Читать книгу Муора арыытыгар олох - - Страница 3

Муораҕа айан

Оглавление

Туундараҕа саас иһэр. Бөһүөлэк дьонун кэпсэлэ наар сааскы булка ким хайдах бэлэмнэнэн эрэрин, ким быйыл хас хаас мончуугун саҥардан оҥостубутун, ким Кындака, Бааччах, Араҥастаах боротуохаларын устун сааһыы барыахтааҕын, барбытын, кэлээри турар булт хайдах буолуохтааҕын тула эргийэр. Быйылгы үөрэх дьыла бүтэн, аҕам миигин сайылыыр сирбитигэр – Куба арыыта диэн муора арыытыгар илдьээри кэллэ. Онно ийэм, бырааттарым ахтан ахан эрдэхтэрэ. Аҕам маҕаһыынтан быйыл миигин булка үөрэтиэм диэн биир уостаах доруоп сааны атыыласта. Үөрүү-көтүү, өрөгөй улаатта. Саа сабыс-саҥа луоһун, тимирин сотору-сотору имэрийэн көрөбүн.

Үөрүүбүн чугас ыалбар, доҕорбор, Гриша Романовка кэпсии ыстанаары турдахпына аҕам: «Тоойуом, Сэмэнчик, наһаа киэһэримэ, эрдэ соҕус кэлээр. Гришаҥ бэлэмнэннин, эрдэ кэллиннэр. Күн-дьыл туруга бүгүҥҥүттэн уларыйбатаҕына, сарсын сарсыарда айаҥҥа турунуохпут», – диэтэ, ыттарын киэһээҥҥи аһылыктарын, силимнэһэ хам тоҥон хаалбыт балыктарын ириэрээри, тимир ohox холумтаныгар тарҕата уурталыы туран.

* * *

Түбүк-түрүлүөн бөҕөнөн, хойутаан, күнүскү чэй кэнниттэн айаҥҥа турунар буоллубут. Аҕыс ылахтаах сыарҕаны тула мустубут, сынньанан бугуһуйбут ыттар миигин билэн, эйэргээн өрүтэ ыстаҥалаан, чуут охторо сыстылар. Аҕам Гриша биһигини сыарҕа кэлин өттүгэр кэккэлэһиннэри олорто, ол кэннэ түргэн айаҥҥа охтубатыннар диэн сылаас таба сукуй нөҥүө ньиэрпэ тириититтэн тэлиллибит өтүү быанан эрийэ охсон ылан, сыарҕа ойоҕоһунааҕы ураҕас маска туомтуу баайда. Атаарааччылар ыттары көлүйэргэ көмөлөстүлэр. Гриша ийэтэ хардары-таары иккиэммитин сыллаталаан ылла, харахпыт эрэ көстөр гына саҕынньахпыт саҕатын туруору тардан баран халыҥ саал былаатынан туомтуу тарта. Аҕам тимир төбөлөөх тарыыр маһын сыарҕа инники ылаҕын аннынан олуйа хаарга дириҥник батары аста, атаарааччылары кытта быраһаайдаһа таарыйа күнү-дьылы чинчилии дьоһумсуйан олорон табахтаан бусхатта.

Гриша ийэтэ ийэбэр сурук, кэһии ыытта. Хаһан эрэ хоҥнобут диэн көһүтэ сатыы олорор дьон санаабытыгар балай да өр буолан баран аҕам дьэ кырса истээх үтүлүгүн кэттэ, көхсүн этиттэ, ол кэннэ сыарҕаны нэһиилэ тутан турар тарыыр маһы эрчимнээхтик төлө тарта. Бугуһуйбут ыттар ыйылаабытынан түһүнэн кэбистилэр. Тула баар дьиэ-уот соҕотохто элэгэлдьийдэ, дьэргэйэ түстэ. Ыраас хаар өрүкүйбүт будулҕана сирэйгэ типтэ. Бөһүөлэк дьиэлэрэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр, ытыс иһигэр кумуйа туппут курдук, ыраатан кыччаан көһүннүлэр. Туундара киэҥ иэнэ харах ыларын тухары үрүҥ кырса уорҕата сааскы күҥҥэ кылаана оонньуурун саната, иннибитигэр көөчүктэнэн, ыраах caҕaxxa угуйа нэлэһийэ түстэ. Биһиги дьэ өрө тыынныбыт, үөрүүбүтүттэн куустуһан ыллыбыт. Ону сэрэйбит курдук аҕам:

– Айаммыт уһун. Киэһэ уон чаас диэки тиийиэхпит. Эһиги иллэҥ дьон быһыытынан кэпсэтиһэ иһиҥ ээ.

