Читать книгу Сүлүһүннээх таптал - - Страница 2
1
Оглавление1977 сыл. Оройуон түгэҕэр сытар чуумпу олохтоох, кыракый дэриэбинэ. Хаптаһын, туоль сиипэр кырыыһалаах дьиэлэр кэчигирэспиттэр. Сорохтор кырыыһалара да суохтар, ол оннугар ампаар дуу, балаҕан дуу курдук дьиэлэрин үрдүлэригэр сайынын күөх от чэлгийэ үүнэр, кыһынын бэргэһэ курдук хаар үллүктүүр.
Хонтуора дьиэтин мунньахтыыр хоһугар кэргэннии Мотуруона, Уйбаан Силэпсиэптэр уонна Маайа, Ньукулай Алаастыыраптар кэлэн олороллор. Алаастыыраптар өттүлэриттэн өссө Ньукулай бииргэ төрөөбүт эдьиийэ – Өкүлүүнэ диэн алта уон сааһын лаппа ааспыт, кырдьа барбыт дьахтар – баар. Бу кэм сиэринэн эмээхсин да диэххэ сөп. Мустубут дьон утары икки остуолга биригэдьиир Ыстапаан Ыстапаанабыс уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Даарыйа Уйбаанабына олороллор. Дуоһунастаах үлэһит буоларын быһыытынан, Даарыйа Уйбаанабына бороҥ өҥнөөх көстүүмнээх, түөһүгэр «Ударник коммунистического труда» диэн значоктаах. Кэлбит дьон, «туохха эмиэ ыҥырдахтарай?» диэбиттии, сирэйдэригэр кыракый тыҥааһын баарга дылы.
– Чэ, табаарыстар, кыракый биллэрии баар… Һ-м, һ-м… Быйыл эһиги икки ыал, Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар, Өллөөххө сайылыы тахсар буоллугут! Ньирэйдэргитин онно көрөҕүт. Онон, бу аҕыйах хаалбыт хонукка, күнү-дьылы баттаһа, хомуна охсуҥ! – диэн биригэдьиир биллэрэр.
Арааһа, итини эрэ көһүппэтэх буоланнар, бука бары чочумча тылларыттан матан олордулар. Кэмниэ кэнэҕэһин саамай аҕалара киһи, Өкүлүүнэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, «буолар да эбит!» диэбиттии, тыйаатыр артыыһын курдук төбөтүн быһа илгиһиннэ. Кини сопхуос бастыҥ үлэһитэ буолан, уордьана-мэтээлэ баһаам, хайҕал кумааҕыны этэ да барыллыбат. Олох кыһалҕатын, ыарахан үлэни оҕо сааһыттан билбит буолан эбитэ дуу, тутта-хапта сылдьара эр киһилии судургу, дьүһүнэ-бодото томороон, саҥата-иҥэтэ быһа-бааччы, сороҕор баламат да диэххэ сөп. Барыта кини эппитинэн буолуохтааҕын курдук туттар-хаптар. Үгүстэр Өкүлүүнэҕэ сүр баттатар буолан, ким да утарсыбат. Бу да сырыыга матан олоруо диэтэххит дуу, биригэдьиири биригэдьиир диэбэккэ, баран этэн-тыынан барда:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, саҥам диэн аата саҥардаххыный! Оннук диэн хайдах да табыллыбат! Бэйэҥ билэҕин, биһиги урут уруккуттан сайылыыр сирбит – Дулҕалаах! Оҕолуун-уруулуун, ыттыын-кустуун, онно тиэллэн тиийэрбит. Онон, билбэт сирбитигэр туох иһин барбаппыт! Эрэйэ-муҥа суох урукку сайылыкпытыгар ыытыҥ!
– Мин эмиэ Өллөөххө барары кыккыраччы утарабын! Биһиги эмиэ куруук сайылыыр сирдээхпит. Уонна, аһаҕастык эттэххэ, бу Алаастыыраптары кытары эн-мин дэсиһэн хаһан да бииргэ үлэлээбэтэхпит! Манна диэн эттэххэ, тапсан олорорбут да саарбах! – Уйбаан Силэпсиэп эмиэ утарсааччы буолла.
– Айабыын! Ыарахан да дьоҥҥут! Биир сайын бииргэ үлэлээтэххитинэ, туоххут да туллан түһүө суоҕа! – биригэдьиир кэлэйбиттии саҥа аллайда.
– Һы, Ыстапаан Ыстапаанабыс, куолугунан, киһиттэн ыйыппакка даҕаны, барытын аҥаардастыы бэйэҥ эрэ быһаара охсоҕун дуу?
– Һ-м, онтон быһаардын диэн биригэдьииринэн таллыгыт ини!
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм онно олох таласпаппын! – Өкүлүүнэ муос-таас курдук этэн кэбистэ.
Биригэдьиир бу курдук утарсыы буолуоҕун, биллэн турар, эрдэттэн сэрэйбитэ. Биир дойдулаахтара хадаар майгылаахтарын кини бэркэ билэрэ. Бэйэтэ да оннук киһи буоллаҕа! Онон тута оргуйан турбата. Ханныгын да иһин Өкүлүүнэ киниттэн быдан аҕа саастаах. Дэлэҕэ Ыстапаан биригэдьииринэн анаммытын истэн баран, Өкүлүүнэ: «Нохоо, эдьиийгин хатаҕалыыргын умнума! Ханныгын да иһин, кыһыл оҕо эрдэххинэ, ийэҕин солбуйан, ньирэй аһатарым быыһыгар сүүрэн тиийэммин эйигин эмиэ хаста сүүстэ суосканан аһаппытым буолуой?» – дии-дии эр киһилии кытаанахтык көхсүгэ таптайыа баара дуо?! Хаһан эрэ, баҕар, оннук да буолбута буолуо. Билигин кэлэн ким ону билиэ баарай? Ыстапаан ийэтэ Куруунньа муҥнаах, эмискэччи сүрэҕэ тохтоон, хара буорга кистэммитэ ыраатта. Уола үөрэхтээх киһи буолан, дойдутугар төннөн биригэдьииринэн анаммытын көрөөхтөөбөтөҕө кыһыылаах. Биригэдьиир диэн, кыра да буоллар, былаас дуомата. Биир өттүнэн, ону Ыстапаан хаһан да умнуо суохтаах. Куруук кытаанах тыллаах, быһаарыныылаах буолуохтаах. Арааһа, итини санаан быһыылаах, Ыстапаан Ыстапаанабыс көхсүн этитээт, чиҥ куолаһынан Өкүлүүнэни тохтото сатаата:
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, бээ, уоскуй!
– Дулҕалаахха тиийэ иликпинэ уоскуйбаппын! – диэн эппитин этэ турда. Туох да диэбит иһин, өһөс эмээхсин!
Ыстапаан Ыстапаанабыс кыйаханан барда:
– Чэ, ону эн хайдах да быһаарар быраабыҥ суох! Тугуй ол, Дулҕалаах эһиги бас билэр сиргит үһү дуо? Быйыл онно Һаабынаптар тахсаллар. Оттон эһиги – Өллөөххө!
Өкүлүүнэ итиччэни истэн баран, таах олорбото биллэр. Пиэрмэ тыйыс олоҕо кинини дьүккүөрдээх үлэҕэ эрэ буолбакка, этиһэргэ, аахсарга эмиэ үөрэппитэ. Тыастаахтык чыпчырынан ылаат, сөҥ куолаһынан дьэ этэн-тыынан барбата дуо?
– Һа, хаһааҥҥыттан бу эн, бэҕэһээҥҥи бэтэрээски, киһиттэн ыйыппакка да эрэ, быһаара охсор идэлэммиккитий? Төһө да биригэдьиир буолан тойомсуйдаргын, тохтуур инигин! Боростуой оробуочай дьон санаатын иһиттэххинэ табыллар!
Биригэдьиир Өкүлүүнэ «бэлэстээҕин» биригэдьиир бэркэ диэн билэр. Кинилиин ааҕыстаҕына, таах хотторорун билэр. Онон Ыстапаан Ыстапаанабыс били сарайбыт кынаттарын арыычча кумуччу тутунна. Арай ити кус-хаас саҥатын истэ олорбут сэбиэт бэрэссэдээтэлэ дьахтар эрэ Өкүлүүнэттэн толлубат. Кини саҕалары олоҕун тухары көрсөн, кум-хам тутан кэллэҕэ.
– Тоҕо Өллөөҕү сирэргитин сатаан санаабаппын! Онно үлэлииргэ быдан табыгастаах! Саамай мэччирэҥнээх сирбит дии! Хата борооскуларгыт сайын устата биллэ төлөһүйүөхтэрэ. Ону санааҥ! – диэтэ кини дьыалабыайдык.
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм ол Өллөөххүтүгэр саараама барбаппын! – Өкүлүүнэ иннин биэрэн бэрт.
