Читать книгу Күн-дьыл билгэтэ - - Страница 2

КҮНҮ-ДЬЫЛЫ БИЛГЭЛИИ ҮӨРЭН

Оглавление

Саха былыргы көлүөнэ дьоно үлэ үөһүгэр сылдьан күн-дьыл туругун мэлдьи кэтээн көрөллөрө уонна инникитин хайдах күн-дьыл күүтэрин сылыктыыллара. Бу үгэс билигин даҕаны салҕанан бара турар. Ол тыа сирин киһитэ үлэтин-хамнаһын тэрийэригэр көмөлөөх. Холобур, кураан кэмнэр уһуннук тура түһүөх буоллахтарына, ходуһаҕа отторун киэҥ далааһыннаахтык охсоллор, сөптөөхтүк куурдан баран мунньаллар. Ардах кэлээри гыннаҕына, охсууларын тохтото түһэн баран, отторун бугуллууллар уонна кэбиһэллэр. Ардах түһэ турдаҕына, уу отун охсоллор уонна ууттан ороон таһааран кураанах сиргэ тэлгэтэ ыһаллар, анаан лаабыс оҥорон, ол үрдүгэр уураллар. Өскөтүн ардах тохтуу-тохтуу түһэрин биллэхтэринэ, отторун охсуутун тохтотоллор. От, куура-куура сытыйдаҕына, хаачыстыбата улаханнык мөлтүүр. Ол кэриэтэ ардах түһэ турдаҕына охсуллубут от, ардах астыбытын кэннэ курааннаан баран иккиһин кэлбэтэҕинэ, күөҕүн, сүмэтин ыһыктыбат дииллэр. Күтэр ордуутун үрдүк сиргэ оҥосторун кэриэтэ, отторун уу ылбат үрдүк сиригэр кэбиһэллэр.

Урукку кэмҥэ нэһилиэккэ биир-икки дьылдьыт оҕонньор баар буолара. Холобур, биһиги Моорукпут нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, фольклорист Афанасий Семенович Порядин оҕонньор сураҕырара. Кини туһунан: «Охонооһой Бэрээдьин оҕонньор «аны сайын кураанныыр буолла, ый наһаа үөһэнэн сылдьар» диэбит үһү», – диэн кэпсэтэллэрэ. Оттон Чалҕаа нэһилиэгэр Лев Романович Скрябин оҕонньор, Моорукка Егор Васильевич Зыков ыраахха диэри иһиллэр билгэлээх дьон этилэр. Оттон хас түөлбэ, аймах аайы биирдии-иккилии күнү-дьылы билгэлиир уонна күннээҕи үлэни-хамнаһы тэрийэр кырдьаҕас дьон баар буолара. Холобур, мин аҕам Михаил Владимирович Сосин миэхэ сарсын хайдах күн буоларын эрдэттэн сэрэтэрэ. Биирдэ биһиги Мээтэгэй диэн сиргэ отоннуу бараары олордохпутуна: «Отоннуу барбаппыт, көрүҥ эрэ ньээм оту. Бэҕэһээ наһаа элбэх сибэкки баара. Оттон бүгүн ханан даҕаны биир да сибэкки көстүбэт, бары ханна эрэ саһан хаалбыттар. Ити ардахха буолар баҕайыта», – диэн аҕам тохтотон кэбиспитэ. Кырдьык, ол күн от-мас сытыйар улахан ардаҕа түспүтэ.

Мин сэрии буоллаҕын иккис сайыныгар субан сүөһү маныыһытынан Михаил Гаврильевич Сосин-Бакат Мэхээс, Алексей Гаврильевич Сокольников-Мондоҕос Өлөксөй диэн ааттаах кырдьаҕас дьону кытта үлэлээбитим. Кинилэр киэһэ, сарсыарда көрсүһэ түһэн күн-дьыл хайдах буолуоҕун туһунан билгэлииллэрэ. Онтукалара өрүүтүн таба буолара. Сотору кэминэн ардах кэлиэх буоллаҕына, «сылгы буорга күөлэһийэр», «ыт утуйа мээрик буолла», «мутукча сиигирбит, тиит лабаалара аллара санньыспыттар», «баҕа хонууга тахсыбыт», онтон даҕаны атын бэрт элбэх билгэни этэллэрэ. Ол барыта уот харахха түбэһэн иһэрин мин сөҕө уонна дьиктиргии саныырым.

Биирдэ мин Өлөксөйтөн: «Эһиги сарсыҥҥы күн хайдах буолуохтааҕын туһунан эндэппэккэ билэҕит. Ким эһигини үөрэппитэй?» – диэн ыйыппытым. Онуоха Өлөксөй: «Ким да биһигини анаан-минээн үөрэппэтэҕэ. Оҕо эрдэхпититтэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэриттэн үөрэммиппит. Дьылдьыт буолуоххун баҕарар буоллаххына, тулалыыр эйгэҕин болҕомтолоохтук, сирийэн көрө үөрэн. Холобур, сайын кураан кэмҥэ сарсыарда олбуоргар таҕыстаххына, ньээм от араҕас төбөтүн арыйбытынан көрүстэҕинэ, бүгүн ардаҕы күүтүмэ, оттон ардах кэлиэх буоллаҕына, ньээм от сибэккитин кистээн кэбиһэр. Көр эрэ, ол хараҥаччылар төһө үөһэнэн көтөллөрүй?» – диэн баран, күөл үрдүнэн көтө сылдьар хараҥаччылары көрдөрбүтэ. Хараҥаччылар бэрт үөһэнэн, наһаа түргэнник көтө сылдьаллара. «Мин санаабар хараҥаччылар үрдүк соҕустук көтө сылдьаллар», – диэн арыый тардына соҕус эппиэттээбититим. «Ол аата ардах сотору түспэт, ардах кэлэрэ эбитэ буоллар, кинилэр алларанан көтүөх этилэр. Билигин өйдөөн иһит эрэ. Аһыҥалар эрбэһин от быыһыгар төһө сырдырҕаһалларый?» – Өлөксөй миигиттэн салгыы ыйыппыта. Онуоха мин эрбэһин быыһынан аһыҥалар сып-сырдырҕастарын туһунан эппитим. Киһим мин сирэйбин батары көрөн туран: «Дьэ ити, эн бэйэҥ эт кулгааххынан иһиттиҥ, илэ хараххынан көрдүҥ дии. Аһыҥалар сып-сырдырҕастар. Ити эмиэ кураан билгэтэ. Оттон ардах чугас буоллаҕына, аһыҥалар, от быыһыгар кирийэн, саһан хаалыахтар этэ», – диэн быһааран биэрбитэ.

