Читать книгу Ньоҕой эрэл - - Страница 4
Саҥа кэм – саҥа кыах
II
ОглавлениеНэһилиэк баһылыгын кэбиниэтэ. Истиэнэни кыйа олоппостор кэчигирээбиттэр. «Т» буукуба курдук балтыһахтыы ууруллубут остуолга уонча нэһилиэк актыыба дьон олорор. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыытар граныгар нэһилиэктэн ханнык бааһынай хаһаайыстыба кыттыахтааҕын дьүүллэһэн, сылайа быһыытыйдылар. Баһылыктара Иван Еремеевич кыйахаммыт көрүҥнээх. Бэйэтэ маҥан киһи, сирэйэ үллэ кытарбыт. Хаалтыһын аллара түһэрэн, көстүүмүн нэлэркэйдэнэн олорор.
– Байбал Никииппэрэбис хотонугар төбөтүнэн алта сүөһүлээх. Уонна хайдах киирсиэй? Мин санаабар Уйбаныаптар ордуктар этэ. Төбөтүнэн сүүрбэ сэттэ ынах сүөһүлээхтэр, ону таһынан биир үөр сылгылаахтар. Сыл ахсын уон үс туонна үүтү туттараллар. Оттон Мэкээлискэ уола Данил Бөтүрүөп куораттан саҥа тахсан үлэлээн эрэр. Сүөһүтэ суох, дьонун эрэ киэнэ аҕыйах баар. Базата суох. Аҕата туппут былыргы үйэтээҕи хотонугар тураллар. Икки-үс сыл үлэлээн баран киирсиэн сөп, – Иван Семенович, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, аргыый наллаан саҥарар. Сирэйин хас биирдии мырчыстаҕастара лаампа уотугар эбии дириҥээн көстөллөр.
– Ээ, бу да киһи, былыргылыы бөлүһүөктээмэ эрэ. Эдэр киһини өйүөххэ буоллаҕа. Данил үлэһит, чөл олохтоох уол. Грант ыллаҕына, сүөһү эбии атыылаһыа буоллаҕа. Ол иһин киирсэр. Сүөһүтэ, базата суох диэн үлэлиир баҕалаах эдэр киһини самнары баттыыр сүрэ бэрт буолаарай? Бу грант икки бырагыраамалаах: «Саҕалааччы пиэрмэр» уонна «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн. «Саҕалааччы пиэрмэр» бырагыраамаҕа тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх куорат дьоно, сааһыттан тутулуга суох, кыттар диэн суруллан турар. Эдэр ыччат, ханна да тэлэһийбэккэ, төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьыахтаахтар. Мин саныахпар, бу грант сүрүн сыала тыа сиригэр ыччаттары олохсутуу буолар, – Ким Николаевич, сир тойоно, иннин биэрбэттии ойон тура-тура, омуннаахтык илиитинэн далбаатанан ылар.
– Чэ, түмүктүөҕүҥ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас грант бэриллэрэ биллибэт. Онно биһиги нэһилиэктэн үс хаһаайыстыба кыттар. Үһүөннэригэр биэрбэттэрэ чуолкай. Табыллыбатахтарына, хайалара да тиксимиэн сөп. Онон бука бары биир киһиэхэ санаабыт түмүллүөхтээх. Бэйэбит нэһилиэкпит иһигэр дьаһалта үлэһиттэрэ, тус-туспа санаалаах уон аҥыы сылдьар буоллахпытына, кураанаҕы кууһарбыт чуолкай. Онон мин санаабар, Байбал Никииппэрэбис киирсэрэ сөп. Бастакытынан, удьуордаан туран ынах сүөһүнү иитэр аймах. Иккиһинэн, биисинэс-былаанын иһиттигит дии, барыларыттан ордук. Үсүһүнэн, бэйэтин эрэ сүөһүлэринэн муҥурданар санаата суох. Улахан биир кэлим хотон туттан, нэһилиэнньэттэн ынах сүөһү ылан иитэн биэрэр баҕалаах. Үчүгэй буолбатах дуо? Көрдөрө биэрэр дьон да, мин саныахпар, улаханнык ночоотуруо суох курдуктар. Ол курдук, хаһаайыстыбаттан кыһыҥҥы өттүгэр төһөнү биэрэллэринэн ыанар ынаҕы ылар. Ыыр кэмигэр, ыанар ынах биир ыйга төһө киилэ үүт биэрбититтэн көрөн, биэс бырыһыанын хамнаска ылар, уоннааҕытын хаһаайыҥҥа биэрэр. Биллэн турар, хаһаайыннар бэйэлэрэ отторун оттууллар, тиэйэн биэрэллэр. Бааһынай хаһаайыстыба барыһа диэн: төрөөтөхтөрүнэ, хас ынаҕы биэрбиккиттэн көрөн, аҥаарын бэйэтигэр ылар. Холобур, түөрт ньирэйтэн иккитин бэйэтигэр хаалларар. Олус бэркэ толкуйдаммыт. Ким да баттаммат, – Иван Еремеевич, бас-көс киһи быһыытынан, бэйэтин санаатын соҥнуурдуу дьиппиэнник туттан, кытаанах куолаһынан кэпсиир.
