Читать книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - - Страница 2

I
Сырдык сыдьаай

Оглавление

Алаадьы төгүрүк алаас халдьаайытын үрдүгэр кэҥэс бааhына нэлэhийэр. Солко сымнаҕас баттаҕы имэрийэ тараан сэксэҥнэтэр курдук, тыал балаhата киистэ кутан эрэр бурдугу өрө-таҥнары уҥа-хаҥас долгуhута хоҥкуҥнатар. Бу Маппый оҕонньор өрдөөҕүтэ уолаттарынаан хара тыаны солоон оҥостубут бааhыналара этэ. Ол билигин холкуос биир бастыҥ бааhыната буолан турар. Бааhына кытыытын эргиччи хатыҥ мастар таптаан үүнэн кылбаhаллар. Бу алаас күөлүгэр саас аайы хаастар түhэн сынньанан ааhааччылар. Чоруун кэрэ бэйэлээх көтөрдөрү ким да бултаспат буолара. Кинилэр алааhы бэйэтин таптаан, ону ааhан, манна олохтоох икки атахтааҕы эрэнэн буолуо, түhэн өрөөн, сынньанан, салгыы ыраах айаннарыгар көтөллөрө. Алаас арыый намыhах аппатыҥы өттүнэн сыыры таҥнары үүнэн түспүт, үрүҥ хаастары кытары кэрэлэрин куоталаhардыы, толуу үтүөкэн хатыҥнардаах чараҥ бэрдэ сыыр аннын киэргэтэ суугунуу, намылыйа хамсыыр. Чараҥ аттыгар алаас өссө биир кэрэтэ, Саха сирин симэх отун эгэлгэлэриттэн бастыҥа – сардаана тэтэрэ үүнэн силигилиир. Биирдии укка хастыы да төбө үүнэн хараҕы манньытар.

Маннык үтүөкэн алааска күнү көрбүт, биhигин ыйаабыт Үүйэ кыыс бэйэтэ эмиэ нарын, чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтара мичээрдэрин кистээбэттэр. Сардааналыы көнө таhаалаах, уолан бэрдин сүрэҕин сүүйүөх номоҕон сэбэрэлээх, эйэҕэс үтүө майгылаах. Кини бүгүн доҕор уолун дьонугар билиhиннэрэ илдьэ иhэр. Уол дьонугар сылдьыбыттара. Кырдьаҕас аҕата, бииргэ төрөөбүт быраата соhуччу кэлбит үөрүүлэрин кистээбэтэхтэрэ. Биир кэм ис-истэриттэн мичээрдэhэ турбуттара. Күhүн үлэ-хамнас үмүрүйбүтүн кэннэ, аныгы олох сиэринэн, сэмэй уруу тэрийиэхпит дэспиттэрэ.

Үүйэ аҕата Маппый оҕонньор эдэригэр балаҕанын алааhын илин өттүгэр тыа саҕатыгар туппута. Бу – кыстыга. Оччолорго туруорбут сэргэтэ эргэрбит, хас хаар-ардах үрдүгэр үҥкүүлээн, хас тыал aaha көтө охсуолана мискийэн хараарбыта, хайыта барбыта сүрдээх. Буолумуна, оннооҕор кини, били эдэр-сэнэх элэстэммит бэйэтэ, оҕонньор буолан ньүксүллэн хаалла. Аргыый аҕай хааман лэппэрдиир. Сыл-хонук сыыдам, ааспыта эрэ баар. «Бу саамай кыра оҕом Үүйэм улааппытын көр», – диэн саныы-саныы сүгэ уктуу олордо. Балачча өр бадьыыстаhан, үлэтин бүтэрэн, сиhин туттан, айакалыы-айакалыы айгыстан турда. Кини суол устун иhэр дьону чарапчыланан балачча көрөн кыҥастаста. Кыыhын да, иhэр уолу да биллэ. Дьиэтигэр киирэн:

– Дьон иhэр, дьиэҕин өрө тарт, – диэн сааhыра быhыытыйан эрэр эмээхсинин соруйда. Бэйэтэ көмүлүөгүн оттон, чаанньыгар ып-ыраас муус уутун кутан кылыгыратан, оргута уурда. Үүйэлээх киирэн кэллилэр.

