Читать книгу Сүлүһүннээх таптал - - Страница 4

3

Оглавление

Саха радиота тиһэх сонуннары кэпсиир. Биригэдьиир кэбиниэтигэр тугу эрэ суруйа олордоҕуна, ааны тоҥсуйаллар. Эдэркээн бэйэлээх Августа киирэр. Биригэдьиир эдэр кыыһы көрөн, сирэйэ сырдыы түһэр, күлүм аллайар.

– Хайа-а, Августа, киир, киир! Хаһан кэллиҥ? – диир бэрт сэргэхтик.

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, дорообо. Бэҕэһээ кэлбитим.

– Сураҕа, эйигин кэргэн тахсыбыт диэбиттэрэ дии?

– Тахсан, – Августа килбиктик мичээрдиир.

– Хайа, оттон эдэрдэр, хаһан, сыа сиэтэҕит?

– Күһүөрү көрсүһүү тэрийээри гынабыт.

– Ээ сөп, сөп.

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, бачча кэлэн баран, эдьиийбин Мотуруонаны көрсүбэккэ бардахпытына, сүрэ бэрт. Кэргэммин кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол эрээри кинилэр Өллөөххө барбыттар эбит дии?

– Ааһа, онно Алаастыыраптары кытта ньирэй көрө сылдьаллар.

– Алаастыраптары кытта да? – кыыс тоҕо эрэ соһуйар.

– Ааһа, онно туох баарый?

Кыыс саҥарбат, ол эрээри тугу эрэ кистиирэ өтө көстөр.

– Тугу-уй, Августа?

– Ээ, суох.

– М-мм… – Ыстапаан Ыстапаанабыс кыыһы ис-иһиттэн хайгыы, ымсыыра көрөрө өтө көстөр. Эх! Үлэҕэ баттатан, хаарыан кыыһы куоттардаҕа!

– Ыстапаан Ыстапаанабыс, биһиги хайаан да эдьиийим аахха бара сылдьыахпытын наада. Курусобуой массыынаны көҥүллүөҥ дуо?

– Пахай, онтубут алдьанан, өрөмүөҥҥэ барбыта ээ.

– Оо…

– Оттон сатыы барыаххытын?

– Оннугун оннук эрээри, хаамыах диэтэххэ, ыраах баҕайы дии!

– Эс, эдэр дьон таах дайбаан тиийэр инигит?

– Куйааһа бэрт.

– Оччоҕуна массыына хаһан өрөмүөннэнэн бүтэрин кэтэһэргитигэр тиийэҕит.

– Күүтэр кыахпыт суох: түргэнник төттөрү куораттыахпытын наада.

Биригэдьиир толкуйга түһэр.

– Оччоҕуна Аркаадьыйтан баран матассыыкылын уларсыҥ. Киһиҥ сатаан ыытар ини?

– Ыытарын ыытар эрээри, Аркаадьый биһиги аайы матассыыкылын мээнэ уларсыбата буолуо ээ.

– Бээрэ, мин эрийэ сылдьыым.

Ыстапаан Ыстапаанабыс төлөпүөнүн үрдүгэр түһэр.

– Аркаадьый, дорообо… Ээ, барыта этэҥҥэ… Эһиги?… Чэ, бэрт эбит. Иһит эрэ, доҕор! Куораттан Августа кэлбит…ээ, кини, кини… Кэргэннэммит… Эдьиийдэригэр Өллөөххө барыахтарын баҕараллар эбит. Матассыыкылгын эдэр дьоҥҥо уларыс эрэ!… Чэ, бэрт эбит, сотору тиийиэхтэрэ.

Биригэдьиир Ыстапаан төлөпүөнү уурар.

– Чэ, Аркаадьыйга бара охсуҥ. Уол матассыыкылын уларсыах буолла. Оттон кэргэниҥ матассыыкылы сатаан ыытар ини?

