Читать книгу Килиим - - Страница 3
«Мин ийэ оҕотобун…»
ОглавлениеКырдьык, мин алаас уолабын
«Мин ийэ оҕотобун» диэтэххэ, киһи үксэ «ээ, барахсаны, аҥаардас ийэ ыччата эбит дуу» дии түһээччилэр. Килиимҥэ итинник саҥа аллайыы сыһыана суох. Ийэ диэтэххэ, ийэ, аҕа диэтэххэ, аҕа, Сүөдэрэптэр диэн үтүөкэннээх ыал сэттис оҕолоро, ыраламмыт ыччата, уолаттартан кыралара буоллаҕа эбээт!
От-мас көҕөрө тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, чыычаах уйа оҥостоору «ырып-чырып» ырыа бөҕөтүн дьиэрэтиитэ, кыс кэннэ туох барыта уһуктан сэргэхсийиитэ, үрүҥ түүн сырдыга сатыылыырын саҕана, ыам ыйын 26 күнүгэр уол оҕото күөгэс-налыс гына түспүт эбээт! Кини төрөөбүтүгэр аҕалара, саҥа туппут дьиэтин сарайа сиппэккэ турбутун, үөрүүтүттэн түһүнэн кэбиһэн, соҕотохто хаптаһыннарынан сабыта саайталаан бүтэрбитэ кэпсэлгэ киирбиттээх.
Дьэ били, ол саҕанааҕы 1969 сылы иэйэ-куойа анааран ыллахха, чахчы да алаадьы буһарар, кус сиир Ньукуолун ааспыта аҕыйах хоноотун кытта, саас сайыҥҥыга айылҕа сокуонунан букатыннаахтык көспүт кэмигэр күнү көрбүт бу уол кэлиитэ-кэтэһиитэ дьиктитэ эбээт. Сүөдэрэптэр Килиим диэн кыраланаат, ити чыыһылаҕа икки оҕолорун төрөөбүт күнүн бэлиэтиир үгэстэммиттэрэ. Өссө хойутуу, эмиэ ыам ыйын 26 күнүгэр, балтылара төрөөн, ити бырааһынньык суолтатын үс төгүл күүркэппитэ.
Екатерина Афанасьевна уонна Семен Пудович Федоровтар диэн нэһилиэккэ ытыктанар, иллээх-эйэлээх элбэх оҕолоох ыал быр курдук олорбуттара. Дьон-сэргэ эйэргээн, булчут аҕаларын ытыктаан сахалыы «Буутабыстар» диэн ааттыыллара. Түөрт кыыс, икки уол кэнниттэн төрөөбүт уолу Клим диэн эһэтин убайын, ол аата абаҕатын аатын биэрэн сүрэхтээбиттэрэ сонун буолбатаҕа, чугастыы билсэр дьон бары даҕаны сиэр быһыытынан судургутук ылыммыттара.
Эдьиийдэр барахсаттар саҥа төрөөбүт сурдьуларын, таҥара кэһиитин курдук ылынан, ийэлэрин кытта тэҥҥэ бүөбэйдэспиттэрэ. Аҕалара, булчут буолан, сэбиэскэй кэмҥэ сэлиэнньэҕэ көстүбэтэх да буолаахтыа, ойууру ордууланан, тыаны манаһан, судаарыстыба биэрбит былаанын толороору күндү түүлээх соноругар сааһын-үйэтин бараабыта.
Оҕолоро кинини сылга сыччах иккитэ-үстэ эрэ көрөллөрө. Аҕа барахсаны күүтэр уһунун, ахтылҕан диэн сүрэҕи-быары хам ылар ньүөлүйүүтүн кыраларыттан билбиттэрэ. Оччолорго маҕаһыынтан тиийэн талбыккынан эти-балыгы атыылаһар кыаллыбат кэмигэр этинэн тутахсыйбатах ыал бу этэ. Кыһын буоллун, сайын буоллун, хаһан да хара аһылыктара быстыбатын сөҕүөххэ эрэ сөбө. Ол булчут аҕаларын мындыр суотуттан тутулуктааҕа буолуо ээ. Кини кэллэ да, киис-солоҥдо, тииҥ-кырынаас диэни аахсыбаккын, оҕолор онно букатын кыһаллыбаттар.