Ити кэмтэн ылата мин киниттэн күн-дьыл туһунан ыйыттахпына, быһааран биэрэрин оннугар «эн хайыы-үйэҕэ обургу, оттомноох, өйгүн-санааҕын тутан эрэр оҕоҕун. Бэйэҥ күнү-дьылы билгэлии үөрэн. Көр, ити баҕалар хонууга тахсан, ыстаҥалаһа сылдьаллар, тоҕо буолуой? Эн итини миэхэ быһааран кулу», эбэтэр «быйыл күһүн ити хатыҥнар төбөлөрүттэн аллара диэки хагдарыйан эрэллэр, тоҕо итинник буолуой?» диэн бэйэбиттэн быһаартара сатыыра.

Мин үксүгэр кини биэрэр ыйытыыларын кыайан быһаарбат этим. Онуоха кини миэхэ өйдөтөн биэрэрэ. Ол кэннэ түмүгэр: "Тукаам, эн кэлэр сууккаҕа хайдах күн-дьыл буолуоҕун туһунан билэ сатыырыҥ үчүгэй. Ол эрэн тус бэйэҥ билгэлии үөрэн. Кырдьаҕастар сарсын хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын билгэлээн этэллэрин көннөрү кулгааххынан истэн эрэ кэбиһимэ. Ол истибитиҥ тоҕо оннук буолуохтааҕын, туохха олоҕуран этиллэрин туһунан токкоолоһон ыйыт, ол кэннэ бэйэҥ бэлиэтии көр уонна өйгөр-санааҕар бигэтик хатаан кэбис», – диэн бэрт кичимэлээн эппитэ.

Бу 1942 сыллааҕы ардаҕа суох уот кураан, элбэх аһыҥалаах, от, бурдук үүммэтэх сайыныгар этэ. Мин субаннарбын манаан, кинилэри наар батыһа, сороҕор алаастан алааска үүрэн мэччитэрим. Онон бүтүн күнү быһа аһаҕас халлаан анныгар, айылҕа үөһүгэр сүөһүлэрбин кытары соҕотоҕун сылдьарым. Күн-дьыл уларыйыытын туһунан Мэхээстээх Өлөксөй кэпсээннэриттэн өйдөөн хаалбыппынан, бэйэм тулалыыр эйгэбин чинчийэ көрөр идэлэммитим. Ол миигин элбэххэ үөрэппитэ.

Оҕолор бэрт кыра эрдэхтэриттэн айылҕаны кытары ыкса алтыһан, кини кэрэтинэн дуоһуйан, кэрэхсээн, айылҕаны харыстыыр буола улааталлара наада. Итиниэхэ күн-дьыл уларыйыытын билэллэрэ улахан суолталаах. Онон кыра саастарыттан үүнээйи, көтөр, сүүрэр атахтаах уонна араас үөн-көйүүр олоҕун билэргэ уонна күнү-дьылы билгэлииргэ үөрэннэхтэринэ, бэйэлэригэр туһалаах буолуоҕа. Ол иһин төрөппүттэр, атын да аҕа саастаах дьон, оҕолору бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ сылдьан күн-дьыл уларыйыытын туһунан биллэрэр эбээһинэстээхтэр. Оччоҕо оҕолор бэйэлэрэ айылҕа элбэх кистэлэҥин арыйыахтара, хамсыыр-харамайдар, үүнээйилэр олохторун туһунан урут билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ. Устунан тулалыыр эйгэлэрин – айылҕаны таптыырга уонна кини тус бэйэтин кэрэтинэн дуоһуйарга үөрэниэхтэрэ, итиэннэ, кылаабынайа, айылҕаҕа олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуохтара. Киһи буола ситэллэрин саҕана, чахчы даҕаны, үрдүк экологическэй култууралаах, төрөөбүт төрүт дойдуларыгар тапталлаахтык сыһыаннаһар дьиҥнээх патриот буола улааталларыгар тирэх буолуоҕа.

Ол да иһин оҕолор, эдэр дьон, күнү-дьылы билгэлии үөрэниҥ, оччоҕо эһиги иннигитигэр айылҕа бэрт элбэх кистэлэҥэ арыллыаҕа. Кинилэр олохторун туһунан урут билбэтэххитин, аахпатаххытын билиэххит. Айылҕаны таптыырга, кини кэрэтинэн толору дуоһуйарга үөрэниэххит, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуоххут.

Күн-дьыл билгэтэ

Подняться наверх