– Биллэн турар, ыытар. Ыстапаан Ыстапаанабыс, улахан да улахан махтал! – Августа үөрүүтүттэн хайыан да билбэт.

– Миэхэ буолбакка, Аркаадьыйга махтанаар!

– Биллэн турар, киниэхэ эмиэ махтаныахпыт.

– Тиийэҥҥит, дьоҥҥут настырыанньатын үчүгэйдик өрө көтөҕөөрүҥ эрэ, хата! – биригэдьиир чочумча саҥата суох олорон баран этэр.

– Биһигинэ да суох, үчүгэй настырыанньалаахтар ини!

– Хайдахтара буолла, дьэ?… Өллөөххө барыахтарын туох да иһин баҕарбатахтара. Чиэһинэ эттэххэ, күһэйэн туран ыыппыппыт.

– Хайдах ол аата күһэйэн туран? – Августа соһуйбуттуу ыйытар.

– Оттон ким эрэ онно үлэлиэхтээх буоллаҕа дии?!

– Ээ, ол иһин да, урукку сайылыктарыгар тоҕо барбатахтарай диэн испэр муодарҕаабытым ээ.

– Киһи барыта баҕатын хоту сырыттаҕына, табыллыбат инибит.

– Оннугун оннук эрээри, үөрэммит сирдэриттэн ырааппыттара соччото суох.

– Чэ, чэ, Августа, ити баҕас эн ырыппат боппуруоһуҥ ини. Хата, тиийэҥҥит, дьоҥҥутун хайдах сэргэхситэргитин толкуйдааҥ. Ээ, уонна, арба, почтальон Бааһаттан хаһыатта ылаарыҥ эрэ. Хаһан ол киһи онно тиийиэ тойук ыраах…

– Ээ, сөп, сөп, – Августа, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гынар.

* * *

Маайа баалынайга таҥас сууйа турар. Аттыгар Ньукулайа күлүккэ олорон, алдьаммыт эргэ олоппоһу оҥоро сатыыр.

– Дьэ, анаан-минээн куйаас да күн буолла! – диэн кини, сыралҕан итииттэн-буспут хаппыт киһи быһыытынан, саҥа аллайар.

– Астык дии! Сайын буолан баран, куйааһа үчүгэй, – Маайа мичээрдиир, тоҥуохтааҕар тириппит ордук.

– Оннугун оннук эрээри, арыый да сөрүүнэ эбитэ буоллар! Маннык куйааска киһи тыына-быара хаайтарар…

– Ээ, сотору, баҕарбатаргын да тымныйыа. Хас күн маннык куйаарар үһүнүй? Сайыммыт да, эчи, кылгаһа, саҥа үөрэнэн истэххинэ, бүтэн хаалара хомолтолоох баҕайы… Уһун да уһун, куйаас да куйаас сайын буолуон баҕарабын…

– Олох итии дойдуга төрүөхтээххин, алҕаска манна төрөөбүккүн дуу? – Ньукулай ойоҕун диэки көрөн ылар.

Дьиэттэн Өкүлүүнэ быгар.

– Хайа, аччыгый уолгут ханнаный?

– Ньирэйдэригэр барбыта, – Ньукулай хоруйдуур.

– Һы, ньирэйимсэх да уол! Ити Эриэнчикэйин олох киһини курдук кууһар-сыллыыр.

– Дьэ, диэмэ даҕаны. Анаан-минээн тоҕо ити ньирэйгэ ыллардаҕай?

– Ким эрэ туһугар кыһаллыан-мүһэллиэн баҕараахтаатаҕа.

– Оннук быһыылаах, арааһа.

– Оттон эһиги уолгутугар оҕото бэлэхтиэххитин, дьэ, оччоҕуна, кыһаллар-мүһэллэр киһилэниэ этэ буоллаҕа дии?! – Өкүлүүнэ сурдьун диэки үөннээхтик көрөн ылар.

