Читать книгу Тыллыы - Мария Андреева - Страница 1
Тарбачыс
ОглавлениеМин Мария Андреева айар үлэтин, хоһооннорун кини саха поэзиятын алааһыгар саҥа киириэҕиттэн кэтээн көрөбүн. Мария эдэрдэр хас да мунньахтарыгар, сэминээрдэригэр сырытта, ырытылынна, бэлиэтэннэ даҕаны, кыратык кириитикэлэннэҕэ да буолуо.
Литератураны олоҕун тутаах дьыалатынан ааҕар киһи суруйар, айар эйгэттэн арахсыбакка, олус инники күөҥҥэ да буолбатар, мэлдьи чугас истэ, көрө, иҥэринэ сылдьара кэлин олус улахан суолталанар. Бука, ити кэми нууччалыы «ученичество» дииллэрэ буолуо. Мария Андреева ити кэрдиис кэми дьоһуннаахтык ааста. Бэйэтэ киһи быһыытынан олус холку майгылаах, кыраттан ымыттыбат, өрүкүйбэт идэлээх. Ол холку көрүҥ ардыгар күүстээх иэйиилэри, имэҥнээх этиилэри, олоҕу мындырдык анаарыыны кистэнэрэ биллэр, көстөр.
Бастаан утаа кини хоһоонноро элегическэйдэр, туораттан көрөн олорордуу холкулар. Ол эрээри, итиннэ саха дьахтарын олоҕу көрүүтэ кистэнэр. Мария Андреева мындыр, наада буоллаҕына кытаанах, үөрүүнү да сатаан үллэстэр, чаҕылыйа кыыһар күүстээх саха кыыһын, дьахтарын уобараһын итэҕэтиилээхтик ситимнээн таһаарар. Кини дьоруойа «күн кутаата, ый суһума ыпсыһар ыырдарынан» сылдьар, «мэник уоланныын-ардахтыын» аргыстаһар, «сэбирдэҕинэн саптыбыт сөрүүн киэһэлэри» болҕойор, «сулумах сулустары» кытта сипсиһэр. Хас биирдии устуруокаҕа сонун, саҥа уобарас!
Мария Андреева поэзията тутул өттүттэн ураты, туспа. Кылгас хоһооннору суруйар олус уустук. Тэттик формаҕа санааны, иэйиини батарыахха, киллэриэххэ, тыынныахха наада. Ону Мария кыайа тутар. Бу атын омук поэзиятын үтүктүү буолбатах, бу аныгы саха дьахтара олох тэтимин бытаардан, үтүөтүн сомсор түгэннэрэ…
Кини биир кылгас хоһоонугар:
Бэҕэһээ хаар, бүгүн ардах,
Бириэмэ көтөр олус үлүскэнник.
Тарбачыһыах.
– диэбит. Ити тыллары мин бүгүн Мария Андрееваҕа бэйэтигэр аныахпын баҕарабын. Кытаат, үлэлээ, ай, тарбачыс!
Алгыһы кытта, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева