Читать книгу Дойду ахтылҕана - - Страница 3
АЙМАХ ДЬОНУМ
(1949–1954)
ОглавлениеПАРТИЯ ТУһУНАН ЫРЫА
Күөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэ
Өлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр,
Колхозтаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдуга
Өрүүтүн биир ырыа дьиэрэйэр.
Сүрэхтэн тахсаллар ол ырыа тыллара,
Ырыаҕа партия туойуллар.
Аан дойду билбэтэх махтала, таптала
Этиллэр ол ырыа тылыгар:
– Уйгулаах олоххо, бу дьолго, көҥүлгэ
Коммунист партия тиэрпитэ,
Баттанан олорбут сахаҕа, эбээҥҥэ
Кэхтибэт кэскили биэрбитэ.
– Туойуоҕуҥ, сахалар, кыайыыттан кыайыыга
Тиэрдээччи партия сирдьити,
Мэһэйтэн иҥнибэт, ыардартан чаҕыйбат
Коммунист дуулаҕа кэккэтин.
Кылбаарар кыыс кэрэ Өлүөнэм биэрэгэр
Ол ырыа сатарыы дуорайар.
Колхозтаах хочобор ол көҥүл сахалар
Партия сирдьити туойаллар.
НУУЧЧАЛЫЫ МИН БИЛИИМ
Я русский бы выучил только за то,
что им разговаривал Ленин.
В. Маяковский
Мин сахабын.
Мин ырыам
Сахалыы
Сатарыыр,
Баай тыл – мин тылым,
Ол эрээри ардыгар…
(Ардыгар, атастар)
Дьадайар,
Тардыастыыр.
Оччоҕо дууһабар
Оргуйар санаабын
Нууччалыы тобулан,
Толорон туойабын,
Нууччалыы
Баай тыллаах буоламмын.
Долгуйбут дууһабар
Нууччалыы чочуллан
Номоҕон дорҕооттор
Тохтоллор,
Сахалыы
Сатарыыр туһугар!
Мин ырыам
Сахалыы
Сатарыыр,
Нууччалыы
Мин тыллаах буоламмын,
Аан дойду үөрэҕин,
Аан дойду талаһар баҕатын
Барытын истэбин,
Барытын билэбин,
Нууччалыы
Тыл баайдаах буоламмын.
Нууччалыы
Саҥарар буоламмын,
Доҕордуу дьоннордуун,
Негрдиин, маврдыын –
Сүүс араас омуктуун
Сүбэбин холбуубун,
Сүрэхпин холбуубун.
Нууччалыы
Саҥарар буоламмын,
Аан дойду көй үгүс
Эйэни көмүскүүр дьонунуун
– МИР! – диэммин билсэбин. –
– Миру – мир! – дэһэбин.
Нууччалыы
Мин тыллаах буоламмын,
Аан дойду эйэлээх дьонноро
Өйдүүллэр мин тылбын.
Нууччалыы мин тылым –
Мин улуу Ийэ дойдум
Сүүс быраат холбоспут,
Сүүс омук кэргэнэ
Охсуһар, үлэлиир,
Кэпсэтэр баай тыла,
Партия норуоттуун,
Аан дойду дьонунуун
Кэпсэтэр күн тыла –
Нууччалыы мин тылым!
Күн Ленин нууччалыы
Үөрэтэр, ыҥырар,
Саҥарар баай тылын
Көҥүлгэ тардыһар,
Күн диэки талаһар
Аан дойду биһирии,
Долгуйа иһиллиир.
Нууччалыы мин тылым –
Мин иккис эрчимим,
Мин баайым,
Мин кыаҕым,
Мин өргөс кылааным,
Мин көтөр кынатым –
Нууччалыы мин тылым!
Мин ырыам ардыгар
Нууччалыы чочуллар
Сахалыы
күүстээхтик,
Саҥатык,
эрдээхтик
Сатарыыр туһугар.
ЫРЫАЛАР НААДАЛАР
Поэкка
Оо, поэт, эн ыллаа хабарҕаҥ муҥунан,
Ийэ дойду саҥарар набаата буолаҥҥын,
Биһиги үйэбит аар аатын арбыйан,
Аан дойду сиксигэр тарҕанар хаһыынан!
Уһуга биллибэт уйгулаах дойдубар
Күөрэгэй чыычаахтыы көҥүллүк туйаарар,
Биһиги олохпут мичилэ буоланнар,
Буурҕаны мэҥэстэр ырыалар наадалар!
Трактор көлөлөөх эдэркээн колхозтаах
Күөмэйин муҥунан көтөҕөр ырыата,
Сөрүүн киэһэҕэ сынньанар бөһүөлэк
Уоһуттан түһэрбэт дорҕоонноох ырыата!
Ыанньыксыт дьахтарым чараҥым быыһыгар
Санаатын долгутар сайаҕас ырыата,
Эр-хорсун киһибит охсуһуу уотугар
Күдэҕин көтөҕөр чаҕылҕан ырыата!
Хаарчахтан хаайтарбат, мэһэйтэн иҥнибэт,
Аан дойду сиксигин тыал курдук арҕарар,
Хаһан да эргэрбэт, сир курдук чэлгийэр
Хотойдуу куорсуннаах хоһооннор наадалар!
Кыргыска кырыктыыр, үлэҕэ көҕүтэр,
Кыайыыга кынаттыыр, олоҕу киэргэтэр,
Этиҥтэн эрчимнээх, көмүөлтэн күдэхтээх
Бойобуой ырыалар биһиэхэ наадалар!
Бу ырыа сүрэҕэ, бу ырыа кыната –
Тапталлаах партия норуокка саҥата!
Ырыабыт хас тыла, төлөннөөх эрчимэ
Сылаастык сатардын норуотун сүрэҕэр!
ДЕПУТАТЫ АТААРЫЫ
Долгууса сыарҕаҕа көлүллэн
Турдулар торуойка дьоруолар.
Ыанньыксыт кыратык долгуйар…
Ыанньыксыт айаҥҥа хомунар.
Дьонноро кинини таллылар,
– Депутат буол, оҕобут, – диэтилэр.
Дьокуускай куоракка атаара,
Дьонноро бүтүннүү кэллилэр.
Дьүөгэлэр, ыанньыксыт кыргыттар,
Кинини тулалыы көтөллөр,
Доҕоттор, сылгыһыт уолаттар,
Долгуйа сэмэйдик көрөллөр.
Алаапый эмээхсин алаадьы,
Ас астаан, ыһык диэн аҕалла.
Доропуун «быһытын былаанын»
Туруорсан көрөөр диэн туттарда.
– Оҕобут, этэҥҥэ сырыт, – диэн
Охоноос оҕонньор сүбэлиир:
– Бар дьонуҥ баҕатын билэҕин,
Барытын мунньахха кэпсээр, – диир.
Намыйаан, кыыһынан киэмсийэ,
Наҕыллык, намыыннык мичээрдиир:
– Намчы да сарыннаах киһиэхэ
Үлэхпит үгүһүн баҕас, – диир.
Долгууса сыарҕалаах дьоруолар
Дьоруонан түһэрэн бардылар.
Депутат бэйэтэ салайар,
Депутат кыратык долгуйар.
Өйүгэр үгүс да былааннар,
Сүүс киһи сүбэтэ түмүллэр…
Дьэргэһэ, тэлимнии хааллылар
Тэтиҥнэр, чэпчэки тэтиҥнэр.
ТУУНДАРАҕА
Тугу да тулуппат
муҥутуур буурҕа
Туундара ньуурун
сууйар,
ыраастыыр.
Тыынар тыыннаах
тыын былдьаһыгар куотар,
Ханна эмэ
хаспаҕы булан саһар.
Силлиэлээх туундара оҕолоро бэл
Кылбары маҥан кырсалар кирийбиттэр…
Буурҕаһыт курдук,
буурҕаны быыһынан
Арай ыт көлөлөр
харбаһан истилэр.
Хоһуун айаҥҥа
кинилэри ким ыытта?
Ханна сүүрдүлэр
бу айылаах?
Буурҕаҕа муммакка
ыт көлөлөр
Тиийиэхтэрэ дуо
ол аналлаах,
Кумах куйаарга чокуур тооромоһо
Сүтэрин курдук,
киэҥ туундараҕа
Соҕотох турар тордох ураһаҕа?!
Ким,
ханнык хоодуот сүрэхтээх
Хоһуун хотойдуу айаҥҥа турда?
Кини бу туох
модун күрэхтээх
Тугу эккирэттэ,
туохха дьулуста?
Түргэн сыарҕаҕа бухатыыр буолбатах,
Ыттары тиэтэтэр
кыыс оҕо саҥата.
Намчы бэйэлээх,
наҕыл быһыылаах
Доктор иһэр,
Мария Ивановна,
Нуучча кыыһын талыы нарына.
Кини Москваҕа үөскээбитэ,
Москваҕа үөрэҕин бүтэрбитэ.
Кини
Саха сиригэр кэлэн
Бухатыырдар айаннарын айаннаата,
Сахалары кытары кэргэнниһэн,
Сахалыы саҥарда,
сахалыы ыллаата.
Норуот тапталынан кынаттанан,
Норуот ытыктабылынан күүс салҕанан,
Куттаммат буолла кини буурҕаттан,
Аартыга суох
туундара айаныттан.
Кинини көрсөллөр уһун суолугар
Булчуттар,
табаһыттар,
балыксыттар.
– Табаарыс! – диэн үөрэ тоһуйаллар,
– Уйбаанабына! – диэн ытыктаан
ыҥыраллар.
Ханна эрэ ыраах,
үрэх баһыгар,
Булчут оҕото ыараханнык ыалдьыбыт.
Онно Уйбаанабынаны ыҥырбыттар.
– Абырыа, – дииллэр, – Уйбаанабынабыт!
Тугу да тулуппат муҥутуур буурҕа
Туундара ньуурун
сууйар,
ыраастыыр…
Оҕону быыһаары
Москва кыыһа
Буурҕаны быыһынан
эрдээхтик айанныыр.
СААС
Көмүс сардаҥам түһэн сатыылаата
Сөрүүнүнэн тыынар ийэ буорбар,
Саҥа тыллар ачам салаата
Хамсыы-хамсыы үүнэн барар.
Этиҥ тыаһынан эҥсэн таҕыстылар
Өҥ сонуоктарбар трактордар,
Харыларын ньыппарынан, эдэр дьоннор
Сааһы көрсүһэ салайдылар.
Саһыл сыһыыларга сайаҕас тыаллыын
Сааскы ыһыым күрэҕэ турда,
Күннээх халлааҥҥа үгүс да чыычаах ыллыыр,
Үтүө да күн үүннэ мин дойдубар!
ЫАМ
Үрдүк түннүктээх титииккэ
Ынахтар кэбиннилэр,
Ыан бүтүөххэ тиийбэккэ,
Ньирэйдэр мөҕүстүлэр.
Ньирэй ымсыырбыт хараҕар
Ийэтин минньигэс үүтэ
Ойуулаах ыаҕайа айаҕар
Көнньүнэн күүгэннии сүүрдэ.
Имигэс-имигэстик имитэн,
Наҕыл-наҕыллык тардыалаан,
Ыанньыксыт үөрүйэх илиитэ
Ыаммытынан хойуу үүтүнэн
Ыаҕас-ыаҕаһы толордо.
Араҕас илгэнэн туолан
Турдулар оһуордаах ыаҕастар,
Ыллаан барда аныгы тылынан
Быйаҥ туһунан сэппэрээтэр.
Үчүгэйиэн саппыйа саадьаҕай
Ньирэй тигиилээн ойоро
Ырыа аргыстаах кыргыттардаах
Баай колхоз сайылыгар.
АТ СҮҮРҮҮТЭ
(1948 с. күһүҥҥү сүүрдүү)
Тыһыынчанан одуулуур,
Айманар дьон хараҕар
Саһыл кэрэ, дьаҕыл буулуур
Ат сылгы мөхсө турар.
Ол ат үгүс сүүрдүүгэ
Улуус-улуус ааттаахтарын
Таһыыра суох инникилээн
Тардыылаах диэн аатырбыта.
Бүгүн Тардыылаах аатыгар,
Тардыылаахтыын сырыһыннара,
Оҥорон, чочуйан аҕалбыттар
Уон оройуон ааттаахтарын.
Сыгынньах болгуо быччыҥа
Быыра курдук быыппастыгас,
Сыһыыга сыспай сиэллээҕи
Сыыдамынан сыһыарбатах
Сындыыс диэн Нам ааттааҕын
Сыһыары тутан аҕаллылар.
Ньалака сиэлинэн оонньуу,
Түөрт туйаҕынан охсуолуу,
Кугас тураҕас Сардама
Хончоһуйан таҕыста.
Сылгылар мээрэйдэһэ
Өһөстүк көрсүһэллэр.
Чиччигинии мөхсө иһэн
Биэтэккэ тэҥнэһэллэр.
Былаах түстэ. Буор ытыллар…
Хаҥыл хамсаныылар…
Субурус гынан хааллылар
Оҥочо-куйаар кутуруктар.
Айа кирсинии ууннулар,
Ахсымнык кыырайа ойдулар.
Илин тиийэн иэттэстилэр,
Илин-кэлин түһүстүлэр.
Көрөөччү дьон иһийэр,
Онтон айдаан-ньиргиэр турар:
– Ойоҕолоон эрэр Сындыыс…
– Устатынан атта Сындыыс…
– Таһыыр диэни билэ илик
Тардыылаах таһылынна…
– Сардамаҕыт кимэр эбит…
– Сындыыс тардылынна.
– Бэйи, тохтооҥ, Тардыылаах
Муҥурдана илик… ыраах!
– Кимэн киирэр…
– Эмэн эрэр…
Трибуна силлиэрэр:
– Тиһэх уста, – дэһэллэр.
– Аттар атта…
– Сындыыс холку…
Биэтэк чугаһаата.
Эрчимнээх ураа, ыһыы-хаһыы
Эймэнийэ турдаҕына,
Кутуругунан оонньуу-оонньуу,
Куотан таҕыста Нам ааттааҕа.
Тыһыынчанан ах бара сөҕөр
Дьон хараҕын ортотугар
Республикам тимир көгөччөр
Ааттаах ата оонньуу турар.