Арай билэрдии, кэмэ суох ас-үөл үллэ-балла түһэрин соһуйа, үөрэ көрөллөрө. Талбыт кыылыҥ этэ, эгэлгэ балык бу дьиэҕэ толору кыстанара эмиэ буолуохтааҕын курдук этэ. Ону таһынан аттынааҕы ыалга, билсэр дьоҥҥо мэлдьи көбүччү соҕустук бэрсэргэ төттөрү-таары оҕо сүүрэрэ экчи. Килиим элбэхтик элээрбит уол оҕото ити саҕана бэрсигэн буолуу, кэһиимсэх майгы, махтал-баһыыба тылын дьиэҕэ тириэрдии хайдахтаах курдук үөрүүнү үксэтэрин иэйэн билбит, иһигэр иҥэриммит бэйэккэтэ. Аҕалара Буутабыс: «Булт аһыттан киһи көҥөммөт баҕайыта, Байанай ымыыта дэлэгэйдик күндүлүүрүн сөбүлүүр. Кыанар, кыаммат диэн баар. Хаһан даҕаны кинилэри маанылыыры умнубат, матарбат баҕайыта. Этэҥҥэ буоллахха, итиннээҕэр элбэҕи эбэбит барахсан ирээттиэҕэ», – диэн такайара. Ол иһин Сүөдэрэптэр оҕолоро куруук өҥ куттаахтара, ымсыырары уонна кэччэйэри билбэккэ улааппыттара.
Билигин олохпут арыый даҕаны атын… киһини тугу эмэ кыраны бэрсэҥҥин үөрүү кынатыгар олордуоҥ ардыгар саарбахтаах да буолуон сөбүн көрөн итэҕэйэр кэм. Хомойуох иһин оннук баар буолан хаалбыт эбит.
Оттон урут? Саха дьахтарын сиэринэн ийэлэрэ Кэтириинэ, оҕолоро тылларыгар олордон сотору-сотору аҕаларын суохтуулларын, ис сүрэҕиттэн бопсоро. Кинилэртэн тэйиччи, ыраах тыаҕа араас адьырҕалар быыстарыгар сылдьар паапаларын ахтан олус уйаһыйалларын аньыыргыыра, ол иһин кыраларыттан быһааран биэрбит, кытаанахтык үөрэппит буолан, оҕолор бука бары саҥата суох сүрэхтэрин кытта сипсиһэргэ эрдэттэн такайыллыбыт уратылаахтара. Кэтириинэ бэйэтэ, мээнэҕэ сорсуннаах сонордьут мааны ойоҕо буолбатах буолуохтаах, айылҕатыгар дьиктилэрдээҕэ. Кини кэргэнэ сотору кэлэрин дуу, тардылларын дуу бүтэйдии билэрэ, ханнык сылга туох булда ордук үөдүйүөн эмиэ эндэппэтэ. Улахан булт кэнниттэн дьиэни биир гына үөһэ-аллара ыйаммыт эҥинэ бэйэлээхтэр сүлүллүбүт тириилэрин хатта да ылан дьаһайтыыра, иллэҥ буоллар эрэ оҕонньорунуун тэҥҥэ таҥастаһара, тиирсэрэ.
Килиим улаатан истэҕин аайы саҥата-иҥэтэ ырааһа, көрөрө-истэрэ чоҕулуҥнаан мааныта, эргичис-урбачыс гынар сэниэтэ, хамсаныыта тэтиэнэҕэ барыларыттан бэлиэ курдуга. Кини кэнниттэн өссө үс оҕо кэлбитэ эрээри, бүтэһиктэрэ төрүүрүгэр сатанаахтаабатаҕа. Ол тиһэх уол тыыннаах хаалбыта буоллар, ийэлэрэ барахсан Герой буолуохтааҕа табыллыбатаҕа. Онон Сүөдэрэптэр тоҕус оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Барыларын сээн диэн маанылаан, сатыылларынан такайан иитэннэр, дьоҥҥо ытыктанар төһүү-туруу үлэһит буолбуттара төрөппүттэрин үтүөтэ, кинилэр тус олохторугар, оҕолоругар тапталларын туоһута буолан хаһыс да көлүөнэҕэ сириэдийэ, салҕана турдаҕа.
