Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - Михаил Тимофеев - Страница 14

ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
«Ахтылҕаммын дьэгдьитэ…»

Оглавление

Ахтылҕаммын дьэгдьитэ,

Оторох уйан санааларым

Өрүстэри быһа көтөн,

Ойуур мастарын быыһынан

Үөр чыычаах кэриэтэ,

Оскуолабар тиийэн түһэллэр.

Кырачаан оҕо саастарбыттан

Кыһыл көмүс үөрүүнү

Кынаттарын быыстарыгар

Кыбытынан бараннар

Туллук тобурах үөрүнүү

Төттөрү көтөн кэлэллэр!..


1972

Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3

Подняться наверх