Барыта быччыҥ, сындаа, иҥиир –
Мындыр маастар оҥоһуута,
Үрдүк мындаата – тэбэр киил,
Арҕаһа – халлаан кустуга.
* * *
Халлааны хайа суруйар,
Халлааҥҥа тайанан турар
Күлүмүрдэс үрдүк дьиэлэр
Күн тахсыытыгар дьиктилэр.
Мин хаамабын дьон бөлөҕөр,
Бу аарыма тутуулары сөҕө.
Мин дойдубар, Саха сиригэр,
Үүнүөхтэрэ эбээт маннык дьиэлэр.
Соҕуруу устар сэдэх былыттар
Кинилэр чыпчаалларын аалаллар.
Былыттар устубаттар,
бу дьиэлэр усталлар,
Хараабыл буоланнар,
хоту,
мин дойдубар!
* * *
Взгляни на Кремль – и станет легче.
Сильва Капутикян
Быраатым барда…
Соҕотох хааллым
Чаҕылхай Москва биир чуумпу хоһугар.
Тулабар – көр,
уйгу,
таһырдьа үчүгэй,
Оттон мин чуумпуга соҕотох олордум.
Дойдубун санаатым:
Чысхааннаах эрээри,
чаҕылхай халлааннаах,
Тэйиччи эрээри,
бу турар аартыктаах
Дойдубун,
дьоннорбун,
көһүтэр үлэбин.
Ахтылҕан ырыата,
Тэһийбэт санаалар,
Нап-намыын долгуйуу дууһабын
куустулар…
Мин турдум.
Арыйдым сабыылаах түннүкпүн:
…Киэһээҥҥи Москва
иннибэр дьиримниир.
Көҕүтэр күйгүөрэ
муоралыы ньирилиир.
Кремль…
Ол онно улахан дыбарыас
Дьикти сымнаҕас сырдыга сыдьаайар,
Рубин сулустар
Москва үрдүнэн
Ыҥыра, уруйдуу,
көҕүтэ турдулар.
Москва…
Оо, дьикти…
Мин санаам дьэгдьийдэ,
Мин ырыам ыбыста,
ахтылҕан сайҕанна.
Мин биллим
Москва миэхэ кэрэтин,
Мин тоҕо өрүүтүн
киниэхэ кэлэрбин.
МЕТРО ТУТААЧЧЫТА
Искусство оҥоһуутун көрө-астына,
Норуот күүһүн сөҕө-махтайа,
Биһиги турабыт
сир түгэҕин дыбарыаһыгар,
Москва метротун биир станциятыгар.
– Ким бу бэйэлээх күрбэ мыраамары
Сүгэн-көтөҕөн дьаптайбыта буолуой,
Ким уустук хараҕа,
ким нарын тарбаҕа
Ойуулаан-оһуордаан оҥорбута буолуой,
Атах сылайар
бу киэҥ киэлийэлэрин,
Харах саатар
бу килбиэннэрин?!
– Биһиги, – диэтэ
кыһыл бэргэһэлээх,
Куорма таҥастаах контролер
кыысчаан, –
Биһиги оҥорбуппут – комсомольскай
биригээдэ…
Мичээрдии турда
метро тутааччыта.
ПУШКИН ПАМЯТНИГА
Тверской бульвар мастара
Дьикти кэрэлэр, ырыа курдуктар.
Уран тыл аптаах маастара
Улуу Пушкин онно турар.
Кини турар ньургун бэйэтэ,
Нуучча норуотун ытык ыччата.
Өрүү эдэр, өрүү эрдээх,
Өрүү будьурхай баттахтаах.
Кини кырдьыбат айымньылара
Мин дойдубар, Саха сиригэр,
Убай уруйунуу үөрэтэ, ыҥыра,
Сахалыы сатараан тэнийэллэр.
Кинини ааҕан, киниэхэ үөрэнэн
Сахалыы мин ырыаһыт буолбутум,
Ол иһин бүгүн манна кэлэммин
Кинини кэриэстээн сөҥөн турдум.
Уран тыл аптаах маастара
Улуу Пушкин тыыннаах турар.
Тверской бульвар мастара
Дьикти кэрэлэр, ырыа курдуктар.
* * *
Бэҕэһээ улахан үөрэх дьиэтиттэн
Биир студены атаардыбыт
Саха сиригэр.
Москва, ийэ кэриэтэ,
Итиитик да атаарар эбит
Ииппит дьонун:
туох баар
Мөлүйүөн сырдык уоттарынан
Умнуллубаттык сандаарар,
Баҕарбыкка дылы
ол уол бу сырдыгы
Дууһатыгар иҥэрэн
илдьэригэр
Ол ыраах
Саха сиригэр.
Ол уол турда
уон этээс үрдүгэр
Улуу Москвалыын бырастыылаһа:
– Бырастыы, – диэтэ, – иитиллибит
биһигим… –
Киэн туттар долгуйбут куолаһынан,
Уруйдуур курдук, андаҕайар курдук.
Оттон Москва
алгыстаах сырдыгынан
Атаара хаалла
ол саханы.
ЛЕНИН ХАЙАТЫГАР
…Күн төрүүр көмүс хайата…
Саха олоҥхотуттан
Москваҕа Ленин хайатыгар тутуллар
Аан дойду бастыҥ үөрэҕин дьиэтигэр
Мин көрсүбүтүм бу дьиэни тутуһар
Кырдьаҕас маастары үлэ үгэнигэр.
Бу дьиэни тутуһар дьолломмутун туһунан
Миэхэ кэпсээбитэ кырдьаҕас маастар:
– Тутабыт, – диэбитэ, – партия ыйыытынан!
Киэн туттуу баара кини куолаһыгар.
– Манна дуо, доҕоор? Атом араас диэн кыра.
Манна иккис күнү төрөтүөхтэрэ,
Эн дойдуҥ дьыбар-чысхаан, муус кырыа,
Тымныы айылҕатын ириэриэхтэрэ.
Манна кэлэн дьоллоохтук үөрэниэхтэрэ
Эн хара харахтаах ыччаттарыҥ.
Күнү төрөтөргө, айылҕаны кыайан,
Муустаах муора мууһун ириэрэргэ.
Кэлэр үйэлэр кэскиллэрин тэрийэ,
Кини турара кирпииччэ быыһыгар,
Үрүҥ бытык быыһынан мичилийэ,
Күөх хараҕа эдэрдии чаҕылыйа.
Москваҕа Ленин хайатыгар тутуллар
Улахан университекка тураммын,
Өйдүү түстүм
Саха норуотун номоҕор ахтыллар
Күн төрүүр көмүс хайатын.
* * *
Бухара эмирэ аатыран
Олорбут дыбарыас дьиэтигэр:
– Табаарыс, биһиэхэ таарыйан,
Сөрүүкээн, тохтоон аас, – диэтилэр
Ол эмир сөрүүкүүр сиригэр.
Кэлтэгэй ыйдары бысталаан
Киэргэппит хосторун аайытын,
Гаремҥа көрбүтүм баай талаан
Уус-уран илиитин айыытын:
Илиҥҥи истиэнэ ойуутун.
Ол ыйдар бүтүннүү көмүстэр,
Үксүн да илиҥҥи сибэкки…
Ол онно уруйдуу көрүстэ
Саханы сынньанар эбэҥки,
Грузин, белорус, кореянка.