Ийэттэн-аҕаттан бэриһиннэрбиттэрэ, өлүүлэтэн ылбыттара, кырдьык, элбэх эбээт, сир-дойду иччитин, омуна суох аахтара билэттиир ыал оччолорго даҕаны аҕыйаҕа. Айылҕа киһитэ буолан, аҕалара Сэмэн Буутабыс кыһын-сайын бултаатаҕа. Ол быһыытынан, кини ити дьарыгын уратытын, кыыл хаамыытын, сиэри-туому тутуһар булгуччулааҕын туһунан сибигинэһэн кэпсэтии, иһиттэн билии бу ыалга төрдүттэн баара. Ону ыһа-тоҕо киирэ-тахса кэпсиир сатамматын, сэрэхтээҕин, булт тэрилин ааҕа билэттииллэрин, тыытыллар-тыытыллыбат, атыллыыр-атыллаабат диэн эмиэ баарын быһаччы өйдүүллэрин быыкааларыттан буолуохтааҕын курдук ылыммыттара.
Онон билигин, Килиими иннигэр олордон баран, булт туһунан сэлэстэххэ, киһиҥ олоҥхо курдук, Орто туруу бараан дойду ол-бу оһуор-очур эгэлгэтиттэн саҕалаан баран, түҥ былыргы өбүгэлэрбит тэнийбэтэх-тыытыллыбатах үгэстэригэр тиийэ сэһэргээтэҕинэ, соһуйумуохха да сөп. Көр, дьиҥнээх улахан булчут ыччата оннук.
Айылҕа күүһэ киһиэхэ бэриллэр, кыаҕа кыра оҕоҕо иҥэр. Килиим бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийэ Таптал Чагда диэн дойдутугар биллэр хоһоонньут баар. Сэмэй саха ыалын кэрэһитэ, үс оҕо ийэтэ, сиэн «эбээ» диэн ыҥырар сааһыгар тиийэн налыйан, айар кукка умсугуйуутун тылынан таһаарар уратылаах үтүөкэн дьахтар. Атыттар да төрүт удьуордарыттан матарыллыбатахтарын дойду сир дьоно көрөн олордохторо. Ону ааҕа ыйаттаан биэрэр эмиэ саха сиэригэр баппат. Баардаах кирийэр, кураанах-көҥдөй дорҕоонноохтук түөһүн тоҥсунар кэмигэр киһиргии сатыыры күөртүүр түктэри. Ол быһыытынан, холобурга, кыраны сэрэнэн сэгэтэн, сибигинэйэ былаастаан билиһиннэриибит Килиим эрэ тула буоллун.
Дьиэҕэ баар араадьыйаттан туохтан да кэрэ куолас киэһэ-сарсыарда иэйиилээхтик ыллыыр. Ийэлээх аҕата: «Ити Амма ырыаһыта Ольга Иванова», – дэһэллэр. Эчикийэ доҕуһуола даҕаны үчүгэйэ, ханнык да ырыаһыт киэнигэр маарыннаабат.
«Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар,
Долгуннуу эбиллэн үүнэллэр норуоттар…»
диэн тыллары Килиим соһуйа истэр уонна сөпсөһөр, кырдьык ээ, ким барыта ийэлээх. Оннооҕор кыыллар. Киһи оҕото араас эбит буоллаҕа: кимиэнэ эрэ герой, кимиэнэ эрэ гений, кимиэнэ эрэ… Килиим. Тыый, тугун дьиктитэй? Эллэй хоһоонун улууканнаах ырыаһыт Ольга Иванова ырыа матыыбыгар олордон аан дойдуга көтүппүтэ кырачаан Килиим төбөтүгэр соһуччу хатаммыта. Боп-боростуой ийэ барахсан төрөппүт кыра бэйэлээх оҕото хойут, улааттаҕына, герой буолан тахсар эбит дуу диэн аан бастаан толкуйга түспүтэ. Оччотугар бэйэтин норуокка кыттыгастаах курдук санаабыта. «Оттон мин…» диэхтии соһуйан иһиллээбит омунугар аны:
«Эн, кини уонна мин ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин илгэтин испиппит…»
диэн, көрөн туран кэпсэтэр курдук салгыы, көнө-судургу тыллар көтөн испиттэрэ. Чахчыта оннук, кини ийэтин эмэн соппойорун өйдүүр ээ. Икки атаҕынан таймаҥалаан, тэбиэлэнэн оонньуу-оонньуу, ийэтин эмиийин төлө тутумаары, быыкаа тарбахтарынан кымаахтаан чыраахтаһара бу баарга дылыта. Минньигэс да баҕайы аһыттан арахсымаары араллаан бөҕөтүн тардара… Үһүн лаппа ааһыар диэри аны хаампатах эбит. Онон көтөххө сылдьан, бу санаатахха, аан дойдутун төрдүттэн улахан киһи хараҕынан анаарбыт эбит. Ону кини билинэр, олус күндүтүк саныыр, оннооҕор бииргэ мэниктиир оҕолоруттан кыбыстыбат, наада буоллаҕына билиниэн да сөп.
«Күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн, таптыаҕыҥ ийэни…»
Чахчыта даҕаны! Мин ийэм бу сир күнүн санатар, кини дьиҥнээх Күн! Ити ырыаттан иһийэ долгуйбут уолчаан сааһа букатын аҕыйах этэ. Баара эрэ сэттэлээҕэ дуу, аҕыстааҕа дуу. Ол эрээри ити күнтэн ыла ийэтин дьиҥнээх Күн курдук көрөр буолбута. Олоҕун тухары. Оннооҕор тиһэх ыарыытыгар сытар эрэйдээх хайа да оҕолоруттан Килиимэ бүөбэйдиирин ордороохтуура. «Оҕом илиитэ сымнаҕас, эһиги киһини мас курдук тутаҕыт» диэн үҥсэргээбиттээҕэ. Онон, букатын барыар диэри, Күн Ийэтин илиититтэн араарбакка көрбүт – Килиим.
– Ийэм барахсаны, субу сотору кэминэн… суох буолуон сэрэйдэрбин даҕаны… араастаан аралдьыта, кэпсэтэ сатыыбын. Артыыс талаана итинниккэ табыллыбат, тахсыбат… Ийэм, дьиҥ иһигэр, мин саататарбар наадыйбата да буолуохтаах. Бу санаатахха, бэйэбин курдаттыы да көрөөхтүүрэ ини. Ол да буоллар оҕотун хомотумаары-хоргутумаары, хара күүһүн муҥунан өйүү сатыы сытаахтаабыта… Кини баара эрэ 58 саастааҕа. Куолубунан сүрэҕин иһиллии турбутум, «баран эрэр» киһи сүрэҕин тыаһын истибит аҕыйаҕа буолуо. Оттон мин тапталлаах Күн Ийэм сүрэҕэ, бигээн тутан турдахпына, 5 чааһы 11 мүнүүтэ ааһыыта… тэппэт буолан хаалбыта, үйэлэр тухары тохтообута. Ити – мин олохпор саамай сүдү сүтүгүм…
Килиим тумус туттар дьоно – ийэлээх аҕата. Биир да бэлиитик, билиҥҥи-урукку кэм өйдөөхтөрө, улуу бөлүһүөктэрэ буолбатахтар, утарытынан, этинэн-хаанынан билбитэ, айах атан кэпсэппитэ-биһирээбитэ, хараҕынан таптыы-харыһыйа көрбүтэ кинилэр – ийэтэ уонна аҕата. Өйдөөхтөн өйдөөхтөр, мындыртан мындырдар, хоһуунтан хоһууннар, күүстээхтэн күүстээхтэр уонна ыраастан ыраастар!
Кинилэр уолларыгар сыһыаннара урут сэбиэскэй кинигэҕэ айымньы буолан киирбит улуу Ленин ийэтигэр сыһыанын сахалыы олоххо дьиҥ көстүүтэ этэ. Биир мөҕөр тылынан хаҕыстык хаарыйбатах, сэмэлээн муннукка-ханныкка анньыбатах, мэлдьи сүбэ-эйэ тылларынан сирдэппит үтүөкэннээх иитии бу дьиэ иһигэр баара.
Дойдуга тапталы иҥэрбит эмиэ – кинилэр. Иитиллибит, төрөөбүт сир ураты тыынын кимнээҕэр да уйаҕастык букатын кыратыгар ылыммыт буолан, Килиим дойдулууругар билигин даҕаны остуоруйаҕа кэриэтэ, икки санныгар аарыма кынаттар сараччы үүнэн тахсар курдуктар. «Дойдулуубун!» диэтэҕинэ атыннык үктэнэр, туспатык тэринэр, маарыннаабаттык хамсанар, иһиттэн эрчимирэр. Дьикти. Ол эрээри, ити кырдьык.
Ийэлээх аҕатын таптыыра бэрт буолан, иккиэннэрин тэҥҥэ биир тылынан, Күн Ийэтинэн, сирэйдиир. Сири-сибиири атаҕынан арсыыннаабыт кырдьаҕас сонордьут аҕата, 70-ча сааһыгар бу олохтон барыар диэри, уола мэлдьи «мин ийэ оҕотобун» диирин мындырдык ылынан истэрэ. «Ити кынаттаах тыл. Ийэ оҕолоро буолбаккаҕыт? Ийэҕититтэн кэллэххит. Барыны ийэҕитинэн мээрэйдииргит сөп. Ийэҕит айылҕата ону сөбүлүүр. Ийэҕит эрэйдээх баар буолан аҕалааххыт, айбыттааххыт өйдөнөр», – диэн турардаах.
