Читать книгу Килиим - - Страница 2
«Эрийэ-Буруйа»
ОглавлениеОлох суола эмиэ оннук…эриллэҕэс-буруллаҕас
Мада-ам Эҕийе-Бүҕүйе! – диэттэрин кытта, салгын ачыкылаах, кылгас былаачыйалаах муус маҥан будьурхай баттахтаах блондинка, уп-уһун атахтарынан үрдүк тоһоҕо хобулукка дугунуталаан, сыанаҕа чахчы да эрийэ-буруйа үктэнитэлээн тахсан, кып-кыһыл кырааскалаах обуйук уостарын оппой-иппэй чорбоҥнотолоон, омуктуу букатын билбэт тылбытынан тохтообокко чуопчаара турара бу баарга дылы!
Онуоха тылбаастаан муҥнанааччы барахсан, хараҕын муҥунан көрө-көрө, уустук соҕус оборуоттарга, кэтиллэ биэрэн мах бара сыһа-сыһа, «синим биир» диэбиттии, күн талбытынан таайан көрөн, уу сахалыы кэҕийэ турара харахпар субу көстөр!
Оо, оччолорго, 80-с сылларга ити дьэ, чахчы, күлэн быара суох сытар көрөөччүлэр «кимий ити», «хайаларай, доҕоттоор», «хайа артыыһы билбэтибитий» диэн күө-дьаа суугунаспыттара сырыы ахсын, Эрийэ-Буруйа сыанаҕа тыраадыҥнаан таҕыстар эрэ, куруук да хатыланар буолбута. Петр Пестряков диэҕи уҥуоҕунан үрдүгэ, Алексей Павлов диэҕи арҕастыын чарааһа…
Ким да билбэт Эрийэ-Буруйатын, аны араас тэрилтэлэр саҥардыы үөдүйэн эрэр бырааһынньыктарыгар, «идиэйэтин кыбан ылан», үтүктэн үөлээннээхтэрин күллэрэр биирдиилээн дьон баар буолан испиттэрэ эрээри, сыанаҕа тахсар Эрийэ-Буруйа илэ бэйэтинэн таһыччы этэ. Кини ханна да буоллун, киин куорат араас улахан сыаналарыгар дуу, ыраах тыа сирин кулууптарыгар дуу, дугуҥнатан иһэрин көрдүлэр да, ытыс тыаһа хабылла түһэрэ, күн бүгүн тугу саҥарыаҕын таала таайан, иһийэн хаалаллара.
Бу олус табыллыбыт нүөмэри, сахалыы куттаах иһиттэн тэттэн үөрэ ылынар Мадам Эрийэ-Буруйатын эдэр баҕайы уол, Клим Федоров тус бэйэтинэн «төрөппүтэ». Ити 1986 сыллаахха ыраах Кэбээйи оройуонун уһук тыатын сиригэр, хаарбах диэҕи олус ыраастык тутан олорор кулуубугар биир кэмҥэ үлэлии сылдьан, бэстибээл буоларын кулгаах уһугунан истэн, дьээбэҕэ аҕыйах чаас иһинэн айан кэбиһээт, анаан бэлэмнээбит нүөмэрэ. Онтуката, бэйи, бэрт уһун тыыннанан, кэнэҕэскитин хас эмэ сыл устата өрөспүүбүлүкэни тилийэ көтүөн, үгүс көрөөччүнү сөхтөрүөн ити саҕана таайан да көрбөтөх, түһээн да баттаппатах буолуохтаах.