– Һ-м, оччотугар атыттар санааларын истиэххэ! Холобура, Маайа, Өллөөххө барары туох дии саныыгыный? – Даарыйа Уйбаанабына бу олорор дьонтон ким ордук мөлтөҕүн, симигин, «бырааба кыратын» билэр. Ол иһин миигин эрэ тыыппаталлар ханнык диэбиттии, баара-суоҕа биллибэккэ олорор Маайаттан ыйытта. Анарааҥҥыта, киһи аһыныах, кутталыттан тута мух-мах барда. Сэбиэт Даайа дьүккүччү көрбүт хараҕын тулуйар кыаҕыттан ааһан, умса көрдө. Соппуоската бадараан буолан хаалбыт. Буолумуна, таһырдьа хаар ууллан, сир сиикэй сытар. Мунньахха хойутаамаары, бадарааны бадараан диэбэккэ, таах дайбаан кэлбиттэрэ ити баар. Маайа бара сатаан атыттар атахтарын таҥаһын көрөр: барыларын соппуоскалара бадараан буолбут. Бэл кини иннигэр суостаахтык туттан олорор сэбиэппит атаҕын таҥаһа эмиэ бадараан.
– Хайа, Маайа, тоҕо саҥата суох бардыҥ? Санааҕын этэн иһиэххин?! – Даарыйа Уйбаанабына Маайаны ыкта-түүрдэ. Анарааҥҥыта өссө долгуйда, оскуолаҕа «иккини» ылбыт үөрэнээччи курдук сананна. Кэмниэ кэнэҕэс нэһиилэ: «Мин эмиэ…» – диэн хантан эрэ иһин түгэҕиттэн икки тылы ыган таһаарда.
– «Мин эмиэ» диэн ол аата туох диэри гынаҕыный? Өйдөөбөтүм! – Сэбиэт Даайа чуолкайдаһыан баҕарда.
– Һ-м, Маайа, оттон эйиэхэ синэ биир буолбатах дуо? – биригэдьиир Ыстапаан сэнээбиттии тыл бырахта.
Маайа муҥнаах кыахтааҕа буоллар салгыҥҥа симэлийэн, көстүбэт буолан хаалыа эбит. Уҥуох-тирии бэйэтэ, куоптатыгар иһирдьэ киирэн саһан хаалыан баҕарбыттыы, хаҕа эрэ хаалан олордо. Умса көрдөҕүнэ эрэ быыһанарыныы, эмиэ соппуоскатын одуулаата. Атахтарын кумуччу туттубутугар хаппыт бадараан тоороттон түһэн, кырааската барбыт муостаҕа ыһылынна.
– Оо дьэ, Маайа, киһи ыйыттаҕына, саатар, саҥаран быстыаххыный?! – биригэдьиир кыйыттан барда.
– Оттон… Дулҕалаахпыт дэриэбинэттэн чугас буолан, сылдьарга үчүгэй этэ… – Маайа саҥата, төһө да бырдах сыыгынаабытын курдук кыра буоллар, уу чуумпуга иһилиннэ, бары өйдөөтүлэр.
– Һ-м, оттон, биллэн турар, Өллөөхтөн санаатаҕыҥ аайы маҕаһыыҥҥа тиэстэриҥ тохтуур! – биригэдьиир Ыстапаан эҕэлээхтик эттэ.
Баччааҥҥа диэри кулгаах-харах буолан олорбут Маайа оҕонньоро, Ньукулай, ити тыллары сөбүлүү истибэтэ.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, чэ, төһө да биригэдьиир, тойон аатырдаргын, тылгын арыый да кыатана тутун! – диэтэ, ойоҕун көмүскэһэн. Үйэтин тухары суостаах эдьиийигэр баттатан, эмиэ «ким да миигин тыыппатар ханнык» диэбит курдук туттар-хаптар бэйэтэ, итиччэ эр ылан утарсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах. Тута мух-мах бараахтаата. Биригэдьиир Ньукулайы сиэн да топпот.
– Ньукулай, оччо айылаах туох диэтим? Баары этэр эмиэ буруй буоллаҕай? – Ыстапаан Ыстапаанабыс куолаһыгар дьахтардыҥы, чаҥкынас дорҕоон иһиллэн ылла. Даарыйа Уйбаанабына чуор кулгааҕа ити дорҕооҥҥо туох эрэ олуонаны, сөбө суоҕу иилэ хабан ыллаҕа дуу, ис иһиттэн атыҥыраата, тохтоторго сананна.
– Табаарыстар, бириэмэ баран иһэр! Атын боппуруостарга халыйымаҥ! – диэтэ туос-маас курдук кытаанахтык.
– Чэ туох да диэҥ, мин тус бэйэм ол дойдуга саараама барбаппын. Эчи, аата да ынырыгын! Өллөөх буолан! – Өкүлүүнэ санаатын этэ олордо.
Ити тухары киниэхэ бу кэпсэтии ханан да сыһыана суоҕун курдук туттан, мээнэ олорбут Мотуруона эмискэ уһуктан кэлбиккэ дылы буолла.
– Кырдьык да, хайа бэйэлээх итинник ааттаатаҕай? – диэтэ кини барыларыгар туһаайан.
– Аата, онтон-мантан хатыһан түһэҥҥит! Билиэххитин баҕардаххытына, ити сир аата «өл» диэн тылтан буолбатах! «Балык өлө» диэни иһиттигит ини? Бары да сахаларгыт дии? – диэтэ биригэдьиир өрөһүспүттүү.
Ити тыллары Мотуруона оҕонньоро Уйбаан сэргии иһиттэ.
– Ээ, күөлэ хата балыктаах дуо? – диэтэ бэрт сэргэхтик. Онуоха Мотуруона оҕонньорун кынчарыйда. Биригэдьиир итиччэ түгэни мүччү туппата:
– Оннук буолумуна! Саамай балыктаах күөлбүт дии! Баччааҥҥа диэри истэ иликкин дуо? – диэтэ.
– Һ-м, дьэ ким билэр! Ол дойду соботун амсайбыт суох! – диэтэ Мотуруона улаханнык саарбахтаабыттыы.
– Мотуруона-а, санааҕын төрүт түһэримэ! Астына-дуоһуйа дьэ амсайыаҥ турдаҕа! – Ыстапаан Ыстапаанаабыс сымыйанан көх-нэм буолбута буолла.
Ол эрээри Мотуруона кини тылларын кулгааҕын таһынан иһиттэ.
– Эчи, сыыра туруорутун! Били Хабдьы Хабырыыс муҥнаах ол сыыртан түһэн иһэн, массыыната эргийбитэ буолбат дуо? – кини, бэйэтэ да билбэтинэн, кэпсэтиигэ олох атын тыыны киллэрдэ.
– Пахай, ол былыр үйэтээҕини ахтымаҥ эрэ! – биригэдьиир саба саҥарда.
– Хайдах ахтыахпыт суоҕай? Ол дойдуга эн олоро барбаккын буолбаккын эбээт! Биһиги! – Мотуруона өрүкүйэ түстэ.
– Мотуруона сөпкө этэр. Истиэххитин баҕардаххытына, былырыын ол Өллөөххүт иччитэх турбута! Тоҕо диэтэргит, онно олорбут Далбараевтар табыллыбатахтара, – Өкүлүүнэ өссө биир түгэни өйдүү биэрдэ.
– Ээ, арба да өссө оннуктаах этибит дуу! Олох да умнан кэбиспиппин дии?! – Мотуруона сирэйэ кубарыйан хаалла.
– Ийэлэрэ бараххан пиэрмэҕэ үлэлии сырыттаҕына икки атаҕын тымырыгар хаана бөлүөхсэн, түргэн баҕайытык өлөн хаалаахтаабыта. Бохоруонатыгар сылдьыбытым ээ. Оҕонньоро Дьэбдьиэйин аһыйан, айманан да биэрбитэ. Киһи аатыттан букатын ааһаахтаабыт этэ. Түмүгэр, кини да уһаабатаҕа, – Өкүлүүнэ тылларыттан бары да кэри-куру буоллулар. Бэл биригэдьиир умса көрдө, илиитигэр тутан олорбут харандаһын ыгыта туппахтаата. Арай Сэбиэт Даайа сирэйэ биир тэҥ дьиппиэн. Эр киһилии холустук баттаҕын көннөрүннэ.
– Ааспыт аастаҕа! Итинник туохтан барытыттан куттанан чугуруҥнуу сырыттахпытына, былааммытын толорбоппутугар тиийэбит эбэтэр сопхуоспут хаалыылаах буолуон баҕараҕыт дуу? – диэтэ быһаччы.
Былаан-тайма туһунан умнаахтаабыт сопхуостаахтар букатын да мух-мах бараахтаатылар. Сэбиэт Даайа, ону таайан, тирэҕирбиккэ дылы буола түстэ.
