Читать книгу Ньоҕой эрэл - - Страница 5
Саҥа кэм – саҥа кыах
III
ОглавлениеБүөтүр барыллааһын көмүскээһинтэн сүргэтэ көтөҕүллэн, кэбиниэттэн таҕыста. Араас эриирдээх боппуруостары биэрэн, балачча тиритиннэрдилэр. Бүтэһигэр, хас да киһи кинини, аҕатыттан Бүөтүртэн саҕалаан, истиҥ баҕайытык алҕаан кэриэтэ тыл эппиттэриттэн, хайдах эрэ сүрэҕэр итии сүүрээн илгийэн киирэн, уйадыйа долгуйда. Кытарбыт, көлөһүн аллыбыт сирэйин модороон тарбахтарынан ньиккэрийэ соттуммахтаата. Аҕата барахсан, бу орто дойдуттан барбыта сүүрбэ икки сыл да буоллар, кырдьа быһыытыйбыт оҕотун араҥаччылыы, бэйэтин аатын ааттата сыттаҕа. Аҕата, үлэһит киһи буолан, бэйэтин олоҕун эйгэтинэн оҕолорун иитэн, бары Саха сирин араас оҥорон таһаарар салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллара сымыйа буолбатах. Уолаттарбар олоххо, үлэҕэ сылаас сыһыаны аҕам курдук ииппит киһи диэн иһирэх санаа сүрэҕэр уйаланна.
Көрүдүөргэ дьон аалыҥнас. Бука бары хамыыһыйа чилиэннэрэ ким, туох боппуруоһу биэрбитин хардары-таары ыйыталаһан, күө-дьаа кэпсэтэллэр. Кэбиниэттэн ким эрэ кынаттанан, сирэйэ сырдаан, ким эрэ сирэйэ соҥуоран, самныбыт дьүһүннээх тахсаллар. Сотору хамыыһыйа үлэтин түмүктээн, нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ тахсыталаан, бөһүөлэктэригэр барардыы оҥостон, таһырдьа тахсан үөмэхтэстилэр.
– Бүөтүр, бардыбыт, кэлэн олор, – Данил «УАЗ» массыынатыгар олорон, ыҥырар саҥата иһилиннэ.
– Сөп, сөп. Уолбут тахсар ини, – Бүөтүр массыына аанын тэлэччи аһан, киирэн олорунан кэбистэ.
– Хайа, уолаттар, бааргыт дуо? Бэртээхэй мунньах буолан ааста, – Ньургун Александрович сэгэччи туттан киирэн, суоппары кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.
– Айанныаҕыҥ. Таарыйа «Айан» маҕаһыынтан килиэп ылан ааһабыт дуо? – Данил кэннин хайыһан ыйытардыы көрөр.
– Ылан, ылан, – уолаттар, оҕолор курдук тэҥҥэ түһэрэн эппиэттээбиттэриттэн, күлсэн ылаллар.
– Дьэ, Бүөтүр, улуус хамыыһыйатын этэҥҥэ аастыҥ. Аны бу күннэргэ куоракка киириэҥ. Хамыыһыйа чилиэннэрин итэҕэтэр гына сүрдээх үчүгэйдик биисинэс-былааҥҥын кэпсээтиҥ. Маладьыас! – Ньургун Александрович кэннин хайыһан, илиитин биэрэр.
– Бүөтүр биисинэс-былаана олоххо баарынан сурулуннаҕа. Онон итэҕэтиилээхтик иһиллэр буоллаҕа. Оттон Байбал биһиги киэммит сэрэйэн кэриэтэ оҥоһулуннаҕа дии. Ис хоһоонун ситэ өйдөөбөккө эрэ айан оҥоһуллубут биисинэс-былаан хайа аанньа буолуой? Ол иһин кыайан көмүскээбэтибит. Чэ, быйыл үлэлээн баран, эһиил эмиэ киирсиэхпит, – Данил лэһигирэччи күлэр. – Байбалбыт иннин-кэннин билбэт буолуор диэри кыыһыран барда. Сураҕа, улуус баһылыга быраата быйыл көмөлөспөппүн, үлэлээ, эһиил көрүөхпүт диэбит үһү.