– Ыаллар, туох сонун баар? Кэпсиэҥ, – диэт уол оҕонньорго илиитин уунна.

– Ийээ, аҕаа, бээ, мин чэй бэлэмнэhиим, – диэт Үүйэ соҕуруокка кэннигэр түстэ.

– Дьэ, Маппый оҕонньор, Үстүүнньэ эмээхсин, мин эhиги оҕоҕутун таптыыбын, биhиги кинилиин ыал буолуохха диэн сөпсөhөммүт, бу эhиэхэ кэллибит. Ону эhиги, кыыстаах дьон, туох диигит?

– Биhиги кыыспыт бэйэтэ сөбүлүүр буоллаҕына, туох диэн утарыахпытый? Үчүгэй олохтоох ыал буолуҥ. Оҕолоох-уруулаах, сүөhүлээх-сылгылаах, дьоллоох-соргулаах ыал киэнэ мааныта, дьоhуна буолуҥ! – Маппый арыылаах лэппиэскэни уотугар биэрдэ. Үстүүнньэ тиэстэ оҥоро охсон алаадьылаан, бэрт минньигэс сыт алаас устун тарҕаата. Дьол-соргу кынаттаах чахчы дьоро киэhэ кэпсээнэ кэтирээтэ, саргыта сыдьаайда.

***

Хайдах эрэ син үчүгэй сайын үүнүөҕүн билгэлиэх курдук, саас салаллан кэлэн, самаан сайын диэки охтон эрэрэ. Ол эрэн, үөрүөх-көтүөх оннугар дууhаны баттыыр, санааны аймыыр бадык күлүктээх ыарык туох эрэ баара. Набаат буолан кутура дарбыйар табык доргуйа дуорааннана охсуллар тыаhын, барыны бары билэр-көрөр, өйдөөн истэр туспа дьарыктаах, көстүбэт эйгэ кистэлэҥнэрин эттэринэн-хааннарынан удумаҕалыыр сорох дьон куттара ытырыктата, уйулҕалара хамсыы, куттана истэрэ. Дьон боростуой өттө күн-дьыл эккирэтиитигэр, күүстээх үлэ үөhүгэр, күн өрүү бу курдук сымнаҕастык уста туруоҕунуу саныыра, оччо-бачча санаатын аралдьыппакка нус-хас олороро.

Күнүстэри-түүннэри өрө үллэн турбут түбүктээх кэм, сиэмэ ыhыытын күүстээх үлэтэ бүтэр уhуга кэлбитэ. Холкуос бары бааhыналарыгар сииги куоттарбакка сиэмэ ыhыллан бүппүтэ. Бааhыналар, оттонор ходуhалар күрүөлэрэ алдьаммыт өттө абырахтанан, ханна саҥа тутуллан эмиэ бүппүтэ. Уhун кыhын кыhалҕалаах кытаанах кыстыгын сымнаҕастык туоруурга саамай эппиэттээх от үлэтин кэмигэр диэри, быыһык кэм үүммүтэ. Арыый астаах-үөллээх күhүнү күүппэккэ, икки ыал чугас аймахтарын мунньан, уоллаах кыыстара холбоспуттарын бэлиэтээбиттэрэ. Алгыс этиллибитэ, ырыа ылламмыта, тойук туойуллубута.

