Читать книгу Көрүдьүөстэр - - Страница 3

«Завтра приехали!»
Мас кэрдээччилэр

Оглавление

Ыстапааннаах хаһыа да буолан тыаҕа тахсан, мас саһаанныы сырыттахтарына, нууччалар түбэһэ кэлэннэр, манна тугу гына сылдьалларын туоһуласпыттар. Уолаттар бэйэ-бэйэлэриттэн саһаан диэн тыл нууччалыытын ыйыталаһа сатаан баран, ыксаан: «Мы делаем зазаан», – диэн быыһаммыттар. Ыстапаан бэйэтэ да нууччаһыт киһи. Куоракка киирэ сылдьан ырыынактан боруотатыгар тимир лиис (ньаалбаан) ылаары: «Сколько стоит жалбан?» – диэн эмиэ ыйыппыттаах.

«Нуучча» Миитээ

Биһиги диэки 70-с сыллар бүтүүлэрин саҕана армияттан сулууспалаан эргиллибит Миитээ уол дэриэбинэтигэр кэлээт, бастакы көрсүбүт дьонуттан сахалыы умнубута аатыран:

– Где живет мать моя Мария? – диэн ыйытан, тута ол күн киэһэтигэр кырбанан турардаах.

* * *

Урут тыа сиригэр аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрбит оҕолор атын дэриэбинэҕэ тиийэн оскуоланы бүтэрэллэрэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 1 күнэ. Маҥнайгы уруок – английскай тыл уруога. Учуутал атын тыа оҕолорун кытары билсэр, билиилэрин тургутан омуктуу да ыйыталаһар. Арай уруок ортолоон эрдэҕинэ, ааны тоҥсуйан, күн уота килэриччи сиэбит, баттаҕа дэлби үүммүт, сайыны быһа от бөҕөнү оттообут уол киирэн кэлбит. Тэпсэҥнии турар эбит. Учуутал чугаһаан кэлэн ыйытар: «Хау ду ю ду?» Уол тура түһэн баран: «Дьөккөммүн», – диэбит. Саҥа киирбит уол кулгааҕар учуутал ыйытыыта: «Хайа дойду-у?» – диэн иһиллээхтээбит.

* * *

Билэр уолаттарым килиэп маҕаһыыныгар турдахтарына, хара омук сирэйдээх киһи киирэн кэлбит уонна атыыһыкка этэр үһү:

– Мне три хлеба, адын не надо!

Онуоха атыыһыта ыйыппыт:

– Вы хотите сказать два хлеба?

– Во-во, слово «дыба» всегда забываю!

* * *

Маҕаһыыҥҥа тыа киһитэ кэлэн нуучча атыыһыкка: «А мине шеш-ног наада», – диэбит. Ону атыыһыт дьахтар 6 окорочканы лөһүгүрэтэн ыйааһыҥҥа бырахпытыгар, «Не-е, не-ее, другой»,– диир үһү, онтон дьэ ыксаабыт аҕай уонна: «ШЕШ-НОГ – ЛУКИН БРА-АТ!» – диэбит. Чеснок дии сатыыр эбит.

* * *

Тыаттан куоракка киирбит уолаттар күүлэйдээн, маҕаһыыны кэрийэн баран, аччыктаан, эбиэттии диэн остолобуойга киирбиттэр. Миин, соркуой эҥин ылан баран, хаассаҕа төлөөбүттэр. Бүтэһик уоллара нууччалыы үчүгэйдик билбэт үһү. Хаассаҕа харчытын ордугун көрдөөрү, эп-эмис нуучча дьахтарын, балыйаары гынна, тыаттан кэллэ диэн сэнээтэ дии санаабыт уонна хаһыытаан бытарыппыт: «Отдачу дай!!» Уолаттара күлэн тоҕо барбыттар.

* * *

Автобуска анньыһыы кытаанаҕа. Кондуктор дьахтар хаһыытыыр: «Не стойте, пожалуйста, на передней площадке, проходите быстро». Онтон автобус кэннин диэки көрөн баран, эбии хаһыытыыр: «Молодой человек, почему стоите, проходите на задний проход». Онуоха уола күлэ-күлэ хардарар: «А здесь уже запор».

* * *

Сэттэ уонус сыллар. Дьокуускай куоракка уулуссаҕа, автобуска улаханнык сахалыы саҥарарыҥ олуона курдук. Студенныы сылдьар Тиихэн уол тыаттан киирбит 80-ча саастаах эһэтин балыыһаҕа көрдөрө илдьибит. Быраас хоһуттан тахсан баран, кырдьаҕас сиэниттэн улахан баҕайытык сахалыы ыйыппыт: «Тиикэ, ити быраас туох анаалыһын туттар диэтэ, саах дуу, иик дуу?» Сатахха, барыта нуучча дьоно приемҥа олороллор эбит. Онтон кыбыстан, Тиихэн эһэтигэр: «Наһаа улаханнык сахалыы саҥарыма, «анализ мочи» диэн суруйбут буолбат дуо», – диэбит. Онуоха эһэтэ өйдөөбөккө: «Эс, атын кумааҕыны биэрбит дии, мин Муоча буолбатахпын», – диэн муна-тэнэ олорбут. Дьон күлсэ түспүт. Үгүстэрэ сахалыы өйдүүллэр эбит.

Көрүдьүөстэр

Подняться наверх