– Уопсайынан, аҥаардас бэйэҕит эрэ иннигитин көрүнэргитин тохтотуҥ! – диэтэ хамаандалыыр куолаһынан. Былыргы үйэ эбитэ буоллар, отой Чоочо баай ойоҕо буолуоҕа хаалбыт. – Истиэххитин баҕардаххытына, Һаанньыкаптар онно кыһыннары-сайыннары бэри-бэркэ олороллор, туох да буолбаттар.
– Һ-м, кинилэр олорумуналар! Кинилэргэ саамай сөптөөх сир буоллаҕа ол! – Өкүлүүнэ хадаардаһарын тохтоппото.
– Ол аата туох диэри гынаҕыный? – биригэдьиир өйдөөбөтөхтүү ыйытта.
– Туох диэхпиний? Кинилэр хайдахтарын миигинэ да суох бэйэҕит билэҕит!
– Дьон дьон курдук инилэр! Эһигиттэн уратылара диэн иннилэринэн дьон, кыахтара баарынан үлэлииллэр.
– Ээ, оннук дуу! Һа-һа… Чэ биһиги да, кинилэртэн хаалсыбакка, үлэлии сатыыр инибит! – Өкүлүүнэ үгэргээтэ.
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, эн уордьаннаах, ВДНХ-ҕа сылдьыбыт баар-суох бастыҥ үлэһиппит эрээригин, дьоҥҥун туох ааттаах таҥнары тардаҕыный? Уонна оттон партия чилиэнэ буоларгын умнума эрэ! – Сэбиэт Даайа тулуйарыттан ааһан кимэн киирэрин күүһүртэ, этэргэ дылы, батарантааһын бүтэһик ботуруоннарын ороото.
Итиччэлээҕи истэн, Өкүлүүнэ сирэйэ уларыйа түстэ, били көҥүл аахса олорбута тохтоото.
– Көрөҕүт?! – Сэбиэт Даайа, истиэнэҕэ ыйанан турар кыһыл плакаты тарбаҕынан ыйа-ыйа, этэн-тыынан барда. – Туох диэн суруллубутуй? «ССКП 25-с CЪЕҺИН ЫЙААХТАРЫН – ОЛОХХО!» диэн. Бу тыллар хас биирдиибитигэр туһааннаахтар. Ким да туора туруо суохтаах. Кыра оҕолор курдук хаппырыыстанаргытын тохтотуҥ!
Хос иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Бука сэрэйдэххэ, бары истэригэр бэйэлэрин санааларын буһара олордохторо: Өкүлүүнэ Дулҕалааҕын ахтылҕана баартыйа этиитин кытары хайдах да сөп түбэспэтиттэн хомойдоҕо, Маайа – кимиэхэ да кыайан быһаарбат тус кыһалҕатын, моһуогун санаан өрө тыыннаҕа, Мотуруона – «чэ, туох да диэҥ, ол сир туохтаах эрэ, онно олорор олох сатаммат» диэн дьиксинэ санаатаҕа. Ити чуумпуну эмискэ Уйбаан куолаһа ыста.
– Оттон оччотугар көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигит?
Итиччэлээҕи истэн, Мотуруона оҕонньорун ис-иһиттэн кэлэйбиттии көрдө, кыахтааҕа буоллар, абаккатыттан охсуох да курдук этэ. Уйбаан сыыһа тылласпытын билэн ах барда. Ол эрээри биригэдьиир, ити эрэ тыллары кэтэспиттии, тута иилэ хабан ылан, эрдээх куолаһынан:
– Биллэн турар, көмөлөһүөхпүт! Бааска курусобуой массыынатынан эһигини таһаарыа! Онон, хата түргэнник хомуна охсуҥ! – диэтэ.
– Чэ, манан мунньахпыт түмүктэнэр. Бу сыл түмүгүнэн, биһиги сопхуоспут оройуоҥҥа биир бастыҥ көрдөрүүлээх буоларын туһугар бүттүүн кыһаллан туран үлэлиэхтээхпит! Онно эһиги кылааккыт эмиэ баар буолуохтаах! – диэтэ Сэбиэт Даайа мунньаҕы түмүктүүрдүү.
Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, мас ыскамыайкаларыттан ыарахан соҕустук орҕостон, кэлбит дьон хостон тахсан бардылар. Кинилэр хараастыбыттарын, бэл, көхсүлэрин ньүхсүччү туттубуттарыттан сэрэйиэххэ сөбө буолуо. Даарыйа Уйбаанабына түннүгүнэн ыраатан иһэр дьону одуулуу туран эмискэ:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс? – диэтэ.
– Тугуй?
– Өллөөх күөлэ, кырдьык, соболоох дуо?
– Билбэтим, – биригэдьиир саннын ыгдах гынна.
– Эс, тоҕо оччоҕо собонон албыннаатыҥ? – Даарыйа Уйбаанабына биригэдьиир диэки сөбүлээбэтэхтии көрдө.
– Оттон тугунан уонна албынныахпыный? Киһини ымсыырдыах онно туох да суоҕун бэйэҥ бэркэ билэҕин, – Ыстапаан Ыстапаанабыс сиэбиттэн табаҕын ороото.
– Ол аата албыннаатахпыт, – диэтэ Даарыйа Уйбаанабына, түннүктэн эргиллэ биэрээт.
– Дьыала туһугар, Даарыйа Уйбаанабына. Ону умнума, – биригэдьиир Сэбиэт Даайа диэки тымныытык көрдө.
* * *
Күөстэнэр дьиэҕэ Маайа кирпииччэ оһоҕун тигинэччи оттон, чугуун хобордооххо төп-төгүрүк алаадьылары биир-биир саһарчы буһара турар. Уолаттара, ас минньигэс сытын ыраахтан билэн, хоспоххо кутулла түстүлэр. Үөрүүлэриттэн «Ураа, алаадьы!» – дэһээт, итиитинэ сиэн бардылар. Маайа уолаттарын көрөн мичээрдии турда, тугу эрэ этиэн олус баҕарар да, кыаллыбат. Кини куруук итинник – хараҕынан таптыыр, сэмэлиир, кыыһырар, санааргыыр. Тыллара ханна эрэ тиийэн туой иҥнэн хаалар курдуктар.
– Чэ сөп буолуо. Сарсын уоппутун аһатыахпыт дии, алаадьынан күндүлүөхпүт! – Маайа уолаттарын тохтото сатаата.
– Ийээ, өссө биири ылабын? Уонна онон бүтүөм, – Оппоо эттэ эрэ эппэтэ эрэ өссө биир алаадьыны ылан айаҕар уктар. – М-мм! Минньигэһиин!.. – диир астыммыта бэрдиттэн. Оппоо сааһа уон түөрдэ.
– Мин эмиэ! – Лөглөө илиитэ эмиэ алаадьылаах иһиккэ тардыста. Кини Маайалаах Ньукулай улахан уоллара. Аччыгыйдара – Куока «миэхэ эмиэ» диэбиттии, илиитин тоһуйар. Маайа, биллэр биллибэттик мичик гынаат, уол быыкаайык ытыһыгар алаадьы уурар.
– Чэ уонна сөп буолуҥ. Эдьиийгит аҕыйах алаадьыны буһарбыккын диэн аны киһини мөҕөн туруо дии?
– Сөп, ийээ, биирдиини эрэ сиибит, – Оппоо арыылаах алаадьыны бэрт иҥсэлээхтик сии туран.
– Ийээ, биһиги Арамаанаптарга оонньуу барабыт? – Лөглөө ийэтиттэн көҥүл ыйытар.
– Чэ барыҥ, ол эрээри хойутаамаҥ! Сөпкө утуйуоххутун наада, сарсын, арааһа, эрдэ соҕус сайылыктыырбыт буолуо.
– Ээ, массыынанан дуо? – Оппоо интэриэһиргээбиттии ыйыталаһар.
– Бааска курусобуойунан.
– Бэрт эбит дии оччоҕо! – Лөглөө үөрэ түһэр.
– Сөпкө кэлиэхпит-кэлиэхпит, өр буолуохпут суоҕа! – уолаттар күөстэнэр дьиэттэн таһырдьа ыстаннылар.
Маайа салгыы алаадьытын астыы хаалла. Ол туран кыракый үөлэһинэн таһырдьаны одууласта уонна чугаһынан ким да суоҕун көрөн, мас хоппо кэнниттэн номнуо арыллыбыт кыһыл арыгыны таһаарар. Онтон чэй иһэр чааскыга балачча куттаат, иҥсэлээхтик ыймахтаата. Чочумча толкуйдуу түһээт чааскытыгар өссө кыратык таммалатта уонна оһоҕун арыйан умайа турар уокка бэристэ, алаадьы бырахта.
– Аал уотум иччитэ, күлүм аллай, үөр-көт! Дьиэбитин араҥаччылаа, арчылаа! Сайыммыт этэҥҥэ аастын! – диэтэ. Ону истибиттии, уота төлөнө кытыаһынна.