– Буолуо. Хас улуус ахсыттан биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар грант ылан баран сатаан дьаһанан үлэлээбэккэлэр, сүөһүлэрин сыл таһаарбакка охтортоон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн айдаан бөҕө буоларын истэ сылдьан дьаарханара чуолкай. Федеральнай бырагыраамаҕа, улахан дуоһунаска олорон, мээнэ киирэн сыыһа туттуон баҕарбат буоллаҕа, – Ньургун Александрович сөбүлэһэр.
Айан суолун устун суһаллык айаннаан сыыйылыннардылар. Хаары бүрүммүт тиит, бэс мастар суол икки өттүгэр кэккэлээн арыллан биэрэн истилэр. Суоппардара Данил – хара будьурхай баттаҕын өрө тарааммыт, киэҥ арылхай харахтаах кыаһаан киһи – эрэллээхтик массыынатын уруулун эрийэ тута олордо. Массыына биир кэм тэҥник ньирилиир тыаһыгар бигэтэн, Ньургун Александрович төбөтө босхо баран, тоҥхооройдуу олордо.
Бүөтүр хараҕар араас санаалар ситимнэрэ киинэ каадырын курдук элэҥнээн ааһан истилэр. Данил маладьыас. Санаатын түһэрбэт. Үлэлиир баҕалаах. Оттон Байбал Никииппэрэбис ньиэрбэтэ барыта бүтэн, кыыһыран аҕай барда. Кинини, кыайардыы, сылы быһа хомпуустаан, тутуһан аҕай биэрэрэ буолуо. Сураҕа: «Эһиил кыттыбаппын, сылдьыаххыт эбээт», – диэбит үһү. Аата, кыра оҕоҕо дылы буолан. Биһигини ааттаһа оонньооботторо буолуо ээ. Оттон кини хайдах эмэ гынан граҥҥа тиксэрэ буоллар, үлэлээн көрүө этэ. Киһини билэр буолуоҕуттан үлэҕэ эриллибитэ, төрөппүттэригэр көмөлөһөн сүүрэн-көтөн аҕай биэрэрэ. Дьоно уонтан тахса сүөһүлээхтэрэ. Сайын ахсын сарсыарда эрдэттэн ынахтарын көрдөөн, чугас эргин алаастары, тыа саҕаларын элбэхтик кэрийэ сүүрбүтэ. Атах сыгынньах сылдьар идэлээҕэ. Атаҕа хатырыктыйарын ааһан, муостуйан хаалара. Бэл, атаҕа тоҥноҕуна, ынахтар сибилигин саахтаан бэллэппит сылаас саахтарыгар үктэнэн турбут эмиэ түгэннэрдээх. Кыахтаах ыаллар оҕолоро бэлисипиэтинэн хомуйаллара. Онно, биллэн турар, ымсыырыллара.
