Читать книгу Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов - Страница 10
ТҮГЭХ ТҮӨЛБЭ ТҮБЭЛТЭЛЭРЭ
Көстүбэт күүстэр уйалара
ОглавлениеСахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай арыый да аҕа саастаах Бааскабыт кэннин хайыһан көрбүтүгэр түннүккэ дьахтар турар курдук көстүбүт. Биһиги ону отой да итэҕэйбэтэхпит, Баасканы сымыйалыыр, куттуу сатыыр диэбиппит, онтон төннө сылдьыахха диэн хаайбытыгар сөбүлэһэммит эмиэ кэлбиппит. Хата, күн киирэ илик этэ, улахан дьон этэринэн, туох баар абааһылар күннээххэ көстүбэттэр диэн. Ол төннөн көрбүппүтүгэр түннүккэ ис өттүттэн илии суола баар курдуга, Бааска эппитин, дьэ, итэҕэйэн, дьиэбит диэки сүүрбүппүт.
Ол сайын биһиги дэриэбинэбитигэр эдэр ыал үлэҕэ ананан көһөн кэлбит. Эр киһи Киргиэлэй, инженер дуу, электрик дуу быһыылааҕа, кэргэнэ кыра оҕотун көрөн олорор дииллэрэ. Олохтоох дьон: «Бу дьиэттэн атын сыантырга өссө биир кураанах дьиэ баар, онно олоруҥ, бу дьиэҕэ дьон олорботоҕо олус ыраатта», – эҥин диэн таайтаран этэ сатаабыттарын эдэр киһи истибэтэх. «Ээ, манна чуумпуга ойуур саҕатыгар үчүгэй, үлэбиттэн да чугас, бэрт!» – диэбит. Онтон күһүөрү сайын истибиппит, Киргиэлэй кэргэнэ оҕотун илдьэ дойдутугар барбыт. Сурах иһиллибитинэн, күнү быһа дьиэҕэ оҕотун көрөн олорон, дьон саҥатын истэр эбит, өссө хаста даҕаны күлүк курдуктары көрөн олус куттаммыт. Куһаҕан тыын баарын этэ сатаабытын кэргэнэ отой итэҕэйбэтэх уонна ол дьиэҕэ соҕотоҕун олорон хаалбыт.
Киргиэлэй дьоно барбыттарын кэннэ, хас да күн арыгылаабыт, бииргэ үлэлиир дьонугар: «Мин олорор дьиэбэр өлө итирик эрэ киһи холкутук утуйан турар дьиэтэ», – диэбит. Дьиэҕэ дьон саҥата, сороҕор хаһыы иһиллэр, миэбэли сыҕарытар тыас эмиэ баар эбит.
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сахаяна Лопатина