Үүйэ киэhээҥҥи ыамын бүтэрэн, үүтүн учуоччукка туттаран баран, балаҕаныгар киирбитэ. Кэргэнэ Ылдьаа кэлэн, чэй оргуппут этэ. Атын ыыппыт быhыылааҕа, көстүбэт. Дьукаахтарын ийэлэрэ Ааныска киэhээҥҥи аhылыктарын остуолга тарда сылдьара. Оҕонньоро Өлөксөй таhырдьа күлүккэ илимин абырахтыы олороро. Кини бу холкуоска бостуук. Улаатан эрэр кыргыттардаах Ааныс көмөлөөhөөччүтэ элбэх буолан, ким хайа иннинэ ынахтарын ыан бүтэрээччи. Түргэн туттунуулаах Үүйэ өрүү иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксээччи. Матырыас, Суоппуйа, Балбаарыс утуу-субуу аа-дьуо сэhэннэрин-сэппэннэрин ортотугар бүтээччилэр. Кинилэр хаhан да ыксаабыттара биллибэт, өрүү нап-наҕыл, толуу, бидилийбит бэйэлээхтэр, бүтэр уhуга суох кэпсээннээхтэр-ипсээннээхтэр. Кыргыттар чуумпу киэhэлэргэ таhырдьа аhыылларын сөбүлүүллэр. Бу да киэhэ Матырыас дорҕоонноох күлүүтэ лаhыгырайан олорор, онно эпсэн Балбаарыс күлэн чачыгырыыра иhиллэр. Кэпсээннээх Суоппуйа төтөлө суох көрдөөҕү кэпсээн, дьүөгэлэрин үөрдэ олорор быhыылаах. Киэhээҥҥи аhылык кэнниттэн Ааныс остуолугар иистэнэр тэрилин тардынан, саҕалаабыт үтүлүгүн тигэн барда. Таhырдьа кыра-кырбас оҕо-аймах оонньоон аймалаhар айдаана тохтоон ылбат. Ньирэй көрөөччүлэр ньирэйдэрин аhата ыҥырар «мээх-мээх» дэhэр саҥалара эйээрэр. Топпут ынахтар Өлөксөй оҥорбут бөдөҥ түптэлэрин таhыгар сытан эрэн кэбинэр, сорохторо төттөрү-таары аалыҥнаhар тыастара иhиллэр. Сорох топпотох өттө күрүө нөҥүө мэччийэн кирдиргэтэллэр. Сайылыгы түптэ минньигэс сыта тунуйа кууспут. Нуурал киэhэ үтүөтэ үүммүт.

Үүйэлээх Ылдьаа, сайылык нус-хас олоҕуттан олох тэйэн, бэйэ-бэйэлэрин унаарыччы көрсөн мичээрдэhэ олороллор, уостубат таптал харахтарыгар сыдьаайар.

Күөлтэн үрүҥ паар алаас устун тарҕанан, хонууну толорон, халлаан диэки харбаста. Лаглайбыт хатыҥ намылыспыт лабааларын анныгар куустуhан турар уоллаах кыыhы дьонтон кистии оргуйан тахсыбыт туман үрүҥ түү быыhынан саба тарта. Таптал аптаах кыыма хаарыйда, сыдьаайа умайа угуйда. Эдьэн Иэйиэхсит тиксиhиннэрэр, ууга-уокка киллэрэр имэҥин уота кычыгылата кууhан, таала уулла сыллаhа-уураhа турдулар.

– Үүйэчээн, доҕорум сыыhа, чэйиий, ким да көрбөт.

– Кэбиис-кэбис, ким эмэ истиэ.

– Балаҕаммытыгар хата истиэхтэрэ, көмүhүм сыыhа-а, – итии итиинэн аҕылыы тыынар тыына, кулгаахха сибигинэйэр саҥа барытын быhаарда.

Үллэн турар хойуу туман намылыйан түспүт быыс, түү ньаассын cyopҕaн буолан уохтаах таптал минньигэс имэҥин туора харахтан, истэр кулгаахтан кистээн кэбистэ. Үрүт-үөhэ иитиллэн кэлэ турар таптал имэҥин уотугар өйдөрүн-санааларын сүүйтэрэн кыыстаах уол иэйэ-сайа сыппыттара.