Биир сарсыарда ийэтэ кинини эрдэ туруорбута: «Ынахтарбыт бэҕэһээ киэһэ кэлбэтилэр. Сайылык алааска сыталлара буолуо. Туран, ыраата иликтэринэ, хомуйан аҕал», – диэбитэ. Кини күн ахсын тиэстэр суолунан сүүрэ турбута. Ийэтэ эппитин курдук, Сайылык алааска кэбинэ сыталларын туруортаан, саҥа алааһы туоратан истэҕинэ, ынахтара туох буолбуттара эбитэ буолла, тыаҕа түһэн куотар аакка барбыттара. Уолчаан улахан ынаҕын – хотуннарын Мааны Кыыһы ыҥыра-ыҥыра, кэннилэриттэн саппай уопсубута. Сүөһүлэрин эккирэтэр кэмигэр хара бэйбириэт кууркатын тыаҕа ханна бырахпытын өйдөөбөт. «Кууркабын сүтэрбиппин, ийэм мөҕөрө буолуо», – дии санаан ылбыта. Күнү быһа сүөһүлэрин батыһа сылдьыбыта. Сүөһүлэрэ олох билбэт сиригэр тиийэннэр, аһыыр, сытар кэмнэригэр төҥүргэскэ кэтэһэн олорбута. Иннин хоту мээнэ ытыы-ытыы сүүрбүтэ буоллар, бука, мунан хайдах-туох буолуо эбитэ буолла? Ийэлээх аҕата: «Тыаҕа, эбэтэр ханна эмэ күүлэйдии сылдьан дьонтон хааллаххытына, мээнэ сүүрэкэлээбэт буолуҥ, сүтүктээн төннөн кэлэллэрин күүтэр баҕайыта», – дииллэрин өйдөөн, син биир дьиэлэригэр тиийиэхтэрэ диэн, сүөһүлэрин быраҕан барбатаҕа. Киэһэ Мааны Кыыс доҕотторун ыҥыран бэрт бүтэҥитик маҥыраат, тыа суолун тутуһан, хааман маталдьыйбыта. Уол сүөһүлэр бары субуспуттарын көрөн, атын сиргэ баран хаалыахтара диэн үүрбэккэ, батыһан испитэ. Арай икки хас алааһы ааһан, билэр алааһыгар Сайылыкка киирэн кэлбиттэрэ. Сыырга ийэтэ быраатынаан тураллара. Бааска кууркатын туппут. Куттаммыттар аҕай. Ийэтэ барахсан олус куттаммыт көрүҥнээҕэ, сарсыҥҥы күнүгэр «оҕобор, ынах хомуйарыгар» диэн ааттаан, «Урал» бэлисипиэт атыылаһан биэрбитэ. Ол саҕана бэлисипиэт тыа сирин маҕаһыыннарыгар элбэхтик саҥа атыыланан эрэр кэмэ этэ.
Хас сарсыарда ахсын, ийэтин күөрчэҕин килиэби кытта мотуйан баран, балачча улахан тимир сэппэрээтэри эрийэр кини эбээһинэһэ этэ. Киһи да күлэр, сэппэрээтэрин эрийэн куугунатан-куугунатан баран, ыһыктан кэбиһэрэ. Уонна сэппэрээтэрэ тохтуор диэри сынньаммыт саҕа буолан туран, ийэтиттэн мөҕүллэрэ бу баарга дылы.
Ону таһынан бэйэтиттэн аҕа эдьиийдэрдээх буолан эбитэ дуу, окко барбакка, эдьиийдэрин батыһан, Убаһалаах, Юбилейнай сайылыктарынан сэппэрээтэр эрийэ барсара. Сайылыкка 6—7 ыанньыксыт үүтүн улахан илиинэн эрийэр сэппэрээтэринэн күҥҥэ үстэ эрийэллэрэ. Холкуос биригэдьиирэ, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Г.В. Заболоцкай-Биригэдьиир Гаанньа: «Бу Уйбаныаптар оҕолоро олус үлэһиттэр», – диэн куруутун хайҕаан этэр тыла өйүгэр-санаатыгар билиҥҥээҥҥэ диэри иҥэн хаалбыт.
Оттон аҕалара Бүөтүр, сүүрбэ сэттэ сыл устата, этэргэ дылы, ат ыҥыырыттан түспэтэх киһи буолар. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы сыралҕан куйааска куруутун сылгы үөрүн эккирэтэрэ. Кини түүнү-күнү аахсыбакка ырыганнаабыт сылгылары аһатара, биэлэри төрөтөрө, ойбон алларара, сылгы үөрүн буулаабыт бөрөлөрү сойуолаһара. Ол түмүгэр сылгыны тыыннаахтыы иитиигэ, кулуну ылыыга сылтан сыл ахсын үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэрэ. Ол курдук, кырдьаҕастар, бэл, билиҥҥи эдэр салайааччылар, Бүөтүр курдук 268 биэттэн 256 кулуну тыыннаах ииппит сылгыһыт күн бүгүнүгэр диэри суох дииллэрэ истэргэ үчүгэйин. Кыһыҥҥы өртүгэр аҕалара Бүөтүр дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук сылдьара. Бу өйдөөтөҕүнэ, мөлтөөбүт биэлэри, билиҥҥинэн профилакторий курдук, кыбыытыгар аҕалан көрөр эбит. Аҕалара суох кэмигэр ийэлэрэ Өлөөнө барахсан, түүнүн утуйбакка, ол мөлтөөбүт биэлэри баран көрөр, харабыллыыр эбит этэ. Кыһыҥҥы тымныыга оҕолору түүнүн элбэхтэ туруоран, охтубут биэлэри анал маһынан төһүүлээн туруоралларын субу баардыы өйдүүр.