Ол иһин Килиим куруук киэн туттан этэр: «Мин ийэ оҕотобун». Ол аата Ийэ сир ииппит ыччата. Ийэ дойдуттан тардыылаах алаас уола.
Былыргылар этэллэрэ үһү, «икки тэҥнээх булсан ыал буоллахтарына ыччаттара дьоллоох буолаллар» диэн. Буутабыстар оннук ыал этилэр. Ийэлэрэ Кэтириис барахсан ииһэ-күөһэ бэйэтин киэнэ, кини сатаабатаҕа суох. Түүлээҕи кытта чараас сайыҥҥы таҥаһы тэҥник иистэнэрэ. Оннук илиилээхтэр аҕыйахтар. Наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура, арааһы барытын айан көрөрө сатанарын эриэхсит! Оннооҕор мас эпиилкэтин силимҥэ булкуйан иһит оҥордоҕуна көрүөҥ этэ, ханнык да маҕаһыыҥҥа атыыламмат сиэдэрэй көстүүлээх буолара. Саамай дьиктитэ ол тугу эмэ дьарыгыра олорон малларын, илиитигэр туппутун кытта киһи курдук кэпсэтэр идэлээҕэ.
Килиим ийэтин билигин да суохтуур, санаан кэллэҕинэ хараҕын уута ыйытыыта суох ыгыллар… Кэтириис барахсан оруобуна уон сыл быарынан ыалдьан бараахтаабыта. Ол төрүөтэ эмиэ дьиктитэ. Олорбут дьиэлэрин кэҥэттэ сырыттахтарына, ол көҥдөйүгэр сылгы киирбитин таһаараары гыммытын, түҥнэри көтөн ааспыт. Итинтэн сыыстаран наар балыыһалары кэрийэн, ыйы ыйдаан, ардыгар сылы супту эмтэнэр аакка барбыт. Онно да быраастара тута эппиттэр, уһаатаҕына уон сыл барыа дуу диэн.
Дьиэтигэр кыра уола Килиим сырыы ахсын балыыһаттан кэлэригэр ахтан аҥаара буолан тоһуйар. Ийэ бэйэтэ да уолун ахтаахтыыр, оҕото кинитэ суох олус туоххаһыйар. Оччолорго төлөпүөн ыалга барытыгар баар буолбатах, кэпсэтэр сириҥ биир, почтаҕа баран «переговор» сакаастыыгын. Бэһискэ сылдьан бу барахсан, ийэтин саҥатын истээри, почтаҕа атаһын кытта барар. Ол истэхтэринэ ытырыык ыт түбэһэн уол үрдүгэр түһэр. Айака-дьойоко буолбатах дуо? Доҕоро уол биир илиититтэн тардар, ыт анараа өттүттэн… ыһыы-хаһыы, сары-ору. Хата, доҕоро уол, аара уһаат үрдүгэр сытар ураҕаһы таба көрөн, онон ытырыыгы сабырҕаппытыгар анарааҥҥыта биирдэ куотар. Почтаҕа дьүһүн-бодо, хаан-сиин буолан киирбэттэр дуо? Соһуйуу-өмүттүү буолар:
– Иэдэ-эн, хайдах гынабытый…
– Хаһ-аай-ысты-банн-ай мыы-ла… ү-чүү-гэ-эй үһү, – ытыырын быыһыгар Килиимнэрэ ыйа сытар.
– Ону эн хантан биллиҥ?? Ким эппитэй?
– Бы-лыр-ыын бэт-эри-нээр- дэрр кэп-сэп-пит-тэр-ээ…
– Тыый, туох өйдөөх оҕотой, – дэһэ-дэһэлэр, хайыахтарай, хаанын чаккыраппытынан, почта дьахталлара биэлсэргэ илдьэн абыраабыттар.
Килиим онно ытаабытын ытырыллыбыт ыарыыбыттан буолбатах, ийэбин кытта кэпсэппэккэ хаалбыппыттан диэн билиҥҥэ диэри ол ыкка абарар…
Дьэ ити. Оттон аҕата эмиэ көннөрү буолбатаҕын оҕолоро хойут өйдөөбүттэрэ. Биирдэ сааһыран олорон кыра кыыһыгар эппит:
– Эдьиийдэргин, убайдаргын барыларын мус. Улахан остуолла тэрийиҥ, – диэн.
