүөҕэ. Ыһыахха дьахталлар сакаас бөҕө биэрэн эрэллэр. Мин эйиэхэ тигиэҕим! – дьахтар кыыһы аһынна.
Аһынымына даҕаны. Тулаайах хаалбыт кыыһы ырааҕынан аймаҕа дьахтар иитэ ылбыта. Кини уончалаах кыыс атын оройуонтан кэлбитэ. Кырдьаҕас эдьиийин кытта иккиэн олороллор. Балбаара кыыһы наар маҕаһыыҥҥа килиэп, үүт ылаары уочараттыы турарын көрөр. Мөлтөх таҥастаах-саптаах кыыһы өрүү аһына саныыр. Билигин, улаатан, киһи эрэ хараҕа хатанар кыыһа буолбут. Сырдык хааннаах, саһарчы көрбүт киэҥ харахтаах, үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх. Балбаара санаатыгар, кырачаан уҥуохтаах, хатыҥыр Лизаттан таһыччы ордук курдук.
– Тоойуом, таҕыс, кэлэн аһаа. Таанньаҥ барда.
– Таанньаҥ буолан! Ийэ, эн хайдах билбэт киһигин итинник чугаһатаҕын? Олох өйдөөбөтүм.
– Хайдах билиэм суоҕай? Эйигин сырсан да биэрээхтиир. Оҕобун сөбүлүүр кыыһы хайдах чугаһатыам суоҕай? Ити наһаа үчүгэй кыыс, дьиҥэр. Хаһаайыстыбаннай. Манна бүгүрүтүк туттан-хаптан алаадьылаан элээрдибитин көрүөҥ этэ. Биир бэйэм итинник кийиити олох сириэм суоҕа этэ! – дии-дии дьахтар уолун хаадьылаан күллэ.
* * *
Петя кылааһын оҕолорун салайан от үлэтигэр бэлэмнэннэ. Сотору-сотору сопхуос мунньаҕар ыҥырыллар. Оҕолорго сайын устата 200 туонна оту туруорарга сорудахтаатылар. Онон биригээдэтин дьонун муһар, үлэлиир тэриллэрин булар, астарын-үөллэрин маҕаһыын ыскылаатыттан ылар. Таня кыыс хата көмөлөһөн абырыыр. Онон ас-үөл боппуруоһун киниэхэ сүктэрдэ. Бүгүн эмиэ хонтуора олбуоругар уолаттарын кытта хотуурдары, кыраабыллары өрөмүөннээри муһуннулар. Үлэлэрин быыһыгар кэпсэтэн-ипсэтэн, өрө тэбинэн тустан да ылан, үлэлээн күйгүөрэ сырыттахтарына, Лиза тиийэн кэллэ. Муус маҥан кылгас сарапааннах, үрүҥ сэлээппэлээх, хобулуктаах түүппүлэлээх кыыс хайдах эрэ отчут-масчыт дьон ортотугар сөбө суох маанытык көһүннэ. Муода сурунаалыттан түспүт курдук кэрэ кыыһы көрөн, уолаттар тылларыттан маттылар.
– Лиза-а! – Петя үөрэн мичилийэн кыыска сүүрэн кэллэ.
– Мин… мин… этэрдээхпин, – Лиза саҥата иһиттэн нэһиилэ таҕыста. – Биһиги көһөр буоллубут. Аҕабын Дьокуускайга үлэҕэ анаабыттар.
– Онтон оскуолаҕын хайдах бүтэрэҕин?
– Куоракка сахалыы оскуола баар. Докумуоммун туттарбыттар. Онон барыта быһаарыллыбыт.
– Оттон, оттон… мин? Эн?
– Петя, эйигинэ суох хайдах олоруохпун билбэппин. Истээт, бу эйиэхэ сүүрэн кэллим. Дьонум миэхэ кэпсээбэккэ сылдьыбыттар.
– Лиза, хаал! Манна эбээҥ баар дии! Киниэхэ олорон оскуолабын бүтэрэбин диэ! Манна эн кыһыл көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэриэҥ дии. Оттон куоракка туйгуннар эрэ элбэхтэрэ буолуо, онно тиксэриҥ биллибэт. Инньэ диэххэ наада!
