Читать книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - - Страница 3

II
Сор аана

Оглавление

Ардаҕа суох кураайы сайын оройо үүммүтэ. От иинэҕэhэ, ол да буоллар үүммүт от ситэн, дьон окко туруммута. Алдьархайдаах иэдээн ыган иhэр сибикитин сэрэйбэккэ, эдэр дьон күлэ-үөрэ үлэ үөhүгэр түспүтэ. Аҕыйах кэбиhиилээх от тураатын кытта, кэмнээх-кэрдиилээх курдук, уоттаах сэрии улуу дойдуну уоттуу салаан барбыта. Сайын сэриини кытта тэҥҥэ уларыйбыта, күнүн көрдөҕүнэ тыалыран силбиэтэнэрэ. Киhи дууhатын амньырытар тоҥ былыттардаах, тымныы күннэрдээх сайыҥҥа кубулуйбута. Төрүт да иинэҕэстик үүммүт от куурбута, хаппыта. Дьон эдэрэ сэрии кэмин уталытыллыбат балаhыанньатынан, фроҥҥа ыҥырыллан, тоҕо тардыллыбыт харах уутун аhыытын ортотугар, саба халыйбыт алдьархай быыhыгар сэриигэ аттаммыта. Холкуос кураанахсыйбыта, дьоно-сэргэтэ аҕыйаабыта. Иэдээн дьиэни, ыалы барытын өҥөйбүтэ. Саатар байыаннай балаһыанньа диэн, дьону дьонун кытта бырастыылаhыннарар бириэмэ, көҥүл биэрбэккэ, хаайыылаахтары тутан ылан илдьэр курдук, хаҕыстык хомуйан, грузовой массыынаҕа ыган-түүрэн олордон илдьэ барбыттара. Ол хаалааччылар өйдөрүн-төйдөрүн ытыйбыта, санааларын быспыта.

Үүйэ кэргэнэ Ылдьаа быраатынаан иккиэн арҕаа уотунан силлиэрбит сэриигэ бастакы хомуурга барбыттара. Сэриигэ аттанааччылар бары Гитлер хааннаах фашист үөннэрин үөрэҕэстээн баран, сотору эргиллэн кэлиэхпит диэн эрэл санаалаах бараахтаабыттара да, хастара ол уот олгуйтан ордон кэлээхтииллэр. Үүйэ кэргэнэ: «Төннүбэт дьылҕаланнахпына, эн миигин аhыйан, ытыы-соҥуу соҕотоҕун сылдьаайаҕын, кэргэн тахсан, олохто олороор», – диэхтээбитэ.

Холкуос сүөhүтэ кыстыгы ahapa кырыымчыктык кыстыыра сабаҕаламмыта. От былаанын аҥаара эрэ оттоммута, ону да төрдүгэhэ, иҥэмтиэтэ cyoҕa буолбута, аhыҥа сиэн иэдэппитэ. «Сырдык суола» холкуос бырабылыанньата, бэрэссэдээтэл Андрей Семенович ыксааннар, нэhилиэк күөллэрин, хомустарын салааны да ордорбокко ходуйарга, үрэххэ былах, хатыҥ мастары суулларан намчы лабааларын быhан, сүөhүгэ сиэтэргэ эппиттэрэ. Анал биригээдэ тэрийэн, хатыҥ лабаатыттан сиилэс охсон барбыттара. Ол дьаhалы ылынан Силип оҕонньор бэйэтин алааhын бөдөҥ күөлүн хомуhун ходуйа сылдьан, дулҕаттан иҥнэн тымныы ууга таҥастары-майдары бар гына түспүтэ.

Киниэхэ көмөҕө Лэгиэни ыыппыттара түбэhэ кэлэн, уот оттон, онно иттэн, оҕонньор, хата, тымныйбатаҕа. Лэгиэн уус бу эрэ күн хомус ходуйа кэлбитэ. Дьиҥэр, бэйэтин тустаах үлэтэ өрүү элбэҕэ, уус киhи уhанар кыhата хаhан да сөҕүрүйбэккэ өрүү кытыаста кыыhара. Тимири балталыыр чыҥырҕас тыас быыстала суох тибийэрэ.