– Үүйэ, бүгүн хойутуу кэлэбин. Арҕаа алаастарбытын кэрийэн көрө барабын. Таарыйа окко ким төhө бэлэмнээҕин көрүөм. Бэҕэhээ саҥа хотуурдары ыллара киhи ыыппыппыт. Ат сыарҕатын, сэбин-сэбиргэлин Акыым бэрийэр. Кыраабыл, атырдьах ахсаана аҕыйах. Сэмэн ыалдьан бэҕэhээ аҕыйаҕы оҥорбут этэ. Бу маннааҕы Өлөксөйгө ити эттим. Кини эмиэ оҥорсуо.

– Доҕоор, үтүлүктэргин тигэ сылдьабын. Хонтуораҕа уонна туох сонун баар? Хантан хонтуораҕа хаайтаран олоруоҥуй? Хонуу үлэтин биригэдьиирэ киhи үлэҥ саамай үгэнэ тиийэн кэллэҕэ дии.

– Бэрэссэдээтэл Өндөрөй Сэмэнэбис оройуоҥҥа мунньахха баран иhэрэ буолуо. Аан дойдуга быhыы-майгы бөрүкүтэ суох үhү. Apҕaa Дьобуруопаҕа үлүгэрдээх сэрии өрө үллэн тахсыбыт. Улуу Сталин ньиэмэс дойдутун салайааччытын кытта сэриинэн түhүспэт дуогабардаах үhү. Онон дойдубут арыый эрэллээх курдук да… Ким билэр… Күн-дьыл көрдөрүө.

Таhырдьаттан:

– Суоппуйа-а, ньирэйиҥ тахсан ийэтин эмэн эрэр, – хаhыы иhилиннэ.

– Ээ, сатана баара, – диэн ыксаабыт саҥаны кытта кытыгырас атах тыаhа тибигирэйэ турда.

– Үүйэ, эн сарсыардааҥҥы ыамҥын ыы сырыттаххына эн дьоҥҥор баран кэллим ээ.

– Эс, оччо түргэнник дуо? Хайдах олороллор?

– Этэҥҥэлэр. Аҕаҕар оҕус сыарҕатын оҥотторобут. Дэлби бэлэмнээбит уонна хайыы-үйэ саҕалаабыт. Быраатыҥ көмө бөҕө киhи, доор. Ийэҥ оҕом кэлэ да сылдьыбат, аҕынным аҕай диир.

– Хайа, бу чэйбит төhөлөөтө? – диэбитинэн Өлөксөй киирэн кэллэ. – Ылдьаа, мин кыраабыл угун быhан кэллим. От өлгөмө суох эрээри, ситэн эрэр курдук көрдүм.

– Ээ, оннук. Сотору оттуу тахсабыт. Көлөлөр аттарыллан тураллар, биригээдэлэр бэлэмнэр. Ити тэриллэрбит ситэ иликтэр. Ат сэбэ ымпыга-чымпыга элбэх, кыраабыл ыллын да түргэнник тута оҥоhуллубат. Хата, оҕонньотторбут илиилэрин үлэттэн араарбат буоланнар, барыбыт бары син бүтэн, ситэн иhэр.

Ааныска күөрчэх ытыйан бидилитэн остуолун ортотугар уурда: «Оруоса, киирэн аhааҥ!». Утуйа сыппыт Маайыс ити хаhыыттан уhукта биэрэн олоро түстэ. Хараҕын туора-маары соттумахтаан таhырдьа ыстанна. Сотору кыргыттар тэҥҥэ киирэн, аhаан бардылар.