Ыксал түгэн тыҥаатаҕына, кыһалҕа субу тирээтэҕинэ, Килиим сахалыы толкуйдуура айылҕатыттан бэриллибит. «Булгуччу ханнык эмэ быыс-хайаҕас көстүөхтээҕэр эрэллээх буолуохтааххын» диэн сааһырбыт төрөппүттэрэ этэллэрин эрдэ долоҕойугар түһэриммит эбит. Ол – кини аҕата, дьиҥ айылҕа киһитэ, булчут, олоҕун ойуурга-тыаҕа атаарбыт улахан сонордьут этиитэ. Ол – ийэтэ, 9 оҕоҕо күнү көрдөрбүт, дьоҕус бэйэтигэр бүүс-бүтүннүү сылааһы, сырдыгы, тапталы, бары сатабылы, сүдү күүһү, кэрэни иҥэриммит барахсан, илдьиритэн биэрэн өйдөтүүтэ. Ол туһунан арыый да кэнники…
Оттон Килиим Эрийэ-Буруйа уобараһын айарыгар аһары судургу курдуга эрээри, билигин санаатаҕына, эрчиллии, эриллии, эбинии, этиһии, эрийсии, эллэһии, эстии, элэктэһии, эрэннэрсии, эбиллии… диэбит курдук, төһө баҕарар, бүтэр уһуга суох салгыы устан баран иһиэх олоҕун быһаарыылаах тоҕойдорун ол уобараска үүт-маас олордубут эбит! Кырдьыга оннук! Эдэркээн уол оонньоколоон эрчилиннэҕэ, эгэлгэ түгэҥҥэ эрилиннэҕэ, дьону кытта алтыһыаҕыттан элбэҕи, билии-көрүү арааһын эбиннэҕэ. Онтун быыһыгар тылтылга киирсибэт буолуу амтанын эмиэ билэн аастаҕа, кыралаан этиһэри да тумнубатаҕа, сыралаах үлэ күөнүгэр элбэхтик илиһиннэҕэ, эристэҕэ, биир сүбэнэн эллэһэн үлэлээбит эйгэтэ төһө эмэ кэҥээтэҕэ. Айар киһи куолутунан кураанахсыйан, сылаарҕаан эстибит да түгэннэрдээҕэ, хата онуоха дьээбэлэһии-элэктэһии баара үчүгэйэ бэрдэ, тулалыыр дьонун кытта биир дьыалаҕа турунарга хардарыта эрэннэрсии үксээбитэ, кэнникинэн биир санаалаахтара, доҕуйар кыахтара-күүстэрэ эбиллэн иһиитэ, ама астык буолбатах үһүө? Ити барыта киһи барахсан бүтүн олоҕун оллурдаах-боллурдаах олуктаах тоҕойдоро буолбакка? Ол – кини бу сылларга мунньуммут баайа.
Итинник баайдаах-дуоллаах киһи салгыы айарыгар-тутарыгар амалыйар аар күүс үксээн иһэрэ үөрүүлээх, ити кэнэҕэски кэм силбэһэр бөҕө тардыыта буоларын дьон-сэргэ көрө-истэ итэҕэйбитэ махталлаах.
Атахтарынан эрийэ-буруйа үктэммэхтиир «мадам» буола сылдьан, Килиим ситигирдик субуллубут суоллардаах гостуруол бөҕөҕө кэнники элбэхтик сырыттаҕа. Эрдэ түһэн эттэххэ, биирдэ Байбал Сэмэнэп, Аскалон Павлов, Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Килиим буоланнар, Орто Халымаҕа тиийдилэр. Өлөөкө Күөл олохтоохторо кэнсиэри наһаа сөбүлээннэр кулууптан арахпакка, киэһэни быһа үҥкүүлээн тэйэн, ыбылы оонньоон, түүн үөһүн ааһыыта нэһиилэ тарҕаспыттара. Сорох-сорохтор саха эстрадатын артыыстара диэннэри үйэлэригэр көрбөтөх да буоллахтарына көҥүл буоллаҕа. Итиччэ ыраахха дьон хорсуннара буоланнар, ааттаах уолаттар тиийдэхтэрэ.
Нөҥүө күнүгэр сөмөлүөттэрэ тыалтан толлон көппөтө. Сыбаатайдыахтаах дьон хаайтардылар. Амарах санаалаах хоту дойду дьоно тапталлаах артыыстарын тутан олоруохтара дуо. Сиэр хааламмыт, бэрээдэк быһа туппут дьоно, дьиэлэриттэн таҥас-сап бөҕөтүн көтөҕөн аҕаллылар.
– Бураанынан илдьэбит! – дэстилэр.
Барахсаттарбыт аны аара тоҥуохтара диэн сэрэнэн, куорат уолаттарын көрөн туран таҥыннараннар, ыстаан үрдүгэр ыстаан, сон үөһэ сон, бэргэһэ үөһэ бэргэһэ кэтэрдэннэр, икки бураан көлөҕө олордуу буолла. Килиими сыарҕаҕа сытыаран баран бобо кэлгийэн кэбистилэр, кыра нэксиэҕэ көппөтүн, иҥнэс гыннаҕына аара сытан хаалбатын диэннэр. Байбал уол ыытааччыны мэҥэһиннэ. Сыбаатай диэки буурҕаны ортотунан түһүнүү буолла. Хоту дойду хотойдоро, ол сыыдам көлөлөөх уолаттар кыраҕа кымаардаабаттар, түү таҥас быыһынан суолларын син мээнэ көрөллөр быһыылаах.
Килиим, бэйэтэ да тибии-буурҕа диэни бэркэ билэр буолан, хоһуун мохсоҕоллорго олоҕун бүтүннүү итэҕэйэн, туох да налыйа холкутуйан, сыарҕатыгар сытан айаннаата. Хараҕар хаар эрэ кыыдамныыр, тула өттө тумарык, атын аралдьыйар көстүү кыс ортото ала буурҕа аннынан хантан кэлээхтиэй? Ол сытан нухарыйбыт, утуйан хаалбыт.