– Aҕaa, xaac кэлэн эрэр дуо?

– Бу да киһи тылын, билигин арыый эрдэ. Аны нэдиэлэттэн ордугунан хааһы көрүөххэ сөп. Былырыын бастакы хааһы Хабырыыс өлөрбүтэ. Ээ, барахсан, сырыыны кыайан сылдьара бэрт. – Аҕам биһиги бииргэ үөрэнэр доҕорбут Ваня Ачикасов аҕатын хайгыы истэ. «Кырдьык да оннук этэ дуу» диэбиттии Гриша мин диэки көрдө.

Сотору кэминэн бэс ыйын бастакы күннэрэ үүнүөхтэрэ. Дьокуускайтан суруйар табаарыс уолбут, арба даҕаны, от охсор күргүөмнээх күн кэлээри турар диэбит этэ. Ол үтүөкэн дойду ото-маһа ситэн-силигилээн, күөрэгэйэ көрүлээн, күөнэҕэ оонньоон, уол этэринэн буоллаҕына, ырай дойдута эбит. Саха дьонун сиэринэн окко киириэхтэрин иннинэ кымыс диэн утаҕы иһэр, сыалаах эти сиир, чэчир анньан, сэргэ туруоран самаан сайыны айхаллыы көрсөр ыһыах диэн улахан бырааһынньыктара буолар диэтэ этэ дуу… Ээ, арба, бөһүөлэккэ олорон куһу-хааһы көрбөккө аһарбыт буоллахпытына, ону муора арыытыгар ситэн көрүөхпүт. Уо, ийэм! Төһө эрэ аҕынна буолла, бырааттарым… Эмискэ сыарҕа тохтуу түстэ. Гриша төбөтүнэн түөспэр анньылынна, ону кытта тэҥҥэ санаам утаҕа быһа ыстанна.

– Оҕолоор, манан дойду сирэ бүттэ. Мантан инньэ тоҥмут Хотугу муора саҕаланар. Көрөҕүт дуо, ол хамсыыр харалары? – Аҕам ыйарын хоту көрбүтүм, туох эрэ харалар бытаан баҕайытык сыыллаллар. Ол кэннэ эмискэ ханна барбыттара биллибэккэ маҥан хаарга тимирэн хаалар курдуктар.

– Аҕаа, ол туохтарый?

– Ити буолаллар эһиги сайыҥҥы доҕотторгут. Кимнээхтэрин онно көрүөххүт. Ити кыыллар киэһэ отуу уотун, муусуканы олус диэн сөбүлүүр суоллара, ууттан былтас гынан тахсан тиийэн кэлээччилэр, хата, соһуйбат-өмүрбэт буолуҥ.

– Түлүөннэр! Түлүөннэр! – таба таайбыт үөрүүтүттэн, омунуттан Гриша мэктиэтигэр өгдөҥөлөөн ылла.

– Чэ, оҕолоор! Ыттар сынньана түстүннэр. Бастакы уохтарыгар наһаа омуннаахтык түһэн күүстэрэ тахсан хаалааччы, ону тыын ыллара түһэр үчүгэй буолар баҕайыта.

Ыттар уоскуйан, сорохторо хаарга күөлэһийдэ, сорохторо тарбанан атахтара эйэҥэлии олордо, сорохторо муораттан кэлэр сыты ылан тэһийбэтэх-тулуйбатах курдук улуйан бардылар.

