Читать книгу Сүрэх ыллыыр - Группа авторов - Страница 3

«Уонна хайаан»

Оглавление

Алексей Егоров-Өркөн

Иван Николаев-Уххан тыллара,

Алексей Егоров-Өркөн мелодията

Мин умайар уоһум сылааһын эн билбэтэҕиҥ,

Мин кууһар илиим куйааһыгар эн сыраллыбатаҕыҥ,

Мин ыралаах сүрэҕим ырыатын эн истибэтэҕиҥ,

Мин иэйэр кутум сыдьаайыгар эн сайдарбатаҕыҥ.

Хос ырыата:


Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,

Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?

Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,

Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?


Мин эйиэхэ талаһыым сүрэхпэр сөҥмүтэ,

Мин эйиэхэ ахтылҕаным түөспэр куулайбыта,

Мин эйиэхэ баҕарыым быарбар умайбыта,

Мин эйиэхэ тапталым тугу барытын тулуйбута.

Хос ырыата.


Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,

Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?

Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,

Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?


Сүрэх ыллыыр

Подняться наверх