Тук курдук мустан аһыы олордохторуна аҕалара Буутабыс:
– Чэ, тоойдоруом, аны аҕыйах хонугунан, иһэ үлүннэҕинэ икки-үс хонугунан, барыахтаах сирбэр аттанарым буолуо. Өллөхпүнэ ытаан-соҥоон эрэйдэнээйэҕит, ити байтаһын сылгыны туттаарыҥ, бырааһынньык курдук атаараарыҥ… Кэлбит дьону үчүгэйдик көрсөөрүҥ…
– Аҕаа, ону-маны тыллаһаҥҥын. Бачча этэҥҥэ сылдьаҥҥын, аньыы даҕаны! – дэспиттэр оҕолоро.
– Ээ, түүлүм-битим оннук, – диир оҕонньор.
Оруобуна эппитин курдук, үс хоноот, аҕалара «элэс» гыммыт. Наһаа соһуйбуттар, аһыйбыттар. Килиимҥэ, куоракка сырыттаҕына куһаҕан сонуну эдьиийэ эрийэн эппитигэр, дьиктитэ баар, соһуйбатах. Аһары астаран иһигэр санаабыт: «Алаатыгар, аҕам барахсан баран хаалбыта, аймалҕана да суох эбит дии», – диэн итэҕэйбэтэх курдук буолар. Итинник дойдутугар уу чуумпутук тиийэн кэлэр. Дьиэлэрин таһыгар убайа хоруоп оҥоро турарын көрөн баран, дьэ, ытаан уйа-хайа суох барар. Онтон иһирдьэ киирэн чуо аҕатыгар чугаһыыр, илиититтэн тутар уонна эмиэ дьикти, сонно тута, уоскуйан, хараҕын уута кууран хаалар. Килиим гостуруолга сылдьыбыт видеоларын аҕалбытын истэн, аҕалара соруйбутун курдук, тэлэбиисэргэ холбоон көрөллөр, бохуруонаҕа кэлбит ыаллара бары көрөн, онно аралдьыйан үөрэн-көтөн, ким да ытаабат-соҥообот. Көмөр күннэригэр ып-ыраас чаҕылыйар күннээх күн үүнэр. Буутабыс кырдьаҕастарын субу таһаарыахтарын аҕай иннинэ чуо кинилэр дьиэлэрин үрдүнэн ардах курулаччы кутар уонна оннук омуннаахтык тохтоон хаалар. Онуоха аҕаларын, сир-дойду иччитэ итинник атаарар эбит, «суолун сабынна» диэн өйдүүллэр, саҥата суох, эппитин курдук, ийэлэрин таһыгар таһааран уҥуох тутан кэбиһэллэр. Улахан айылҕалаах аҕалара бэйэтэ дьаһайан барбытын курдук барыта уурбут-туппут курдук табыллан хаалар.
Иккис хонуктарыгар кыра балтылара түүн ортото утуйа сытар дьонугар сүүрэн кэлэн ааннарын тоҥсуйар. Куттаммыт аҕай:
– Наһаа ынырык… Паапа түүлбэр илэ киирдэ, субу, тыыннаах курдук уонна эттэ: «Бар, убайдаргар эт, ити дьиэттэн хайдах да барымаары гынным. Өрөмүөннэнэ турар салҕааһын дьиэ түннүктэрин туруордуннар уонна аанын таҥаһынан сабан кэбистиннэр. Чэ, итиэннэ үчүгэй баҕайытык олорооруҥ», – диэтэ уонна ааны наһаа күүскэ сабан тахсан барда, – диир.
Итини истэн баран уолаттар утуйа сытыахтара дуо. Ойон тураннар, кырдьаҕас аҕалара эппитин курдук барытын дьаһайан кэбиһэллэр.
Итинник, ийэлээх аҕа диэн сүүнэ айылҕалар. Ону ытыктыыр, билинэр уонна сүгүрүйэр саха киһитигэр бэйэтигэр наада. Кинилэр кынаттаах тылларын хааныгар иҥэриммит, ол күүһүнэн сүрэҕин угуттаммыт, хас биирдии дэгэтин мэйиитигэр хам хатаабыт уратылаах, саха аныгы киһитэ кэнэҕэскитэ күүстээх буола туруоҕа…