– Ыччыы-ычча, Лэгиэн, кэлбэтэҕин буоллар, өтөр кыайан уот оттуммакка, тоҥон тымныйыам эбитэ буолуо. Онтон сылтаан кырдьаҕас мөлтөх киhи атахпын тэҥниэм ыраахтан буолуо суоҕа эбитэ ини. Ыччакайбын даа, ыччакайбын! – Силип уокка саба түстэ, үлүйэн бабыгыраа да бабыгыраа буолла. Кини, Лэгиэн иккис ыстаанын кэтэн, бэйэтин киэнин уокка сарахыта ыйаата.

– Силип, ыл, итиитэ киллэр, чэйдэ ис, тута ириэҥ, – диэн Лэгиэн саҥа оргуйбут чэйдээх куруусканы уунна.

Силип Лэгиэнниин араа-бараа буолуохтара, apaaha, саастарынан aҕыс уончалара. Дьыл-хонук диэбиккэ дылы, саас ыраатан, уҥуох ыараабытын дьэ өйдөөбүттүү өрө тыынна. Эдэрчитэ эбитэ буоллар ити дyлҕaҕa, силискэ иҥнэн бэрт. Хата, хотуура туох да буолбатах. Силип сээкэйи-үгүhү баллыгырыы, былыргытын үөтэрэн ахта, кулуhунун аттыгар таҥаhын эргитэн биэрэ куурда хаалла. Лэгиэн хомус ходуйа күөл диэки баадайа турда.

***

«Эйэлээх кэм эбитэ буоллар, көмүс күhүн барахсан күлүмүрдээн aҕaй кэллэ диэх эбиппин, ону баара, ыар кэм тымныы xaҕыс күhүнэ санньы-курус кутурҕаҥҥа сууланан, күтүр тыалынан сирэйи-хараҕы үлтү сабаан турда эбээт», – диэх санаа Үүйэ өйүгэр охсулунна. Кини тоҥмуттуу кумуччу тутунна, иннин хоту күүстээх тыалы силэйэн эрдээхтик хардыылаан истэ. Кини аҕатынаан оттук мас тиэйэн иhэллэр. Кыыдааннаах кыhыҥҥа бэлэмнэнэн оскуолаҕа уонна интэринээккэ, тустаах үлэ таhынан, оттук мас бэлэмнээн тиэйэн киллэрии улахан дьоҥҥо эбилик үлэ быhыытынан түhэриллибитэ. Ол чэрчитинэн Үүйэлээх бу иhэллэр. Кинилэр хомуллубут бааhына кытыытынан ааhан иhэн көрбүттэрэ, бааhына ортотугар дьон сылдьара. Хонуу үлэтин биригэдьииринэн саҥа анаммыт Киргиэлэй Бөтүрүөп, дьон кинини Торгуйунан билинэр, күргүйэ киэhээҥҥи дьыбарга оргуйан олороро. Туох буоллаҕай диэн чугаhаан кэлбиттэрэ, кытыы алааска олохтоох сэриигэ баран уоттаах кыргыhыыга өлбүт Дьөгүөр кэргэнэ Кэтириис уончаларын ааhан иhэр уоллаах кыыhынаан ытаhа тураллара. Торгуй кыыла турбут сирэйдээх-харахтаах, субу саба түhэн тырыта тыытыах кырбый кыыллыы, кырыктаахтык кыбдьырына сутуругунан салгыны охсуолуу, өрүтэ дьохсороҥнуу турара. Оҕолор эрэйдээхтэр ыга туппут сутуруктарын быыhынан биир сиэмэ хаар былааhыктаах тоҥ буорга топ гына түспүтэ. Кэтириис муҥнаах сонун сиэбэ кыратык үллүбүт этэ. Үүйэлээх тугу гыныахтарын билбэккэ мух-мах баран турдахтарына, Торгуй сиэбиттэн мөhөөччүк хостоон таhааран, онон-манан көстө сытар хаардаах тоҥ бааhына буоруттан, үлүйэн өлө сыhан хам аччык бэйэккэлэрин быыкаатык өллөйдөөрү өлүү-олох мөккүөрүгэр сылдьан, үhүөн хомуйбут сиэмэлэрин сыыhын куттаран ылбыта.

– Аата сүрүн! Ол суор-тураах сиэхтээх, хаар анныгар хаалыахтаах этэ дуо? – Үүйэ халыйан тахсыбыт хараҕын уутун туора садьыйан кэбиhэ-кэбиhэ абаран ыйытта.