– Хата, ити сөпкө эттиҥ! Хайдах бэйэм да өйдөөбөтөхпүнүй? – кыыс үөрэн сирэйдиин сырдаата. – Билигин бараммын ийэбинээн кэпсэтиэм.
Лиза улахан соруктаах киһилии дьиэтигэр сүүрэн тиийдэ. Икки этээстээх үрүҥ кырааскалаах тутууну дьон «райкомнар дьиэлэрэ» диэн ааттыыр. Манна баартыйа райкомун үлэһиттэрэ олороллор. Кыбартыыратыгар ойон киирдэ. Атаҕын таҥаһын устан, ыксаан тапочкатын да кэппэккэ көбүөрүнэн тэлгэнэ сытар көрүдүөр устун куукунаҕа ыстанна. Ийэтэ бэрэски оҥоро олорор.
– Ыл, илиигин сууна охсон кэл, бэрэскитэ оҥорус. Бүгүн ыалдьыттар кэлэллэр.
– Эмиэ дуо? Күн аайы бырааһынньык!
– Бу да кыыс тылын! «Проводина» оҥорор буоллахпыт дии. Биһиги табаарыстарбыт элбэхтэр. Сааспыт тухары олорбут сирбититтэн көһөбүт. Саныахха эмиэ да ыарахан…
– Оннук буолумуна! Мин мантан барыахпын, оҕолорбуттан арахсыахпын баҕарбаппын. Мин хаалан оскуоланы манна бүтэриэм. Эбээни кытта олоруом. Каникул аайы куоракка барыам. Хайа, уонна ол куоракка кыһыл көмүс мэтээл биэрэллэрэ биллибэт. Биир эрэ сыл хаалбытын кэннэ көһөр олох сыыһа! – Лиза кутан-симэн кэбистэ.
– Ол-бу буолбаккын! Эйигин манна хаалларбаппын! Истиэхпин да баҕарбаппын! Куоракка да үчүгэйдик үөрэниэҥ. Оскуола дириэктэрин кытта аҕаҥ кэпсэппитэ. Төрүөтэ, хата, ити хаайыылаах уола диэ! – кырааскалаах хааһын түрдэһиннэрэн, ийэтэ кыыһыран-тымтан турда. – Лизочка, киһи дабылыанньатын эмиэ таһаараары гынныҥ! Ити туһунан миэхэ уонна этимэ! Бачча бырааһынньык буолаары турдаҕына кыыһырдыма ийэҕин.
– Ийэ-э, киһини олох истибэккин! Эн хаһан даҕаны миигин өйдөөбөккүн! Аҕабыттан ыйытыам оччоҕо! – диэн баран кыыс кыыһыран, куукунаттан тахсан барда.
Киэһэ ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ, Лиза хоһуттан тахсан, аҕатын аттыгар кэлэн дьыбааҥҥа олордо. Ийэлэрэ куукунаҕа иһит сууйара иһиллэр. Нина кэлин санаата көнньүөрэн ахан сылдьар. Дьэ, кини баҕарбыт санаата туолла! Кэргэнин улахан дуоһунаска анаатылар. Куорат киинигэр саҥа дьиэҕэ улахан кыбартыыра биэрэллэр үһү. Кини киэҥ сиргэ тиийэн тыйаатырга сылдьыа, бэйэтин курдук үрдүк таһымнаах дьону кытта алтыһыа. Бу тыа сиригэр уһуннук да олордулар. Кини куорат таһынааҕы бөһүөлэктэн төрүттээх буолан, бу ыраах тыа сиригэр тыына-быара ыгыллан да олордо. Маҥнай утаа учууталлаан иһэн, оҕобун, дьиэбин-уоппун көрөбүн диэн тохтообута. Онон дьиэтин сууйар-тарыыр үлэлээҕэ. Тыа сиригэр ханна сылдьыаҥый? Киинэҕэ баран кэлиэҥ. Сайын аайы соҕуруу сынньанар буоланнар, өссө тулуйан олордо.
– Аҕа-а, мин манна оскуолабын бүтэриэхпин баҕарабын. Хайдах маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта тэҥҥэ үөрэхпин түмүктүөм суоҕай. Мин куорат оскуолатыгар олох үөрэниэхпин баҕарбаппын! Хайдах эрэ оҕолор буолуо, ол куораттар.
