Читать книгу Бессмертные имена - - Страница 4

Глава II. Василий Котенко – герой гражданской войны
Воспоминания Нюты Гоммерштадт

Оглавление

Итак, из письма Антонины Леонидовны Шарабориной мы узнали, кем были ее родители, как жили и как они стали одними из первых педагогов в Колымском крае. Как ее отец, бывший священник, стал на защиту бедных и обреченных на бесправие того периода. Как мы теперь знаем, отец Антонины Леонидовны был убит вместе с молодым большевиком, комсомольцем В. Котенко. О нем написала в газете «Кыым» его боевая подруга, жена Нюта (Нехама-Лея) Гоммерштадт.

«Урукку ахтыыбар суруйбутум курдук, Якутскай куорат иһин кыргыһыы буола турдаҕына, мин казначейство дьиэтин таһыгар икки кыһыл гвардееһы көрбүтүм. Кинилэртэн биирдэстэрэ т. Рыдзинскай этэ. Оттон кини доҕорун билбэтэҕим. Бу орто уҥуохтаах, хара баттахтаах, сытыы харахтаах эдэр украинеһы сөбүлүү көрөн саҥа аллайа түспүтүм. «Оо, дьэ үчүгэй да уолчаан» диэбиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Ити эппиппин доҕор кыыһым эрэ буолбакка, кини эмиэ истибитэ. Сарсыныгар баланыыссаҕа бааһырбыт пулеметчик Ваня Родионов таһыгар олордохпуна, хоско били бэҕэһээҥҥи «уолчааным» киирэн кэлбитэ. Биһиги хайа-хайабытын тута билбиппит. «Бастакы көрсүһүүлэриттэн дьылҕалара уонна тапталлара биир» диэн кинигэҕэ суруйалларын курдук буолбута. Ол эрээри ити көрсүһүү түбэспиччэ буолбатаҕа. Бу революция суолугар үктэммит икки эдэр киһи көрсүһүүтэ этэ. Кини миэхэ судургутук кэлэн дорооболоспута уонна: «Вася Котенко диэммин», – диэбитэ. Мин эмиэ табаарыстарым ааттыылларынан: «Нюта Гоммерштадт диэммин», – диэн хардарбытым. Бу күнтэн ыла биһиги Вася Котенколыын эрэллээх доҕордоһуубут саҕаламмыта, олохпут уонна үлэбит Коммунистическай партия ыйбыт суолунан барбыта. Советскай былаас Якутскайга олохтоммут бастакы икки ыйа биһиэхэ үөрүүлээх кэм буолбута. Иллэҥ бириэмэбитин бааһырбыт кыһыл гвардеецтары кытта атаарарбыт, кинилэрдиин доҕордоспуппут. Биһиги Ваня Родионовтыын, бырааттыы Андрей уонна Лева Кучуктардыын күн ахсын көрсүһэрбит. Бу кыһыл гвардия хорсун санаалаах, үтүө майгылаах буойуннара этилэр. Вася Котенко биһигини кытта мэлдьи барсара. Кини үтүөҕэ дьулуһар революционер, эрчимнээх үлэһит этэ. Коммунизм өрөгөйдөөтөҕүнэ олох хайдах буолуохтааҕын кэпсиирэ, коммунизм идеялара хайаан да кыайарыгар бигэтик эрэнэрэ, норуот дьыалатын көмүскүүр