Баттанан олорбут хараҥа
Уон омук дьолломмут дьонноро
Көмүһү ыһыахтыыр фонтаҥҥа,
Күлүккэ сөрүүкээн олорон,
Туойбуппут дойдубут туһунан.
Мин дьиэбэр хойутаан барабын.
Бу үөрүү өрөгөй үөһүгэр
Кэм-кэрдии ааһарын умнаҕын:
Кавказка уу нуурал киэһэлэр
Сөрүүннэр, этиэхтэн кэрэлэр.
Бухара эмирэ аатыран
Олорбут дыбарыас дьиэтигэр
Саханы атастыы атааран,
Уон омук маанытын сиэринэн,
Уруйдуу, ыҥыра истилэр.
ЛЕРМОНТОВ ОЧУОһА
Дьон булан ааттыыллар:
Биир тылга дириҥ суолтаны,
Бүтүн хартыынаны биэрэри сатыыллар.
Көр бу очуос аарыманы:
Ама суох диэҥ дуо поэты санатар
Туох эрэ үрдүк, туох эрэ дириҥ?!
Халлааҥҥа харбаһар,
Халлаанныын хатыһар
Модун күүс баар буолбаат
Бу турар таас бухатыырга?!
РИЦА КҮӨЛГЭ
Кырдьаҕас Кавказ хаардаах арҕаһыгар,
Сир дьикти муннугар ытынным.
Бу күөл сүрэҕи сөрүүкэтэр
Тымныы салгынынан тыынным,
Дьэҥкир ыраас уутунан сууннум.
Бу ырайы, бу күөлү Рица диэн
Кыыс нарын аатынан ааттаабыттар
Уонна ол кыыс уобараһа өлбөтүн диэн
Норуот номоҕо, ырыа оҥорбуттар.
Рица кимин, кини мөссүөнүн
Үйэлэр саба халыйбыттар…
Ол эрээри бу күөлгэ көрөбүн
Кини бу хайалары сырдатар
Кэрэ бэйэтин, хаарыан хараҕын,
Бу күөллээҕэр дириҥ, бу халлааннааҕар үрдүк
Кини өлбөт үйэлээх тапталын
Эдэр сүрэхпинэн таайабын.
* * *
Кэпсээ, кэпсээ, мин саҥа доҕорум,
Таптыыр дойдуҥ – Грузия туһунан.
Эн тылгын барытын билбэт да буолуум,
Син биир сэҥээрэн, истэн олоруом.
Таас үрэх дохсун күүрээнин тыаһа,
Соловей тойуга, хайа тыала,
Кыыс ырыата ардыгар дуорайар –
Барытын истэбин эн куоласкар.
Оттон хараххар муустаах чыпчааллар
Көмүстүү килбиэннэрэ чаҕыллар,
Арыт көстөллөр роза сыһыылар,
Күн уоттаах садтар, үрүҥ куораттар.
Көстөн кэлэллэр сэргиир санаабар
Куба кыргыттар, хотой уолаттар.
Кэпсээ, кэпсээ, мин саҥа доҕорум,
Син биир өйдүөм – грузинныы да буоллун.
ӨЛҮӨНЭ ЭБЭКЭМ
Мин күнү көрбүтүм,
Мин манна үүммүтүм –
Бу налыы сыһыыбар,
Бу чараҥ аларбар.
Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду –
Өлүөнэ эбэкэм.
Мин үлэ үөрүүтүн,
Мин олох күндүтүн
Билбитим чэлгийэр
Бу кытыл сирдэрбэр.
Үлэлиэххэ, үөрүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду –
Өлүөнэ эбэкэм.
Мин сырдык тапталбын,
Мин хоһуун хотойбун
Булбутум, сэгэрдэр,
Бу өрүс биэрэгэр.
Үрдүк таптал биһигэ,
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду –
Өлүөнэ эбэкэм.
Дьолунан толору,
Үөрүүнэн ситэри –
Ким маннык дойдуну
Таптаабат буолуоҕай?!
Үтүөкэн дьоннордоох
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду –
Өлүөнэ эбэкэм.
ЫһЫАХХА ЫҤЫРЫЫ
Сибэккинэн симээммит,
Сэлэ чэчир астыбыт,
Үрүҥ астаах сири иһит
Түһүлгэтин тартыбыт.
Саамал кымыс ыһыаҕар
«Сайдыы» колхоз ыҥырар.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Оонньуулаахтыын оонньоһор
Уолан дьоннор үгүстэр,
Кыраһыабай оҕолор,
Кыргыттар да дэлэйдэр.
Көрдөөх эдэр киһиэхэ
Көр-нар дэлэй биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Олоҥхоһут оҕонньор
Олбох булан олорор,
Сэлэһэргэ бэлэмнэр
Сэргэх сээркээн сэһэннэр.
Сайдам-дьэллэм киһиэхэ
Солун элбэх биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Кытыт сылгы кымыһа
Кырылаччы кутуллар.
Субай, харта сокууска
Сойон, тупсан тураллар.
Аҕам аһас киһиэхэ
Ас-үөл дэлэй биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Асчыт талыы кыргыттар
Айах тутан күүтэллэр,
Тустуук, быһый уолаттар
Доҕоттору кэтииллэр.
Уйгу-быйаҥ ыһыаҕар
Улуу колхоз ыҥырар.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
ТУТУУ ЫРЫАТА
Саҥа тутуу таһыгар
Сардаҥаны көрсүһэ,
Ыллаан-туойан бараллар
Эрбии, сүгэ, өтүйэ.
Салгын, саҥа бэс сыта
Сайан киирэр сүрэххэр,
Үчүгэйин тутуу тута
Үлүмнэһэ туруохха.
Устурууһум көөбүлэ
Тохтобула суох көтөр.
Айар-тутар көх үлэ
Ырыа буолан дьиэрэйэр.
Эмэҕирбит дьиэ сууллун –
Эргэни аһыммаппыт,
Бэтилиэткэ толоонун
Саҥанан сандаардыахпыт.
Суоруллубут тииттэрим
Солотуулаах курдуктар,
Ыпсарыллан, килбэйэн,
Истиэнэлэр үүнэллэр.
ХОДУһАҕА
Охсуллубут күөх от сыта
Ходуһаҕа тарҕанар.
Отчут дьүөгэ кыргыттар
Үрүҥ туллук курдуктар:
Үөмэр-чүөмэр хаамсаллар,
Өгүрүк-төгүрүк көрөллөр.
Уһун субуу, сыыр курдук,
Утуу-субуу тардыллар.
Массыынаһыт кыргыттар
Маҥан туллук курдуктар:
Элэҥнэстэр, түргэттэр,
Имигэстик тутталлар.
Үчүгэйин күөх сайын
Үүнүүбүтүн хомуйар!
Үлэлии сылдьар кыргыттар
Үрүҥ туллук курдуктар:
Үөрэ-көтө туойбуттар,
Өгүрүк-төгүрүк көрбүттэр.
КИНИ ДИИЛЛЭР
Оһуокайга оҕо дьоннор
Оонньуулара тахсыбат,
Сырдык дьиэттэн эдэр дьоннор
Харахтара арахпат.
