Читать книгу Ньоҕой эрэл - - Страница 1
Дьүөгэлиилэр үктэллэрэ
Үһүс үктэл: 60 саас
ОглавлениеМаҕаһыыҥҥа атыыланар маҥан сэлээппэлэри төбөлөрүгэр ууруммут, сайыҥҥылыы сырдык кылгас бүрүүкэ, куопта кэппит, уһун айантан сылайбыт-элэйбит, тириппит-хоруппут алта уоннаах дьахталлар, аналлаах хосторугар киирэн, оронноругар сууллан түстүлэр.
– Һуу, аата сылайдахпын. Бу чахчы ыра санаа оҥостубут дойдубутугар Турцияҕа кэлэн, Грин Макс отельга түһэн сытабыт дуо? Аата, төһө да сылайан сэниэ-сыра эһиннэр, сүргэм көтөҕүлүннэҕин! Дьэ, остуоруйа дойдута диэн манна баар эбит, – Настя оронугар илиитин быластыы быраҕан сытан, дуоһуйбут киһи быһыытынан күлэн лэһигирэттэ.
– Дьэ, кырдьык, санаан, харахтаан да көрбөтөх сирбитигэр кэлэн олорорбутугар, Арианабытыгар махтанабыт. «Турцияҕа бардыбыт, путевка баар, ылабын дуо?», – диэбитигэр олох итэҕэйбэтэҕим. Эмиэ үөннүрэн этэр дии санаабытым, – Марианна, күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү, паркет муостаҕа хааман дыгыйар.
– Ээ, сэрэйдэхпинэ итэҕэйбэтэххит чуолкай. Куруутун дойдубутугар дэриэбинэҕэ эрэ көрсүөхпүт дуо? Бу сырыыга кыраныысса таһыгар көрсүөххэ дии санаабытым. Биирдэ төрүүр үйэҕэ атын дойдуну көрүөххэ буоллаҕа дии. Биһиги да сааһырдыбыт, аны 75 сааспытыгар дойдубутугар көрсүөхпүт, – Ариана атаҕын истиэнэҕэ өрө тэбэн сытан саҥарар.
– Тоҕо 75 сааспытыгар? 80-мутугар буолбатах дуо? – дьахталлар иккиэн саҥа аллайа түһэллэр. – Эйигиттэн атын кими итэҕэйиэхпитий? Эппит тылгын барытын олоххо киллэрдиҥ.
– Хата, инньэ диэҥ. 80 саас – ыарахан саас. Кырдьан-бохтон олорон, баҕар, сатаан кэлиэхпит, мустуохпут суоҕа. 70 сааска үбүлүөйдээбэттэр, 75 сааспытыгар оҕолорбутун, сиэннэрбитин илдьэ мустуохпут.
– Кыргыттаар, 20 сааспытыгар Айыыһыппыт тугу биэрбитэй? Санааҥ эрэ. Мин кыыһым Ньургуйаана, Марианна кыыһа Сахайаана төрөөбүттэрэ. Онтон 40 сааспытын бэлиэтээбит кэрэ умнуллубат күҥҥэ Арианалаах Гриша, ыал буолан, уоллара Сөрүөскэ күн сирин көрбүтэ. Оттон 60 сааспытыгар Айыыһыппыт тугу бэлэхтиир? – Настя таайтарыылаахтык туттан олорон саҥарар.
– Аны хайабыт да төрөөбөт ини, – Марианна күлэр.
– Көрсүбүт күннэрбит барыта Айыыһытынан муҥурданар, мээнэҕэ көрсүбэтэх, түмүктээх буолаллар эбит диэн Дьылҕа Хааҥҥа махтанар эбиппит. Бүгүн бөлүһүөктүөхпүн баҕардым.
– Настя маладьыас, түмүгү бэркэ оҥордуҥ. Ол эрээри 60 сааспыт эмиэ тугунан эрэ үчүгэйинэн түмүктэниэхтээх. 60 сааспытыгар бары ийэ, эбэ оруолун толорон дьоллоох дьиэ кэргэн буоллубут, үлэбитигэр үлэ туйгуннара ааты ылбыппыт улаханы этэр. Настя биэс оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анал бэлиэлээх. Марианна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, улууска биллэр хореограф, Сахайааната икки оҕону, үс сиэни бэлэхтээн дьоллоото, оттон мин саамай кэлин ыал буолан уол оҕолонон, билигин биир ыйдаах сиэннээхпин, ол – мин дьолум буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунабын, учууталларын учууталларабын. Үчүгэй буолбат дуо, үс саха дьахтарын олоҕун үчүгэйдик олорбуппут? Төрөппүттэрбит барахсаттарга кырдьар саастарыгар дьоһуннук сыһыаннаһан, иэспитин толору төлөөбүт дьоллоохпут, – Ариана өссө да уһуну этиэҕин, дьүөгэлэрэ «сөп буолуо» диэн тохтотон кэбистилэр.
