Читать книгу Пробуждение. Стихотворения и поэмы / Уһуктуу - Михаил Иванов - Страница 44
Аар хатыҥ
ОглавлениеБиир киэһэ дьаарбайа сылдьаммын
Бөһүөлэк килбэйэр киинигэр
Аар хатыҥ турарын көрүстүм,
Ааспыты ахтыстым кинилиин.
Аан бастаан билсиспит эбиппит
Түөрт уон сыл аннараа өттүгэр:
Эн – мааны хатыҥчаан үүннэриҥ,
Мин – эдэр устудьуон уол этим.
Үгүс да саҥыйах кэттэҕиҥ
Үрүҥ хаар үрдүгэр үллүктээн,
Силбиги – силлиэни биллэҕиҥ
Сэллээбэт ардахтар илитэн.
Барытын билиммэт кэриэтэ
Билигин да эн олус кэрэҕин,
Сайыммыт кэлбитин бэлиэтэ
Суһумнуур сиэдэрэй симэҕиҥ.
Күн уотун сарыала аан бастаан
Күөх солко лабааҕын сырдатар,
Кыыс курдук кыыһаҕын кыбыстан,
Кубалыы таһааныҥ куоҕайар.
Сиккиэр тыал эйиэхэ эйэргээн
Синньигэс биилгиттэн кууспалыыр,
Сэбирдэх сүрэхтии ибирдээн
Сып – сылаас иэйиигин туоһулуур.
Күлүккэр нап – нарын хахыйах
Күн диэки көтүөхтүү тардыһар,
Сылайбыт былыттар баттааннар
Сир диэки санньыйбыт эн лабааҥ.
Аар хатыҥ мэлдьитин чэчирээ,
Кырдьаҥҥын кэхтимэ хаһан да,
Бу сиргэ турарыҥ тухары
Ол эдэр устудьуон уол баар буолуо.