– Оҕо даа? – ити тухары саҥата суох таҥас сууйа турбут Маайа, соһуйан, саҥа аллайар.

– Оттон кэм ханыыланыа этэ дии? Убайдара киниттэн быдан аҕалар. Мин көрдөхпүнэ, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьаахтыыр.

– Ээ, айыка, саас да ыраатта, түөрт оҕо сөп оҥоруо, – Маайа быһа-бааччы этэр.

– Оннук. Итилэри да иитиэххэ-аһатыахха, таҥыннарыахха диэтэххэ…

– Чэ, үксүн мин көмөлөһөбүн быһыылаах. Хамнаһым супту эһиги оҕолоргутугар бара турар, – Өкүлүүнэ кинилэр диэки «Саҥарымаҥ!» диэбиттии, сапсыйан кэбиһэр.

– Эдьиийбит барахсан, көмөҥ, кырдьык, баһаам. Эйигинэ суох, эрэйдэниэ эбиппит.

– Уолаттаргыт таах, ускул-тэскил сылдьыбакка, хайаан да туох эрэ идэни ылыахтарын наада. Ити эдьиийдэрин Моттоко курдук. Маладьыаһыҥ, хата айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун тобулан, бэртээхэй үөрэххэ киирдэ дии?

– Дьол хараҕа суох дииллэрэ ити буоллаҕа, – Маайа, улахан кыыһын санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр.

– Аҕыйах хонугунан Моттокобут кэлиэ, дьэ, оччоҕуна, олохпут быдан сэргэхсийиэ… – Өкүлүүнэ сүргэтэ көтөҕүллүбүттүү этэр.

– Оннук ээ! Оҕом сыыһа, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, күн тэҥэ киһи! – Ньукулай кыыһын ахтыбыт быһыылаах.

– Этэҥҥэ сырыттаҕына, бэйэтин ааттатыа! – Өкүлүүнэ Моттокотун киэн туттара өтө биллэр.

Оппоолоох Лөглөө дьиэлэриттэн быгаллар.

– Биһиги сөтүөлүү бардыбыт! – Оппоо, күн тыгара күүһэ бэрдиттэн, хараҕын симириктии-симириктии этэр.

– Барыҥ, ааһа… – Маайа көҥүллүүр.

– Сэрэнэн сөтүөлээриҥ, аһары дириҥҥэ киирээйэххитий! – Өкүлүүнэ кэм да сэрэтэр.

– Сөп, сөп! – Лөглөө аат харата сөбүлэһэр.

Уолаттар иккиэн күөл диэки бараллар.

* * *

Дьөгүөр тыа устун хааман иһэр. Кини сирэйиттэн-хараҕыттан, тутта-хапта сылдьарыттан тыаны биэс тарбаҕын курдук билэрэ өтө көстөр. Кини манна алҕаска кэлбит киһи курдук буолбакка, хаһаайын курдук эрэллээхтик туттар. Хас биирдии мас, үүнээйи киниэхэ тугу эрэ кэпсииргэ, сибигинэйэргэ дылы. Эмискэ кини эргэ тиит таһыгар тохтуур. Баараҕай мас хатырыктара алдьанан, онон-манан тоороттон түспүттэрин бэлиэтии көрдө. Сэрэйбит сэрэх, өрө хантайаат, көтөр уйата урусхалламмытын биллэ. Дьөгүөр сирэйэ тута кытаата, дьиппинийэ түстэ. Бэл, хабырынан ылла.

* * *

– Бу ыт боруодата немецкай овчарка, оттон бу – сенбернар, бу – колли… – Любуска хаһан да көрбөтөх ыттарын тустарынан кинигэни арыйталаан кэпсии олорор.

– Хантан ону эн барытын билэҕиний? Сымыйалыыгын быһыылаах, – Баанньыска итэҕэйбэтэхтии ыйытар.

– Үөрэттэҕим дии? Улааттахпына, баҕар, кинолог буолуом.