– Кимий? – диибин,
– Кини! – дииллэр,
Кими эрэ кэтииллэр.
– Тугуй? – диибин,
– Тулуй! – дииллэр,
Тугу эрэ кистииллэр.
Дьоннор бары бэркиһииллэр,
Бары үөрэ кэпсииллэр:
– Кини манна кэлиэ, – дииллэр,
Кими эрэ кэтииллэр.
– Кимий? – диибин,
– Кини! – дииллэр,
Кини аатын эппэттэр.
– Тугуй? – диибин,
– Тулуй! – дииллэр,
Тугу эрэ кистииллэр.
Ферма дьиэтин сырдык аана
Аһылларын кытары:
– Иһэр, – дииллэр талыы-мааны
Эдэр кыыһы дьон бары.
– Кимий? – диибин,
– Кини! – дииллэр, –
Кэрэхсэллээх киһибит;
– Тугуй? – диибин,
– Герой! – дииллэр, –
Туйгун киһи, ыанньыксыт.
БУЛЧУТ
Хара бараан кыыс ахтар,
Хараҕа мичилийэ,
Күн-түүн улам ыраатар
Күндү сэгэттэйин.
Ол уол үгүс үрэхтэри,
Киэҥ Сибиири тэлэр,
Булт сойуотугар кини
Сир сиксигэр тиийэр.
Алдаҥҥа тахсан тииҥниир,
Сиинэҕэ саһыллыыр,
Сур бөрөнү сойуолуур,
Токоҕо саарбалыыр.
Ханна да күндү киһи –
Бар дьон үөрэ көрсөр.
Кырдьаҕас дьоҥҥо кини
Оҕолоро буолар.
Оттон кэрэ кыргыттар,
Илиилэрин биэрэннэр,
Эҕэрдэлии көрсөллөр
Минньигэс мичээринэн
Уонна уһун суолугар,
Уйадыйа ыллыы,
Сайыһа хаалаахтыыллар,
Саҥата суох алгыы.
АЛААСКА, МИН ЫАЛЛЫЫ КОЛХОЗПАР
Алааска, мин ыаллыы колхозпар,
Аатырбыт сылгыһыт киһи баар,
Ол киһи хотойдуу хараҕар
Дууһабын туттардым быһыылаах.
Кынаттаах туус маҥан атынан
Кытылбар көтүтэн ааһарын,
Санааргыы, бүтэйдии сайыһа,
Саҥата суох көрөн хаалабын.
Оһуокай саҕалаан чоргуйан,
Оҕуйа-доҕуйа дугунан,
Үҥкүүлээн битийэн барарын
Үөрэ дуу, сөҕө дуу көрөбүн.
Кинини мин илэ көрдүүбүн,
Кинини мин түһээн көрөбүн,
Суоҕугар бүтэйдии ахтабын,
Баарыгар тылбыттан матабын.
Үчүгэй хараҕын алыба,
Үчүгэй түүл курдук, манньытар,
Тапталы мин билэ илигим…
Тапталым ама эн инигин?!
ЫЛЛАА, ЫЛЛАА, ДОҔОчЧУГУОМ
Ыллаа, ыллаа, доҕоччугуом,
Ыйдаҥа киэһэ буолла,
Өрүс нарын долгуннарын
Уҥуоргу тыаҕа үүрдэ.
Ыллаа хайдах кэрэ кыыһы
Булчут уол таптаабытын,
Тапталын кыыс таайымына
Булчуту муҥнаабытын.
Ыллаа уол кыыс билиниитин
Өр да өр кэтэспитин
Уонна сэрии силлиэтигэр
Тапталын илдьибитин.
Ыллаа онно буойун киһи
Эрдээхтик кыргыспытын.
Ол кыыс сырдык мөссүөнэ
Сэриигэ сылдьыспытын.
Ыллаа сэрии хонуутуттан
Эргийэн уолбут кээлтин,
Кинини кыыс көрсүбүтүн
Минньигэс мичээринэн.
Ыллаа, ыллаа, доҕоччугуом,
Ыйдаҥа киэһэ буолла,
Нарын таптал тойугунан
Таптыыр сүрэҕим туолла.
АТААРЫЫ
Күн киирэн айан суолун
Киэһээҥҥи барык сабар.
Кыыс ыраах барар уолун
Атаарар чааһа буолар.
Кыыс: «Кэлээр, күндү сэгэр,
Кэһиилээх күүтүөм», – диэтэ.
Онуоха уол ыйытар:
«Ол тугу ууруоҥ этэй?»
«Мин уурсуом үлэм үрдүк
Кыайыылаах таһаарыытын,
Мин уурсуом үрдүк үүнүү
Минньигэс алаадьытын».
Сиэттиһэн аргыый аҕай
Сөрүүҥҥэ хаамар бэрдин,
Араарар айан суола
Ыраата түспэт буолан…
Кэпсэтэр түгэн кэмчи…
Уол кыыһы аргыый кууста.
«Көһүтээр, кэрэ киһим,
Хайаан да кэлиэм!» – диэтэ.
ЭДЬИИЙДЭРИЭМ, КЭРЭ КЫЫС…
Эдьиийдэриэм, кэрэ кыыс
кими көһүтэрий?
Суолга күдэн көтөрүн
тоҕо кэтэһэрий?
Күүтэр дуу таптыыр сүрэх
сэмэй биллэриитин,
Биитэр ыраах сиртэн иһэр
эдэр сэрииһитин?
Тоҕо кини үлэҕэ
өрүү инникиний?
Тоҕо «эйэ» диэн тылы
ордук биһириирий?
Эдьиийдэриэм, кэрэ кыыс
кими көһүтэрий?
Тоҕо эйэ ырыатын
уоһуттан түһэрбэтий?
ЫРЫА
Алдан көмүһүн килбиэнэ
Аралыйдаҕа диэбитим,
Арыылаах алаас киэҥ иэнэ
Алтан отунан симэммит.
Нарын бэйэлээх хатыҥым
Намылыйдаҕа диэбитим,
Тапталлааҕым, наскыйа
Таспар турбут эбиккин.
Тумат кырсатын уорҕата
Туналыйдаҕа диэбитим,
Туус маҥан туман былаатыҥ
Туртас гыммыт эбит дии.
Сиинэ кэрэмэс саһылын
Бочугураһа дуу диэбитим,
Долгуйар уһун суһуоҕуҥ
Толбоннурара эбит дии.
Тумара үрүҥ туллуга
Чуоҕустаҕа дуу диэбитим,
Кэчигир чараҥ тиистэриҥ
Мичилийбиттэр эбит дии.
Күөх тыам тыллаах чыычааҕа
Күйгүөрдэҕэ диэбитим,
Хомус холоонноох куолаһыҥ
Кутуллан эрэр эбит дии.
УОЙ, ОҔОЛООР, ИСТИҤ ЭРЭ
Омурҕаҥҥа тахсан иһэн
Уол бээһээ миигин ситтэ.
Эмискэччи: «Иһит эрэ,
Этэрдээх этим…» – диэтэ.
Онуоха мин кыбыһынным.
– Ол тугуй? – эрэ диэтим.
Уонна бэйэм улаханнык
Уйадыйа иһиттим.