– Тугуй ол, эн эмиэ сокуону утаран бэрэдьиитэл буолаары өргөйдүҥ дуо? – Торгуй бардьыгыныыр хаhыытын быыhыгар силэ ыраах ыстана бырдааттаан ылбыта.

Сарсыныгар бэрэдьиитэл диэн соҥноон Кэтирииhи дьыала оҥорон хаайбыттарын, дэриэбинэ кыра-хара өттө харааста истибитэ. Киэhэ хойут оройуон кииниттэн боломуочунай тахсан, нэhилиэк салалтатын кытта кыттыhан, дьону мунньан мунньах ыытта. Эр киhитэ, эдэр дьоно барыта сэриигэ барбыт нэhилиэк сүрүн дьоно оҕо-дьахтар, эмэхсийбит эмээхсин-оҕонньор, соххор доҕoлoҥ, ыарыhах муhунна. Боломуочунай Николай Дмитриевич Иванов тыл этэн барда:

– Apҕaa үлүгэрдээх сиэмэх сэрии, кырыктаах кыргыhыы бара турар. Онно Ийэ дойдуларын хас уллуҥах сирин иhин Сэбиэскэй аармыйа саллааттара, ол иhигэр маннааҕы эhиги дьоҥҥут кытта, дьоруойдуу oxcyha сылдьаллар. Сүтүк муҥура суох. Гитлер сиэмэх фашистара, хаанымсах халабырдьыттара сэбиэскэй дойдубут хаарыаннаах бөдөҥ куораттарын, ахса суох элбэх дэриэбинэлэрин урусхаллаатылар, эйэлээх нэhилиэнньэни өлөртөөтүлэр. Билиэн ылбыт дэриэбинэлэрин сир үрдүттэн суох оҥоро имири эстилэр. Ол курдук, Белоруссия Хатынь дэриэбинэтин дьонун барыларын сарайга симэн баран, уоттаан кэбистилэр. Дэриэбинэни тааҥкаларынан тугу да ордорбокко үлтү күртүлэр. Сиэмэх өстөөх биhиги улуу куораттарбытын тохтоло суох буомбалыыр, кэрээнэ суох урусхаллыыр. Хас нэhилиэнньэлээх пууннар, куораттар, хас атах уллуҥаҕа сэбиэскэй сир иhин кыырыктаах кыргыhыы күнүстэри-түүннэри бара турар. Өстөөх сэриилэрэ күүстээх бэлэмнээх буоланнар, биhиги Ийэ сирбитигэр балачча дириҥник өтөн киирдилэр. Сэбиэскэй аармыйа, сэбиэскэй норуот, бартыhааннар өстөөҕү утары өлөллөрүн умнан туран хорсун-хоодуот утарсыыны оҥороллор. Биhиги, ыраах тыылга олорооччулар, туох баарынан, туох кыалларынан хаанымсах фашиhы суулларар иhин охсуhуохтаахпыт. Биhиги аармыйабытын хааччыйарга элбэх сэрии сэбэ, ас-таҥас наада. Фроҥҥа анаан итии таҥаста тигэн туттарыҥ. Уонна ким да суопсунас сүөhүтүн өлөрөн сиэ суохтаах. Туох аhы барытын, эти-арыыны фроҥҥа ыытабыт. Онон өйдөөҥ, байыаннай кэм уурааҕынан ким да көҥүлэ суох бэйэтин сүөhүтүн өлөрүө суохтаах. Ити бобууну кэспит киhи байыаннай кэм суутунан кытаанахтык сууттанан хаайыыга барыа. Эhиги өттүгүтүттэн ханнык да сыыhа-халты туттунуу суох буолуохтаах. Гитлер хаанымсах үөрэ – барыбыт өстөөхпүт. Бары кыаххыт баарынан үлэлээн-хамсаан иhиҥ. Сталин иhин! Кыайыы иhин! – диэн этиитин түмүктээтэ.

Кини кэнниттэн Торгуй турда:

– Бэҕэһээ Сиипсэбэ Кэтириис холкуос бааhынатыттан көҥүлэ суох уоран сиэмэ итигэстии сылдьан тутулунна. Ким итигэстээбит фронт туhатыгар туттарыахтаах. Ол булгуччулаах. Бэрэдьиитэл Кэтириис оҕолоругар ферма холбуур үүтүттэн нуорма бэриллэрэ тохтуур.