– Үһүс көрсүһүүбүтүн лоп курдук 60 сааспытыгар көрүстүбүт. Ариана барыбыт аатыттан отчуоттаата. Бары да идэбитин сөпкө талан, үлэ бөҕөнү үлэлээн, аат-суол бөҕө ылбыппыт. Онон, «Үлэ – дьылҕа бэлэҕэ» диэн бу түһүмэхпитин ааттыаҕыҥ, – Настя этиитин түмүктүүр.
– Настя, бэркэ эттиҥ. Турцияҕа күүлэйдии кэлбит дьон быһыытынан, хаһан да көрсүбэтэх курдук сэлэһэ олоруохпут дуо, аһаан баран Средиземнай муораҕа сөтүөлүү барыаҕыҥ, – сөтүөлүүр купальнигын кэтэн, бэйэтин 60 сааһыгар эдэр кыыс курдук көрүҥнээҕин билиммит Марианналара, үҥкүүлүүрдүү туттан атаҕын төбөтүгэр дугунан хаамыталыырын дьүөгэлэрэ сэргии көрөн олордулар.
– Турцияны хоту өттүттэн Хара муора, арҕааттан Эгейскэй муора, соҕурууттан Средиземнай муора тулалыыллар эбит. Муора күөх баалларынан быһыта сынньара, долгуннара төттөрү-таары охсуллан түллэҥнииллэрэ көрүөххэ үчүгэйин. Долгун кэллэҕинэ, киһини түҥнэри охсоро сүрдээх. Мин кутталбыттан харахпын симэн, сыаптан тардыһан, нэһиилэ турбутум, – Настя күлэн мүчүҥнүүр.
– Өйдөөх дьахтар, эт эрэ, бу куораппыт аата Белек дуо? – Марианна Ариананы үөннээхтик көрөр.
– Белек – саҥа куруорт куорат. Саҥа буолан дьиэлэрэ, көҕөрдүүтэ оһуобай. Оттон сарсын мантан чааһынан айаннаан тиийиллэр былыргы, аан дойдуга биллэр Анталия куоракка экскурсияҕа барабыт, – Ариана, сирэйин-хараҕын тупсарына олорон, астыммыт куолаһынан кэпсиир.
– Аһыы барыаҕыҥ, – дьахталлар хосторуттан тахсан, бэһис этээстэн бэрт сылбырҕатык туттан түһэллэр. Лиип баар да туһамматтар, доруобуйаҕа туһалаах диэн наар хаама сатыыллар. «Сарсыарда син биир зарядкалаан өрө мөхсүбэппит, онон, саатар, хаамар балаһыанньа баар буоллаҕына, хаамыаҕыҥ», – диэн тыллаахтар.
Тото-хана аһаан, муораҕа чааһы быһа дуоһуйа сөтүөлээн, хосторугар киирэн таалалыы сытан, астына кэпсэтэ сыттылар.
– Кыргыттаар, эрэстэрээҥҥэ күҥҥэ биэстэ аһыыры таһынан, бассейҥҥа, павильоҥҥа, кэнсиэрдиир-сынньа- нар саалаларга тугу сөбүлээбиппитин төһөнү кыайарбытынан тото-хана, босхо аһаабыппыт – Турция баай-талым, кыахтаах судаарыстыба буоларын көрдөрөр. – Настя истиэнэҕэ атаҕын өрө тэбэн сытан дуоһуйбуттуу саҥарар. – Аатырбыт Османскай империя сиригэр илэ үктэнэн, муоранан уста сылдьарбыт бэйэтэ кэрэ түүл курдук.
– Оннук. Настя сөпкө этэҕин. Боростуой саха дьахтара маннык кэрэ дойду баара буолуо диэн санаабат да этим, – Марианна киэҥ оронугар күөлэһийэн ылар.
