Читать книгу Муора арыытыгар олох - - Страница 4

Тунал хаар үөрүүтэ

Оглавление

Сүр минньигэс сыт таныыбынан дьырылаан киирбитигэр уһукта биэрдим. Дьонум туран-олорон ырааппыттар, тигинэччи оттуллубут тимир ohox аана кыһыл сукуна буола кытарбыт. Соркуойдаммыт эт холумтаҥҥа ууруллубутунан буоллаҕына, биһиги турарбытын кэтэспиттэрэ быданнаабыт бадахтаах.

Сааскы күн сытыы сардаҥалара муус түннүк иэдэһиттэн тэйэн, кырса анньыллар чиэс маһыгар эйэҥнээн, дьирибинээн көстөллөр. Гриша эмиэ уһугунна. Бэҕэһээҥҥи айантан көһүйэ быһыытыйбыт киһи аҕыйахтык тыылламмахтаан ылла, ол кэннэ тура эккирээтэ. Аан чанчыгар ыйанан турар соннортон түбэһиэх санныбытыгар быраҕынаат, бокуойа суох таһырдьаны былдьастыбыт. Муора кылбаа маҥан иэнэ: «Сэмэнчик, тиийэн кэлбиккинэн!» – диэн мичээрдииргэ дылы.

Tүөhү сайа охсон киирэр сааскы салгын санааҕа балык, ньиэрпэ, туустаах уу сытынан салгыйарга дылы. Ити, дьиҥэ, санааҕа эрэ. Санааҕа эрэ. Хайыы-үйэ өлүү аһылыктарын сиэн бөҕөхсүйбүт ыттар сорохторо муора диэкиттэн сыт-сымар ылан олоотоһоллор, сорохторо кэлин атахтарыгар олорон эрэ «быттаннаҕа» буолан илин атахтара биир кэм эйэҥэлэһэллэр, бууттарын хабыаланаллар, сорохторо буоллаҕына, көп түүлээх көҕүстэринэн тиэрэ түһэ сытан, сүр имигэстик имиллэҥнээн, хаар устун ыраахха диэри сурулаан тиийэллэр, ол кэннэ бокуойа суох тура эккирээн, күрдьүккэ күүстээх күөннэринэн сигэнэн, охторо сыһаллар. Оччоҕо хаар күдэҥэ кырса көп түүтүнүү үрэллэҥниир, сирэйи-хараҕы саба тибэр. Доҕорбунаан ыраас хаарга мочоохтоһобут. Гриша күүс-күдэх муҥутаан умса садьыйталыыр. Аҕылаабытым күүһүттэн сүрэҕим көбөн, кулгааҕым тыаһа кус кынатыныы куһугуруур, муора икки биһиги олорор арыыбыт икки биир кэм күөрчэх курдук өрө ытыллар… төбөм эргийэр… үлүскэн үөрүүттэн харахпын быһа симэбин.

Муора арыытыгар олох

Подняться наверх