– Аҕалара сэрииттэн дезертирдээбэтэҕэ, дьоруойдуу охтубута. Оҕолору оройуон интэринээтигэр ыыппаккыт дуо? – кэлин эрээттэн симик ыйытыы иhилиннэ.

– Мин оройуоҥҥа киирэн ыйыталаhыам, миэстэлэрэ, бука, туолан турара буолуо.

– Биир да хаалбатын курдук итигэстээн туттарбыппыт дии. Оччо элбэх хаалбатаҕа буолуо ээ. Оччотугар бу oҕoлop хайдах буолаллар? Дуона суох хаар анныгар хаалыахтаах сиэмэ сыыhын иннигэр, ама да. Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан өлбүт саллаат тулаайахтарыгар…, – ким эрэ саҥаран эрдэҕинэ:

– Кинилэргэ үүт барбат. Ынахтар аhылыктара мөлтөх буолан, үүттэрэ кыра. Олох да уолан эрэллэр, – Торгуй иннин биэрбэт кырыктаах куолаhа, кини эрэ үрдүкү муҥур суут курдук, ыйытыыны саба хаhыырда.

Аччыктаан иэҕэҥнэс дьон ортотугар Торгуй эрэ тот көрүҥэ харахха быраҕылларын Николай Дмитриевич уота-күөhэ суох хараҕын дала дьиибэргээбитин таhыгар таhаарар, баҕар, бырааба cyoҕa эбитэ дуу, саҥарбата. Бэйэтин көрдөhүүтүнэн сэриигэ барбыт урукку бэрэссэдээтэл оннугар ананан кэлэн үлэлии сылдьар атын сир кыыhа Варвара Михайловна Матаннахова диэки көрөн кэбистэ. Бэйэтэ да хатыҥыр, ahapa ырбыт-сылайбыт кыыс тoҕo эрэ умса туттан олороро, дьөрү төбөтүн өрө көтөҕө сорумматаҕа. Туох баар боппуруоска барытыгар Торгуй баhылыырын, быhаарарын уонна кыыс туохтан эрэ этэ салаhа дьиксинэрин чинчийэ одууласпыт киhи таайыах курдук дьиктитик көстөрө.

Дьахтар, эмээхсин өттө күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн андаатар, куобах, тииҥ тириититтэн үтүлүк, бэргэhэ, кэтинчэ, баата ыстаан тигэр түбүгэр түhэн, көмүлүөк ohox сырдыгар түүн оройо ааhыар диэри, ардыгар түүнү супту иистэнэ олорор буолбуттара. Сотору фронт туhатыгар ким тугу биэрэрин хонтуораҕа испииhэктээн туппуттара. Үрүҥ, кыhыл көмүстэн араас оҥоhуктар: чаанньыгыттан-ньуоскатыттан саҕалаан дьахтар сүктэр симэҕэр диэри, ат киэргэлэ, ыҥыыр сирэйэ, дэйбиир уга, былыргы манньыаттар кырыы кырыытынан уhун остуол үрдүгэр кэккэлэспиттэрэ. Дьон куоталаhа-куоталаhа сойуомҥа суруттарбыта, сорохтор харчынан укпуттара. Бары илэ-чахчы турунан туран, тугунан эрэ кыайыыны уhансыстарбыт ханнык диэн санаанан салайтаран, туохтарын барытын, оннооҕор кэриэс-хомуруос тэриллэрин кытта харыhыйбакка аҕалан туттарбыта. Сотору ыраах фроҥҥа түгэх тыылтан итии таҥастаах баhыылкалар барбыттара. Уонна маннык баhыылкалары сэрии былаhын тухары ыытыахпыт дэhиспиттэрэ.