иһин, социалистическай хаһаайыстыбаны тутар иһин ыҥырара. Ол бириэмэҕэ үлэ муҥура суоҕа. Биһиги саҥа үөскээбит Советскай былааһы бөҕөргөтүүгэ көмөлөһөрбүт. Контрреволюция быстах бириэмэҕэ тууйар кэмэ кэлиэ диэн санаабат этибит. Ол гынан баран, хомойуох иһин, Якутскайга өлөрөр-алдьатар этэрээттэр чугаһаан иһэллэр диэн сурах кырдьык буолбута. Биһиги байыаннай күүспүт дуона суоҕа. Кыһыл гвардеецтар этэрээттэрин үксэ Лена өрүс үөһээ өттүгэр барбыта. Биһиэхэ умнуллубат хомолтолоох күн – атырдьах ыйын 5 күнэ буолбута. Бу күн өстөөх чугаһаабытын уонна командование куораттан көһөрү наадалааҕынан аахпытын билбитим. Ити икки хонук иннинэ Вася Котенколаах хаһыа да буолан «Иннокентий» борохуотунан разведкалыы баралларын, өстөөх туһунан сибидиэнньэ төһө кырдьыктааҕын билэн баран, бүтэһиктээх быһаарыы ылылларын эппитэ. Кини суоҕар көһүллүбүтэ. Мин кинини эргиллэн кэлбит «Иннокентий» борохуокка көрсүбүтүм. Якутскайтан тиэтэлинэн барыыны киин командование таҥнарыынан сыаналаабыта: «Тугу да билбэккэ, өстөөх чугас суоҕун көрбүт разведка эргиллэн кэлэрин күүппэккэ ханна туһаайыах куотуу кимиэхэ наадалааҕый? Бэйэтин дьылҕатын биһиэхэ итэҕэйбит нэһилиэнньэни хаалларыы ама таҥнарыы буолбатах дуо?!» Аҕыйах киһилээх разведка этэрээтинэн хаалыы кыаллыбат суол этэ, онон кини Бүлүүгэ барбыт сүрүн этэрээти эккирэппитэ. Барарыгар сотору көрсүөхпүт диэбитэ… Контрреволюция күннэрэ саҕаламмыттара. Гордеев этэрээтэ кэлбитэ. Марха таһынааҕы кыргыһыыга биһиги этэрээппит хотторбута. Сорохтор өлбүттэрэ, сорохтор түрмэҕэ хаайыллыбыттара. Ол гынан баран, биһиги контрреволюцияны утары охсуһар санаабыт хаалбатаҕа. Кыргыһыыга өлбүттэри көмүүгэ демонстрация тэриллибитэ. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Вера Синеглазова дьиэтигэр кини аатын бэлиэтээри мустубуппут, онно Кыһыл Кириэс үлэтин чөлүгэр түһэрэр эрэ буолбакка, урукку биэстии киһилээх партийнай бөлөхтөрү түмэргэ быһаарбыппыт. Хаайыллыбыт табаарыстарбытыгар көмөлөһөр үбү хомуйбуппут. Баскыһыанньа ахсын кинилэргэ ас илдьэн биэрэрбит. Хаайыыга сытар доҕотторбут санаалара көтөҕүллэн биһиэхэ суруйаллара. «Таля Атласоваҕа уонна К. үчүгэйдик олоробут, бириэмэни көрдөөхтүк атаарабыт. Баскыһыанньаҕа аҕалбыт кэһиигит, ордук чүмэчигит иһин махтанабыт, уруккуну саныыбыт. Эҕэрдэлиибит уонна ууруубут: Надеин Янбирзугал, Лев Кучук, Ваня Родионов, Лантик, Мандерскай».