Маайа алаадьытын астыы туран, сыыһа хамсанан илиитин итии арыыга сиэттэ. «Абыта-ай!» диэбитинэн илиитин саба тутунна. Өлүү түбэһиэх, ити кэмҥэ күөстэнэр дьиэҕэ Өкүлүүнэ киирдэ. Илиитин туттан турар Маайаны көрөөт, сирэйэ дьэбин уоста.
– Һ-м, барахсан! Номнуо били бэйэлээх аскын соппойо охсубуккун дуу? – Өкүлүүнэ кийиитин Маайаны өтө көрөрдүү саҥарда.
– Ээ, оттон… быыкаатык, – Маайа туох диэн саҥараахтыай, бара сатаан, илиитэ аһыйарын үрбүтэ буолар.
– Хайа, туох буоллуҥ эмиэ?
– Ээ илиибин арыыга сиэттим…
– Кэм буолуо, онтон ордуохпут дуо? – Өкүлүүнэ кэлэйбиттии саҥаран иһэн эмискэ хаһыытаата. – Көр, алаадьыгын хоруордан эрэҕин!
Чахчы да чугуун хобордооххо буһа турар алаадьы, хоруоран эрэр эбит. Маайа түргэнник онтукаларын нэлэгэр иһитигэр биилкэнэн иилэн быраҕаталыыр.
– Интикэйдэргин бэйэҥ сиэр! Уонна аһыы аскын ыймахтаан бүт! Бачча кэлээри-бараары сылдьан, саатар, туттунуоххун! Оҕолоруҥ таҥастарын-саптарын бэлэмнээтиҥ дуу, суох дуу?
– Бэлэмнээн… – Маайа көхсүнэн туран хоруйдуур.
– М-ммм… Ханна баалларый уолаттарыҥ?
– Арамаанаптарга тахсыбыттара.
– Арамаанаптарга даа? Хайдах мээнэ ыалга ыытаҕыный?
– Оттон оонньоотуннар ээ. Анараатах тиийдэхтэринэ, үлэттэн ордубат инилэр…
– Һы! Итинник сырыттахтарына, олох улдьаа буолар инилэр!
Маайа туох да диэбэт, Өкүлүүнэлиин аахсар туһата суох.
– Алаадьыгын ситэрээт, уолаттаргын ыҥыра оҕус! Уонна ити арыыга сиэппит илиигин хаһаайыстыбаннай мыыланан сотун. Оччоҕо түргэнник ааһыа… Аны илиим бааһырда диэн үлэттэн куотаары гынаҕын дуо?
– Эс, ама хайаан…
– Чэ, ким билэр, – Өкүлүүнэ, ааны хайа быраҕаат, таһырдьа таҕыста.
* * *
Курусобуой массыына буор суол устун айаннаан иһэр. Суоппар Бааска аттыгар Өкүлүүнэ алталаах Куоканы уонна Мотуруона аҕыстаах Баанньысканы көтөхсөн олороллор. Атыттар бука бары үөһэ куусапка тиэллибиттэр. Бааска уоһуттан бөппүрүөскэтин араарбат. Бэйэтэ айылҕаттан саҥалаах-иҥэлээх буолан, чуумпуну абааһы көрөр. Ол иһин да буолуо, кэккэлэһэ олорор дьонун диэки дьиктиргээбиттии көрөр.
– Хайа, сайылыкка айаннаан иһэр эрээригит, тоҕо үөрбүт-көппүт сирэйгит суоҕуй? – диэн ыйыталаһар.
– Ээ, биһиги ити сиргэ төрүт да таласпатахпыт! Күүстэринэн ыытан эрэллэр, – Өкүлүүнэ баары баарынан этэр.
– Һэ-һэ! Бука сэрэйдэххэ, Сэбиэт Даайа «баартыйа этиитин толоруҥ!» диэтэҕэ…
– Ама дуо! – Мотуруона саҥа аллайар.
– Хайыаххытый, оччотугар баартыйа этиитин толороргутугар тиийдэххит!
– Оттон эн да баартыйа этэринэн олорор инигин? Ханна туора турбут үһүгүнүй? – Өкүлүүнэ Бааска диэки көрөн ылар.
– Ээ, мин, баартыйата суох киһи, онно эрэ наадыйбаппын. Уруулбун эрийдэхпинэ да сөп!
– Туохха барытыгар эн кыттыгаһа суох буолан иһэҕин! – диир Өкүлүүнэ, ис иһиттэн абаккарбыттыы.
– Биллэн турар! – Бааска, куолутунан, күн кыһалҕата суох хоруйдуур. – Тойотторум туох дииллэр да, онно айанныыбын.
– Оттон тойотторуҥ, баартыйа ыйыытынан олорор дьон, эйигин да туора хаамтарбатылар ини! – суоппар Бааска аһара кыһалҕата суоҕуттан Өкүлүүнэ ис иһиттэн кыйаханар быһыылаах.
– Ээ, мин дьыалам кыра! Батыллыбакка айаннаатахпына да баһыыба!
– Һ-м, барахсан! Толкуйуҥ тугун чычааһай? Холобура, биһиги билигин партия этиитин толоро, Өллөөххө былаан толоро, үлэлии баран иһэбит! Эн биһигини тиэйэн иһэриҥ быһыытынан, эмиэ сыһыаннааххын!
– Ээ даа?
– Оннук буолумуна!
– Чэ буоллун даҕаны! Ол эрээри эһиги үөрбүт-көппүт көрүҥҥүт төрүт суох. Ол аата партия этиитин кытары искитигэр соччо сөбүлэспэт буоллаххыт.
– Ээ, бу оннугар Дулҕалаахпытыгар барбыппыт буоллар… Хайдах эрэ санаам ити Өллөөххө олох тардыспат… Хайдах эмэ гынан сайыммыт ааһа охсоро буоллар! – Өкүлүүнэ ис иһиттэн ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Эс, тоҕо инньэ диэтэххиний? Мин биир бэйэм күөх сайыммыт уһаатар ханнык диэн толкуйдаахпын, – Бааска Өкүлүүнэ диэки дьиктиргээбиттии көрөн ылар.
Ийэтигэр көтөхтөрөн олорор Баанньыска сиэбиттэн бирээнньик таһааран, онтуката хаппыта бэрт буолан, эмэ-эмэ сиэн барар. Куока көрөн ымсыырар.
– Бирээнньиккиттэн бэрсиий! – диир. Онуоха анарааҥҥыта, көҥөнөн, баһын быһа илгистэр.
– Оттон, саатар, кыратык, – Куока арахсыбат.
– «Суох!» диэтим буотта! – Баанньыска буолуммат.
– Оттон мин эмиэ сиэхпин баҕарабын ээ!
Куока, наһаа көрдөөн барбытыгар, Баанньыска тоҥолоҕунан киэр садьыйар.
– Бүт эрэ, нохоо! Сүгүн олор! – Өкүлүүнэ уолун Куоканы буойар.
– Оттон мин эмиэ бирээнньик сиэхпин баҕарабын ээ!
– Баанньыска, бэрсиэххиний? Туох ааттаах көҥөскүнүй? – Мотуруона уолун сэмэлиир.
Баанньыска, улаханнык баҕарбатар да, сиэбиттэн бирээнньик таһааран, Куокаҕа уунар. Анарааҥҥыта үөрэ-көтө ол бирээнньигин кэбийбитинэн барар.
– Хайа, нохоо, бирээнньиктэнэн, абыранныҥ дуу? – Өкүлүүнэ мичик гынар, уолун кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Аһаа!
Улахан дьон күлсэн тоҕо бараллар.
* * *
Куусапка олорор дьон, саллааттар курдук, бука бары бириһиэн матырыйаалыттан тигиллибит кууркалаахтар. Уолаттар таах олоруохтара баара дуо? Мэниктээн, анньыалаһаллар эҥин. Ордук Лөглөө баппат. Силэпсиэптэр хороччу улаатан эрэр кыргыттарын, Любускалаах Лидыкканы, биллибэтинэн, нэксиэ кэллэҕинэ, кэйиэлии олорор. Кыргыттар ол аайы часкыйан иһэллэр.
– Ноо, уоскуй эрэ эн! Туох ааттаах кыра оҕоҕо дылы мэнигилээн хааллыҥ! – Ньукулай уолун буойбута буолар.
– Мас курдук көнөтүк олоробун дии, олох да мэниктээбэппин ээ! – Лөглөө обургу аҕатын диэки ырааһынан көрөн кэбиһэр.
Айан устатын тухары Маайа сирэйэ дьиппиэн.
– Хайа, туохтан бачча айылаах санаарҕаатыҥ? – Ньукулай тулуйбакка ойоҕуттан ыйытар.
– Ээ, бэйэм…
– Бэйэҥ буолбаккаҕын, ким буолуой? Эбэтэр бэҕэһээҥҥиҥ кэнниттэн төбөҥ хампы барыахча дуу?