***

Акыым оҕонньор ыаллыы холкуоска олорор кыыhа улаханнык ыалдьан, өлөр охтуутун охтубутун истэн, сиэннэригэр көмө, доҕор буолаары күhүн эрдэ көспүтэ. Кыыhын тыыннааҕын баттаспатаҕа. «Сарыал» холкуоска үтүө суобастаахтык үлэлээн, аhыытын таhаарына сатаабыта. Өйүттэн-санаатыттан тапталлаах баар эрэ оҕото тахсан биэрбэтэҕэ. Күлбүт-үөрбүт сып-сырдык кыыhын мөссүөнэ өрүүтүн хараҕын иннигэр сылдьара. Ол кырдьаҕас киhиэхэ ыарахан этэ. Кыстык хаар кыыдамнаан эрдэҕинэ, Акыым оҕонньор бааhына күрүөтүн абырахтыы сылдьан, кутуйах хаhааhын булан, үтүлүгүн иhигэр кутан ылбыта. Ол үөрүүтүттэн эккирии турдаҕына, эрэй, сор-муҥ соҕотоҕун сылдьыбат дииллэринии, түбэhэ кэлэн, ыы-быччаччы тутан ылбыттара. Тугу да аахсыбат ыар кэм-дьыл соллоҥноох түгэнэ саба халыйан кэлэн, туура тутан, Акыым эрэйдээх хааhына сиэмэтин уорбут аатыран, хаайыыга барбыта. Онтон кини төннүбэтэ биллэр. Кини сиэннэрэ: биэс саастаах кыыс оҕо, аҕыс саастаах уолчаан, дьылҕа обургу кыhайан, кырыыс бөҕө кыттыhан, балаҕаннарын дуомугар ончу тулаайах хаалбыттара. Уолчаан ферматтан нуорма холбуур үүтүн ыла баран, холдьоҕуллан төннөн кэлээхтээбитэ. Аччыктаан кыайан саҥарбат буолбут, этэ-сиинэ испит балтын кууhан, ытыы сытаахтаабыта. Кинилэр өр барбатахтара. Кырыыстаах кэм сойуо аhыыта хабырыйбыт оҕолор эрэйдээхтэр тоҥмут өлүктэрин булан, бэйэтэ да сутаан, тайахха тэптэрэ сылдьар эhэлэрин убайа Силип Алааhап оҕонньор кэлэн, чычаас иин оҕото хаhан көмпүтэ. Кырдьаҕас киhи ытыы-ытыы, ытыhынан сири таптайа-таптайа, төкүнүйэ сылдьан айманыыта көрүөххэ дьулаан этэ.

Ол курдук көрөр-истэр харалтата суох хаалбыт сэрии оҕолорун дьылҕалара сор суоллаах хаhыы буолан быдаҥҥа көппүтэ.

***

«Сырдык суола» холкуос хонтуоратыгар сүбэ мунньах буола турар.

Варвара Михайловна, эдэр бэйэлээх сааhыгар тэҥэ суох олох олорбут аҕам дьахтардыы нүhэрдик туттан, оттомноох-дуоспуруннаах куолаhынан саҥаран барда:

– Табаарыстар! Арҕаа Аҕа дойду Улуу сэриитэ кытыаста умайар. Гитлер хааннаах үөрдэрэ, сиэмэх фашист аармыйата кимнэр кимэн иhэр. Биhиги саллааттарбыт кыырыктаах кыргыhыыга үгүс хаан тохтуулаах силлиэрбит сэриигэ хорсуннук-хоодуоттук охсуhаллар.

Оттон биhиги манна сэриини дaҕaha сабардаабыт суту кытта эрдээхтик, күүспүт кыайарынан, эрийсэ сатыыбыт. Холкуоспут сүөhүтүн барытын миэстэҕэ кыстатар кыах ончу суох. Райком ыйааҕын ылынан, баар cүөhү ахсаанын энчирэппэт, аҕыйаппат yypaaҕap олоҕуран, дьэ хайдах дьаhанан сүөhүбүтүн этэҥҥэ кыстатабыт диэн сүбэлэhэ муhуннубут. Бириэмэ ыгым, үлэ үгүс. Райком ити үлэбитигэр тэрийэр дьоҕурдаах хоту дойдубут ыраах оройуоннарынан сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, сырыы бөҕөнү сылдьыбыт Сергей Сидорович Омуковы анаан ыытта. Кини кэллэ кэлээт, быhайын фермаларбытын кэрийэн сүөhүлэрбитин, сылгыларбытын көрбүтэ. Нэhилиэкпит сирин-уотун барытын чинчийбитэ. Кини туох түмүккэ кэлбитин, туох этиилээҕин истиэҕиҥ. Баhаалыста, Сергей Сидорович.

