Читать книгу Уот сүрэх - - Страница 2
ЭР КИҺИ ТӨЛӨННӨӨХ СҮРЭҔЭ
Оглавление* * *
Сарсыҥҥыҥ саарбахтаах кэмигэр
Санааҕын саҥаттан сааһылаа.
Эр киһи төлөннөөх сүрэҕэ
Туохха да тэҥнэммэт тулуурдаах.
Самныма, хайдахтаах даҕаны
Адьырҕа эйиэхэ түбэстин.
Умнума, урааҥхай сахаҕын!
Куттаныы буолбатах, үгэспит.
Бары баар оргуйар уоххунан
Кырдьыгыҥ туһугар эн охсус!
Кыргыһыы даҕаны суолунан
Сырдыгы ирдээҥҥин сонордос.
Кэс тылы бэйэҕэр эттэргин —
Буолуоҕуҥ айыыттан алгыстаах.
Кэскилиҥ туһугар кэхтии диэн
Буолбатах кытарар кыбыстыы!
* * *
Хаалымаҥ хараҥа халыыпка
Хараҕым уутугар сайҕаммыт,
Тапталы таайбатах матыыптар —
Өһүллэн тахсыбат тылларым.
Кэлэйэр эрдэтин билбэккэ,
Кураанах куйаарга куотумаҥ.
Күһүҥҥэ тиллибэт сибэкки
Кэриэтэ сүтүмэҥ. Ытаамаҥ.
Ыарахан ыырдардаах ыралар,
Эһиэхэ мин өрүү төннүөҕүм.
Урааҥхай хаһан да бырахпат
Санаабыт санаатын чиҥ төрдүн!
Төһө да кырдьыгым кыл курдук
Синньээбит кэмигэр кэллэрбин,
Түмүөҕүм туох бары тулуурбун.
Билэбин кэхтэрим эрдэтин!
* * *
Охсуһуу олбохтоох, хапсыһыы хаттыктаах
Кэтэспит кэмнэрэ дьэ кэлэн эрдэҕэ:
Мэйиини мэһийэр, өйдөрү өһүлэр
Алдьархай тылларын арҕааттан ыыттылар.
Абырал алгыһа бу сылдьар диэн ааттаан,
Күн Айыы аймаҕын сэриигэ тиэртилэр,
Көҥүлтэн көҥүлү көрдүүргэ угуйан,
Олохтоох омугу кэхтэргэ сирдииллэр.
Киэҥ сирбит баайдааҕын бэркэ диэн
билэллэр —
Хоргуйбут ыт курдук салбанан биэрэллэр…
Сымыйа туһугар өлөрсүөх-өһөрсүөх —
Сирбитин мэҥиэстиэ хаанымсах кыр өстөөх!
Тиниктиир санаалаах адьырҕа Арҕааны
Истимэ, Үс Куттаах, хабыма мэҥиэни.
* * *
Харгытаан турбакка хамсыахха —
Ааспыты ааллааммыт атаарыах,
Халлааҥҥа сулуһу аахпакка,
Санаммыт санааны толоруох.
Сиэрдээхтиин ситиһии сиэттиһэр,
Кыһалҕа – кыайыыга тириэрдэр.
Кэхтимэ – ол эрэ ирдэнэр
Күн сирин кэрэтин көрөргө.
Эрэйи этинэн амсайбыт
Ил-эйэ үтүөтүн билинэр.
Киһи аатыран айыллыбыт
Сиппэтин ситээри дьаныһар.
2021, олунньу 2 күнэ
* * *
Хоһуйабын хоһооҥҥо
Олох араас өрүтүн,
Сүрэх көмүс дорҕоонун
Үрүҥ түүҥҥэ көрдөөммүн.
Сүгэн кэлбит күннэрбин
Сааһылаатым сүрэхпэр:
Дьоҥҥо хайдах тиэрдэбин?
«Хайдах эмэ сэрэнэн…»
Сыыдам сырыы куорсуна
Аптаах тылы баһыйбыт,
Хоһоон буолан устунан
Үтүө дьоҥҥо анаммыт.
Хоһуйуоҕум хорсуннук
Көҥүл олох туһугар,
Толук ууруом олохпун
Хоһоон сырдык суолугар!
* * *
Баттал быата быстыбат былыргыттан саҕалаан.
Саха эрэ буоламмыт тулуйдахпыт. Абаккам!
Балылламмыт, халанан, кумалааҥҥа барарбыт
Чугаһаата, быһыыта: «Көҥүл олох» диэн атын…
Ийэ сирбит иҥсэлээх илиилэргэ бэриллэн,
Сүөм түһэбит биһиги, кистии-саба кэмсинэ…
Сүөргүлүүрү билбэтэх улуутуйбут омуктар
Сүмэбитин оборон, сууһараары гыннылар…
Сүллэр сүдү күүспүтүн номох курдук билэбит,
Үйэлэргэ сүппүтү сэһэн курдук истэбит.
Дьэ, ол эрэн, ол эрэн сүрэхтэрбит түгэҕэр
Үөскээн эрэр күөдьүйэн, инникигэ итэҕэл!
Өскө саха буолларгын, кэхтэр диэни билимэ,
Өбүгэттэн кэлбити сүтэримэ, сүтүмэ!
Бары бииргэ буолларбыт уоттаах уохпут,
дьэ, тиллиэ!
Саха буолан төрөөбүт, бэринэри билимэ!
ОЙУУНУСКАЙГА
Эн билэн эрдэҕиҥ, Убайбыт,
Балыырга бааллыбыт Былатыан!
Эн дойдуҥ билигин сайдыбыт!
Охсуһууҥ мээнэҕэ буолбатах!
Кэскилиҥ эйигин кэриэстээн
Элбэҕи даҕаны хоһуйар,
«Былааһы! Былааһы сэбиэккэ» —
Сэтинньи ый аайы доргуйар.
Эппитиҥ да курдук, эн аатыҥ
Күн сирин тэнийэ кэрийдэ,
Төрөөбүт-үөскээбит алааһыҥ
Талааннаах дьонунан билиннэ.
Аан дойду ааннарын арыйан
Билиини биһиэхэ ууннаҕыҥ!
Хараҥа дууһаны сырдатан
Олоххун толукка уурдаҕыҥ!
Ахтарбыт эйигин, Убайбыт,
Дьыл-хонук аайытын күүһүрэр.
Махталбыт муҥурун булларбат,
Махталлаах Эйиэхэ – сүүһүнэн!
Көрөрүҥ буолуо, Эн, куйаартан
Ыччатыҥ сахалыы саҥарар,
Сахалыы тыынынан барҕарар.
Былатыан! Былатыан! Былатыан!..
* * *
Харахпын симпитим мин дүҥүр тыаһыгар —
Балаҕан доргуйан-оргуйан турбута,
Аал уоппут аатталын айыылар истэннэр,
Чуумпуга иһийбит барыта тилиннэ…
Харахпын симпитим мин дүҥүр тыаһыгар —
Аттыбар биллибэт ким эрэ турбута,
Эмискэ хараҥа быыһыттан саҕыллан,
Сырайбын салаата араҥас чаҕылҕан…
Тоҥ сүрэх уһуктан курдаттыы сүүрбүтэ,
Айыылар алгыстаах ол сүдү күүстэрэ…
Иэдэһим итийэн илбистэн итирдим,
Өбүгэ ситимин алгыска иһиттим…
2018, тохсунньу 14 күнэ
Ньурба