– Ньукулай, саатар эн миигин тыытыма! Саҥата суох айаннаа! – Маайа оҕонньорун саба саҥарар.
* * *
Биригэдьиир хоһугар олорон эрэ, тугу эрэ сурунар. Ол эрээри кини үлэлиир хоһун киһи кэбиниэт да диэн ааттыан баҕарбат: барыта эргэ-урба, этэргэ дылы, үйэтин моҥообут аҕыйах олоппос, биир остуол диэбит курдук маллар тураллар. Ленин уонна Брежнев мэтириэттэрэ бу хос соҕотох киэргэллэрэ буолан, истиэнэҕэ ыйаммыттар. Эмискэ телефон тыаһа тырылыыр.
– Олуо! Ээ, Даарыйа Уйбаанабына, дорообо!
– Хайа, дьоҥҥут Өллөөххө айаннаатылар дуу?
Сэбиэт Даайа кэбиниэтэ эмиэ судургу. Арай муннукка улахан тимир сиэйпэ, мин аҕай диэбиттии, миэстэ бөҕөтүн баһылаан турар. Түннүк сэҥийэтигэр ньаалбаан кэнсиэрбэ бааҥкаларыгар туох эрэ сибэкки дуомнара үүммүттэр.
– Айаннаан. Арааһа, тиийэн эрдэхтэрэ буолуо.
– Чэ, саатар эрэ. Ити Өкүлүүнэ ааспыкка туох ааттаах буолан турда, доҕоор? Дьон санаатын олох үлтү ыһа сыспыта дии?
– Ээ, уруккуттан бэлэстээҕин билэр инигин?!
– Да-а, олох түһэн биэрэ сыста. Дьэ, хайдах-туох үлэлииллэр!
– Ээ, төрүт долгуйума. Ханна Өкүлүүнэ баар да, онно үлэ күүдэпчилэнэн олорор.
– Оннугун оннук эрээри, ити эмээхсин настыранньатын олох сөбүлээбэтэҕим. Туох ааттаах Өллөөхтөн куттаннаҕай?
– Дьэ быһа!
– Туох-баар түгэни барытын санаппыта. Ончу партиялаах киһи курдук буолбатах!
– Даарыйа Уйбаанабына, сөпкө этэҕин. Партиялаах буолуохтааҕар, таҥнары тардааччы курдук.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хата хонтуруоллуу сылдьаар эрэ. Хайдах эрэ киһи эрэммэт дьоно буолбуттар.
– Сөп, Даарыйа Уйбаанабына, хайаан да хонтуруоллуом.
Биригэдьиир төлөпүөнүн уйатыгар уураат, чочумча тугу эрэ толкуйдуурдуу, саараан олордо. Онтон эмискэ Сэбиэт Даайаны, куолаһын уларыта-уларыта, үтүктэн барда: «Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хонтуруоллуу сылдьаар эрэ». Хонтуруоллаамына! Ону баҕас эйигинэ да суох бэркэ билэбин!
* * *
Курусобуой массыына буору бурҕатан, Санниковтар дьиэлэрин аттынан ааһар. Кырдьаҕас эмээхсин күн сыралҕаныгар сабараанньаҕа хамсатын тарда олорор. Төбөтүгэр былааттаах, сирэйэ эргэрбит хортуоска курдук ыбылы мырчыстыбыт. Суоппар Бааска эмээхсини көрөн күлүм аллайар.
– Һок! Ылдьаана эһиги кэлбиккитин, бадаҕа, сөбүлээбэтэ быһыылаах. Кынчарыйбыкка дылы буолла!
– Эс, ону эн көрө оҕустуҥ дуо? – Өкүлүүнэ соһуйбута буолла.
– Көрүмүнэ! Биһиги сирбитигэр кэллилэр диэн эмээхсин төһө эрэ көҥөннө!
– Уоспадьы, туоҕуттан көҥөннөҕөй? Киһи ымсыырара манна туох баарый?
– Эс, оттон уолунаан иккиэн эрэ бүөмнээн олорбуттара бүттэҕэ дии?
– Һэ-һэ! Бу сир төрүт, олохтоох абааһылара биһигини дьэ абааһы көрдүлэр! – Өкүлүүнэ күлэн күһүгүрээтэ.
* * *
Ылдьаана, массыына ааспытын кэннэ, дьиэтигэр төкүнүйэн киирдэ. Уола, Дьөгүөр, биэһэнчэлээх киһи, оһох иннигэр тарбыйах тириитин имитэ олорор.
– Хайа, туох массыыната ааста? – диэн ийэтиттэн аат харата ыйытта.
– Ээ, буору биир гына бурҕатан, кимнээх эрэ аастылар. Эчи, оҕолоро, бытырыһан, элбэхтэри-ин! Бүтүн биир кууһап! Мэнигилээн, киһини түүннэри да сүгүн утуппаттара буолуо. Айуу-айа… Хаарыан чуумпу олохпут бүтээхтээтэҕэ.
– Кимнээх кэлбиттэрин быһааран көрбөтүҥ дуо?
– Мэлигир! Бу харахпынан хантан көрүөхпүнүй? Былырыын сайын иккиэйэҕин эрэ бэккэ да сайылаабыппыт! Быйыл, дьэ, хайдах-хайдах буолабыт?!
Дьөгүөр, ийэтэ айманарыгар аахайбакка, тириитин имиппитин курдук имитэ олордо. Ол эрээри сирэйин олоруута быдан дьиппинийбитин бэлиэтии көрөр киһи, кини иһигэр долгуйбутун сэрэйиэ этэ. Онуоха эбии ийэтэ эмээхсин хам буолуо баара дуо? Суох. Бэйэтэ бэйэтигэр баллыгырыы олордо.
– Хаптаҕастыыр сирбитин ити оҕолор баҕайылар төһө эрэ үлтү тэпсэллэр! Бээ, арыычча уоскуйбуттарын кэннэ, маннааҕы бэрээдэги билиһиннэрэ тиийиллиэ буоллаҕа!
* * *
Курусобуой массыына эргэ дьиэлэр аттыларыгар тохтуур.
– Кэллиби-ит-кэллибит! – Бааска, туох эрэ үтүө сонуну этэрдии, биллэрэр.
– Оо, пахайбын даҕаны! Өтөх буолбут сир эбит буолбат дуо? – Өкүлүүнэ эрбэһин саба үүммүт сирин көрөн санаата харааһынна.
– Кырдьык да, оннук эбит! Аата сүрүн! – Мотуруона массыына иһиттэн тахсыан да баҕарбата.
– Чэ, чэ, этэҥҥэ кэллибит. Түргэн соҕустук малгытын сүөкэниҥ! – суоппар Бааска ыксатан барар.
– Хайыырбыт хаалбыт үһүнүй уонна… – Өкүлүүнэ өрө тыынаат, массыынаттан түһэр уонна тулатын эргиччи көрөр.
– Айабыын! Арбаллан дойду да бөҕөтө! – диир саллыбыттыы.
– Олорон бардаххытына, кэм ама буолуо, бэттэх кэлиэ, – Бааска уоскута сатыыр.
– Чэ! Хайыахпытый? Тэҥнэһиэхпит дуо? Малбытын сүөкэниэххэ, олохпутун оҥостуохха, – Өкүлүүнэ барыларыгар туһаайан этэр.
Уолаттар обургулар, сиргэ түһээт, сүүрэкэлэһэн бараллар.
– Уолаттар, мэниктээн бүтүҥ! Ийэлэрэ, таах даллайан баран туруоҥ дуо? Уолаттаргын дьаһайталаан ис! – Өкүлүүнэ куолутунан эмиэ Маайаҕа саба түһэр.
– Лөглөө, тукаам, бырааттаргынаан малы таһыҥ эрэ. Мэниктээмэҥ, – Маайа, сымнаҕас майгылаах буолан, көрдөһөрдүү саҥарар.
– Сээкэйи мээнэ сиргэ быраҕаттаамаҥ! Иһити-хомуоһу алдьатаҥҥыт, аны ол айдаана тахсыа! Иһит күндү! Барыны бары харыстыы үөрэниҥ! – Өкүлүүнэ идэтинэн тохтоло суох мөҕүттэр
Мотуруона кэргэнинээн кууллаах малларын олохсуйуохтаах дьиэлэрин диэки соһоллор.
– Айуу, билсэн бардахха, айдааннаах соҕус ыаллар быһыылаах ээ. Эдьиийдэрэ хамаандалаан түһэн, эчи кутталын.
– Оттон эн да оҕолоргун дьаһайан ис ээ. Таах сис туттан баран тураллар дии, ол?! Көрбөккүн дуо? – Уйбаан дэлби тириппит көрүҥнээх.
– Бэйэҥ этиэххиний?
– Эппэтэҕэ буолуо диигин дуо? Эппитим. Киһи тылын кумаардаан да көрбөттөр.
