Читать книгу Сүрэх ыллыыр - Группа авторов - Страница 6

Чуумпуга

Оглавление

Альберт Михайлов

Виктор Хон-Омук Уолун тыллара,

Альберт Михайлов мелодията

Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,

Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.

Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:

«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.

Хос ырыата:


Туолбут ый биһиэхэ имнэнэр курдуга,

Хас биирдии сулустар эйэргии көрөллөр.

Иһийбит чуумпубут иллээхтик кууспута:

«Эһиги эрэ бу сиргэ иккиэҕит», – диэбитэ.


Үөһэнэн былыттар оргууйдук усталлар,

Туус маҥан хоптолор наҕыллык дайаллар.

Нуктаабыт иирэлэр сипсиһэр курдуктар,

Ахтыспыт сүрэхтэр биир тэҥҥэ тэбэллэр.

Хос ырыата:


Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,

Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.

Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,

Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.


Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,

Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.

Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:

«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.

Хос ырыата (2 төгүл):


Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,

Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.

Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,

Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.


Сүрэх ыллыыр

Подняться наверх