Читать книгу Платон Ламутскай. Нимкакич - Группа авторов - Страница 39
Нимкакич 1
«Кинилэр эрэйдээхтэр…»
ОглавлениеКинилэр эрэйдээхтэр
Быстан-ойдон тиийэн,
Амар Сэрэндьэтин,
Эгдьэн6 нам Сэлэнгэтин,
Лами күөл кытылын,
Өлэньэ Босагандьатын
Сир-дойду оҥостоннор,
Хара тыатыгар бултааннар,
Далай уутугар балыктааннар
Киһи-хара буолбуттара.
Оччоҕо эрэ
Өстөөх күөнүн утары
Үҥүү-батас көрсөр кыахтааҕа.
Ол күүһүн өҥө оҥостон,
Хас да үйэлэргэ өнүйэн,
Тигинээн олорбуттара.
6
Эгдьэн – улахан.