Мотуруона, ити тыллары иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, эргиллэ биэрэр. Кыргыттар, чахчы, тугу да гыналларын билбэтэхтии, тэпсэҥнэһэ тураллар, тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр, күлсэн ылаллар.
– Кыргыттар, таах туруоххут дуо? Сээкэйи тасыһыҥ! – Мотуруона итиччэлээҕи көрөн, кыынньа түһэр.
– Оттон итиччэтигэр уолгар эмиэ этиэххиний…
– Баанньыска, тоойуом, ити сиэккэлээх малы дьиэҕэ илт эрэ, – диир Мотуруона уолугар бэрт сымнаҕас куолаһынан.
– Муоча, уолгун атаахтатан да биэрэҕин, – Уйбаан сэмэлиирдии этэр.
– Соҕотох уолбутун атаахтатымына… – Мотуруона уолун диэки таптыыр харахтарынан көрөр.
– Уолу уол курдук тутуохха баара, аны сотору төбөбүтүгэр ыттыа дии?
– Ээ, кими батан биһиги оҕобут куһаҕан буолуой? Оҕо эрдэҕинэ, ийэ-аҕа тапталын билэн хааллын ээ. Кэлин, ойохтонноҕуна, ол обургу, оҕобутун көлүйэр ини.
– Эн миигин көлүйбүтүҥ курдук дуо?
– Эс, наһаа көлүйүллүбүтүҥ көстүбэт! Хата, бэйэҥ аһары барыахчаҕын! Оннук буолбатах дуо? – Мотуруона оҕонньорун диэки дьүккүччү көрөр. Онуоха анарааҥҥыта, кэпсэтэн да туһа суох диэбиттии, салгыы малларын сосуһан барар.
* * *
Алаастыыраптар дьиэлэрин хомуйаллар, ким эрэ сиппийэр, ким эрэ сотор, ким эрэ эргэ, туһата суох маллары таһаарталыыр. Суоппар Бааска киирэр.
– Чэ, мин төттөрү айаннаатым.
– Бай, тоҕо бачча ыксаатыҥ? Чэйдээн баран барыаххыный? – Өкүлүүнэ, төһөтө кырдьыга эбитэ буолла, суоппар Баасканы тохтоппута буолар.
– Ээ, эһиги өссө да өр хомунуоххут. Хаһан чэйдэтэргитин күүттэхпинэ, халлаан да хараҥарыа.
– Чэ, оччоҕуна айанныыр буоллаҕыҥ. Хата, биирдэ эмэтэ кэлэ сылдьаар.
– Мээнэ кэлбэтим буолуо ээ. Гөрүүчэй да күндү. Арай тойоттор «бар» диэн соруйдахтарына, биирдэ.
– Оттон, саатар, төттөрү көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигин? – Ньукулай ыйыталаһар.
– Этэбин дии, тойоттор туох дииллэринэн хамсанабын.
– Аата, наар «тойоттор да тойоттор» буолан түһэҥҥин! – Ньукулай кэлэйбит куолаһынан.
– Сопхуос массыынатын миинэ сылдьаммын уонна туох диэхпиний?
– Чэ, оччотугар, барар киһи бардаҕыҥ! Ойоҕуҥ Биэрискэ төһө эрэ күүттэҕэ, – Өкүлүүнэ ити кэпсэтииттэн сөбүн хал буолла быһыылаах.
– Күүтээн-күүтэн! Бэйэтиттэн олох биир да хардыы араарыан баҕарбат ээ!
– Һы, эдэрэ бэрт буоллаҕа… – Өкүлүүнэ үөннээх баҕайытык күлэн ылар.
– Даа, эдэр бөҕө, – Бааска мичээрдээн ылар. – Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! – диэт, тахсан барар. Массыынатыгар олороот, таһырдьа үлэлии сылдьар Силэпсиэптэргэ «бакааларыҥ» диэн сапсыйар. Онуоха Уйбаан уун-утары кэлэр.
– Хайа, Бааска, номнуо бардыҥ дуу? Туох ааттаах тиэтэйдэххиний?
– Бара-ан баран… Таарыччы Һаанньыкаптарга киирэн чээйдээн ааһыллыа. Эһиги чэйдэппэтигит дии?
– Оттон бэйэҥ көрөҕүн дии, өссө да хомуна сылдьабыт. Остуолга олорорбут өссө да ыраах быһыылаах.
– Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! Мин, айан киһитэ, көтүттүм!
Уйбааннаах Бааска илиилэрин тутуһан, быраһаайдаһаллар. Бааска массыынатын кэнниттэн хойуу быыл өрө көтөн тахсар.
* * *
– Һыччый, ол сытар хобордоохтору биэр эрэ.
Оппоо, ийэтин көрдөһүүтүн толороору, туохтан эрэ иҥнэн охтон, сиргэ таралла түһэр. Тыас-уус бөҕөтө буолар. Онуоха Өкүлүүнэ соһуйан ходьох гына түһэр.
– Бабат-татат! Туох ааттаах куһаҕан туттуулаах дьоҥҥутуй? Тыаһаан-ууһаан түһэҥҥит, аны дьиэ иччитин үргэргит буолуо? – диэн айдаарар.
– Алҕаска түһэрдим ээ… – Оппоо, буруйдаах киһи быһыытынан, куотуна сатыыр.
– Һ-м, эйиэнэ буолан баран, барыта алҕаска буолан иһэр! – Өкүлүүнэ идэтинэн кыбдьырынан ылар.
– Чэ, чэ, наһаа оргуйума, – Ньукулай уолун көмүскэһэр.
– Ньукулай, бэриинэлэри тэбээтиҥ дуо? – Өкүлүүнэ болҕомтото аны Ньукулайга көһөр.
– Тэбиэм, тэбиэм! Ханна да куотуохтара суоҕа!
– Уолаттар, аҕаҕытыгар көмөлөһүҥ эрэ! Туох баар бэриинэлэри, сыттыктары, суорҕаннары маҕыйа-маҕыйа күүскэ тэбээҥ!
Уолаттар, аҕаларын батыһан, таһырдьа тахсаллар.
– Бээрэ, оччотугар мин тахсаммын, хоруопкалаах маллары бэрийиим. Маайа, эн манна барытын ситэри бэрээдэктээ, оннун буллар.
Өкүлүүнэ таһырдьа тахсыа эрэ кэрэх, Маайа, орон анныгар кистээбит эргэ суумкатыттан бытыылкатын ойутан таһаарар уонна хаппаҕын арыйаат, туох да чааскыга, иһиккэ куппакка эрэ, түргэн соҕустук хаста да омурдар. Дьэ, онтон тыын ылан, уоскуйар. Харахтарыгар ханна эрэ түгэххэ саспыт төлөннөрө уһукталлар…
* * *
– Манна хайдах эрэ соччото суох баҕайы эбит. Анараа сайылыкпыт быдан ордук этэ, – уон биэс саастаах Любуска кыыс, түннүк сото туран, үҥсэргээбиттии этэр.
– Оннук ээ… Таах сибиэ манна кэлэммит! Тоҕо сөбүлэспиккитий? – эдьиийиттэн сылынан аччыгый Лидыкка төрөппүттэрин диэки көрөн ылар.
– Ээ, ону биһигиттэн ыйытыахтара диэтэххит дуу? Тойоттор «Өллөөххө бараҕыт да, сабаас!» диэбиттэрэ да бүттэҕэ! – ийэлэрэ Мотуруона оронун таҥаһын бэрийэ туран хоруйдуур.
– Ол аата биһиги ынах сүөһү курдук буоллахпыт! – Любуска кыыһырбыттыы саҥарар.
– Эс, туох диэтэҥий ити аата? – Мотуруона кыыһын тылларын эмиэ да сөҕө, эмиэ да атыҥырыы истэр.
– Ол аата биһиги бэйэбит дьылҕабытын бэйэбит быһаарар туох да бырааппыт суох!
– Ону-маны лабаҥхалаама! – ийэтэ саба саҥарар.
– Айыка, бу сайын түргэн соҕустук ааһа охсоро буолла-ар! – Любуска, кыах баара буоллар, бу сиртэн билигин да куотуох курдук.
– Хайа, номнуо оскуолаҕын аҕынныҥ дуо? – Мотуруона хороччу улааппыт кыыһын диэки соһуйбуттуу көрөр.
– Ээ, манна олоруох кэриэтэ, үөрэммит быдан ордук!
– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын… – Лидыкка эдьиийин диэки буолар.
– Ийээ, убаай Миитэрэй куораттан аҕалбыт тимир бэстилиэтэ ханнаный? – Баанньыска мас дьааһыгын хаһа туран ыйытар.
– Тукаам, уурбут сиргэр баар ини!
– Оттон суох ээ!
– Ол аата дьиэҕэр хааллардаҕыҥ!