– Ол аата тугуй? – Лидыкка муодарҕаабыттыы ыйытар.

– Кинолог диэн ыттары үөрэтэр идэ, – Любуска дьоһуннаахтык хоруйдуур.

– Любуска, ыттары үөрэтэр туохха да наадата суох. Нуучча тылын учуутала буолаар, – ийэлэрэ Мотуруона, таҥас абырахтыы олорон, санаатын этэр.

– Даа, нуучча тылын учуутала буолуохпун эмиэ баҕарабын.

– Дьэ, оччоҕуна, һычы, миигин улаханнык дьоллуоҥ этэ.

– Оттон нууччалыы сатаан саҥарбаккын буолбат дуо? – Баанньыска тыл быраҕар.

– Үөрэтиэм буоллаҕа дии! Улахан эбит! – Любуска санаатын түһэрбэт.

– Хайа, көрүҥ эрэ, Алаастыыраптар уолаттара ол күөлгэ сөтүөлүү сылдьаллар. Баанньыска, эйигин тоҕо ылбатылар?

– Ээ, сөтүөлээтиннэр-хайаатыннар! – Баанньыска кыыһыра түһэр.

– Паха-ай! Этиспиккит быһыылаах, – Любуска сэрэйэр.

– Һы! Туохтан этиһиэхпитий?

– Этиспиккит! Этиспиккит! – Лидыкка быраатын эбии хаадьылыыр.

– Ньаамырҕаама! – Баанньыска кыыһырар.

– Кырдьыгы эттэххэ, тоҕо кыыһыраҕыный? – Лидыкка иннин биэрбэт.

– Ээ, айыка, эһигини кытта кэпсэтэн да диэн! Мин хата мундулуу бардым! – Баанньыска таһырдьа ыстанар.

Ити кэмҥэ Куока ньирэйдэр мэччийэр сирдэригэр сылдьар. Ис-иһиттэн үөрбүт, дуоһуйбут көрүҥнээх.

– Эн Туоһахтаҕын. Оттон эн… эн Ураанайгын… чэ, наһаа туттумаҥ-хаптымаҥ! Эһиги үрдүгүтүнэн Эриэнчикэй турар. Эһиги кини тылын хайаан да истиэхтээххит. «Хайдах ол аата истэбитий?» – «Истэр курдук истэҕит. Эриэнчикэй саамай өйдөөх, Эриэнчикэй саамай бастыҥ. Өйдөөтүгүт?» – диир Куока тула турар ньирэйдэри одуулаһа-одуулаһа. Ол эрээри ньирэйдэр улахан кулгаахтарынан сапсына-сапсына таас харахтарынан мээнэнэн көрөн тураллар. Куока тылын өйдөөбүттэрэ биллибэт.

– Өйдөөтүгүт? – Куока тоһоҕолоон ыйытар. Ити туран эмискэ уолчаан сирэйэ уларыйан хаалар. Арай көрдөҕүнэ, ньирэйдэр ортолоругар түөһүгэр моойторуктаах кыһыл саһыл турар. Уол, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, хараҕын ытыһынан соттон ылар да, саһыл сүппэт. Хата, чугаһаан биэрбиккэ дылы буолар. Дьиктитэ диэн, ньирэйдэр кинилэр ортолоругар саһыл баар буолбутун билбэккэ дылылар. Кутталыттан, харыс да хаамыыны оҥорор кыаҕа суох буолбут Куока, этин сааһа арыллан, саһылтан хараҕын араарбакка турар. Саһыл кини диэки эмиэ да күлүү гыммыттыы, эмиэ да кырыктаахтык көрөргө дылы. Ханнык эрэ ньирэй улахан баҕайытык маҕыраабытыгар биирдэ өйдөнө биэрээт, Куока олорор дьиэтин диэки буута быстарынан ыстанар.