– Настя, Марианна, субуота, өрөбүл күннэргэ сылы быһа алта чаастан саҕалаан тэлэбиисэртэн арахпакка көрбүт «Великолепный век» сэрийээлгитин Турция киинэ саалатыгар биир эмэ сиэрийэни көрүөххүтүн баҕарбаккыт дуо? – Ариана эппитигэр дьахталлар иккиэн «ханна, хаһан?» диэбитинэн оронноругар олоро түстүлэр.
– Оо, олох кыра оҕолор курдуктар. Үүт-үкчү кыргыттаргыт Сахайаана уонна Ньургуйаана курдук буоллугут дии. Чэ, барыаҕыҥ. Мааҕын кэпсэппитим. Билигин такси ыҥырыахпыт. Бүгүн эрэ көрөбүт. Сарсын толкуйдаабаккыт. Манна киинэ көрө кэлбэтэххит, – дьүөгэлэрэ кытаанах соҕустук саҥарар.
– Оннук, оннук, – дьахталлар өрө көтө түһэллэр. Таҥныбытынан бараллар.
– Ыксааҥ. Чаас ыраатта. Сулейман султан, Хюрем хотунтан ордон, эһигини көрбөтө буолуо. Арай кыраман ыраах, аргыардаах ахсынньы, торулуур тохсунньу тымныылаах Саха сириттэн кэлбит, эт бүтэй уҥуохтара, уҥуох бүтэй силиилэрэ көстөр кыргыттар диэн сонургуур ини, – Ариана толуу бэйэтэ сүрдээх сымсатык туттан хоһуттан тахсан барбытын, дьахталлар түүппүлэлэрин кэтэ-кэтэ эккирэттилэр.
– Оо, дойдубун аҕыннахпыан… Хаһан дьиэбэр тиийэн ынахтарбын курулаччы ыыбын, сибиинньэлэрим өрө хаһыҥыраан аһаан-сиэн тиргиллэллэрин, сирэйдэрин буорга анньан тиҥсирийэллэрин көрөбүн, кууруссаларым төһө эрэ сымыыттаан эрэллэр, оттон Кубачаанам чоппуускаларын таһааран, төһө эрэ көҥөнөн сарахаччыйан эрэр… Оо, аҕыннахпыан. Ахтылҕаннаах уһаайбабар хаһан астына хаама, кэлэ-бара, дуоһуйа сылдьар буолабын, – Настя астыммыт киһи быһыытынан оронугар тиэрэ түһэн сытта.
– Хайыы, бу дьахтар кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин ахтыбакка-санаабакка, ынахтарын, чооскуларын, чоппуускаларын саныы сытар буоллаҕа үһү. Пахай даҕаны, – Ариана сөҕөн чыпчырынан кэбистэ. – Саатар, Максим уолу баҕас санаабаккын дуо, ама?
– Оннук ээ, – Марианна сэҥээрэбин диэн тылыттан хабылынна.
– Марианна, эн саҥарыа да суох эбиккин, – Настя сөбүлээбэтин биллэрдэ.
– Сөп, сөп.
– 40 сыл ааста. Умнуллар да кэмэ буолла. Кыргыттаргыт 40 саастарын туолан, ийэ буола охсон, сиэннэннилэр. Киһи көрө таптыах, үүт-үкчүлэр, тутталлара-хапталлара да биирдэр. Айыы даҕаны, баччааҥҥа диэри ону саҥарса сылдьаҕыт, – бас-көс хотуннара сэмэлээбиттии көрөр. Дьахталлар балачча саҥата суох олорбохтууллар.
– Күн бүгүнүгэр диэри, мин үчүгэй сыһыаннаах буоламмын, арахсыспакка, Турцияҕа тиийэ бииргэ сылдьар инибит, – Настя өһүргэммиттии чиҥ соҕустук саҥарар.
– Ээ, чэ, атыны кэпсэтиэҕиҥ. Олох диэн олох буоллаҕа. Мутугунан быраҕар муҥур үйэҕэ киһи сыыһара кэмнээх буолуо дуо, ону үйэ тухары сирэй-харах анньар табыллыбат, – Марианна, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, иэҕэс-куоҕас гынар.
