Читать книгу Уот сүрэх - - Страница 3

ЭЛГЭҺИМ ҮРДҮНЭН КЫТАЛЫК

Оглавление

* * *

Ыам ыйын уруйдуу көрүстэ

Дьырылас ырыалаах күөрэгэй,

Күөх халлаан устунан көтүтэн

Алгыстаах ырыата дьиэрэйдэ.

Олоҥхо дойдутун кэриэтэ

Мин түбэм киэркэйэн кэлэрэ,

Эппэтэх тылларбын тэптэрэн

Мин иэйиим бүппэттик киирэрэ.

Байҕалы уҥуордуур куолаһа

Түүннэри дуорайан кыйдыыра,

Күн уотун биһиэхэ аҕалан

Күөрэгэй көҥүлү ыллыыра.

Кый ыраах иһиллэр тойуга

Тыалларга бэриммэт күөрэгэй

Мин дойдум кэрэтин хоһуйан

Күн үөһэ көтүөҕэ күөрэйэн.


* * *

Дьиктитик дьүкээбил дьиримниир

Чуҥкуйбут мин Түбэм үрдүнэн.

Олоҕум биир кэрэ түгэнин

Көрөөрү бу манна кэлбиппин.

Күһүҥҥү хараҥа халлааным

Төлөнү уматар иччитэ,

Эн, бэрсиэҥ эбитэ, бу уоккун?

Сырдыахпын баҕардым эн тэҥэ…


КЫТАЛЫК

Элгэһим үрдүнэн көтөрө

Кылыһах ырыалаах кыталык.

Үөһэттэн үҥкүүлүү түһэрэ

Күөх хонуу ньууругар наҕыллык.

Күн уота оонньуура килбэйэн

Кыталык муус маҥан түөһүгэр,

Олуһун сандаара киэркэйэн

Манньытан ылара сүрэҕи.

Кэтэһэр эбит дии кинини

Эрэнэр көһүппүт доҕоро,

Үөһэттэн иҥэрбит иэйиитин

Бэлэхтээн үҥкүүтүн уунара.

Кырыылаах кынатын тыалынан

Сибэкки төбөтүн таарыйар,

Ол онно көстөрө санаата,

Амарах кыталык барахсан.

Үҥкүүлээ, кыталык, тапталы,

Дьыбардаах кыһыммыт, дьэ, ааста.

Дойдубут кэрэтин айхаллыы

Уруйдаан көрсүөххэ сааспытын!


Уот сүрэх

Подняться наверх