– Көр, ити, түлүөннэр – муора кыыллара хайдах ууһуулларын билэҕит дуо? Дьыл бу кэмигэр ууһаан, ити оҕолорун барахсаттары чэччитэ мууска салгылыы, быһатын эттэххэ, дьаарбайа тахса сылдьаллар диэн өйдүөххэ сөп. Билигин киһини чугаһаппаттар, сүрдээх тэһииркэс буолаллар, арай маҥан халааттаах эрэ киһи бултаһан көрүөн сөп этэ. Хата, биһиги үһүөн түлүөннэргэ балыкка туулуур курдук туулаан көрүөхпүт. Чэ, аны наһаа олорон хаалаары гынныбыт, айаннаан көрүөҕүҥ, – аҕам биир-биир ыттарын кэрийэ сылдьан аалыктарын көннөртөөтө. Сорох ыттары оннуларын уларыталаата. Кини күүстээх ыты сэргэ мөлтөх ыты көлүйэрин сөбүлээччи.

– Ток-ток-ток! Уу-уу-уу!!! Тадах-тадах! Уу-уу! Кис-кис!!! Уу-уу! – диэн тардыалатан эрэр курдук ордоотоон, ыттарын киксэрэн, тарыыр маһа биир кэм күөрэҥнэс буолла.

Мин эмиэ сыарҕа ыллыгын биир кэм бүтэн биэрбэт тыаһыгар бигэтэн, санаа ыратыгар тартаран бардым. «Муора! Харах ыларын тухары хаар куйаар нэлэһийэр. Дойду сириттэн арахсарга тохто турар кумахтаах үрдүк хара сыыр кытылын батыһа муора кылбаа маҥан толоонугар араастаан кыстанан, күөрэ-лаҥкы түһэн тоҥмут халҕаһа муустар кырыылара киһи хараҕын чаҕылытардык күлүмнээн көстөллөр. Саас кэлбит быһыыта итинэн эрэ биллэр. Оттон бу тоҥон-иһийэн турар улуу байҕал куйаара сотору кэминэн күөдэл-таһаа буолан, от ыйын 3 – 4 күннэригэр мууһа Хотугу байҕалга кыйданыахтаах, дьыбара тахсыбыт уу мэндээр иэнэ күҥҥэ күлэ, кустугура сырдыахтаах. Айылҕа айара модун, кэрэ! Муора мууһа өрүс мууһа барыытыттан улахан уратылаах. Өрүскэ олорооччулар муус көрө күргүөмүнэн биэрэккэ киирээччилэр. Оттон манна муора мууһун барыытын аҕыйах ахсааннаах булчут дьонтон ураты бу дойду муҥур хаһаайыннара үрүҥ эһэлэр уонна кэпсиир түлүөннэрбит, кус-хаас аймаҕа күүтэн эрдэхтэрэ. Ол эмиэ бэйэлэрин туһугар олус улахан суолталаах. Булчут киһи эһиилги кырсаҕа иитиэхтээх сохсолорун – паастарын сөргүтэ муора арыыларыгар киирэр кэмэ кэлбититтэн, оттон үрүҥ эһэлэр материктан икки бэйэлэрэ үс буолан улааппыт оҕолорунуун Хотугу байҕалга мууһу баттаһан тиийэ охсор кыах көстүбүтүттэн балыктаан, бултаан сиир күннэрэ үүммүтүттэн үөрэн-көтөн эрдэхтэрэ дии. Үөрүмүнэ – кыһыны быһа улугурбут бэйэлэрэ чэмэличчи суунуохтара уонна материктыын, аны кыһыҥҥа диэри туундаралыын бырастыылаһан эрэрдии, моойдорун уһата-уһата, олоотоспутунан, мууска турбутунан айанныахтара. Бу кэмҥэ кинилэр санааларын көтөҕөрдүү арыыларга кус-хаас саҥата күйгүөрэ олоруоҕа».

– Оҕолоор, ити Өлөксөөйкө арыыта диэн сир. Уонча сыллааҕыта, Гриша, эн aҕaҥ биһикки ол көстөр хара сыыр анныттан кырдьаҕahы – эһэкээни бултаан турардаахпыт. Ол дьыл бэйэтэ даҕаны булдугар табыгастаах дьыл этэ. Хор, онно эн aҕaҥ бэргэнник ытара, куттаҕаһа суоҕа миигин сөхтөрбүтэ, онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри доҕордуубут.