* * *

Маайа тиэстэ охсо турар. Кини хас хамсаныытыгар бу үлэни күннэтэ оҥороро өтө көстөр. Оттон Өкүлүүнэ оронугар «Кыым» хаһыаты ааҕа сытар.

– Хайа бу, хаһан почтальон Бааһа кэлэрэ буолла? Ама да буоллар, эргэ үйэтээҕи «Кыымнары» нойосуус үөрэтиэхпэр диэри аахтым.

– Оттон «Сааскы кэми» аах ээ. Баар дии? – Маайа тыл кыбытар.

– Ээ, сонуннары ааҕарбын ордоробун. Аан дойдуга туох буола турарын, ким өлбүтүн, ханна сэрии саҕаламмытын, Брежневпит ханна тиийбитин билиэҕи баҕарыллар. Араадьыйабыт да суох, саатар хаһыаппыт да мэлигир. Олох түҥ былыргы үйэ курдукпут!

Эмискэ ааны тэлэччи аһан, аҕылаабыт-мэҕилээбит Куока дьиэ иһигэр көтөн түһэр. Биир тылы этэр кыаҕа суох, нэһиилэ тыын ыла турар.

– Хайа, Куока, бачча айылаах туох буоллуҥ? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытар.

– Тукаам, хантан бачча айылаах сүүрэн кэллиҥ? Убайдарыҥ атаҕастаатылар дуо? – Өкүлүүнэ оронугар олоро биэрэр.

– Анараатах… – Куока тарбаҕынан ыйар. – Анараатах… кыһыл саһыл сүүрэ сылдьар.

Өкүлүүнэ, итини эрэ истиэм дии санаабатах буолан, итэҕэйбэтэхтии күлэн ылар.

– Эс, ханнык саһыл манна кэллэҕэй? Ыт ини?!

– Суох! Чахчы саһыл! Түөһүгэр күн курдук моойторуктаах!

– Түөһүгэр моойторуктаах да-а? – Маайа хос ыйытар.

Уолчаан, «оннук, оннук» диэбиттии, төбөтүн кэҕис гыннарар.

– Оччотугар баран көрүөххэ буоллаҕа! – Өкүлүүнэ саҥа аллайар.

Үһүөн дьиэттэн тахсан, ньирэйдэр диэки хаамаллар. Тиийэн баран, эргиччи көрүтэлииллэр да, саһыл сибикитэ суох.

– Саһылыҥ ханнаный? Суох дии?! – Өкүлүүнэ, таах киһини туруораҥҥын диэбиттии, сэмэлиирдии этэр.

– Суох, суох! Чахчы этэбин! Ньирэйдэр быыстарыгар олороро! – Куока абаккатыттан ытыахча буолар.

– Саһыл эбитэ буоллар, ньирэйдэр, куттанан, куотан хаалыа этилэр. Нохоо, эн тугу эрэ айан кэпсиигин. Уонна бу дойдуга хантан саһыл кэлиэй?

– Куока, ыты көрбүтүҥ буолаарай? – Маайа уолун диэки аһыммыттыы көрөр.

– Ыт буолбатах, дьиҥнээх саһыл!

– Ээ, оччоҕуна, састаҕа дуу? – Өкүлүүнэ үгэргээбиттии этэр.

– Итэҕэйбэт буоллаххытына, итэҕэйимэҥ! – Куока хаһыытыы быластаан этэр.

– Ээ, бу уол куйаастан туймаарбыт быһыылаах. Һычы, бараҥҥын сыт, сынньан, уонна наһаа күн сыралҕанын анныгар сылдьыма, – Өкүлүүнэ дьаһайбыта буолар.

Эдьиийдээх ийэтэ дьиэ диэки төттөрү бараллар. Өтөр-өтөр кэннин хайыһан көрө-көрө, Куока кэннилэриттэн батыһар.

* * *

Уолаттар хаһыытаһа-хаһыытаһа сөтүөлүү сылдьаллар. Умсаллар, харбыыллар. Олус бэрт!