– Уой, оҕолоор, истиҥ эрэ
Уол миэхэ тугу диирин:
Үрүмэчиис, дьикти кэрэ
Үрүмэччи үһүбүн.
Хапсаҕайбар хараҥаран
Харыаста сылдьар үһү,
Уран ньуурбар умсугуйан
Утуйбат буолбут үһү.
– Үлэһитиҥ бэрдинэн
Өйбүн сүүйдүҥ, – диэхтээтэ. –
Амарахчай сүрэххинэн
Абылаатыҥ! – диэхтээтэ.
– Уой, оҕолоор, истиҥ эрэ
Уол миэхэ тугу диирин:
Күн сиригэр миигин эрэ
Күүстээхтик таптыыр үһү.
«ҮҮНҮҮ» КОЛХОЗ КЫЫһАБЫН
Үүттээх сүөгэй далбардаах
«Үүнүү» колхоз кыыһабын.
Тэтэгэркээн имнэрдээх
Дьэбдьиэйдэрэ буолабын.
Ынахтаабыт ынаҕым
Ыаҕаһынан үүттэнэр,
Ньирэйдээбит ньирэйим
Төлөһүйэ мөлбөйөр.
Умсугуйбут уолчааным
Удаарынньык буолаахтыыр,
Таптаабыччай уолчааным
Наҕараада ылаахтыыр.
Саҥарбыччай саҥакам
Санньыйбыты саататар,
Ыллаабыччай ырыакам
Ытаабыты ыматар.
Үүттээх сүөгэй далбардаах
«Үүнүү» колхоз кыыһабын.
Тэтэгэркээн имнэрдээх
Дьэбдьиэйдэрэ буолабын.
ДОҔОРУОМ, ДАБАЙ КҮӨХ СЫЫРДАРГЫН
Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын,
Мырааҥҥа көрүс күн тахсыытын.
Эн өрүү инники сырдыыгын,
Эн өрүү сүрэхпэр ыллыыгын.
Хараҥа кэрэ да киэһэлэр…
Халлааҥҥа сулустар хойдоллор:
Эйигин, эйигин кинилэр
Этэргэ, кэпсииргэ дылылар.
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин
Эн тыыныҥ кэлэр дии саныыбын,
Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
Эн көмүс куоласкар холуубун.
Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын,
Мырааҥҥа көрүс күн тахсыытын.
Эн өрүү инники сырдыыгын,
Ол иһин, ол иһин таптыыбын.
МИН ЫЛЛЫАХПЫН БАҔАРАБЫН
Мин ыллыахпын баҕарабын,
Үлэҕэ, охсуһууга киирсэр күҥҥэр
Ыҥырар ырыам илгэлээх тыла
Көтөҕөр чэбдик сэниэ буолан,
Эккин-хааҥҥын сайар гына.
Мин ыллыахпын баҕарабын,
Арыт санньыйар курус күҥҥэр
Ыллыыр ырыам сырдык тыла,
Ахтар алааһыҥ чараҥа буолан,
Айгырыы хамсыы түһэр гына.
Мин ыллыахпын баҕарабын,
Мунаахсыйар күннээх буоллаххына,
Сырдыы сыдьаайар кыымнаах тылбын
Үрдүккэ ыҥырар, кырдьыкка дьайар
Ыраас сырдык эркээйи гына.
Мин ыллыахпын баҕарабын,
Күлэр-үөрэр көрдөөх кэмҥэр
Сайаҕас санаам дьэллэм тыла
Дьолу толорор, санааны сайар,
Үрдүк үөрүү чолбоно гына.
Мин ыллыахпын баҕарабын,
Ыллыыр ырыам хас биир тыла
Өйгөр иҥэн, сүрэххэр сөҥөн,
Үйэлээх сааскар өйөбүл буолар
Өлбөт үйэлээх уобарас гына.
* * *
Эн дууһаҕар биир хара мэҥ,
Эн өйгөр биир өлбөөркөй санаа
Хаһан да хонон ааспатаҕын,
Хаһан даҕаны сыстыбатаҕын
Кэпсииллэр эн сырдык харахтарыҥ.
Оттон эн күн уота саһарпыт
Сайаҕас сирэйиҥ, имигэс илииҥ
Эн чиэһинэй улахан олоххун,
Эн кимҥэ, эн туохха холооннооххун
Эҥкилэ суох ситэри кэпсииллэр.
* * *
Нарын да нарын, дириҥ санаалаах
Хаһан да умнуллубат ырыаны
Аахпыт курдук мин саныыбын
Эйигин,
эйигин көрсүөхпүттэн ыла.
Ол ырыа номоҕон,
умсулҕаннаах тыла
Күнтэн күн тупсарга,
сырдыырга дылы.
* * *
Эйигин мин өйдөөтөрбүн эрэ
Лермонтов баарыһын саныыбын:
Будулуйар муора күөх күдэнигэр
Ырааттар ыраатан туртаҥныырын.
Мин ахтылҕаным атына диэн
Лермонтов курдук мунчаарбаппын:
Эн тугу хаалларан, тугу эккирэтэн
Туох туһугар ыраах айанныыргын
Барытын билэбин, барытын сэрэйэбин.
Эйигин миигиттэн тэйитэр айаныҥ
Эйиэхэ миигин ордук чугаһатар,
Ол иһин эн хоһуун уобараһыҥ
Лермонтов баарыһын санатар.
* * *
Былыр, оҕо сылдьан, мин саныырым
Мин тапталым хайдах буолуохтааҕын.
Эйигин санаабынан сабаҕалыырым:
Бу маннык таһаалыырым, бу маннык харахтыырым.
Ол эрээри оччоҕо, оҕо буоламмын,
Эн мөссүөҥҥүн толору туойбатахпын:
Эн субу маннык күн дууһаҕын,
Эн субу маннык үрдүк олоххун.
* * *
Мин эйигиттэн, көссүө да көссүө, нарын киһиттэн,
Тоҕо эрэ олус толлобун, кыбыстабын:
Мэник бэйэм сиргэ тимирэбин,
Тыллаах бэйэм тылбыттан матабын.
Тоҕо итинник буолбуппун билбэппин…
Бэйэҥ эмиэ эппэккин. Эппэккин
Мин сүрбүн баттыыр кистэлэҥҥин.
* * *
Мин эйигин «холбоһуох» диэтэхпинэ,
Дьиибэргии көрүмэ, элэктээмэ,
Мэнигилээн айахха киирбиччэ,
Үтэн-анньан этэр диэмэ.
– Холбоһуох, – диэммин мин, – тэбис-тэҥҥэ
Илии тутуһан айанныах, – диибин. –
Үчүгэйи-куһаҕаны тэҥҥэ үллэстэн,
Бэйэ-бэйэбитин өйөһүөх, – диибин.
Иккиэн үлэлиэхпит таптыыр идэбитинэн,
Инники дьулуһуохпут күүс тиийэринэн,
Олох хаамыытыттан харыс да хаалбаккабыт
Олох олоруохпут, ырыа да ыллыахпыт.
Мин эйигин «холбоһуох» диэтэхпинэ,
Тэбэнэттээхтик күлүмэ, дьиибэргээмэ.
* * *
Мин холус, мин сэмэй ыҥырыыбар хоруйдаан,
– Хаһан? – диэт, төбөҕүн санньытан,
Кыбыстан турбутуҥ бу баар санаабар,
Эйигин ахтар мин сырдык чаастарбар.