Үчүгэй хатан доҕордоох эрэ киһи биһиги дойдубутугар кыайа-хото сылдьар. Аныгы үйэ үөрэхтээх оҕолоро ол биһиги курдук буурҕаны кытта тустан, кырсалаан, ойбон алларан, муус аннынан илимнээн айаххытын ииттибэтэххит да иһин, саатар дьон эрэйин өйдүүр дьон буола улаатаргыт буоллар, биһиги эрэйбит тиллибит курдук сананан, үөрэ-көтө буору булуо этибит буоллаҕа дии, – аҕам кырыа буолбут кыламаннара ибирдэһэн, харахтара эйэҕэстик чаҕылыһа күллүлэр.

Күн уота хаар үрдүн халты көрөрүттэн буолуо, били биһигини батыһан испит күөх күлүктэр уһаан бардылар, ыттар өр айаннааннар тылларын түөстэригэр түһэрэн аҕыласпыттар, дөрүн-дөрүн сүр сымсатык нөрүс гынан суол ойоҕоһунааҕы хаартан уобаллар. Ол эрээри айаннаабыт тэтимнэрин ыһыктыбаттар. Бэйэтэ да биллибэтинэн көстө-сүтэ күрэнэн туундара өҥө уларыйан киэһэрэн барда, мин атаҕым төбөлөрүн хардарыта охсуна истим. Гриша эмиэ миигин үтүгүннэ.

Ону билэн аҕам ыттарын тохтотон, биһигини өл хаптарда, чэй иһэртэ уонна сырса оонньооҥ диэн соруйда. Бэйэтэ сири-дойдуну көрүөм диэн ааттаан, сыарҕатын илин атаҕын олуйа тарыыр маһын хаарга дириҥник батары анньаат, көҕөрөн көстөр үрдүк хомурах диэки аа-дьуо сүөдэҥнии турда. Биһиги доҕорбунуун сүүрбүтэ, тустубута буолан мочоохтостубут, дэлби тириттибит. Өр-өтөр буолбата, аҕам тиийэн кэллэ:

– Хайа, оҕолоор, тоҥмуккут ааста дуо? Чэ, оччоҕо айаннаан көрүөххэйиҥ. Хата эһиги дьолгутугар күн-дьыл туруга билиҥҥитэ үчүгэй, ыйдаҥалаах киэһэ буолсу.

Ыттарын биир-биир ааттарынан ыҥыртаан туруортаата, аалыктарын көннөртөөтө. Биһигини олорто. Хоҥуннубут. Сынньаммыт ыттар күлүмэх айаннарыттан хаар өрүкүйэ түстэ. Киэһэрдэ.

– Тадах-тадах! Ток-ток!!! – аҕам ыттарын киксэрэр, мууһурбут кыламаннарын уонна тор курдук хара бытыгын таба тыһа үтүлүгүн көхсүнэн ньухханар, туох эмэ туһунан киэҥник эргитэ санаатаҕына буоларыныы, сүр үлүгэрдик көхсүн этитэн сөтөллөн ылар. Үтүлүктэрин тобугар кыбыйа тутан, биһиги диэки ойоҕоһунан эргиллэр, айан салгыныттан куоттаран, модьу-таҕа ытыһын иһигэр испиискэ уота сандаарда, удьурхай хамсатыгар симиммит табаҕын уматынна, ол кэннэ тугу эрэ олохтоохтук саныы, оннун булунан көхсүнэн буолан, нөрүйэн олордо.

Аҕам тардар табаҕын хатан сыта сүр минньигэстик таныыбын кычыгылатар. Ыттарбыт сылайа быһыытыйан кутуруктара намылыспыттар, хата биһигиннээҕэр ордук кинилэр дьиэҕэ-уокка тиийэ охсорго тиэтэйэр-саарайар курдуктар.

– Тадах-тадах! Ток-ток-ток! Уу-уу… Дьиэбит чугаһаата… Тадах-тадах… Уу-уу! – Аҕам ыттарын хас биирдиилэрин ааттарынан ааттаан киксэрэн биэрэ истэ.

– Аҕаа, хайа хаһан тиийэбитий?

– һы, оҕокком! Аны биир туруу холобурдаах хаалла. Сотору тиийиэхпит. Ити доҕopyҥ Гриша суолу быһа туох туһунан ыллыырый? Улахан ырыаһыт киһи үөскээн сылдьарын билбэккэ сылдьар эбиппит ээ. Хата мин биэс уоммун томточчу туолар күммэр остуолбар биир ырыаһыт киһилэнэр буолбуппун, һэ-һэ-һэ!