…Биһиги табаарыстарбытын көскө атаарбыттара. Күһүҥҥү түүн бириистэҥҥэ хомо уҥуоргу өттүгэр мустубуппут. Барааччылары кытта бырастыыласпыппыт, кинилэри умнуохпут суоҕа уонна үлэбитин салгыы ыытыахпыт диэн эрэннэрбиппит. Ити да кэнниттэн түрмэҕэ сүүстэн тахса киһи хаалбыта. Биһиги кинилэри кытта сибээстэһэр уонна кинилэртэн сорудах ылар этибит. 1918—1919 сыллардааҕы кыһын устатыгар күүһү түмэр үлэ ити курдук ыытыллыбыта. Мин көскө ыытыллыбыттары уонна үөрэххэ барбыттары кытта, ордук Белла Альперовиһы (Ося Альперович балтын) уонна А. Атласованы кытта мэлдьи суруйсарым.

Ол суруктар биһиги оччотооҕу санаабытын көрдөрөллөрө. Биир суругу толору аҕалабын: «Күндү үтүө дүөгэлэрим Белла уонна Таля! Дорооболоруҥ. Дьэ, билигин сиһилии суруйар түгэннэнним. Сорох табаарыстары атаарыы, кэлээччилэри көрсүһүү элбэх бириэмэни ылла. Бука барыларын кэриэтэ, Осяттан уонна Кугаевскайтан ураты бары үөрэнээччилэри, өрүс баһыгар көскө ыыттылар. Барааччылар туохтара да суох. Таҥастара-саптара тырыттыбыт. Атах сыгынньахтар. Ол үрдүнэн кинилэри көскө утаараллар! Киренскэйгэ тиэрдэн баран босхолообуттар. Уулуссаҕа туга да суох мээнэ быраҕыллыбыт биһиги күндү табаарыстарбыт тугу оҥоруохтара баарай? Бары бааһынайдарга наймылаһан үлэлээбиттэр. Аҕыйах харчыны булунаат, сатыы барбыттар. Кинилэр аччык, таҥаһа суох тоҥон-хатан айаннаабыттар, суолга сыыстаран ыалдьыбыттар. Биһиги хаста да ыыппыт харчыбыт кинилэри кыһалҕаттан таһаарбатах. Үөрэнээччилэр бастаан коммуна тэриммиттэр, ол гынан баран коммуналара үрэллибит. Ваня Буткевич, Пясецкэй ойоҕостоппут, оттон Эдя атаҕын үлүппүт (18 дьаамы сатыы ааспыттар). Кинилэртэн хаһан эмит открытка ылабыт. Суругу ыыталлара буолуо да, биэрбэттэр. Витя Вик Иркутскайга, Карпель Киренскэйгэ хаалан бараннар Якутскайга кэлэргэ көҥүл биэрэллэригэр көрдөспүттэр. Клаша, Феня, Дора уонна Ниса Иркутскайга бааллар. Аны Вася туһунан. Кинини манна түрмэҕэ аҕалбыттара ый буолла. Бүлүү тыатыгар эрэйдэнэн баран бэринэргэ күһэллибит. Онно түрмэҕэ ыалдьыбыт. Түөһүгэр экзема тахсыбыт, сүрэҕэ мөлтөөбүт. Кинини балыыһаҕа киллэрэри үрдүк сололоох түрмэ начальнига көҥүллээбэтэх. Арыый үтүөрбүтүн кэннэ, Якутскайга аҕалбыттар. Билигин үчүгэй буолла. Кинилиин сотору-сотору суруйсабыт, аһылыгы уонна да атын наадалааҕы илдьэн биэрэбит. Хаайыылаахтарга барыларыгар кыах баарынан көмөлөһөбүт (милосердие коммуната аны да үлэлиир). Билигин 130 хаайыылаах баар. Кинилэр ортолоругар атын сиртэн кэлбит интеллигеннэр элбэхтэр. Астара куһаҕан буолан, үгүстэр цинганнан ыалдьаллар. Кинилэри аны үс ыйынан босхолууллар үһү. Биһиги олохпутун баһылааччылар сууттааһыннара итинник. Эриэн үөннэр, сидьиҥнэр өллүннэр! Итэҕэй, эрэн уонна күүт. Күндү табаарыстарым Белла уонна Таля, дьэ, ол кэнниттэн биһиги кинилэргэ көрдөрүөхпүт. Гимназияҕа үөрэнэбин. Быһыы-майгы киһи тулуйбат үлүгэрэ, тула өттүгэр өһүөннээх санаалаах, албын-көлдьүн атын доҕоттор. Мин үтүө дьүөгэлэрим, билигин эһигини көрсөн, санаабын барытын кэпсиэхпин баҕарабын. Сымыйалааһын, албыннааһын уонна кубулунуу манна олохсуйдулар. Дьэ ити барыта кыраныы. Васяттан, Янаттан, Осяттан эҕэрдэ. Суруйдум, ууруубун, эһиги Нютаҕыт».