Биирдэ өйдөммүтэ – туох да тыас суох. Бураан бирилиирэ эрэ, тыал куугунуура эрэ… уу чуумпу. Туруон, кэлгиллэ сытар. Көрүөн, төбөтө нэһиилэ хамсыыр. Инньэ гынан бэркэ сыралаһан, эргиччи көрө сатаабыта баара, барыта хаар да хаар, от да суох, мас да суох. Хаар куйаар. Хайдах-хайдаҕый диэтэр да, сыарҕалыын-бэйэлиин бурааныттан арахсан сытан хаалбытын өйдөөтө. Ол тухары аймаммат ээ, бэйэтин балаһыанньатын туораттан көрөр уонна күлүөх санаата кэлэр. Онтон, чочумча буолан баран, ханна эрэ ыраах да ыраах, туох эрэ мотуора дыыгыныырын иһиттэ. Арааһа Байбала, атаһын хайдах хаардаах дойдуга хаалларыай, били бурааны булгуччу төттөрү эргилиннэрбит буолуохтаах. Өтөр буолаат, тыас чугаһыырга дылы гынна. Чахчы, бураан бирилиир. Ону кытта Байбал саҥата туох да сүрдээх, тылын баһа иһиллибэт, бап-баллыгырас.
Дьоно кэлиилэригэр Килиим, киһи бэрдэ уолаттарын хайҕаан, хата эрдэ өйдөнөн төнүннүлэр диэн хайдах да махтаныан билбэккэ, иһигэр тылын наардыы сытта. Эрэттэр тибиини быыһынан тирилэтэн кэлэн, хаары ыһан хорус гыннардылар. Байбала, абырыах баҕайы киһи, кырдьык-хордьук Килиимин сирэйин өҥөйөн көрөр уонна күүл да күл буолар. Букатын тохтообокко күлэр. Ол икки ардыгар бурааннара иннинэн-кэннинэн астаран кэлэн, сыарҕатын холбонно. Байбал буоллаҕына, тохтоон бэрт, иэрийэ сыһа-сыһа, нэһиилэ сукуҥнаан тиийэн сарк гына киһитин кэннинээҕи олбоҕу миинэ биэрдэ да, салгыы ыстаннара турдулар. Сыарҕаҕа кэлгиллибит Килиим иһигэр сөҕө саныыр:
– Байбал иирбит. Саатар киһитин саҥатыгар наадыйбат. Ити улуу сир күдэрик куйаарыгар сытан хаалбыт киһини, арай бөрө булбут буоллун?! Чэ, баҕар, ыйыппатын… Оттон итиччэ өр сыппыт киһини, саатар «тахсан киириэҥ этэ дуо» диэн ыйытыах эбит! – итинник саныы сытан эмиэ утуйан хаалар.
Хата, дьолго, иккистээн уһуктарыгар, Сыбаатайга кэлбит этилэр. Байбал тоҥон күлбэт буолбут этэ. Ону сэрэйдэр да, «күлүү гыммыт буруйун билиннэ быһыылаах» диэн Килиим иһигэр бэйэтин алы гынар.
Ол киэһэ кэнсиэр болдьоммут чааһыгар этэҥҥэ саҕаланан, дьон-сэргэ көнньүөрэн, сахалыы ырыаттан, көртөн-нартан сүргэлиин көтөҕүллэн, эбиитин дискотекаҕа үҥкүүлээн, киэҥ сиртэн кэлбит артыыстары астынан тарҕаспыттара.
Сарсыҥҥытыгар, Килиим утуйан турбутугар, бэҕэһээ тоҥмута-хаппыта, сытан эрэ дьагдьайа айаннаабыта, илистибит бэйэтин моһуоктаабыт этэ. Киэһэ Орто Халымаҕа кэнсиэрдии турдаҕына муннун хаана барбыта. Онтон аны, өйдөөн көрбүтэ… сирэйэ сөрүөччү тарпыт этэ. Куорат буолбатах, ханна баран кимиэхэ үҥсэргээн туох көмөнү эрэйиэххиний? Кэнсиэрин ситэри ыыппыта, эбиитин дискотекатын, эмиэ эрэй бөҕөнөн да буоллар, ситэрбитэ. Сарсыарда туран балыыһаҕа сүүрбүтүн быраастар куттаабыттара: «Түргэнник куораттаа, балыыһаҕа эмкэ киирэ оҕус. Онто суох сирэйиҥ ити тоҥмут ньиэрбэтэ ыытыа-ыһыктыа суоҕа», – диэбиттэрэ.
Хата, ол күн Дьокуускайга билиэттээх буоланнар, көтөн кэлээт, кини балыыһаҕа киирэн, ый аҥаара эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыта. Онон Эрийэ-Буруйа саҕаттан эриллэр-буруллар уустук да түгэннэр Килиим олоҕун мэлдьи арыаллыыллар.