Матассыыкыл сыырынан алаас сиргэ түһэр. Августа та- һырдьа үлэлии сылдьар балтыларын ыраахтан көрөн, кэргэнигэр: «О-ол бааллар», – диэн ыйар. Матассыыкыл Силэпсиэптэр дьиэлэрин таһыгар тохтообутугар, кыргыттар бастаан утаа итэҕэйбэтэхтии көрөллөр. Онтон Лидыкка «Эдьиий Августа!» – диэн үөрэн хаһыытыы түһэр. Оччолооҕу истэн, дьиэттэн дьоно тахсаллар. Куустуһаллар. Мотуруона аччыгый балтын көрөн, үөрүүтүттэн букатын ытыах курдук.

– Эһигини эрэ кэлиэхтэрэ дии санаабатахпыт ээ! – диир, долгуйарын туттуна сатыы-сатыы.

– Дойдубутугар кэлэн баран, хайдах эһигини кытта көрсүбэккэ барыахпытый? – Августа эдьиийин кууһан ылар.

– Дьэ, холоонноох доҕоргун, тапталлаах кэргэҥҥин кытта билиһиннэр эрэ! – Уйбаан аттыларыгар туран саҥа аллайар.

– Билсэҥ кэбиһиҥ – Алексей! – Августа мичээрдиир.

– Ээ дьэ, бэрт бэрт! Мин Уйбаан диэммин.

Уйбааннаах Алексей илии тутуһаллар.

– Эрдэ билбиппит буоллар, бырааһынньык аһын астыа эбиппит, ону баара…

– Эдьиий, олох долгуйума! Биһиги эһигини кытта көрсө кэллэхпит дии!

– Оннугун оннук эрээри… чэ, манна туруохпут дуо? Дьиэҕэ киириэххэйиҥ! – Мотуруона ыҥырар.

Уолаттар дуоһуйуохтарыгар диэри сөтүөлээн баран, ууттан тахсаллар.

– Сөтүөлүүр диэн астыгы-ын! – Оппоо чээлэй күөх окко, тиэрэ түһэ сытан, саҥа аллайар.

– Күн аайы маннык куйаас күннэр тураллара буоллар, баҕабыт хоту сөтүөлээн хаалыа эбиппит, – Лөглөө күн уотуттан хараҕын симириктии-симириктии этэр.

– Оннук ээ, – Оппоо быраатын сөбүлэһэр.

– Оппоо, бачча куйааска ити кыргыттар тоҕо сөтүөлээбэттэрэ буолуой? Дьиэлэригэр хатанан баран олороллор дии! – Лөглөө, Силэпсиэптэр дьиэлэрин диэки көрө-көрө, убайыттан ыйытар.

– Дьэ диэмэ. Арааһа, биһигиттэн кыбысталлара буолуо.

– Сөтүөлүү кэлэллэрэ буоллар, мин сэмээр Лидыкканы кэтээн көрүөм этэ… Эбэтэр Любусканы…

– Хайаларын эрэ сөбүлээн кэбистиҥ дуо? – Оппоо быраатын диэки дьээбэлээх баҕайытык көрөн ылар.

– Билбэтим… Баҕар, буолуо даҕаны, – диир Лөглөө таайтарыылаах баҕайытык.

– Көр, о-ол, Баанньыска күөгүлүү турар, – Оппоо Баанньысканы бэлиэтии көрөр.

– Ээ, кырдьык даҕаны! Һэ-һэ… Балыксыт буолбут дии! – Лөглөө сэнээбиттии күлэн ылар.

– Хата, төннөн иһэн төһөнү балыктаабытын көрөбүт дуо?

– Ээ, суох! Наадалаах этэ! Хобуоччулары кытта кэпсэппэппит! – Лөглөө Баанньыскаҕа кыыһырбыта билиҥҥээҥҥэ диэри ааһа илик быһыылаах.

