Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор - Сыгыйык - Страница 17
«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»
ОглавлениеЛыҥкынас мин көмүс тапталым
Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
Сүүс араас куоласка ыһылла,
Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
Айылҕам араҕас хараҕын уулара
Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,