Аҕам биһиэхэ эргиллэн, Гришаны эйэргээн, саннын таптайбахтаан ылла.

Биһиги ити курдук хардарыта тыл бырахсан иһэн Куба арыытын илин тумуһун анныгар чугаһаан кэлэ охсубуппутун билбэккэ да хааллыбыт. Бу арыы көстөн ордук усталаах, эмиэ биир оччо туоралаах, үрдүк хара сыырын анныгар саһаран көстөр кумах кытыллаах, икки улахан күөллэрдээх, сайынын кус-хаас уйата дойду. Күһүн арыы apҕaa хордоҕоһун батыһа кыыл таба халыҥ үөрэ субуллан киирэн, муораны быһа харбаан, оол харааран көстөр Өлөксөөйкө арыытыгар туораан эрэрин үгүстүк көрөөччүбүт.

Оол үөлэс кыымынан кытыастар кыстык угун caҕa хабарҕалыы охсуллубут дьиэни аҕам уонча сыллааҕыта бултуу сылдьан туттубута. Бу дойдуга дьиэ-уот ураты улахан суолталаах. Дэлэҕэ даҕаны Өндөрөй балаҕана диэн аатынан холкуос булчуттарын ортолоругар киэҥник сураҕырыа дуо. Дьыл араас кэмигэр ардах-өксүөн күннэргэ, бүтүн аҕыс-тоҕус хонуктар усталаах-туораларыгар тыын биэрбэккэ ытыйар, силбиэтэнэр, сир-халлаан кытта ынчыктыыр буурҕаларыгар төһөлөөх элбэх булчут дьону ириэрбитэ, эрэл санааларын кынаттаабыта буолуой бу уйаар-кэйээр дойду ортотугар өрүһүйэн абырааччы буолбут булчут туруорбах үүтээнэ! Булчут үүтээнэ! Дьиэ чугаһаабытын билэннэр ыттар айаннарын тэтимэ эбилиннэ, сорохтор үрэн ньаҕырҕастылар.

Кэмниэ-кэнэҕэс сыыр анныгар ыкса тиийэн кэлбиппит кэннэ «дьиэ манабыла» үрэн ньаҕырҕаабыта буолла, ити аата «ээ, эһиги кэллигит дуо» диэн үөрэн эҕэрдэлээбит быһыыта буоллаҕа. Сыыры өрө тахсыыга аҕам биһигини түһэртээтэ, бэйэтэ буоллаҕына таһаҕастаах сыарҕатын анньыһан дабайыста.

– Хайа, доҕоор, уолгун аҕалбатаххын дуу? – ийэм чуор саҥата киэһээҥҥи дьыбарга улаатан иһилиннэ.

– Кэлэн, кэлэн! Барбах эрэ дьонуҥ иккиэлэр.

– Бай, ол биирдэрэ кимий, доҕоор? – ийэм ыйыппыт саҥатын дорҕооно сүтэ илигинэ, сыыры таҥнары сүүрэн киирдэ уонна сукуйбутун устуһан булумахтаһа сырыттахпытына, иккиэммитин кууһан ылла.

– Бу оокколорбун көрөр күннээх эбиппин ээ! Чэ, тахса oxcyҥ! Дьиэҕэ киирэн биирдэ устаарыҥ. Чэ, чэ! – ийэм тиэтэттэ, көлөттүгэс дьоҥҥо сыыры дабайарбытыгар көмөлөстө.

Хаар күүлэ иһигэр киирдибит. Ийэм үөрүйэх илиитэ аан тутааҕын таба харбаан аспытыгар сылаас салгын «ил» гына саба биэрдэ, «чэ, чэ киирэ oxcyҥ» диэбиттии ыһыырынньык уота эйэҥэлии түстэ.

– Хайа, доҕоор, чүмэчиҥ бүппүтэ быданнаабыт дуу?

– Бүтэн. Ыһыырынньык уотунан туһаммыппыт бүгүн үhүc күнэ. Хайа, хайдах-туох олордугут? Туох сонун-нуомас баар буолла? – ийэм үрүт үөһэ ыйыта турда.

