Читать книгу Платон Ламутскай. Нимкакич - Группа авторов - Страница 30
На сайте Литреса книга снята с продажи.
Нимкакич 1
«Итинник сорудах кэнниттэн…»
ОглавлениеИтинник сорудах кэнниттэн
Олоруох бокуой кэлиэ дуо?!
Уучах кыыл тыынынан
Сүүрдэн эргийэ оҕустулар.
Уолаттар кэлэ охсоннор
Аҕаларын тула олордулар.
Кэһиилээх матаҕа тутан
Аҕаларыгар үҥүлүттүлэр.
Уонна кини тылын күүтэн
Аҥаһан аххан олордулар.