Үүйэни ийэтэ мүhэлгэтин туолан иhэн оҕоломмута. Инньэ гынан, элбэх оҕоттон саамай кырата, этэргэ дылы, ohoҕoc түгэҕинээҕи оҕото, эбиитин тыыннаах хаалбыт соҕотох кыыhа буолан, оҕонньорунаан иккиэн наhаа атаахтык ииппиттэрэ. Эдэр сааhыгар эмискэ ыалдьан өлбүт уолларын уолун – сиэннэрин иитэ ылбыттара, улаатан эрэр. Кинилэр бэйэлэрин кыанар ыал этилэр. Холкуоска киирэллэригэр, оҕолоругар биирдии ынаҕы, бэйэлэригэр биир ынаҕы, oҕyhy хаалларбыттара. Сүөhүлэрин сороҕун, атыыр оҕустарын, аттарын, биэлэрин холкуоска холбообуттара. Эдэрдэр кыhамматахтара. Оҕонньордоох эмээхсин хараастыбыт омуннарыгар хас да күн сыта мээрик буолбуттарын санаан ыла, Үүйэ дьонун алааhын саҕатыгар киирдэ.

– Хайаа, кыыспыт иhэр, – диир ийэтин саҥатын истэн, хаамыытын түргэтитэн сэгэйэн истэ.

– Ийээ, aҕaa, дорооболоруҥ!

– Сыччыай, кэлбитиҥ аата үчүгэйин. Aҕaҥ илимигэр собо бөҕө киирбит. Бу үөлэ сылдьабын. Ыл сиэ.

– Ийээ, кыра бурдук уонна куhуок саахар кэhиилээхпин, Ылдьаа бэҕэhээ аҕалбыта.

– Дьэ бэрт, үчүгэй, алаадьылыам. Быраатыҥ Миисэ эhэтинээн оҥорбут сыарҕаларын туттара барбыта. Кэлэн саахар сиэн төhө эрэ үөрэр.

– Ылдьаа тугу кэпсиир? – Маппый оҕонньор сонуну истээри мылаллан олорон ыйытта.

– Aҕaa, кини ону-маны кэпсиир солото суох. Hahaa хойут кэлэр, наhаа эрдэ барар.

– Буолуо, бу үлүгэр от кэмэ кэлбитин кэннэ хантан кини олоруо, иллэҥнэниэ баарай. Сааhын үчүгэй сайын кэлиэх курдуга да, ардах аанньа түспэккэ, аhыҥа туруох быһыыланна. Дьэки курус сайын саҕаланна. Тугу түүйэн эрдэҕэ буолла, – диэн арыый этинэн-хаа- нынан ону-маны удумаҕалыыр Үстүүнньэ эмээхсин санньы-курус туттан кимиэхэ да туhаайбакка саҥарда.

– Кырдьык, дьиибэ сайын. Окко киирии субу кэллэ, ардах суох. От иинэҕэс. Дьэ кэлэн ардахтаан абыраабата буолуо, хата, оту атахтыа, – оҕонньор кураанах хамсатын соппойон суубурҕатан ылла.

– Түүл-бит эмиэ мөлтөх, туох үлүгэр буолаары гыннаҕай? Сыччыай, Ылдьаа тугу эмит быктарар дуо? Хомуньуустар кистииллэрэр буолуо, – эмээхсин туоhулаhа олордо.

– Соччолооҕу кэпсээбэт. Баҕар, кистэтэллэрэ буолуо. Хомуньуус- тар үнүр мунньахтыы сылдьыбыттара. Ылдьаа дөйбүт курдук буолан кэлэн, тута оронун булбута. Hahaa сылайбыт дуу, биитэр ыалдьыбыт дуу диэн тугу да туоhуласпатаҕым.

Таптыыр аhын – үөлүллүбүт собону тото сиэн, эбиитин балык кэhиилээх кыыс эдэр саас сымса-сылбырҕа хардыытынан дыгыйа үктээн, чараас тыаны өр гыммакка быhа түспүтэ.

Суостаах кэм өргөһүгэр

Подняться наверх