– Төрдүһүнэн, улуус баһылыгын убайа, бэсиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр аймахтаах диэ, – Ким Николаевич кэм да тарбаһан хаалар.
– Ким Николаевич, наһаа барыма эрэ. Чэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ньургун Александрович, үһүөннэрин кытта үлэлэспит киһи быһыытынан, түргэн соҕустук түмүктээн эт эрэ, – баһылык сөбүлээбэтэҕэ сирэйигэр-хараҕар көстөр.
– Нэһилиэктэн үс киһи кыттара, биллэн турар, үчүгэй. Үһүөн баҕалаахтар. Ол эрээри, Иван Еремеевич эппитин курдук, улууска биир хаһаайыстыбаны мэктиэлиэхтээхпит. Улуус хамыыһыйата үс киһини киллэрдэхпитинэ, олох сөбүлүө суоҕа. Үлэлэспэтэххит диэхтэрэ. Сүнньүнэн, биһиги нэһилиэк сүөһүтүн ахсаана сыллата аччаан иһэр. 2015 сыллаахха 815 буоллаҕына, быйыл 2016 сылга төбөтүнэн 785 сүөһүлээхпит. Ол иһиттэн ынаҕа былырыын 270, быйыл 249. Онон сүөһүгэ үлэлэһиэхпитин наада. Грант икки бырагыраамата иккиэн ынах сүөһү ахсаанын элбэтиигэ уонна үүт бородууксуйатын дэлэтиигэ үлэлииллэр. Бааһынай хаһаайыстыба, ала-чуо үүккэ үлэлэһэр эрэ буоллаҕына, үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ ылыан сөп. Ол курдук, хотон туттуон, сүөһү, тиэхиньикэ атыылаһыан сөп. Байбал Никииппэрэбис иккис бырагыраамаҕа киирсиэн баҕарар. Үүккэ үлэлэһэбин диир эрээри, ынаҕын ахсаана үс эрэ. Этэргэ дылы, ыанар ынаҕа саатар уонча буолуон наада. Граҥҥа кыттыан баҕалаахтар икки эрэ сыл киирсэллэр. Быйыл аккаас ыллаҕына, эһиил бүтэһигин кыттар. Онон арыый бэлэмнээх кыттара ордук. «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн бырагыраамаҕа эһиилгиттэн кииристэҕинэ, сүүйтэрэрэ суох, – Ньургун Александрович, үгэһинэн кими да өһүргэппэтэрбин диэбиттии, толкуйдаан көрө-көрө наҕыллык саҥарар. Үрдүк уҥуохтаах уол кыаһаан сирэйигэр мичээр толбоно оонньуур.
– Ээ, чэ, этэн ис. Онон-манан эргитимэ, – землеустроитель быһа түһэр.
– Үлэлиэ диэбит хаһаайыстыбаны таһаарыаҕыҥ. Табаарыс, доҕор, аймах диэн суох буолуохтаах, – Иван Семенович бэйэтин санаатын тиэрдэр.
– Бу граҥҥа Уйбаныаптар кыттыахтарын сөп. Сопхуос эстибитин кэннэ кинилэр эрэ сүөһүлэрин баччааҥҥа диэри аччаппакка, этэҥҥэ иитэн туруораллар. Урукку сопхуос сайылыгын кинилэр эрэ сөргүтэн, сыл ахсын тахсаллар. Сайыҥҥы кэмҥэ үүттэрин сүөгэйинэн туттарар буолан, биллэн турар, ночоотурдаллар да, сыллата уон үс туонна үүтү туттараллар. Тиэхиньикэлэрэ суох буолан сайыны быһа оттуулларын көрө-билэ сылдьабыт. Грант ыллахтарына, ынахтарын боруодатын тупсарыыга, буоһатыыга, ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһэр баҕалаахтар. Оттон Данилы кытта эһиил үлэлэһиэхпит, инникитин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕарар буоллаҕына, сүөһүтүн ахсаанын элбэтиигэ эбэтэр сири оҥорууга үлэлэһиэн сөп. Онон мин санаам Уйбаныап Бүөтүргэ тохтуур, – Ньургун Александрович этиитин чиҥ-чаҥ соҕустук түмүктүүр.
– Һэ, һэ… Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ бүгүн хайаан бүтэһиктээх чиҥ этиини оҥордо. Ол эрээри бүтэһигэр ким кыайыылаах тахсара биллибэт, – Ким Николаевич бэлэһинэн күлэр. Сүүһүгэр саба түһэ сылдьар саһархай ньалака баттаҕын, сотору-сотору төбөтүн хамсатан, кэннин диэки эһэр.