– Оннук. Олох олоруу – ыраас хонууну туорааһын буолбатах. Оттон биһиги дьоллоох кэмҥэ олордубут, биһиги үйэбитигэр хааннаах сэрии буолбата, ол эрээри кыһалҕалаах күннэр син буолан аастылар. Биһиги кэммитигэр, мин сыыспат буоллахпына, 1997—1998 сылларга хамнас сылынан кэлбэккэ эрэйи да көрбүппүт. Ол эрээри аччыктаабатахпыт. Сорохтор аччыктаабыппыт диэн омуннураллар да, аччыктааһын олох суоҕа. Онтон сыл буолан баран хамнас кэлбитигэр, атыттары туох да диэбэппин, учууталлар куоракка киирэн дьиэ ылбыттара, массыына атыыласпыттара сымыйа буолбатах. Онтон, 1991 сыллаахха сэбиэскэй былаас эстибитигэр, сопхуостар ыһыллаллар. Харчы реформата буолан, уурдарыыларбыт «умайан», илиибитин соттубуппут. Ол эрээри норуот ортотугар улахан айманыы суоҕа, ол арааһа, тыа сирин сахатын дьоно барахсаттар улахан уурдарыыбыт суоҕуттан быһыылааҕа. Арай ийэлэр барахсаттар оҕолоро 18 саастарыгар ылыахтаах биэс тыһыынчалара умайбытын кэпсэтээхтииллэрэ, – дьаһалталара Ариана кэпсэтиини салгыыр.
– Оттон, кыргыттаар, ваучер биэрбиттэрин өйдүүгүт дуо, 100 тыһыынчалаах, ол билигин да күндүтүк хараллан сытар. 1993 сыллаахха мөлүйүөнүнэн хамнас ыла сылдьыбыппыт. Дьэ, араас да буола сылдьыбыт эбиппит.
– Дьэ, кырдьык бэйэтэ эмиэ туспалаах олоххо олоро сылдьыбыппыт. Сопхуос эстэн, паай үллэстиитигэр араас барыта буолбута. Сопхуоска хас сыл үлэлээбитинэн паайы аахпыт аатырбыттара да, чиэһинэйэ суох баҕайытык түҥэппиттэрэ. Хотонтон сүөһүнү сиэтэн барыыны мин олох сөбүлээбэтэҕим. Кимнээх эрэ «Беларус» тракторга олорон барбыттара. Кимнээх эрэ сыптарыйан эмэһэтэ барыта саах буолбут ньирэйи хотонтон сиэтэн таһаарбыттара. Паайы түҥэтэр хамыыһыйа куһаҕаннык, чиэһинэйэ суохтук үлэлээбитэ, – Настя өссө да элбэҕи саҥараары уоһун-тииһин оҥостубутун, «ээ, чэ, оччотооҕуну кэпсэтэн бүтүөҕүҥ» диэн саба саҥаран тохтоттулар.
– Кырдьыгынан эттэххэ, мин дьиэбин ахтыбыт эбиппин. Оҕонньорбун, оҕобун олус да ахтыбыппын. Уолум быйыл оҕолонон төһө эрэ түбүгүрэн, оҕо таҥаһа сууйан, сүүрэ-көтө сылдьар. Быраас үөрэҕэр киирэн, баҕа санаам туолан эрэриттэн үөрэбин. Оттон Гришам барахсан даачатыгар үлэлии-хамсыы сырыттаҕа. Оҕурсутун, помудуорун, хаппыыстатын, моонньоҕонун, хаптаҕаһын оҕо курдук бүөбэйдиир, – Ариана астыммыт киһилии тыыллаҥнаан ылар.
– Ариана абыраммыт да дьахтар. Ити үлүгэрдээх үүнүүнү Гриша бэйэтэ кэнсиэрбэлиир, барыанньалыыр. Мааны дьахтар барыта бэлэмҥэ сылдьар, бэл, чэйин да куттубат. Баһаалыста, бэлэм остуолга олорон эрэ абырыыр. Туһааннаах үлэтигэр астына-дуоһуйа үлэлиир буолан, үлэтэ тахсыылаах, – Настя күлэн лэһигирэтэр.
– 40 сааскытыгар диэри тоҕо бэйэҕит көрбөккө соҕотохтуу сырытыннарбыккытый? Кэргэн тахсыа этигит буоллаҕа. Кырдьа барбыт уол оҥорон, кырытыннаран олордубуккут дии, – Арианалара бэлэһинэн күлэр.
– Ол да буоллар, биһиги холбооботохпут буоллар, иккиэн кырдьа барбыт кыыстаах уол буолан олоруо этигит. Уолгут, нэһилиэнньиккит, күн сиригэр кэлэр дьылҕата тартаҕа, – Настя хаалсыбат.
– Чэ, кыргыттар, дьээбэлэһэн бүтүөҕүҥ. Барарбыт да чугаһаата. Пуорка чааһынан киирэбит, – Марианна көх-нэм буолар. – Хата, оччоҕо 80 сааспытыгар көрсөбүт дуо?