Бу суруктан көстөрүн курдук, Вася Котенко бэйэтин табаарыстарыныын, ол иһигэр Федя Оленевтыын, Степа Аржаковтуун уонна да атыттардыын Бүлүү түрмэтиттэн Якутскай түрмэтигэр 1919 сыллааҕы күһүн аҕалыллыбыттар. Биһиги кинилэргэ материальнай көмөнү оҥорбуппут, бары событиялары билиһиннэрбиппит. М. Потапова уонна кини быраата врач көмөлөрүнэн мин түрмэни кытта сибээстэспитим, Вася Котенканы кытта баланыыссаҕа көрсүбүтүм. Биһиги инники үлэбит туһунан кэпсэппиппит. Мин фроннааҕы балаһыанньаны, кыһыл этэрээттэр Лена өрүс сүнньүнэн сырыыларын уонна да атыны иһитиннэрбитим. Кини Бүлүү түрмэтигэр сытааччылары Якутскайга аҕалар туһнан эсердэр салайааччыларын Клингофтуун кэпсэтэрбитигэр табаарыстарын ааттарыттан көрдөспүтэ. Мин туох кыалларын барытын оҥоруом диэбитим уонна сотору Якутскайга көрсөр баҕалаах арахсыбыппыт. Бүлүүттэн кэлэн баран Клингофтуун кэпсэтиибэр Бүлүүтээҕи табаарыстары кинилэр доруобуйаларын туругун учуоттаан туран Якутскайга аҕалар наадалааҕын туһунан көрдөспүтүм. Бу кэпсэтиһиим төһө көмөлөспүтүн билбэппин. Ол гынан баран, биһиги Бүлүүтээҕи дьоммутун Якутскайга аҕалыы быһаарыллыбытын үөрүүнэн истибиппит. Кинилэр Якутскайга аҕалыллыбыттарын кэннэ, мин В. Котенканы кытта элбэхтэ суруйсубутум. Кини көҥүлгэ тахсан революционнай охсуһуутун салгыырга олус баҕарара… Түрмэҕэ сытар большевиктар бириэмэни таах сүтэрбэтэхтэрэ. Кинилэр восстание оҥорорго былааннаммыттара. Кэлин биһиги сэриилэрбит Усть-Куту ылбыттарын уонна Лена устун иһэллэрин истэн бараннар, восстание буолар түбэлтэтигэр анаан түрмэҕэ революционнай штабы талбыттара, ол штаб састаабыгар В. Котенко эмиэ баара. Восстание 1919 с. ахсынньы 15 күнүгэр анаммыта. Мин итини М. Мегежескэйтэн уонна хаайыыга сытар Котенкалаах Аржаковтан истибитим. Түүн 12 чааска хаһаарымаҕа тиийиэхтээҕим (саллааттар биһиги диэки этилэр), ити кэмҥэ дьиэ умайан, куорат уотунан сандаарбыта. Нэһилиэнньэ баһаарга мустубута. Ол бириэмэҕэ биһиги хаһаарымаҕа барбыппыт. Восстанияҕа үрүҥ гвардеецтар соччо утарсыбатахтара. Кинилэр былаастара соҕуруу киин сиргэ айгыраабытын, кыра охсууттан да эстэр буолбутун билбиттэрэ. Ол түүн миигин штабка хаалларбыттара. Үрүҥ гвардеецтар командаларын начальнигын капитан Каминскайы аан маҥнайгынан тутан аҕалбыттара. Кини куттанан сарай отугар саспытын булбут этилэр. Иккиһинэн поручик Расторгуевы, кини кэнниттэн кыра чыыннаахтары аҕалбыттара. Кинилэр бары өлбүт-өспүт көрүҥнээхтэрэ. Оттон биһиги төрөөбүт-үөскээбит Сахабыт сиригэр Советскай былааһы чөлүгэр түһэрэр кэскиллээх үлэбит саҕаламмыта. Мин ити бириэмэҕэ дьылҕабын бэйэм бойобуой доҕорбун В. Котенканы кытта холбообут кэмим этэ. М. Аммосов телеграмматынан салайтаран, биһиги В. Котенко быһаччы кыттыытынан «Эдэр коммунист куруһуога» диэн ааттаан ыччат тэрилтэтин тэрийбиппит. 