Читать книгу Дойду ахтылҕана - - Страница 4
ЭЙЭЛЭЭХ КУОРАТ
(1955–1958)
ОглавлениеИЙЭ ДОЙДУМ
Олох охсуулаах суолугар
Уолум мунаара сылдьыа диэн
Харысхастаах санаатыгар
Төрөөбүт дойдум, мин ийэм,
Хотугу халлаан чолбонун,
Кремль рубин сулуһун
Мин аартыкпар умаппыт.
Төрөөбүт ыырбыттан тэйэн,
Арахсан аттанар суолбар
Ийэ дойдум миигин эрэнэ
Ыраах атаарар чааһыгар
Буспут моонньоҕон хараҕынан,
Таптыыр амарах хараҕынан
Сайыһа көрөн хаалар.
Оттон мин улахан суолу
Тобулан айанныыр күммэр
Улуу дойдум миигин, уолун,
Күчүмэҕэйи көрсөр күммэр
Күөгэйэр алаас хатыҥын
Күөх сэбирдэх былаатынан
Далбаатыы, алгыы хаалар.
Ырар, сылайар, ычахтыыр
Сындалҕаннаах ыар күннэрбэр,
Хараастар, ытыыр, ынчыктыыр
Мин кыһалҕалаах күннэрбэр
Күөрэгэй дьоллоох ырыатын
Көмүс чуораан кылыһаҕын
Күйгүөрүнэн көччүтэр.
Оттон мин тоҥу тобулан
Дойдубар туһалыыр күммэр
Биитэр булбатаҕы булан
Бар дьоммор хайҕанар күммэр
Халлаан сырдык кустугунан,
Сир симэҕин чулуутунан
Уолун киэн тутта уруйдуур.
Олох охсуулаах суолугар
Уолум мунаара сылдьыа диэн
Харысхастаах санаатыгар
Төрөөбүт дойдум, мин ийэм,
Хотугу халлаан чолбонун,
Кремль сырдык сулуһун
Мин аартыкпар уматар.
КЫһЫННААХ КЫРААЙБАР
Сайыҥҥы быйаҥнаах алааһыҥ,
Кыһыҥҥы ыарахан көмнөҕүҥ…
Төрөөбүт чысхааннаах алаһам,
Ыраахтан эн тупсан көстөҕүн.
Кырынаас сонноммут курдуктар
Кырыаны таҥныбыт хатыҥнар,
Чуумпуран, налыйан турбуттар
Чоҥкуйбут чараҥмар мустаннар.
Күөх солко таһынан бэсчээннэр
Үллэккэй саҥыйах кэппиттэр,
Халысхан хайыһар миинэннэр
Халдьыаны таҥнары тэппиттэр.
Ол ыраас, ол сылаас сыа хаарга
Умсаннар улардар хоноллор,
Кистэлэҥ симилэх сыбарга
Кирийбит куобахтар тоҥмоттор.
Көҥүскэ, тиит төргүү мутугар
Күөх тииҥнэр ичигэс дьиэлээхтэр.
Ханнатын билбэтим, дойдубар
Эһэлэр иһийэр сирдээхтэр.
Санаабар саһылы сойуолаан