– Барыта быһаарыллан турар ээ, чыычааҕыам. Онно баран эн куорат саамай үчүгэй оскуолатыгар үөрэниэҥ. Үөрэххэ киириэҥ иннинэ куорат күүстээх учууталлара эрчийиэхтэрэ. Москуба үрдүк үөрэҕэр киирэр уустугун бэйэҥ билэҕин. Онон уһуну-киэҥи саныах тустааххын, – Иван Гаврильевич сымнаҕастык эрээри киһи утарбат гына санаатын эттэ.
– Эһиги миигин олох өйдөөбөккүт… – эрэ диэтэ Лиза уонна халаатын сиэҕинэн иэдэһинэн сүүрбүт хараҕын уутун сотунна.
– Хайдах өйдүөм суоҕай? Мин барытын билэ-көрө сылдьабын. Петя үчүгэй уол. Эйигин дьиҥнээхтик таптыыр буоллаҕына, күүтүөҕэ. Тапталы арахсыынан тургуталлар эбээт. Истиҥ иэйии буоллаҕына, араҕыстахха даҕаны өлбөт-сүппэт. Ыраах да сылдьан тапталларын таҥнарбатах элбэх дьону билэбин. Истиҥ иэйии эмиэ бириэмэни эрэйэр. Эһиги дьолгутун ыксатымаҥ, сыһыаҥҥытын тургутан көрүҥ. Барыта кэмигэр кэлиэҕэ, – диэн баран, аҕа кыыһын кууһан ылан төбөтүн оройуттан сыллаата.
Лиза ити кэпсэтии кэнниттэн арыый да уоскуйда. Эмиэ да сөпкө этэр курдук. Биир сыл түргэнник элэстэнэн ааһыаҕа. Каникул аайы кини эбээтин көрсө таарыйа манна кэлиэҕэ. Ити санаатыттан кыыс эгди буолла. Куукунаҕа киирэн, ийэтигэр көмөлөспүтүнэн барда.
Аҕыйах хонугунан Ивановтар Дьокуускайга айаннаабыттара. Ийэлэрэ «Лиза «Артекка» барыан иннинэ өссө хомунуохтаах» диэн ыксатан, бэрт тиэтэлинэн көспүттэрэ. Лиза барар күннэрин хайа сатанарынан уһата сатаабыта да, күн-дьыл обургу тугу билиниэ баарай? Петятынаан арахсар күннэрэ субу тиийэн кэлбитэ.
– Петя, суруйаар. Мин эйиэхэ аадырыспын ыытыаҕым. Мин күн аайы эйиэхэ суруйуом. Эн эмиэ…
– Тыый, туох диэн эттэҥий. Күн сарсыҥҥыттан эн суруктаргын кэтэспитинэн барыам! Лиза, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын. Эйигиттэн күндү киһи миэхэ суох. Ону умнума. Мин таптыырбын наар өйдүү сырыт.
– Мин эмиэ… Эйигин таптыыбын… Атын сиргэ эйигинэ суох баран олорорбун санаатахпына, хайдах да буолуохпун билбэппин.
– Доҕоруом, ытаама. Эн ытыыргын олох тулуйбаппын. Бөлүүн арахсар күммүтүн санааммын, тыыным кылгаабыта. Эн мантан бардаххына, миэхэ тула кураанахсыйа түһүө.
Петя кыыһын мөссүөнүн умнубаттык өйүгэр хатаары тонолуппакка көрөн турда. Онтон оргууй иэдэһиттэн сыллаан ылла. Лиза төбөтүн уол түөһүгэр ууран саҥата суох турда. Кинилэр симик тапталларын үргүтүмээри, симэниэҕинэн симэнэн турар хойуу лабаалардаах хатыҥ сэбирдэхтэрин биллэр-биллибэттик оонньото турда…
* * *
Сайыҥҥы күн-дьыл түргэнник күрэннэ. От үлэтин айдааныгар Петя кэм-кэрдии олус сыыдамнык ааспытын билбэккэ да хаалла. Быһыыта, сайын аайы Лизата суох дойдутугар от-мас үлэтигэр сылдьарга үөрэммит буолан, кыыһы улаханнык суохтаабата. Эдэр дьон үлэни да, үөрүүнү-көтүүнү да көҕүлүттэн тутан, атын хос кыһалҕата суох күннээҕи түбүгү үмүрүтэн сүрдээх үчүгэйдик сайылаатылар. Отторун үлэтин бүтэрэн, кыайбыт-хоппут дьон ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр кэллилэр.