– 80 саас – кутталлаах саас. Ким эрэ ыалдьыа, ким эрэ кырыйдыбыт диэ, кими эрэ оҕолоро ыытыахтара суоҕа. Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа буоллаҕа, – хотуннара, дьаһалтата киирэн, сэргэхсийэ быһыытыйар.
– Бэйэбит дойдубутугар, бөһүөлэкпитигэр баҕас, сыыллан да тиийэр инибит, – Настя өс-саҕа буолар. – Онон туох диэри гынаҕын?
– Аны лоп курдук 75 сааспытыгар көрсүөхпүт, ол эбэтэр уон биэс сылынан мустабыт. Үс аймах ыһыаҕын тэрийиэхпит. Оҕолорбут, сиэннэрбит мустуохтара, хапсаҕайдаһан, тустан хачымахтаһыахтара, мас тардыһан чиччигиниэхтэрэ, оһуохайдаан түһүлгэни тэнитиэхтэрэ, сахалыы ыллыахтара, үс араа-бараа дьүөгэлии кыргыттар төрөөн-ууһаан, саханы саха дэппиттэрин дьон-сэргэ көрүө, кэлин кэпсээҥҥэ киириэхпит, номоххо ахтыллыахпыт буоллаҕа. Онно төрөөбүт нэһилиэкпитигэр ааппытын ааттатар туох эмэ өттүк харалаах, илии тутуурдаах тиийиэхпит этэ. Хата, уон биэс сылы быһа толкуйдаарыҥ эрэ. Оччолорго диэри туох эмэ көстөр ини.
– Ээ, эмиэ дьикти эбит. Ыһыахха сөбүлэһэбин. Ол эрээри биир этиилээхпин. Ситэри нэһилиэкпитигэр, бу сылтан саҕалаан, оскуола тутуллан бүтүөр диэри, биэнсийэбититтэн быһан биэриэҕиҥ, – Настя этии киллэрэр.
– Ээ, хата, Настя бэркэ эттэ, сөбүлэһэн буоллаҕа. Оҕолорбутугар этиэххэ наада, – дьахталлар көх-нэм буолаллар, бары сирэйдэрэ сырдыыр. – Оччолорго да, сүһүөхпүт үрдүгэр тура эрэ сылдьар буоллахпытына, биир ыһыаҕы тэрийэр инибит.
– Оннук, оннук. Аны уон биэс сылынан төрүт дойдубут оонньуутун – ыһыаҕы тэрийиэхпит диэн илиитэ охсуһан кэбиһиэҕиҥ, – Ариана дьүөгэлэрин төгүрүччү турарга ыҥырар.
– Ариана, махтал эйиэхэ. Эн баар буолаҥҥын, Стамбулга Сулейман султан, Хюрем хотун дыбарыастарынан, остуоруйа миэстэлэринэн күүлэйдээн, мэчиэттэринэн сылдьан кэллибит. Түөрт муора тулалаан турар сиригэр, Турцияҕа тиийэр ыра санаабыт туолбутугар, сиртэн халлааҥҥа тиийэ махталбытын тиэрдэбит, – кыргыттар дьүөгэлэрин икки өттүттэн кууһаллар. Ити кэмҥэ Настя төлөпүөнэ араастаан тыаһаан, харса суох ыллаабытыгар ылан, иһиллии түһээт, өрө хаһыыра түһэр:
– Ээ, эчи үчүгэйин! Кыргыттаар, өссө биир үөрүүлээх сонун. Мин кыыһым кыыһа Саня кыыстаммыт, хос сиэннэммиппин! Ол иһин Айыыһыппыт хайаан да биллэн ааһыа диэбитим дии.
– Кырдьык даҕаны… Эҕэрдэ, Настя! Бу өйдөөтөххө, хас көрүстэхпит ахсын Айыыһыттанар эбиппит. 20 сааспытын көрсүбүт сааспытыгар икки кыыстаммыппыт, 40 сааспытыгар ыал буолан, уол оҕоломмуппут, 60 сааспытыгар хос сиэн кыыстанныбыт. Дьылҕа ыйааҕа диэн ити буоллаҕа, – Ариана, элбэх саҥалаахтара, өссө да араатардыаҕын, «чааспыт ыраатта» диэн, тохтотоллор. Дьүөгэлиилэр «һуу-һаа» буолан, сүүрэр көлүөһэлээх чымадааннарын соһон, тахсан бараллар.