Ыһыырынньык уота сүрэҕэлдьээбиттии эйэҥэлиир сырдыгыттан дьиэ иһэ өссө кыараабыкка дылы буолла, ийэм биһиги аҕалбыт кыраһыыммытын таас олохтоох лаампатыгар кута охсон, киһи хараҕа чаҕылыйар сырдыгын уматан сандаарта. Ол кэннэ тимир буочука аҥаардаммытынан оҥоһуллубут ohoxxo быраҕыллыбыт уккунньаҕа аатыгар эрэ сыыгыныы умайарын күөдьүттэ, эбии мас укта, кур морж сыатын лаҕыран хаалбыт биэдэрэттэн хомуоһунан сомсон ылан, уокка кутан биэрбитигэр ohoҕo барахсан, ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, өрө тигинии түстэ.

Бу кэмҥэ айан дьоно кэлбитин билэн, уйгууран орто быраатым Өндөрүүскэ-Тоотук туох да бокуойа суох ытаан тоҕо барда. Быраатым барахсан күкээрбит төбөтүн кэтэҕиттэн сыллаан ыллым, уоскутаары хомуһуолум тас сиэбигэр укта сылдьыбыт кэмпиэппин туттара охсон кэбистим. Арай бу долгутуулаах түгэн тиийбэт киһитэ – быйыл кыһын төрөөбүт Өлөксөөндүр диэн кыракый быраатчааным, саха тэҥэ суох, утуйан буккуруу сытар. Бэйэм буоллаҕына алаһа дьиэ ахтылҕана таайан буоллаҕа буолуо, ытыах санаам ыган кэллэ. Ону аралдьыта сатаан, дьиэ иһин эргиччи көрөбүн. Ohox xaҥac өттүгэр чэҥ буолбут муннукка сүгэнэн мастаммыт хардаҕастар кыстаммыттар. Үөһэ аналлаах кэрээдэҕэ икки тоҥ кырса анньыллан тураллар. Ohox холумтанын уҥа өртүгэр эриэн түөс хаас ириэриллэ ууруллубут. Мин бу хаас тумустаах сылдьарыттан, хайдах урут быспатах бэйэбиний диэн, муодаргыы санаатым. Үгэс курдук, кыһыҥҥы хаһааска ууруллубут хаастары өрүү тумустарын быһан ылан, бөһүөлэккэ барарбар илдьэ барааччы этим. Күһүн эрэ буоллар бөһүөлэк оҕолоро ким элбэх тумуһу муспутунан, киммит аҕата элбэх куһу-хааһы сууһарбытынан куоталаһыы буолааччы. Apaaha, ийэм, хаһаасчыт муҥутаан, оҕом саас кэлиитигэр диэн кистиэҕинэн кистээн саһыарбыт xaaha сыттаҕа дуу, тугуй?

«Уо, ийэм барахсан! Кини сүрэҕин сылааha бу кыракый үүтээн дьиэ кутун-сүрүн тутар, тыынныыр. Сылы быһа кэриэтэ бу киэҥ куйаар хаҕыс буурҕатын кытта туруулаһан мас мастанан (биһиги диэки уу аҕалбыт сылбах маһын быанан сүгэн, кыһынын ыт сыарҕатынан тиэнэбит) алаһа дьиэ үөрэ-көтө күүдэпчилэнэр кыымнаах үөлэһин тутан олордоҕо эбээт», – диэн ийэм туһунан аттара саныах курдук буолан эрдэхпинэ, аһылыкка ыҥырдылар.

Үгэс быһыытынан эмис чыыр балык чап-чараастык кырылаччы кыһыллыбыта икки тэриэлкэҕэ өрөһөлүү ууруллубут. Биһиги дойдуга ыраах айантан кэлбит киһиэхэ маҥнай тоҥ балыгы кыһан сиэтиллэр, ол эрэ кэннэ итии чэйи биэриллэр. Аҕам этэҥҥэ айаннаан кэлбитин, оҕолор соччо тоҥмотохторун кэпсии-ипсии олордо. Гриша аччыктаабыт киһи быһыытынан чыыр үрдүгэр түстэ, мин да хаалсыбатым. Иһит-хомуос тыаһаан, уос-тиис хамсаан, аһаан бардыбыт.