– Ол бэстилиэтэ суох хайдах да табыллыбаппын! – Баанньыска ытыахча.
– Ону мин дьэ хайыыбыный? Дэриэбинэҕэ сүүрэн тиийэн аҕалабын дуо?
– Аҕал! – Баанньыска кыһыытыттан атын оонньуурдарын сиргэ кыыратар.
– Ээ, дьэ, бу да уолбут атаахтаан түһэн! Бүт, нохоо! – Лидыкка кыыс быраатын буойа сатыыр.
– Кырдьык даҕаны, бачча улахан эрээригин, наар сыыҥк-сыраан буолуоххар дылы ытыы сылдьаҕын! – Любуска быраатыттан адьас сөп буолбут быһыылаах. Ол эрээри Баанньыска, итиччэ атаах уол, кими истиэ баарай? Өрө баран иһэр. Аттыгар сытар сурунаалы эдьиийин диэки кыыратар. Дьолго, кыыс сурунаалы хабан ылар.
– Наһаалаама эрэ! Ийээ, аҕаа, уолгутун тоҕо үчүгэй соҕустук буойбаккытый? – Любуска бу сырыыга баҕас чахчы да кыыһырыан кыыһырбыт көрүҥнээх. Ол аайы Баанньыска аһары түһэн, эдьиийигэр өссө тылын көрдөрөр.
– Оҕолор, билбэт сиргитигэр үктэнэн баран, мээнэ иирсимэҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ! – Мотуруона буойбута буолла.
– Оттон Баанньыска наһаалыыр дии! Тоҕо уолгутун буойбаккытый? Туой кини буруйа суох буолан иһэр, – Любуска ийэтигэр туһаайан этэр.
– Оттон тоҕо саҥа бэстилиэппин хоруопкабар уурбатаххытый? Үспүйүөннээх оонньоотохпутуна, ити Алаастыыраптар уолаттарын үчүгэй соҕустук ытыалыахтаах этим.
– Ээ, һычы, төрүт долгуйума. Мин эйиэхэ мастан кыһан, бэртээхэй бэстилиэт оҥорон биэриэм, адьас дьиҥнээх курдугу, – Уйбаан атаах уолун уоскута сатыыр.
– Пахай, ол былыргы оҕо курдук мас бэстилиэтинэн оонньуом дуо? – Баанньыска кыһыытыттан тэбиэлэнэн ылар.
– Айыка, кыыс курдук кыҥкыйданан бүт! Түксү! Эйигинэ да суох кыһалҕа элбэх! – Мотуруона, киһи эрэ буоллар, уолун буойар.
* * *
– Хайа, ыаллар дорооболоруҥ! – суоппар Бааска Санниковтар дьиэлэригэр киирэр.
Дьөгүөр, ааҥҥа көхсүнэн олорор буолан, сыччах нэһиилэ хайыһан эрэ көрөр. «Дорообо-дыраастый!» түһэрбэт. Ыалдьыт эрэ, сах эрэ киниэхэ төрүт да син биир быһыылаах. Арай Ылдьаана эмээхсин, сааһырбыта бэрдиттэн, уота-күөһэ мөлтөөбүт, будулуйбут харахтарыгар кыл түгэнигэр туох эрэ кыым тыган ыларга дылы буолар.
– Хайа, Лэгэнтэй уола кэллиҥ дуу?
– Ээ, мин, мин, Лэгэнтэй уолунабын.
– Хаһан да сылдьыбат бэйэҥ, хата хайаан үктэннэххиний? – эмээхсин соһуйбуттуу ыйытар.
– Сайылыкка дьону тиэйэн аҕаллым. Таммах ууну иһэрпэтилэр, онон эһиэхэ киирдим.
– М-мм, чэ, олор, олор. Биир чааскы чэйи баҕас кутаа инибин.
Бааска остуолга олорор, эмээхсин чэй кутар. Бааска итии чэйин сыпсырыйан иһэр. Лэппиэскэни өлгөм соҕустук сүөгэйинэн биһэр уонна айаҕар толору симэн, аһаан барар.
– Һуу, аччыктаабыт да эбиппин! – диир.
– М-мм… Чэ, таах аһаан мотуйа олоруоҥ дуо? Кэпсээ, кимнээхтэри аҕаллыҥ? – эмээхсин ыйыталаһан барар.
– Ээ, бүтүн икки ыалы оҕолуун-уруулуун тиэйэн аҕаллым.
– Кимнээхтэрий ол?
– Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар. Билэр инигин кинилэри?
– Билиминэ!
Ити тухары кэпсэтиигэ орооспокко саҥата суох олорбут Дьөгүөр харахтарыгар мичээр дуу, үөрүү дуу кыыма кыл түгэнигэр охсуллар. Ол эрээри ким кини сирэйин одуулаабыта баарай?
– Быйыл манна сайылыыллар үһү.
– Тыый, бүтүн аармыйа дьонун тиэйэн аҕалбыккын дии?!
– Оннук!
– Айа да! Сорбутун сордууһуктар! – Ылдьаана ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Хайыаххытый? Тулуйаргытыгар эрэ тиийэҕит. Аны туора дьон оҕолорун мөҕөн, ол алдьархайа тахсаарай! Ити Өкүлүүнэ бэлэһэ сүр быһыылаах. Быраатын кини дьаһайан олорор дииллэр. Кийиитин букатын да муннукка ыкпыт.
– Чэ, хайаатыннар даҕаны. Биһиэхэ эрэ мэһэйдээбэтиннэр. Былырыын, ким да суоҕуна, сүөһүлэрбитин көрөн-истэн, ыппытын-куспутун кытта эҥээрдэһэн бэркэ да олорбуппут.
– Ол олоххутун умнаргытыгар тиийэҕит. Хата, төттөрүтүн, эрдэ сылла баран билсиҥ, ыаллаһа охсуҥ. Баҕар, хата, кимнээҕэр тапсыаххыт дии? Дьөгүөр, туох дии саныыгыный?
– Баҕар, буолуо даҕаны, – ити тухары баара-суоҕа биллибэккэ иһийэн олорбут Дьөгүөр, ыалдьыт этиитин кытары тута сөбүлэспититтэн ийэтэ эмээхсин соһуйан, ходьох гына түстэ. «Тугу, тугу, нохоо, тыллаһаҕын?» диэбиттии, баар-суох уолун диэки соһуйбуттуу көрдө.
– Ити баар дии, Ылдьаана, уолуҥ саҥа дьон кэлбититтэн үөрэр эбит!
– Ээ, ким билэр…
– Чэ, туох да диэбит иһин, ураты сайын эһигини күүтэр…
Суоппар Бааска лэппиэскэтин сүөгэйинэн сыбаан баран, өссө үрдүгэр саахардаата уонна бүүс-бүтүннүүтүн айаҕар симиннэ.
* * *
Маайа дьиэ иһин хомуйар, сууйар-сотор, маллары дьаарыстыыр. Бастаан утаа ыһыллаҕаһа бэрдиттэн илиитэ-атаҕа олох барыа суох бэйэтэ, сыыйа-баайа син үөрэнэн, хамсаныыта түргэтээн барда. Эбиитин, сөп буола-буола, бытыылкатын баран соппойор.
– Ийээ, эдьиий эйигин остуолун тарда турдун диэтэ! – Куока аҕылаан-мэҕилээн, дьиэҕэ киирээт, нэһиилэ тыын ыла-ыла эттэ.
– Сөп, һычы, билигин начаас остуолу тардыам. Ол диэн үлэ буолаахтыа дуо? – диэтэ Маайа хайдах эрэ ис иһиттэн уйадыйан туран. – Тоойуом, хата, эйигин бырдах сиэбэтэ дуо?
– Ээ, суох, эдьиий Өкүлүүнэ түптэ оҥорбутугар бырдахтар тута сүтэн хаалбыттара.
– Чэ, бэрт эбит оччоҕо. Оттон аҕаҥ ханнаный, тугу гына сылдьарый?
– Суорҕаннары тэбээн баран, тыаҕа мас мастыы барбыта.
– Оттон убайдарыҥ ханналарый?
– Бары бииргэ барбыттара.
– Ээ, чэ бэрт эбит. Куока, эн таһырдьа тахсыма. Манна аттыбар олоро түс, миэхэ доҕор буол.
– Сөп, ийээ.
Куока түннүк аттыгар олоппоско олорунар. Ийэтэ остуолга иһити-хомуоһу уурталаан барар. Онтон тугу эрэ көрдөөн булумахтанар. Хоруопкалары үрүт үөһэ хас да хас буолар. Ити кэмҥэ Өкүлүүнэ сылабаарын туппутунан дьиэҕэ киирэр.
– Хайа, остуолгун тартыҥ дуу? – диир кини, остуолу кэриччи көрөөт. Килиэп, арыы, эт ууруллубуттар. Барыта баар курдук эрээри, туох эрэ тиийбэт.
