Читать книгу Көрүдьүөстэр - - Страница 4

АРАЙ БИИР ДЭРИЭБИНЭҔЭ…

Оглавление

Ханнык баҕарар дэриэбинэҕэ уос номоҕор сылдьар айах кэпсээннэрэ дэлэйдэр. Олортон билсиҥ.

* * *

Киһиэхэ да араас ааты иҥэрэллэр ээ. Өлүөсэ оҕо сылдьан Дьокуускайга Салтыков-Щедрин уулуссатыгар олоро сылдьыбытын иһин быһата Салтыкыап диэн хос ааттыы охсубуттар. Өлүөсэҥ сварщик да, электрик да, техникаҕа да маастар.

Биирдэ айан суоппара массыыната алдьанан, сварщигы ыйытаары, Сэргэйгэ түбэһэ түспүт. Сэргэй обургу ону мүччү тутуо баара дуо, массыынаҕа олорсон, Өлүөсэ дьиэтин таһыгар кэлэн тохтообуттар. Суоппар тахсаары олорон, ким диэн ааттааҕый диэн ыйыппытыгар, Сэргэй: «Салтыкыап диэн», – диэбит. Суоппар дьиэҕэ киирэн:

– Салтыкыап баар дуо? – диэбитигэр, иһит сууйа турбут кэргэнэ:

– Салтыкыаптаах баҕастаах, оннук киһи манна суох! – диэн кыыһыра түспүт. Суоппар кабинаҕа хаалбыт Сэргэйигэр кэлэн:

– Кэргэнэ оннук киһи суох диир, – диэбитигэр Сэргэйэ:

– Ээ, па, доҕор! Щедрин диэнин эппэтэххин! – дии охсубут.

Суоппар ситэри ааттаабатаҕын өйдөөн, дьиэҕэ төттөрү киирэн:

– Ээ, оччоҕо Салтыков-Щедрин баар дуо? – диэбит. Оччону истээт, Балбаара дьэ өлө сыспыт. Туох киһитэ булла диэн умайыктаныах буолбута – киһитэ былыр үйэ мэлис гынан хаалбыт. Суоппар кабинатыгар нэһиилэ куотан киирбитэ, били Сэргэйин суола былыр сойбут.

* * *

Отделение салалтата совхозтарын киинигэр мунньахтыы Көҕүс Сэмэн ДТ-75 тракторын прицебигэр олорон айаннаабыттар. Сэмэн массыына тырыта-хайыта сүүрбүт, бүтүннүү лоһугураччы тоҥон хаалбыт аҥхараат суолунан, тумна хайыы барбакка, дьиэтигэр тиийэ охсоору ыксаан, тракторын муҥунан дьонун түҥкэл-таҥхал түһэрэн суккуруур тыыннарын эрэ аҕалтаабыт. Дьоно кыыһырбыттарыгар: «Дьиикэйдэр, эһиги маннык сэпкэ олорон көрбүккүт дуо? Мин күн аайы ити курдук сахсыллабын!» – диэн төттөрү кыыһырбыт.

* * *

Биир дэриэбинэҕэ Тураах Бааска диэн хос ааттаах киһи баар эбит. Арай биирдэ сыбаайбаҕа киниэхэ тыл биэрбиттэр. Онуоха Баһылай, алгыс тылын этэн баран, баар-суох таптыыр ырыатын ыллаабыт. «Мин көтүөх курдукпун, кынатым ханнаный?» – диэбитигэр, биир өмүрэх эмээхсин соһуйан: «Сирэҕиис-сирэҕэс, кынаккын тоҕо хаалларбыккыный?» – дии-дии ытыһын таһына олорбут.

* * *

Кураан дьылларга илин эҥээр улуустарга от үүммэккэ, отчуттара Бүлүү, Кэбээйи диэки оттуур кэмнэрдээхтэрэ. Уус Алданнар биир оннук дьыл Кэбээйигэ оттуу диэн бөртөлүөтүнэн көппүттэр. Улуус түгэх нэһилиэгин олохтооҕо Көтөх Уйбаан бөртөлүөттэн тахсан, Кэбээйи сиригэр үктэнээт, эргим-ургум көрөөт: «Оҕолоор, Сахабыт сирэ кэннибитигэр төһө ыраах хаалла?» – диэн ыйытаахтаабыт.

* * *

«Дружба» эрбии дэриэбинэҕэ саҥа кэлбит. Бу сэптэрэ хайдах үлэлиирин ким билиэ-көрүө баарай? Илии эрбиитин курдук буолуо дуо, ыарахана эҥинэ. Кыахтаах эрэ киһи үлэлиир сэбэ буолуо диэн, модьу-таҕа киһиэхэ Сымыыт Испирдиэҥҥэ саһаан кэрдиитигэр туттарбыттар.

– Хайа, доҕор, хайдах сэп эбитий? – диэн үлэлээн кэлбитигэр ыйыппыттар.

– Ээ, дьэ, охтубут маска тэҥнээҕэ суох, охторорго эрэ эрэйдээх – сытан эрэ эрбииргэ киһи сирэйигэр ыһара бэрт, – диэбит. Охторорго сыаба сытыары эргитиллэрин ким этэн биэрэн билиэй?