1920 сыллаахха бэс ыйыгар, С. Васильев Якутскайга кэлбитин кэннэ, Саха сиригэр төрүттэммит ыччат Коммунистическай Союһун Устаабын аҕалбыта. Иркутскайга комсомол губкомугар үлэлээбит опытын билиһиннэрбитэ. С. Васильев улуустарга саха ыччатын комсомолга тардыбыта, ячейка тэрийбитэ. Кини партийнай үлэҕэ да сылдьан комсомольскай тэрилтэҕэ мэлдьи көмөлөһөрө. Комсомол оччотооҕу салайааччыта Р. Цугель киниэхэ улаханнык махтанара. Мин комсомольскай үлэни таһынан дьахталлар ортолоругар үлэлээбитим, оҕо дьиэлэрин тэрийсибитим. В. Котенко уобаласка былаас үрдүкү органа буолбут Кыһыл Армия революционнай штабын чилиэнинэн үлэлээбитэ. Кинини Москваҕа Свердлов аатынан партийнай университекка ыыппыттара. Үөрэхтэн 1921 сыл бүтүүтүгэр эргийэн кэлбитэ. Совнархоз председателинэн уонна РКП(б) губкомун чилиэнинэн үлэлээбитэ. Халымаҕа балаһыанньа күчүмэҕэй буолбутугар Свердлов аатынан университеты бүтэрбиттэртэн түөрт буолан (В. Котенко, А. Кугаевскай, В. Чижик, В. Синеглазова) онно барарга көрдөспүттэрэ. Губбюро секретара Г. Лебедевы кытта кэпсэтии кэнниттэн Вася түүн икки дуу, үс дуу чаас саҕана кэлбитэ. Миигин Халымаҕа барыс диэбитэ. Кыһын кыра оҕолоох (уолбут биир саастаах этэ) барар кыаллыбатынан мин кэнники барарбар сөбүлэспиппит. Кини ханна куттал суоһаабыт, ханна үлэ элбээбит сиригэр дьулуһара. Сарсыныгар Губбюро мунньаҕа буолбута. Ордук бэлэмнээх үлэһиттэри биир сиргэ түмэр сатаммат этэ. Онон В. Синеглазованы Бүлүүгэ анаабыттара, В. Чижиги Якутскайга профсоюзнай үлэҕэ хаалларбыттара, оттон А. Кугаевскайы уонна В. Котенканы Халымаҕа ыыппыттара. Онтон ыла мин кинини көрбөтөҕүм. В. Котенканы кыыллыы муҥнаабыттар. Үрүҥ гвардеецтар дэлби кырбаабыттар, ат кутуругар баайа сылдьан уулуссаҕа состорбуттар. Итинник муҥнаан баран Деревянов ытан өлөрбүт. С. Аржаков трубкалыы эриллибит бөппүрүөскэ кумааҕытын миэхэ биэрбит күнүн үчүгэйдик өйдүүбүн. Кини: «Халыматтан кэлбит ханнык эрэ аҕабыыттан ыллым», – диэбитэ. Бу өлөрүн билбит киһи аҕыйах тыллаах суруга этэ: «Мин өллүм. Уолбутун үчүгэйдик иит, дьоһуннаах киһи, охсуһааччы оҥор». Мин кини кэриэһин толорбутум. Уолум Юра аҕатыгар достойнай буола улааппыта. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Советскай Армия кэккэтигэр доброволеһынан киирбитэ уонна Воронеж куоракка сырдык олохторун биэрбит байыастарга туруоруллубут памятникка суруллубутун курдук, хорсуннар өлүүлэринэн өлбүтэ».

Л. Котенко,

1918 сылтан ССКП чилиэнэ

Бессмертные имена

Подняться наверх