Петя от үлэтигэр буһан-хатан, дьонун ахтан, үөрүү көтөллөөх аанын эрчимнээхтик аһан киирдэ. Уол дьиэтин салгына уратытык тыҥаабытын тута сэрэйдэ.
– Мин кэллим! – диэбитинэн хоһу өҥөйдө. Ийэтэ оронугар сытар. – Тоҕо сыттыҥ? Ыарыйдыҥ дуо?
– Ээ, суох… Тоойуом, эн кэлэ оҕустуҥ дуо? Мин, мин бу… – диэн баран, хараҕын уутуттан илийэн, кумаланан хаалбыт кумааҕыны уунна.
Уол ийэтин аттыгар турар олоппоско «лах» гына олордо. Долгуйан салҕалас буолбут илиитинэн суругу ылан аахта.
– Дьаабы да киһи! Бу аата тугуй? Саатар бэйэтэ да суруйбатах! Куттас! – Петя ис-иһиттэн аҕатыгар кыйаханан, ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата. – Ийэ-э, эн тоҕо ытыыгын? Ытаама! Биһиги онто да суох аҕабытын сүтэрбиппит ыраатта буолбат дуо? Кини туһуттан хараҕыҥ уутунан суунума. Биһиги аҕата суох улааттыбыт. Билигин кэлэн кини туохха нааданый?! Арыгылаан эйигин эрэйдиэ эрэ этэ. Хата, кэргэннэммитэ биһиэхэ өссө ордук. Олордун бэйэтин олоҕунан!
– Петя, эн ити ис сүрэххиттэн этэҕин дуо? Мин буоллаҕына эһигини хайдах ылыныахтарай диэн санаарҕаабытым… Быйыл «поселениеҕа» таһаарбыттар. Онно олорон ити булсубуттар. Ол да иһин суруга мэлийбит эбит. Олоҕун оҥосто сырыттаҕа… – дьахтар ыараханнык өрө тыынна.
– Мин эйигин кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа. Наар бииргэ сылдьыахпыт. Оскуолабын бүтэрэн баран үөрэххэ барыам, үлэһит буолуом. Лизабын кэргэн ылыам! Уонна бары бииргэ олоруохпут!
– Ии, оҕом барахсан кэлбитиҥ тугун үчүгэйэй! Тута санаам көннө. Хата оҕобор билигин бэрэски астыам.
– Суох, ийэ, түбүгүрүмэ. Ол оннугар мин соркуой буһарыам. Оттон Люда кэлэ илик эбит дии. Быйыл хойутаабыттар.
– Эс, чыычааҕыам, бэрэским таһаарыыта бэлэм. Бэҕэһээ көөнньөрө уурбутум. Онон астыам.
Петя бу күннэргэ ийэтин санаатын көтөҕөөрү, барбакка-кэлбэккэ дьиэтигэр олордо. Хата ол олорон Лизаттан кэлбит суруктары хат-хат аахта, сылайбакка күннээҕи олоҕун туһунан тапталлааҕар суруйда. Лиза олус үчүгэйдик «Артекка» сынньаммыт. Саҥа сири-дойдуну көрөн, муораҕа дуоһуйа сөтүөлээн абыраммыт. Элбэх доҕордоммут. Бэл диэтэр, Венгрия, Чехословакия кыргыттарын кытта билсибитин, хайыы сахха суруйсан эрэллэрин астына кэпсээбит.
«…Мин эйигин наһаа суохтуубун. Арахсыбыппыт баара-суоҕа үс ый эрэ буолла. Ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Өссө бүтүн биир сылы хайдах тулуйабын? Эн суруктаргын хос-хос ааҕабын. Оччоҕо санаам чэпчиир…»