* * *

Сэбиэскэй кэм саҕана коммунистическай субуотунньук буолар этэ. Онно киһи барыта хайаан да тахсыахтаах. Биир оннук субуотунньукка Раиса Тарасовна диэн сулумах дьахтар тахсыбатах. Үлэҕэ тахсыахтаах дьон испииһэгин бэрэбиэркэлии турар киһи дьахтар тоҕо суоҕун ыйыппытыгар, Борокуоппай диэн кыратык кэлэҕэй киһи: «Ол дьах-дьах-тар ыараха-ан, ыарахан, тах-тахсыбат», – диэбит. Маны дьон бары бу дьахтар хат буолбут диэн өйдөөбүттэр. Дэриэбинэ устун хоп-сип бөҕө тарҕаммыт. Дьахтар айдаан бөҕө түһэрэн, Борокуоппайы муннукка хаайбытыгар, киһитэ: «Мин хат диэбэтэҕим, мин ыарахан дьахтар диэбитим», – диир. Ол аата, ыарахан майгылаах дьахтар диэбитин, дьон сыыһа өйдөөбүт.

«Оруосабайдар»

Кулуупка оччоттон баччаҕа диэри бытаан үҥкүү тыаһаатаҕына, дьахталлар эргийэ түһүөххэ эрэ дэһэн вальстаан, бүтүн сааланы эргийэ көтөллөр. Куораттан чугас сытар биир улууска 90-с сыллар саҥаларыгар биир ньиэмэс киһитэ кэлбитин, тоҕо да эбитэ буолла, таансыга сырытыннарбыттар. Киһилэрэ биһиги үҥкүүһүт дьахталларбытын көрөн: «Я не думал, что у вас так много лесбиянок», – диэн сөрү диэн сөхпүт сурахтааҕа. Арҕаа дойдуларга, телевизорга көрдөххө, кырдьык, дьахтар эр киһилиин эрэ үҥкүүлүүр быһыылаах.

* * *

Сэбиэскэй кэм. Оскуола 100 сылын туолар үбүлүөйүгэр дьон-сэргэ бөҕө мустубут. Трибунаҕа тахсан оскуола директора тыл этэ турбут: «Дьэ, доҕоттоор, ити курдук бу үөрүүлээх күҥҥэ өссө күүскэ үөрэ-көтө үлэлээн-хамсаан биэриэххэ». Маны истэн олорон биир кырдьаҕас холкуостаах: «Пахай, оччоҕо ол кэнсиэр көрбөккө, үлэлии тахсабыт дуо?» – диэн өмүрбүт. Онуоха директор күлэ-күлэ: «Ээ, суох, суох, аллегория ээ, аллегория», – дии-дии трибунаттан түспүт. Директор туох диэбитин дьон өйдөөмүнэ, күүгүнэһэ түспүттэр. Хата биир учуутал сахалыы быһа бааччы: «Бүгүн бырааһынньык, сарсын үлэ», – диэн уоскуппут.

* * *

Ааспыт үйэ 70-с сыллара. Совхоз мунньаҕа буола турар. Арамаан диэн биригэдьиир бааһынаҕа ынахтар киирэннэр айдаан бөҕө.

– Быйыл эмиэ былаан туолбат буолла! Күрүөбүт олох эргэ. Бурдукпутун сүөһүлэр эмиэ илдьи тэпсэн кэбистилэр. Хоромньу улахан. Ким да кумаардаан да көрбөт! Күрүө ааныгар суруллан турар ээ. «Ынахтар уонна сылгылар киирэллэрэ бобуллар» диэн.

Бастакы эрээккэ олорбут кырдьаҕас сөҕөн саҥа аллайар:

– Бээ-бээ, ол ынахтарбыт хаһааҥҥыттан ааҕар-суруйар буолбуттарай?

Биригэдьиир сапсыйан кэбиһэн баран трибунаттан тэйэ хаамар.

Тутууга сылдьан

Маркович уҥа илиитигэр ыйар тарбаҕын аҥаара эрэ баар. Хаһан эрэ станокка сарбыйбыт. Перекур кэмигэр табахтыы олорон, туохтан эрэ сылтаан, мөккүһүү саҕаламмыт. Маркович омунугар ойон турбут.

– Итини баҕас биэс тарбаххыт курдук билиэхтээххит, – диэбит даҕаны, уҥа илиитин тарбахтарын саратан көрдөрбүт.

Ону утары олорооччу Миисэтэ:

– Түөрт аҥаар, – диэбит.

Маркович өйдөөбөккө, тарбахтарын ааҕа сатыы турбут.

* * *

Дойдубар ыраахтан уоппускаҕа кэллим. Арай сыбаайбаҕа ыҥырдылар. Ортолуу аһаан-сиэн, чэпчээн эрдэхпитинэ, арай тамада миэхэ тыл биэрдэ: «Тыл бэриллэр ыраах дойдуттан кэлбит ыалдьыкка! Дойдугар сылдьыбатаҕыҥ син ыраатта. Кэпсээ, уопсайынан, анараа дойдуга олох-дьаһах хайдаҕый?» Бары чуумпурдулар, киммин көрөөрү-истээри, билбэт да дьон баар буоллаҕа. Мин туран уу чуумпуга микрофону ылан: «Һм-һм! Наһаа да «анараа дойдуттан» буолбатар…» – диибин. Хас да дьон аска чачайдылар, күлсүү бөҕө буолла.

Көрүдьүөстэр

Подняться наверх