Читать книгу Уот сүрэх - - Страница 1

ТЫЛ ИЛБИҺЭ МЭЭНЭ БЭРИЛЛИБЭТ…

Оглавление

Ханна эрэ, үрдүк мэҥэ халлаан үөһээ хаттыгаһыгар бу Орто дойдуга кэлэн, олох олорор киһи дьылҕатын быһааран, анаан, алҕаан ыытан эрдэхтэрэ… Ону уу ньуулдьаҕай оҕо сылдьан хантан билиэҥ баарай, хороччу улаатан, киһи быһыытынан ситэн да баран ситэ өйдүүрбүт саарбах. Үөһээҥҥилэртэн аналы, ситими өйдөөтүн диэн, Айыылар барахсаттар икки атахтаахха имнэнэн, бити-сибикини биллэрэ сылдьаллара буолуо да, ону аахайбакка хаалар түгэммит үгүс. Сирдээҕи олох аралдьытар адьыната элбэх…

2021 сыл сааһыгар эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар үгэспинэн саха поэзиятын семинарын ыыппытым. Онно, хойутаан да буоллар, Дьааҥыттан Василий Рожин кэлбитэ. Кини айымньыларын семинар иккис күнүгэр ырыппыппыт. Онно Василий туран хоһооннорун аахпытыгар, мустан олорор кыра хоспутугар букатын атын, ураты салгын илгийбитэ…

Биллэн турар, барыта тэҥ уонна уһулуччу бэрт буолбатах этэ, ол эрээри Василий Рожин хоһоонноругар поэзия тыына баара. Кини улахан Поэт буолар сибикитэ хоһоонун ааҕарыгар, ыйытыыларга хоруйдууругар, туттарыгар-хаптарыгар кытта биллэрэ. Мин, сааһырбыт киһи, көрдөхпүнэ, чахчы үөһээҥҥилэр бэлиэтээбит, тыл кыаҕын, сүлүһүнүн, күүһүн иҥэрэрдии санаммыт уоллара дуу дии санаабытым. Ол туохха олоҕурбутай диир буоллахха, Василий Рожин бүгүҥҥү күнүнэн астыммата, хайа эрэ бэйэтэ эрэ билэр суолун, ыллыгын көрдөнө сылдьардыы туттара өтө көстөрө… Хайҕаммытын да улаханнык аахайбатаҕа, былаанын да ыһа-тоҕо кэпсээбэтэҕэ, санаата-оноото син биир оннун булбатах курдуга…

Ити, мин санаабар, хаһан баҕарар улахан дьоҕур, улахан талаан бэлиэтэ. Тыл илбиһэ мээнэ бэриллибэт. Кини киһини эрийэр-мускуйар, араас суолларынан туора-маары хаамтарар, муннарар, тургутар. Ол тургутууну тулуйбакка аһыы аска охтубуттары, биитэр букатын да суруйартан тэйбиттэри билэтэлиибин. Онон Василий тэһийбэтэх кутун-сүрүн бүтэйдии сэрэйэн, испэр ийэлии сэрэхэчийэ санаабытым…

Онтум олох атын арҕааҥҥы тыаллар кинини сөрөөн илдьэ бардылар.

Василий поэт буолар аналын ылыммыт, аналын өйдөөбүт киһи эбит. Ону ол семинарга мэктиэлэммит уонна суох буолбутун кэннэ саҥа күн сирин көрөн эрэр бу кинигэтэ туоһулуур. Баара-суоҕа отут икки эрэ саастаах киһи толкуйдуур санаата, анаарар ыыра киэҥин, уратытын! Кини сүрэҕин нөҥүө аһарбыт түгэннэрин кытта тэҥҥэ саха литературатын историятын ситимэ, норуотун туһунан санаалара, омугун үрдэтэр билиниилэрэ манна бааллар…

Көннөрү да киһи суох буоллаҕына, кини эппитэ, кини болҕойбута олох атын суолталанар. Оттон Поэт күн сириттэн сүттэҕинэ, Орто дойду эйгэтэ эмтэрийэр, онно аҥайан хаалар… Ол курдук, Василий Рожин поэзията силигилии сайдар, аатын ааттатар кэскилэ быһынна. Аны кини бэйэтэ баҕа санаатынан, Россия гражданинын быһыытынан ытык иэһин толорордуу сананан, уот сэриигэ икки төгүл киирбитэ, Поэт-Буойун буолбута. Ол туоһулара – сэриигэ суруллубут хоһоонноро.

Василий Рожин үөһээҥҥилэр алгыстарын ылынан, кинилэр имнэниилэрин ситэ өйдөөн, тус бэйэтин айар суолугар, дьоһун аартыгар эрэллээхтик киирбит эбит. Кини бу үлүгэрдээх уустук кэмҥэ хорсуннук инники кирбиигэ туран, чахчы буойуннуу оҕунна…

Дьааҥы хайаларын курдук тыйыс, дьиппиэн айылгыта, баҕар, бу кинигэттэн, бэйэтэ тиспит кэриэс тылларыттан «мүчүк» гыныа эбитэ дуу…

Наталья Харлампьева,

саха норуодунай поэта,

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ

Уот сүрэх

Подняться наверх