– Хор эрэ. Бу оҕокколорбун, аччыктаабыттар ээ. Аһаан иһиҥ, – диэтэ ийэм биһиэхэ чааскылаах чэйи ууна-ууна.

– Доҕоор, Аана, бу Баһылай уола Гриша быйыл сайын биһиэхэ сайылыы диэн кэлистэ. Киһиҥ, аныгы оҕону туох диэн эттэххиний, кэһии-тутуу бөҕөлөөх, онтун сыарҕа муҥунан тиэйиннэ. Ээ, арба даҕаны, бу ийэтэ Маайа ыыппыт суруга баар. Ити үөрэхтээх уолаттарга аахтаран истээр эрэ. – Аҕам үөрэн-көтөн, эҕэ-дьаҕа буола түстэ.

– Тоойуом, Сэмэнчик, интэринээккэ төһө бэркэ кыстаан сыл таҕыстыгыт, били кыһын дьонунан ыыппыт тууччахпытын уонна аҕыйах уомулу туппутуҥ дуо?

– Тутан, ийээ, тутан. Оонньуурка, Маайыстаах ийэлэрэ, хаппыт дьуухала балыгы аҕалан сиэппитэ.

– Оонньуурка абыраан бөҕөтө буоллаҕа дии. Сааһын тухары дьоҥҥо үчүгэйи эрэ оҥоро сатааччы. Аһааҥ, оҕолоор, ahaaҥ… тоҥмуккут буолуо. Сэмэнчик, биһиги быйыл оҕолоох кырдьаҕаһы ити эһиги бүгүн дабайбыт үрдүк хара сыыргыт илин уһугуттан, арҕах хаста сытарын бултаан турабыт. Кырса да син быйыл былырыыҥҥытын курдук буолбатах, баар дьыла.

– Истэн, истэн… Биһиэхэ бөһүөлэккэ Сеня дьоно эһэ бултаабыттар диэн иһиллибитэ, – хап-сабар Гриша хардарда.

– Доҕоор, Өндөрөй, ким ыал-куус буолбутуй, бөһүөлэккэ туох үчүгэй сонун баарый?

– Били Хаасчыт уола кэргэн ылбыт диэн иһиттим, түгэн булан кийиити көрбөккө хааллым. Caҥa балык тутааччы кыыһы ылбыт үhү. Быйыл бу биһиги арыыбытыгар Улахан Абылахаан биригэдьиирдээх сүүрбэччэ киһилээх морж ытааччылар киириэхтэрэ үhү, күһүөрү. Хата, онно кыттыһар киһи абырал буолуо этэ. Кырсам харчытын ааҕыстым. Иэстээх харчыбын төлөөтүм, ордугар ас-үөл буллум. Уолбар саа атыыластым. Оттон атыны сыыйа-баайа кэпсиэм буоллаҕа дии. Көстөкүүннээххэ түһэ сырыттым, олоруулара үчүгэй. Эйиэхэ эҕэрдэ тиэрт диэбитэ ийэлэрэ эмээхсин.

– Оҕом манна киһи-сүөһү суох сиригэр сааланарга үөрэнэн хаалыа этэ. Саамай сөп. Ол Хаасчыт хахай уолун көрүөҥ этэ. Бэрт соторутааҕыта остуол аннынан сүүрэр уол баара дии. Дьыл – хонук. Оҕо улаатара дөбөҥүн көрүөҥ этэ. – Ийэм бу дойду олохтоохторун бэрт үчүгэйдик билэр, истиҥник саныыр дьонун «ыт уола», «хахай уола» диэн эйэргээн туттар тылларыттан ити аата «хахайын» эрэ тутуннаҕа.

Биһиги остуолтан туруубутугар муус түннүк нөҥүө дьүкээбил уотун оонньооһуна өссө күүһүрбүт этэ. Ыйдаҥа муора куйаарын туналҕан сырдыгынан кууһан олус кэрэтик сырдаппыта, халлааҥҥа сулустар үөрбүт харахтарынан чыпчылыһа күлэллэрэ Гриша биһиккини олус дьоллообута.

Муора арыытыгар олох

Подняться наверх