– Табаарыстар! Кырдьык, кытаанах өтөр көрсүллүбэтэх кыhын иhэр. Эhиги элбэх сүөhүлээх-сылгылаах холкуоскут. От ончу кыра. Сайын үс биригээдэ тэринэн, өрүс эҥээрдээх оройуон икки ыраах нэhилиэгэр уонна биир үүнүүлээх үрэхтээх бэйэбит сирбититтэн-уоппутуттан салгыы сытар кырыы нэhилиэккэ оттоотубут. Элбэх сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы, көрдөhүү түмүгүнэн биэрбит сирдэрин олох тыатын саҕатыттан сири кырсынан биир салаа оту хаалларбакка оттоотубут. Билигин биригээдэлэр cүөhү кыстыан сөптөөх хотонун өрөмүөннүү, тута сылдьаллар. Тараҕай нэhилиэгин Өргөстөөҕөр сылгылары кыстатыахпыт, сорох сылгылары бэйэбит үрэхпитигэр дэстибит. Онно миэстэлэргэ хаhаа-кыбыы тутулла сылдьар. Онтон атын икки сиргэ субай сүөhүнү, ыанньыгы үүрүөххэ наада. Ферма сэбиэдиссэйэ Исээкэбинэ, көhүөхтээх сүөhүлэри аттара сырыт. Оттон сылгылары Киргиэлэй Испирдиэнэбис дьаhайар ини.

– Быhайын райком дьаhалынан үс биригээдэ тэрийэн оттоппуппут абыраллаах эбит. Оттон тыыран-аттаран көрүөхпүт. Алаастар аанньа от биэрбэтилэр, үрэхтэр да ортону быдан кыайбаттык үүннүлэр. Ити үс көс сүөhүттэн орпутун үксүн үрэхтэрбитигэр кыстатыаҕыҥ. Хаалар сылгылары эмиэ онно. От олох кырыымчык. Эрдэттэн ханна эмит эбилик дулҕалаан, былах быhан хаhаанан кэбиhиэҕиҥ. Урут быспыппыт да буоллар, баҕар ханна эрэ орпута буолуо. Хатыҥ лабаатын син элбэх сиргэ сиилэстээбиппит, ол улахан көмө буолуо, – Киргиэлэй Испирдиэнэбис-Торгуй олорунан кэбистэ.

– Чэ, ити курдук дьаhаныаҕыҥ. Өссө биирдэ суоттанан көрүҥ. Хас сүөhүнү, сылгыны ханна кыстата туруорарбытын испииhэктээҥ. Хас ферма, сылгы хаhаайыстыбата төhө оттооҕун, сиилэстээҕин, хомустааҕын, былахтааҕын өссө ханна xahaac туохтааҕын учуоттааҥ- ҥыт, Исээкэбинэ, Киргиэлэй Испирдиэнэбис, миэхэ түhэриҥ. Ону өссө төгүл бэрэбиэркэлээн, ааҕынан көрөн баран, Сергей Сидорович биhикки райкомҥа араапар суруйуохпут, – Варвара Михайловна мунчаарбыт бэйэтэ арыый сымнаабыт көрүҥнэннэ. – Уонна өссө биир этиилээхпин. Үрэхтэр күөллэригэр муҥха тэрийэн, дьону быыhыахха наада. Дьон аччыктаан эрэр. Ону Сергей Сидорович, эн дьаhай. Маайа Исээкэбинэ, сэппэрээтэрдэммит үүт түҥэтиллибититтэн ордугунан тарда оҥорон барыҥ. Ону ферма аайы тиэрдиэххэ наада. Кыhын үүт суоҕар наада буолуо. Тиит мастары охторон субаларын хаhааныахха, бэлиэртэн билигин ону кыайан булуммат дьоҥҥо түҥэтиэххэ. Маhы бэйэтин оттукка туттуохпут. Итини, Сергей Сидорович, эмиэ эн дьаhай эрэ. Эн куораттан сиэмэ булан таhаараҥҥын, абыраатыҥ дии. Дьоҥҥо ас суох – иэдээн, оҕону-урууну быыhыахха наада. Cүөhү эрэ күндү буолбатах. Үлэhит тугу эрэ аhыыр буоллаҕына, үлэни кыайан үлэлиир. Обком, райком нуорма бурдук анаан абырыыра буоллар.

– Ити туhунан кэпсэтиилэр ыытылла сылдьаллар, – үгүс түбүктээх Сергей Сидорович тоhоҕолоон бэлиэтээтэ.

Кини сыыдам-сылбырҕа, кэпсэтиини да сатаан кэпсэтэр, үгүhү ситиһэр ыллыктаах салайааччы буолан, дьон ортотугар үрдүк аптарытыаттаах. Үрдүк күүстэр өй да өртүнэн хатаҕалаабыт aҕaй киhилэринэн, эмиэ, кини буолар. Сэрии кэмигэр кыра да нэhилиэк салайааччылара көрсөр түбүктэрэ халлаан сулустарын курдук элбэх. Олох эриирэ-мускуура бу ыар дьылларга муҥурун булларбат.