Күннээх Сэргэлээх алардара, сыһыылара
Ыччат ырыатынан күйгүөрэ турбуттара.
Биһиги эдэр сааспыт дьикти романтиката –
Афишаҕа тэлээрэрэ Чапаев буурката.
Эн, нарын киһи, кыбыстыбыт санааҕар
Кытара кыыспыттара эдэркээн иэдэстэриҥ.
Аһаҕас уолуктаах комсомольскай куоптаҕар
«КИМ»-иҥ значога хамсыы илигириирэ.
Умнуом дуо эн кыргыылаах баттаххар
Дэлэгэйдик тохтор ол күн саһарҕатын,
Маҥнайгы таптал аан бастаан уһуктан,
Эн сүрэҕиҥ: «Хаһан?..» – диэн саҥарбытын?!
* * *
Мин ааспыт олохпун эргитэ санаатахпына,
Эн тураҕын мин хараҕым иннигэр.
Мин эдэр олоҕум хас биирдии күнэ
Мин тапталым килбиэнинэн киэркэйэр.
Биир хомолто куруһа, биир үөрүү мичилэ
Эн биһиэхэ иккиэммитигэр тосхойор:
Үөрүүбүт үгүс – икки киһиэхэ тиксэрэ,
Иккиэ буоламмыт хомолто хоппот.
Эйигин, мин олоҕум сырдык аҥаарын,
Илдьэ сылдьабын сүрэхпэр иҥэрэн.
Эйигинэ суох сатаан санаабаппын
Ааспыппын,
бүгүҥҥүбүн,
кэлэрбин.
СААСКЫ КИЭһЭ
Чэлгийэн эрэр чараҥ лабаатыгар
Киирэр күн килбиэнэ түстэ.
Сыһыы саҕатыгар күөх от сыта халыйар.
Кэрэ да киэһэ.
Өрүскэ
Хойутаабыт хаастар хаһыытастылар.
Кэрии тыаҕа кэҕэ саҥата
Чугаһаан кэлэр, ыраатар.
Кулууп таһыгар кыргыттар ылластылар
Сайын туһунан, таптал туһунан.
…Хонууга тураммын, хомойо санаатым
Уон аҕыстаах уолан буолбатахпыттан.
* * *
Урут төрөөбүттэр поэзия кэрэтин,
Биһиги, билиминэ улааппыппыт,
Ойуулуур идэҕэ эмиэ үөрэммэтэхпит,
Музыкаттан төрүт да маппыппыт.
Оттон бүгүн түөрт саастаах саха киһитэ
Пушкин поэматын өйүттэн аахта,
Бетховен сонататын сэттэлээх эдьиийэ
Уон тарбаҕынан оонньоон сыналытта.
Итини истэ-истэ, ким саарбаҕалыаҕай
Биһиги ыччаппыт үрдүк аналлааҕар?
УЛУУ НОРУОТ СҮРЭҔИН СЫЛААһА[3]
Советскай норуоттар кэргэннэригэр
Сахам тыла барҕара сайынна:
Сахалардыын сахалыы кэпсэттэ
Евгений Онегин – Нева ньургуна.
Татьяналыын комсомолка кыргыттар
Чараҥҥа нарыннык ылластылар,
Алаас аайы Ленскэй арията
Сахалары уйадыта дуораһыйар.
Улуу Пушкин лыҥкынас ырыата
Сахалыы сатараан тарҕанна.
…Толстой Анната ыар трагедиятын
Мин төрүт тылбынан муҥатынна.
Революция өргөстөөх тыллааҕа
Маяковскай сахалыы саҥарар.
…Улуу норуот сүрэҕин сылааһа,
Күн санаата сахаларга сыдьаайар.
БИһИГИ НЬУКУЛАЙБЫТ
(Оҕонньор олоҕуттан үс түбэлтэ)
Аҕыс уон сыл кыстык хаарын
Ким кыайан күрдьүө баарай!
Чахчы бааччы кырдьыбыт
Биһиги Ньукулайбыт.
1
Былыт саппыт былыргытын
Оҕонньоттор кэпсииллэр.
– Ыраахтааҕы, баай былааһын
Ыар кэмигэр, – дэһэллэр,
– Тыаны, ууну мамырыйан,
Талбытынан дьаһайан,
Бу сир бастаах сиһэ буолан,
Аҥаардастыы аатыран
Улуу кулуба оҕото
Уордаах тойон олоорто.
Кини диэтэх уу ньуурун,
Уоттаах хараҕын утаран,
Туруулаһан кэпсэтэр,
Дьохсооттоһон мөккүһэр
Биһиги сирбитигэр
Икки атах суоҕа, – дииллэр.
Ханнык диэбит хардааччылар
Уоттуун-күөстүүн умуллаллар,
Бэл-бэл диэтэр иһээччилэр
Толлор, куотар үһүлэр.
Оччолорго бу Ньукулай
Отут уолан саастааҕа,
Сытыы, модьу, кус быһый
Сылгыһыт уола ааттааҕа.
Арай биирдэ уордаах, улуу
Тойон аатын ааттааннар,
Күөн көрсө диэн арҕаа улуус
Ааттаахтара мустаннар,
Ат сүүрпүттэр,
Онно туран
Биһиги Ньукулайбыт
Сүүрдүбүт ата кыайтаран,
Быдан хаалан тахсыбыт.
Кыһыытыгар уордаах тойон
Таптыыр атын кырбаабыт,
Оннооҕор ордук уордайан
Ньукулайга хайыспыт.
Өксөкү курдук үөгүлээн,
Хахай курдук хаһыытаан,
– Сыакаар! – диэн үөҕэн, сэмэлээн,
Сынньан барбыт, куолутунан.
– Онуоха, – дииллэр, – Ньукулай
Олох диэн уолуйбатах.
– Оргууй! – диэбит. – Тохтоо, туолуй!
Мин атаҕым кыайтарбата.
– Тыллаах-өстөөх… Абаккабын
Көрдүгүөт-көрбөтүгүөт… –
Харса суох кулаан барбыт…
Ньукулай холку үһү.
Тайаҕынан сырбаппытын
Тайаҕын тосту саайбыт,
Куортугунан далайбытын
Куортугун былдьаан ылбыт.
Күрдьүөттэһэн туран баран
Тойон хат санамматах,
Киһи эрэ буоллар кыайан
Кини иннин ылбатах.
Ол иһин харса хааныттан
Уон улуус дьулайбыта,
Албан аатын ойуун ааттаах
Кырыыска туруорбута.
Уолан дьоннор үөскээбиттэр
Онтон ыла улууска,
Баайдар да син дьон эбиттэр,
Туруулаһан турдахха.
Оччолорго отут саастаах
Уолан киһи эр бэрдэ –
Ньукулайбыт хандалыттан
Тайҕаҕа күрээбитэ.
Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,
Оҕонньор аатырдаҕа,
Олорбут дохсун олоҕо
Остуоруйа буоллаҕа.
2
Аҕыс уон сыл кыстык хаарын
Ким кыайан күрдьүө баарай!
Чахчы бааччы кырдьыбыт
Биһиги Ньукулайбыт.
