Читать книгу Күн-дьыл билгэтэ - - Страница 4
КӨТӨРҮНЭН-СҮҮРЭРИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН
ОглавлениеКөтөрдөр, сүүрэр атахтаахтар, эмиэ киһи курдук – айылҕа оҕолоро. Кинилэр күн-дьыл уларыйыытын эрдэттэн билиилэрэ олохторугар быһаччы сыһыаннаах. Куобах уһун силбик ардах-хаар кэлэригэр сарсыарда уйатыгар сыппакка, хойукка диэри аһыыр, онон кини куртаҕар ас саппааһын мунньунар. Ардах чиэрбэтэ мэлдьитин кэриэтэ сир кырсын анныгар буорга олорор бэйэтэ, ардах уута кини сылдьар холлорооннорун толороруттан куттанан, ардах түһүөн аҕай иннинэ хонууга тахсар. Оттон тымныы саас буоларыгар көтөрдөр уйаларын күн көрөр, сылаас өттүгэр тутталлар.
Өрүскэ, үрэххэ уу эбиллиэх буоллаҕына, күтэр хороонун үрдүк кырдал сиргэ, күн көрөр өттүгэр хастар. Уһун уонна тымныы кыһын буолуоҕун билэннэр кэрбээччилэр (кутуйах, күтэр, моҕотой, дьабарааскы, о.д.а.) кыстыктарыгар элбэх аһы хаһааналлар. Хорооннорун дириҥник хасталлар, тэллэх отторо элбэх буолар. Оттон улахан тымныыта суох, халыҥ хаардаах, сылаас кыһын кэлиэх буоллаҕына, хорооннорун дириҥэппэттэр, эбэтэр чычаастык хасталлар.
Ардах кэлэригэр хараҥаччылар алларанан көтөллөрүн киһи үксэ билэр. Ити айылҕаны, күн-дьыл уларыйыытын кытары сибээстээх. Ардах чугаһаатаҕына, салгын баттааһына чиҥиир. Оччотугар үөн-көйүүр (бырдах, сахсырҕа, о.д.а.) аллара түһэр. Хараҥаччы кинилэри бултаһар буолан, батыһан аллара түһэр. Оттон курааҥҥа салгын баттааһына аччыыр, оччоҕо били үөннэр үөһэ көтөн тахсаллар, хараҥаччы даҕаны үөһэнэн кыырайа көтөр.
Тоноҕосчут үчүгэй күҥҥэ үксүгэр соҕотоҕун, ардыгар пааралаһан көтөр. Ити кэмҥэ кини, туохха даҕаны ыксаабат курдук, мастан маска түһэн, хонууну үрдүнэн көтөн тэлбээрэ сылдьааччы. Оттон ардах кэлэригэр майгыта-сигилитэ уларыйар. Туохтан эрэ аймаммыт, долгуйбут көрүҥнэнэр, көтөрө түргэтиир, алларанан сылдьар, ону ааһан ардах кэлээри гыннаҕына, элбэх буолан үөрүнэн көтөллөр. Ити эмиэ киниэхэ салгын баттааһына дьайарыттан буолар.
Кураан күннэргэ элиэ кырдьаҕас үөһэнэн, туохха даҕаны кыһамматах курдук, бэрт холку баҕайытык көтөн тэлээрэ сылдьааччы. Оттон ардах кэлэрин биллэҕинэ, кини холку бэйэтэ айманар, көтөр бэрээдэгэ кэһиллэр. Туохтан эрэ олус айманан сылгы курдук кистиир. Оттон халлаан биир маанылаах көтөрө туруйа барахсан хаһыыта дорҕоонноох буоллаҕына, «өтөрүнэн ардах түһүө суох» диэн этээччилэр.
Күн-дьыл уларыйыытын кэтээн көрөргө «тураахтары кэтээн көрөр ордук улахан көдьүүстээх» диэн бигэргэтэллэр. Тураах Саха сирин соҕуруу дойдуга кыстыы барар көтөрүттэн биир саамай дьоһуннаахтара. Саас муус устар уонун диэки кэлэр, ол кэннэ сайыны быһа дьон-сэргэ чугаһыгар сайылыыр. Тураах уйа туттан сымыыттыыр, оҕолорун таһааран көтүтэр, "оскуола аһан» хайдах көтөллөрүгэр, бултуулларыгар үөрэтэр, күһүн, сэтинньи саҥатыгар, кыстыгар көтөр.
Тураах күөмэйэ кэһиэҕирдэҕинэ, бэйэтэ бөгдьөйөн хааллаҕына, сотору кэминэн силбиктээх, ардахтаах күннэри күүтэллэр. Тураах соҕурууттан кэлэн баран дааҕырҕаабакка эрэ соҕотоҕун соҥуоран сырыттаҕына, сааскыта улахан хатааһыннаах, оттон кэлээт даҕаны уйатыгар сымыыт баттыырга тэриннэҕинэ, саас ичигэс буолар. Кини эрдэтээҥҥи сааскы хаарга умсар буоллаҕына, сотору күн-дьыл көнүөхтээх. Оттон иккиэ, эбэтэр элбэх буолан маска олорон дааҕырҕастахтарына, сотору кэминэн кинилэр хайыһан олорбут өттүлэриттэн тыалырар. Тураахтар халдьаайыга күн көрөр өттүгэр уйаларын тутуннахтарына, тымныы сайыны биттэнэллэр. Куула тыаҕа, күн сэдэхтик көрөр сиригэр уйаланнахтарына, ичигэс саас буолар. Сайын үөрүнэн түмсэн үөһэнэн былыт аннынан көтө сылдьан дааҕырҕастахтарына, ардах кэлэр.