– Һы, оччоҕо сайыны быһа кини итинник соҕотоҕун сылдьар дуо?

– Сылдьан көрдүн!

– Оччотугар Лидыска дуу, Любуска дуу эн диэки буолаллара саарбах. Бырааттарын атаҕастаппаттара буолуо.

– Арба да оннуктаах этибит дуу? – Лөглөө ити түгэни олох да умнан кэбиспит эбит.

– Баанньыска нөҥүө кыргыттары кытта билсиһиэххэ сөп этэ… Сайын да уһун…

– Наһаа да өйдөөххүн! – Лөглөө убайын диэки сөхпүттүү көрөн ылар.

* * *

– Таһынааҕы ыалбытыгар Мотуруона балта кэргэнинээн кэлбиттэр, – Өкүлүүнэ кэпсиир. Сайылыкка туох барыта сонун буоллаҕа!

– Ээ, Августа диэ… Барахсан, үчүгэй да кыыс, – Маайа сэргии истэр.

– Эдьиийин төрүт умнубат, барахсаныҥ, төһө да үөрэхтэннэр, куоракка олохсуйдар, куруук кэлэ турар.

– Оннук.

– Бээрэ, Маайа, тахсан сүөһүгүн ыа эрэ. Биһиги Куокалыын кыратык сытан ылыахпыт. Эбэтэр, һычы, эн убайдаргын кытары оонньуоххун баҕараҕын дуу? – Өкүлүүнэ уолтан ыйытар.

– Суох, баҕарбаппын, – Куока төбөтүн быһа илгистэр.

– Оо дьэ, бу уол сылдьан эрэ туох эрэ буолбут. Төмпөрөтүүрэлээх дуу, хайдах дуу? – Өкүлүүнэ уол сүүһүн тутан көрөр. – Эмиэ да үчүгэйгэ дылы. Чэ, сытыахха. Кыратык нуктаан ылыахха.

Маайа таһырдьа ынах ыы тахсар, Өкүлүүнэ Куокалыын ороҥҥо сыталлар.

– Утуй, һычы, сынньан… Туохтан бачча айыылаах куттаннаххыный? – Өкүлүүнэ, уолу кууһаат, кэтэҕиттэн сыллыыр.

– Эппитим дии, саһылтан… – уолчаан иһиллэр-иһиллибэттик хоруйдуур.

– Ээ, балыыҥкалаама, манна ханнык да саһыл суох…

– Баар, мин көрбүтүм…

Өкүлүүнэ, уол уутун үргүмээри, туох да диэбэт, мөккүһэ барбат. Утуйдун эрэ… Сыыйа-баайа бэйэтэ да нуктаан барар уонна… түһүүр.

Түһээтэҕинэ, билиҥҥитэ буолбатах, эдэр курдук. Арааһа, биэс уончалаах. Кыракый миискэҕэ миин кутан баран, туруорбах балаҕаҥҥа киирэр.

– Ийээ, аскын аҕаллым. Саатар кыратык аһыы түһүүй, – диир ааттаһардыы… уонна ах барар. Арай көрдөҕүнэ, муннукка турар бурдуктара дэлби ыһыллыбыт. Ийэтэ эмээхсин маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттаҕын ыһан кээспит уонна эбиитин өлбөөдүйбүт харахтарынан кини диэки дьүккүччү көрөн ахан турар эбит. Мары-маадьаҕар атахтарынан өттүктэрин хомурдуос курдук нэһиилэ сыҕарытан хаста да хардыылаабытыгар, кыыһа кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһар, куотуон баҕарбыттыы, кэннин диэки чугуруйар. Эмээхсин илиитигэр, киһи дьулайыах, икки этэрбэһин туппут, онтуларыгар бурдугу ыбылы симпит.

– Өкүүчэ, иэдээн буолсук! Хоргуйан өлүүһүкпүт. Ойбоммут уолбута, оппут үүммэтэ, бурдукпут бүттэ! Мэ, Өкүүчэ, маны ыл. Кыра да буоллар, хаһаастан!