Бодойбо хааннаах күннэрин
Көҥүл норуот умнубат,
Ол күннэр киэҥ күүрээннэрин
Өтөр-өтөр ахтыбат.
Баһан ылар көмүһүнэн
Аатырбыт Өлүөнэҕэ
Соҕотох Барон[4] тойон этэ
Уонунан бириискэҕэ.
Уһуга суох кыһалҕаҕа
Саллар сааһын баратан,
Угаардаах, сииктээх шахтаҕа
Барон баайын хаҥатан,
Отут тыһыынча үлэһит
Көлөһүнүн тоҕоро,
Аччыктаан, үлэ ыарыттан
Муннук аайы тоҥоро.
Сууйар баһыы көмүстэрэ
Соҕотох барон сиэбигэр
(Оччотооҕу сокуон сиэрэ!)
Кэпсэтиитэ суох киирэр.
Сиҥнэн эрэр симиэбийэ,
Бадарааннаах бараактар,
Тыһыынчанан аҕа, ийэ
Тыыннаах эрэ олоортор.
Үлэһит муҥун, эрэйин
Аймах дьоннуу үллэстэн,
Үлэһит норуот сиэринэн,
Биир санаанан, сүбэнэн,
Нуучча, саха, эбээн бары
Олоорторо буккуһан.
«Эн-мин» дэһии, омуктаһыы,
Атааннаһыы диэн суоҕа.
Онно баара бараак аайы
Ленин сырдык кырдьыга,
Ол кырдьык сылаас сыдьаайа
Сүрэх аайы тиийэрэ.
Улуу кырдьык баттал төрдүн
Ыйар, дьоҥҥо өйдөтөр,
Батталы кыайар, дьол көрдүүр
Охсуһууга үөрэтэр.
Өлүөнэ хааннаах күннэрин
Көҥүл норуот умнубат.
Саас этэ. Тайҕа үрдүнэн
Дьыбар түһэн турбута.
Уонунан тыһыынча бар дьон –
Оҕо, дьахтар, оҕонньор
Эрэйдэрин этэн туран,
Чэпчэтиини модьуйар
Эйэлээх демонстрация
Надеждинскайга тиийэр.
…Саа тыаһа… этиҥнии сааллар…
Ыһыы-хаһыы… Дьон сиҥнэр.
Сир, халлаан –
барыта хаан!
Хаантан тоҥ муус ирбитэ.
…Ол күн, хаанынан суруллан,
Остуоруйаҕа киирбитэ.
Ол Бодойбо тоҥ буоругар,
Хахсаат халлаан анныгар
Биэс сүүс ньургун доҕор дьоно
Хааҥҥа устан сыттаҕына,
Хааннаах уолан сөҥөн туран
Хабырдык хабырыммыт,
Өлбүт ол дьон ааттарынан
Сахалыы андаҕаммыт.
– Өс-саас! – диэбит, – обот соллоҥ
Батталлаах баай үөрүгэр!..
Ол киһини көрбүт дьоннор:
– Ньукулай этэ, – дииллэр.
Бар дьон сүрэҕин сойуолуур
Ыраахтааҕы буулдьата
Тыҥаан турбут улуу тулуур
Сыабын дьэ алдьаппыта.
Хаайан турбут халыҥ мууһу
Ол күн сүллэр этиҥэ
Хамнаппыта, сайта үһү
Бүтүн дойду үрдүнэн.
Атын буолан төннүбүтэ
Ньукулай ийэ сиригэр:
Кинини кытта кэлбитэ
Ленин модун кырдьыга.
Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,
Оҕонньор аатырдаҕа,
Олорбут дохсун олоҕо
Остуоруйа буоллаҕа.
3
Аҕыс уон сыл кыстык хаарын
Ким кыайан күрдьүө баарай!
Чахчы бааччы кырдьыбыт
Биһиги Ньукулайбыт.
Бассабыык Ньукулай аата
Гражданскай сылларыгар
Кыһыл сэрии тыалын кытта
Уон улууска тарҕанар.
Билиҥҥэ диэри өйдүүллэр
Буденовка хортууһун
Үрүҥнэри титирэтэр
Кыһыл уоттаах сулуһун.
Советскай былаас бастакы
Ыар, тыйыс сылларыгар
Хоһуун ревком сут дьыллары,
Өстөөх өһүөнүн кыайар.
Махтанар дьон кэпсээнигэр
Эн сир аайы истиэҕиҥ
Өстөөхтөрү киэр сиппийэр
Кини тимир миинньигин.
Ол иһин отут сыллаахха
Бандьыыттар, баайдар мустан,
Атыыр бассабыык ааттааҕын
Сайылыырга быһаартар.
– Өлөрөн баран өлүөххэ…
Синэ биир! – Кыыллыы санаа.
Киэҥиэн халааннаах Өлүөнэ –
Көстүбэт нөҥүө мыраан.
Ким да суох кытылга.
Арай
Үөскэ долгун айманар…
Колхоз тэрийэ Ньукулай
Тыынан уҥуор анньынар.
Эмискэ саа тыаһа… иккис…
Ньукулай өйдүүр:
«Кытаат,
Партизан, күүскэ эрдэн ис.
Өстөөх өһүөннүүр буолбаат?»
Эрдиитин булгу ыттылар,
Илиитин бааһыртылар,
Дорҕоонноох сүнньүөх буулдьалар
Тыыны да алдьаттылар…
Эрдиитэ суох тыы долгуҥҥа
Батыллар… Ууну баһар…
Ньукулай тымныы далайга
Аҥаар илиилээх хаалар.
Иҥсэлээх буулдьа дьэ арай
Өр кинини батыһар…
Долгун быыһыгар Ньукулай
Көстүбэт буолар…
– Аһаай!
Өлөрдүбүт! – диэн өстөөхтөр
Өрөгөйдүү куоталлар…
Киэһэ кистээн өтөхтөрүгэр
Көрдөөх остуол тардаллар.
Ким да билбэт ол киһи
Хайтах уҥуор тиийбитин,
Арай билэллэр ол киэһэ
Колхоһун тэрийбитин.
«Өлүөнэ бэйэтэ чахчы
Ньукулайы сүкпүтэ,
Уҥуор таһааран кумахха
Уурта!» – диэн номох этэр.
«Ууга тимирбэт, уот сиэбэт
Уолан киһи» диэн арай
Норуот номоҕо үөскээбит
Төрдө ити буолаарай?!
Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,
Оҕонньор аатырдаҕа,
Олорбут дохсун олоҕо
Остуоруйа буоллаҕа.
Сыллар да сыллар!
Ыар сыллар
Ынчыктата ардыгар
Ыардык тайанан аастылар
Кини сааһырбыт санныгар…
Сыллар, санаалар, түбүктэр
Сатамматах күүстээхтэр,
Оҕонньорбун дэммэт арай
Аҕыс уоннаах Ньукулай.
Аҕыс уон сыл кыстык хаарын
Ким кыайан күрдьүө баарай!
Чахчы бааччы кырдьыбыт
Биһиги Ньукулайбыт.
3
А. Пушкин «Евгений Онегина» сахалыы тахсыытыгар.
4
Барон – Өлүөнэ көмүстээх бириискэлэрин бас билэн олорбут Гинзбург диэн киһи.