– Оһохпутун аһатыахпыт этэ… Алаадьыгын тоҕо остуолга уурбатыҥ?
– Булбатым ээ… – диир Маайа, буруйдаах курдук туттан.
– Хайдах ол аата? – Өкүлүүнэ итэҕэйбэтэхтии ыйытар.
– Оттон барыны бары көрдөөтүм да, булбатым…
Өкүлүүнэ кийиитигэр чугаһыыр.
– Хайа, эн, кэллэ-кэлээт, аһыы аскын номнуо амсайа охсубуккун дуу?
Куока итиччилээҕи көрөн, кутталыттан иһийэн хаалар.
– Ээ, оттон кыратык…
– М-мм… Эн обургу киэнэ барыта кыра буолан истэҕэй? Арыгыгын умнуохтааҕар алаадьыгын умнубуккун дуу?! Дьахтар да бөҕөтүнэҕин! Оо дьэ, ити аата аал уоппут иччитин аһаппат буоллахпыт! Буолар да эбит… – диир Өкүлүүнэ, улаханнык кэлэйбиттик.
– Оттон мин түргэн соҕустук оҥоруохпун сөп ээ. Алаадьыны оҥорор диэн улахан буоллаҕай?
– Наадата суох! Умуннуҥ да умуннаҕыҥ! Туой, барытын буорту гына сылдьаҕын! Дьаабы да дьахтаргын!
Өкүлүүнэ абаккатыттан Маайаны саайан сырбатыах курдук. Анарааҥҥыта кутталыттан кыра бэйэтэ өссө кыччаабыкка дылы буолла.
Куока итиччэлээҕи истэн ытаары, нэһиилэ сыҥсыйа олорор.
– Һычы, ытаама… – Маайа уолун уоскутаары кини диэки хайыспытыгар Өкүлүүнэ суолу бүөлүү түһэр.
– Тыытыма оҕону! Чугаһаама даҕаны! Чэйгин кутуталаа! Чаһы ыраатта, ньирэйдэрбитигэр тахсарга уолдьаста!
* * *
Пиэрмэ дьонугар уһун кыһын кэнниттэн сайылыкка тахсыыттан ордук туох үчүгэй кэлиэй? Сүөһүлэр көҥүл мэччийэллэр, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр аҕыйах ый иһигэр төлөһүйэ улааталлар. Өллөөх сайылыгар тахсыбыт икки ыал кыралыын-улаханныын бука бары бастакы ньирэйдэрин аһата тахсаллар. Бука бары үөрбүт-көппүт сирэйдээхтэр. Бэл Өкүлүүнэ сирэйэ сырдаабыкка дылы, харахтарыгар дуоһуйуу кыыма баар. Куока суоскатын туппутунан, тугу гыныан билбэккэ турдаҕына, киниэхэ биир ньирэй сүүрэн кэлэн, «Аһат!» диэбиттии, инчэҕэй муннун анньар. Онуоха уол күлэн саһыгырыыр. Ньирэй барахсан, оҕо оҕо курдук күүтүүлээх үүтүн иҥсэлээхтик оборбутунан барар.
– Маладьыас, аһаан ис, биир да хааппыланы хаалларыма! Оччоҕуна хаһан эрэ уп-улахан буолуоҥ! – Куока, ньирэй хайдах суосканы эмэрин, хараҕын араарбакка одуулаһар. Аһатан бүтээт, ньирэйин кууһан ылар.
– Мин эйигин Эриэнчикэй диэн ааттыыһыкпын! Эриэнчикэйгин дии! Эчи, кыламаннарыҥ уһуннарыын! Харахтарыҥ килэбэчигэстэри-ин! Эйигин мин эрэ аһатар буолуом, сөп? Атыттарга сүүрэн көрөйөххүнүй? – салгыы Куока ньирэй уһун даллайбыт кулгааҕыгар тугу эрэ сибигинэйэр.
– Тоойуом, ньирэйгэ туох диэн ити сибигинэйдэххиний? – Өкүлүүнэ Куока диэки соһуйбуттуу көрөр.
– Туох эрэ диэти-им!…
– Оттон, саатар, эдьиийгэр эт ээ! – Өкүлүүнэ эйэргэспиттии этэр.
– Ээ, суох! Кистэлэҥ!
– Чэ, сөп. Буоллун даҕаны! Оҕом барахсан букатын улахан киһи курдук буолбут, өссө кистэлэҥнээх эҥин ээ, – Өкүлүүнэ уолчааны таптаан, төбөтүттэн имэрийэн ылар.
Айантан, саҥа сиргэ олохсуйартан сылайбыт буолан, бары да эрдэ ороннорун булаллар. Уйбаан Силэпсиэп сытан эрэ Эрилик Эристиини ааҕар.
– Төһө интэриэһинэй кинигэний? – Любуска таах сытыахтааҕар ыйытар.
– Былыргы олоҕу бэркэ да ойуулаан суруйбут!
– Аҕаа, хата ааҕан бүтэрдэххинэ, миэхэ биэрээр, – Лидыкка уочараттыы охсор.
– Биэрэн бөҕө буоллаҕа! Бу маннык дьиҥнээҕи, олоххо буолбуту кэпсиир айымньылары киһи умсугуйан туран ааҕар. Оттон сорохтор киэннэрэ таах өйтөн суруйуу курдук, барыта албын!
– Айыка, мин тус бэйэм өрөбөлүүссүйэ туһунан ааҕарбын сөбүлээбэппин, – Мотуруона улахан баҕайытык дьааһыйан ылар.
– Һ-м, эн диэн эн буоллаҕыҥ! Кинигэни аахпаккын даҕаны дии? – Уйбаан ойоҕун диэки хайыһар.
– Ону ааҕар бириэмэ да суох. Үлэттэн ордон кинигэ ааҕан таралыйан сытыам дуо? Үчүгэйэ бэрт дии! «Кыыммын» да аахтахпына сөп! Чэ, түннүктэргитин сабыҥ уонна утуйуҥ. Сарсын эрдэ турабыт.
– Ээ, пахай, саатар кыратык ааҕыахха ээ! Саамай мүччүргэннээх түгэҥҥэ кэллим! – Любуска ийэтиттэн көрдөһөр.
– Чэ, отучча мүнүүтэ ааҕан баран тохтооруҥ, сөп буолуо. Сынньаныаххытын наада, эһиги да буолларгыт сылайдыгыт ини.
Уйбаан сыҥааҕыргаан ылар. Кинигэтин муостаҕа быраҕар. Кыргыттар, аралдьыйбакка, салгыы ааҕаллар…
* * *
Алаастыыраптар, Өкүлүүнэ буойан-хаайан, кыралыын-улаханныын эмиэ эрдэ хаптайаллар. Түннүк чараас сабыытын быыһынан ый уота кутуллар, ол аайы дьиэ иһэ киһи этэ тардыах, күлүгүрэн иһэр. Бэл истиэнэ, оһох, күннэтэ туттуллар судургу тээбириннэр киһи билбэт гына уларыйаллар.
Эмискэ Өкүлүүнэ баттатан, эмиэ да ынчыктыыр, эмиэ да ытыыр, эмиэ да улуйар курдук дьулааннык саҥарар. Ол эрээри бары кытаанахтык утуйа сытар буолан, эдьиийдэрэ эрэйдэнэ сытарын истибэттэр. Сыыйа-баайа оһох кэнниттэн от күөхтүҥү өҥнөөх, буруо курдук хойуу салгын халыйан, дьиэ иһигэр тарҕанан барар. Ол аайы Өкүлүүнэ баттатара күүһүрэр, сүгүн уһуктубакка эрэйдэнэн бөҕө буолар. Кини дьолугар, Куока уһуктан кэлэр уонна кутталыттан ытаан барар. Кэмниэ кэнэҕэһин биир-биир бары уһуктан кэлэллэр.
– Өкүлүүнэ, туох буоллуҥ? Уһугун! – Ньукулай эдьиийин уһугуннара сатыыр. Ол эрээри Өкүлүүнэ ити ыарахан туруктан тута босхоломмот. Киһи саҥатын буолбакка, туох эрэ дьиикэй кыыл саҥатын ис иһиттэн таһаарарыттан Куока өссө күүскэ ытыыр.
– Өкүлүүнэ! Өкүлүүнэ! – Ньукулай, куолаһын улаатыннаран, эдьиийин ыҥырар. Кэмниэ кэнэҕэһин Өкүлүүнэ ыараан хаалбыт халтаһаларын нэһиилэ арыйар.
– Ээ, уһугуннум… уһугуннум. Утуйуҥ! – диир Өкүлүүнэ, барыларын уоскутардыы. Ол эрээри аттыгар сытааччылар эдьиийдэрэ кутталыттан сүрэҕэ күүскэ да күүскэ тэбиэлиирин истэргэ дылылар.
Дьиэ иһэ барыны бары мэлдьэһэн, чуумпу буола түһэр.