Эмээхсин сарыы этэрбэстэрин кыыһыгар үҥүлүтэр. Өкүлүүнэ кутталыттан миискэлээх миинин ыһыктар, аһа сиргэ ыһыллар.

– Оо дьэ, бачча ас суоҕар, аһынан ыһыахтанаҥҥын! – диэн ийэтэ кыыһын мөҕөр…

Өкүлүүнэ кутталыттан уһукта биэрэр. Дэлби тириппит, уолун ыбылы кууспут.

* * *

Августа суумкатыттан биир-биир кэһиитин таһаарар. Эдьиийигэр былаат уунар. Мотуруона саҥа былааты астыммыттыы эргитэ-урбата көрөр.

– Бу бэйэлээҕи ханна баанан барарым буолла? – диир.

– Хайдах ханна? Первэй сэнтээпкэ, уолгунаан оскуолаҕа бардаххына, баанаар ээ, – Уйбаан этэн биэрэр.

– Ээ, кырдьык даҕаны! – истиэнэҕэ ыйанан турар быыкаайык сиэркилэҕэ Мотуруона бэйэтин «маанымсыйдахпына син да эбиппин» диэбиттии, көрүнэ туран, саҥа аллайар.

– Оттон бу эйиэхэ, Уйбаан! – Августа күтүөтүгэр улахан истээх чааскыны уунар. Ити бэлэххэ Уйбаан наһаа үөрэр.

– Һок, миэхэ саамай сөптөөх эбит! Истээх иҥин!

– Любускалаах Лидыккаҕа – футболка, – Августа суумкатыттан бэлэхтэрин салгыы хостуур.

– Уа-ай! Аата астыгын! – кыргыттар үөрсүү бөҕөлөрө. Ити кэмҥэ дьиэҕэ Баанньыска киирэр. Августаны уонна билбэт киһитин көрөн, соһуйар, кэмчиэрийэр.

– «Дорооболоруҥ!» диэ, һыллы! – Мотуруона уолугар этэр. Анарааҥҥыта аан аттыгар турбахтаан баран, нэһиилэ иһиллэр-иһиллибэттик дорооболоһор. Бары күлсэллэр, үөрсэллэр.

– Хайа, төһө мундулаатыҥ? Көрдөр эрэ! – Уйбаан уолун бөтүөнүн ылан көрөр. – Хайа-а, толорбуккун дии? Маладьыастаабыккын!

– Хата, Баанньыска эһиги кэлэргитин сэрэйбит курдук, мундулаабыт. Уйбаан, үтүөххэ баар эбит! – Мотуруона үөрбүт сирэйдээх.

– Аата астыгын!… Һычы, Баанньыска, мин эйиэхэ эмиэ кэһиилээхпит ээ, – диир Августа, мичээрдии-мичээрдии. «Тугу бэлэхтиир эбитий?» диэбиттии, уолчаан саҥата суох, кэтээн турар. Августа суумкатыттан сабыс-саҥа бистэлиэт таһаарар.

– Уа-ай! Бистэлиэт! – уолчаан баҕа санаата туолан, үөрүүтүттэн ойуоккалаан ылар. Арааһа, саамай дьоллоох киһи кини!

* * *

Өкүлүүнэ, Куоканы уһугуннарымаары, сэрэниин-сэрэнэн турар. Кырыбыайканан баттаҕын көннөрүнэр уонна таһырдьа тахсар. Сурдьа Ньукулай хотуурун сытыылыы сылдьар эбит.

– Хайа, уолаттар күөлтэн кэлэ иликтэр дуу? – диэн Өкүлүүнэ ыйытар.

– Сөтүө кэнниттэн тыаҕа мас мастыы барыахтаахтар этэ.

– Ээ, сөп… Ньукулай?

Сүлүһүннээх таптал

Подняться наверх