Кини сэттис кылааска үөрэнэр сылыгар аҕатын Бүөтүр Арамаанабыһы, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыыга, VIII-с пятилетка биэс сыллаах былаанын толорууга ситиһиилэрин иһин, ССРС Верховнай Советын Президиумун 1971 сыл муус устар 8 күнүнээҕи ыйааҕынан «Ленин» уордьанынан наҕараадалаабыттара. Онно аҕатын үөрбүт сирэйин умнубат. Оҕолор бары «Ленин» уордьанын илииттэн илиигэ бэрсэн, эргитэ сылдьан көрбүттэрэ, сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолбута. Төрөппүтүнэн киэн туттуу иэйиитин онно өйдөөбүтэ. Билигин сааһыран олорон өйдөөтөҕүнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ бары да үлэлиир хайысхаларыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар эбит. «Үлэлээҥ, үлэ киһини куһаҕан оҥорбута суох» диэн тыллааҕа ийэлэрэ.
Бүөтүр эмискэ төбөтүн оройунан үөһээ бириһиэҥҥэ охсулунна.
– Айака, доҕор, сэрэнэн айанныаххын, – Ньургун Александрович саҥа аллайда.
– Дьиэбитигэр кэлбиппит бэлиэтэ, – Данил күлэн лэһигирэтэр. – Граннаах киһи Бүөтүр, дьиэҕэр кэллиҥ. Убайбын убаастаан, бастакынан түһэрэбин.
– Сөп ээ. Хата, кураанаҕы кууспакка, бэркэ сылдьан кэллибит. Чэ, Бүөтүр, билсиэхпит. Аны тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр киирэбит. Этэҥҥэ буолуохпут диэн эрэл санаа баар, – исписэлиис уол илиитин биэрэр.
Бүөтүр массыынаттан түһээт, хараҕа хотонугар хатанна. Уоттаах. Дьоно үлэлээн букунаһа сырыттахтара. Бэҕэһээ Альбина быйыл ынах сүөһү ахсаана эбиллиэх курдук, икки-хас тиҥэһэ уулаахтар диэн эрэрэ. Быйыл сайылыкка тахсан, ынахтары ыыр аппараакка үөрэтиэхтэрин наада. Ийэлэрэ уон үс ыанар ынаҕы кыайбата чуолкай. Грант ыллаҕына, эбии ынах сүөһү атыылаһан, боруодатын тупсарыыга сыал-сорук ууран үлэлээтэҕинэ эрэ көрдөрүүлэниэн сөбүн өйдөөн, куораттан кэлээт, Арассыыйа үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцевка, Тандаҕа баран көрсөрүн уһаппакка дьаһаннаҕына табылларын эргитэ санаан ылла.
Тэрээсэтин кирилиэһигэр унтуутун тэбэнэ туран, Альбиналаах Кириисэтэ иккиэн биирдии үүттээх биэдэрэни тутан иһэллэрин көрөн, күүтэн тохтоон турда.
– Аҕаа, хайа, туох диэтилэр? – Кириисэ чаҕаарыйбыта дьыбардаах салгыҥҥа сатараан иһилиннэ.
– Үчүгэй, үчүгэй, – аҕалара аҕыйах тылынан быһаарар.
– Оо! Биһиги ийэбинээн билбиппит ээ, ол иһин бэрэски астаабыппыт.
Дьиэлээхтэр үһүөн, күө-дьаа буолан, дьиэлэригэр киирдилэр. Ааны аһылларын кытта луугунан тупсарыллыбыт ыһаарыламмыт эт, бурдук ас сыта минньигэстик саба биэрдэ.