– Ханныгын да иһин тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһун кэпсэтэ олорорбут быһыытынан, мин бэйэм санаабын кылгас соҕустук этиим эрэ. Тыа хаһаайыстыбата, төһө даҕаны ночооттоох салаа буолбутун иһин, өбүгэ саҕаттан саха киһитин төрүт дьарыга буоларын умнумуохха наада. Туох да диэбит иһин тыа киһитэ сүөһү, сылгы ииттэн, аҥаардас ол бородууксуйатынан дохуоттанан олорор. Билигин сүөһү, сылгы үгүс өттө чааһынай секторга түмүлүннэ. Ол үрдүнэн кэтэх хаһаайыстыбаны тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны кытта тэҥнии туппаттара олох сыыһа. Сыана көҥүл барда, оттон биир буочука уматык сыаната уон тыһыынча солкуобай буолла. Улуус үрдүнэн сүөһү уопсай ахсаана сыллата аччаан иһэр. Сүөһү ахсаанынан икки сыл субсидия биэрбиттэрэ үчүгэй этэ. Дьон сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһиэх быһыылааҕа. Ону тохтотон кэбистилэр. Аҥаардас грант түҥэтиинэн эрэ муҥурданыы буолла. Кыахтаах ылар, кыаҕа суох сүөһүтүн эһэр. Бааһынай хаһаайыстыбалар уоннуу мөлүйүөҥҥэ диэри ылаллар эбит эрээри, тоҕо нэһилиэнньэҕэ туһалаах кэпэрэтииптэр, дьону үлэнэн хааччыйар улахан бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллибэттэрий? Баҕар, мин кулгааҕым бүөлэммитэ, хараҕым көрбөтө буолуо, – Иван Семенович өссө да элбэҕи этиэҕин, баһылык илиитинэн сапсыйан, тохтотон кэбиһэр.
– Бириэмэ ыраатта. Мунньахпытын түмүктүөҕүҥ. Иван Семенович, сотору улуус баһылыгын, бырабыыталыстыба отчуоттара буолуоҕа. Онно төһөнү баҕарар этээр, – Иван Еремеевич нүһэрдик туттан уһуннук тыл этэрдии оҥостон, хаалтыһын көннөрүммэхтиир, көстүүмүн аллара тардыалаамахтыыр. – Улууска киирэн үһүөн биисинэс-былааннарын көмүскээтиннэр. Хамыыһыйа быһаарыаҕа. Мин бэйэм баһылык быһыытынан хайаларыгар да санаам тохтообот эрээри, Байбал Никииппэрэбис ордук буолуо дии саныыбын. «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн бырагыраамаҕа кини бары өттүнэн барсар. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикуумун бүтэрбит үөрэхтээх исписэлиис. Бааһынай хаһаайыстыба буолан үлэлии сылдьар. Биисинэс-былаана үчүгэй. Хотон тутар, сүөһү атыылаһар, тиэхиньикэ булунар, счетугар харчылаах. Көрөргүт курдук, критерийгэ бары өттүнэн барсар. Сир аннынан иһиттэххэ, Уйбаныаптар уонна Бөтүрүөп Данил харчы умналаһаллар дииллэр. Ирдэбилгэ сөп түбэспэт эрээрилэр, туохха киирсэллэрий? Эһиил киирсиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама 2017 сылга эмиэ үлэлиир. Грант ыллахтарына, Арассыыйаҕа федеральнай таһымнаах пиэрмэрдэр буолаллар. Онно ис хоһоонун ситэ өйдөөбөт дьону киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ аатын хараардыа суохтаахпыт. Ньургун Александрович, дьоҥҥун кытта өссө төгүл боччумнаахтык кэпсэтэн баран, барыллааһын көмүскээһиҥҥэ биир хаһаайыстыбаны киллэр. Буолар-буолбат суолга үс хаһаайыстыбаны соһон киллэримэ. Хата, кэпсээҥҥэ барыаҥ, – баһылык этиитин түмүктүүр.
– Онно Бүөтүр Бөтүрүөбүһү батыһыннарар туох да кыбыстыылааҕын көрбөппүн. Кини курдук тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук уонна үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһи баарын билбэппин. Хата, Байбал Никииппэрэбис тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх диэн тупсаран этэҕин да, биир да сыл үлэлээбэтэх киһи. Наар тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан сопхуоһунан үлэлээбитэ. Бу олох кэлин сүөһү ииттэн, төбөлөөҕүнэн биэс-алта эрэ сүөһүлээх курдук көрөбүн. Биисинэс-былаанын хайгыыгын да, нэһилиэнньэҕэ баттабыллаах былаан курдук иһиттим. Дьэ, ол иһин сайдыбаппыт. Бэйэбитигэр эрэ барыстааҕын наар толкуйдуубут. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннардарбын диэн буолбакка, тус бэйэтэ туһанарын санаан, граҥҥа тууһугурар. Саатар сирэйэ суох киһи, – Иван Семенович сөбүлээбэтэҕин этэ-этэ, ыалдьар атаҕын соһо тардан, аргыый тахсан барар.
– Ким барара бэйэтин көҥүлэ. Чахчы биисинэс-былааннаах буоллахтарына боруобалаатыннар ээ. Ньургун Александровиһа суох үрүҥ дьиэни булбатахтарына, сылдьан көрдүннэр, – Ким Николаевич кэм да эҕэлээхтик саҥарарын тохтоппот.
Мунньах бүтэн, саҥата суох хомунан, бары кэбиниэттэн тахсан бараллар.