***

Хомуhа ончу суох гына ходуллубут алааhын нэлэhийэн хаалбыт күөлүттэн хараҕын кыайан араарбакка, Үүйэ хотонуттан дьиэтигэр чэй иhэ тахсан иhэр. Аттыгар Балбаарыс кыыс суолу кыҥастаhа аргыый хаамсар. Үүйэ сыыйа бөлкөй-бөлкөй киэмсийэ үүнэн силигилээбит хатыҥ чараҥнарын суох буолбут оннуларыгар хараҕын хатаата.

– Мин ити чараҥнарбын аhыйа саныыбын. Быhайын үлтү кумалаан сиилэс оҥкучаҕар симпиппит дии. Төрөөбүт алааспыт маанылаах киэргэллэрин сүгэ-сүөhү аhылыга оҥорбуппут наhаа да абалаах! Алаас-алаас аайы, үрэххэ эмиэ, ханна да хатыҥ, талах, үөт диэн ордубата. Барыларын багдайбыт хотоннор тастарыгар дириҥ оҥкучахха сиилэстээн симпиппит. Онтон мин билигин да ытыах санаам кэлэр.

– Үүйэ, хайыахпытый оттон. Оннооҕор сэриигэ уолаттарбыт өлөллөр. Мин Ньукуустуун куустуспакка да хааллым. Кини бaҕap эргиллиэ cyoҕa.

– Балбаарыс, Ылдьаа ханна тиийбитэ буолуой? Олох суруйбат. Дьиҥэр, кини үөрэхтээх, суруйуо этэ. Мин кинини саныы-саныы соруйан ытаабат буола сатыыбын. Хараҕым уута кини аатыгар түспэтин диэн, бaҕap тыыннаах эргиллиэ. Кырыыстаах сэрии. Эн да Ньукууhуҥ кэлиэ. Эйэҕэс-сайаҕас үчүгэй уолу таптыыгын, Балбаарыыс, – диэт Үүйэ кыыhы илиититтэн ылла.

Сэбирдэхтээх мас, сэппэрээк ирдэнэн туран кэрдиллэн, ханна да ордубата. Барыта cүөhү аhылыга буола хаhааныллыбыта. Холкуос этинэн-арыынан түспүт былаанын толорон дойдуга туттарбыта. Хаалбыт сүөhүтүн, сылгытын барытын энчирэппэккэ, сыл таhаарар эриирдээх ыарахан соругу партия обкома туруорбута. Ити сорук туолуута тугу да, кими да харыстаабат дьаhалынан сэрии кэмин тыйыс бирикээhинэн ирдэниллэ турбута. Дьон, oҕo-ypyy oлoҕo сыаната суох буолбут курдуга. Ханна ханнык салайааччы олороруттан, үөhэ обкомҥа бастакы салайааччы быhаччы салайыытыттан үгүс дьон, саха аймах oлoҕo туллубат тутаахтаммыта. Төгүрүччү ыар кэм түбүлээбитэ.

***

Нэhилиэгин саамай бастыҥ үтүөкэн алааhын көhүнэн тайыыр усталаах күөлүттэн чугас турар фермаҕа Үүйэ ыанньыксыттыыр. Суоппуйалаах Балбаарыс мас тиэйэ барбыттара. Үүйэ coҕoтoҕyн муус тиэйэ иhэр. Бу киэҥ нэлэмэн эбэҕэ уонна үрэх бөдөҥ күөллэригэр балык биригээдэтэ тэриллэн үлэлээбитэ ыраатта. Балыктарын тута тууhаан иhэллэр. Нэhилиэнньэҕэ балык төбөтө да тиксибэт, барыта буочукаланан фроҥҥа утаарыллар. Быйыл сут-кураан туран, уута аҕыйаабыт чинчилээҕэ, сайынын киниэхэ түhэр үрэҕэ быстан хаалбыта. Үтүө күҥҥэ-дьылга тобус-толору, ып-ыраас дьэҥкир уута дьиримнии күндээрэн, тумус арыыларыгар хатыҥ, үөт намылыйа анньан, көрүөхтэн кэрэ хартыына буолан күлүмнүү оонньоон, күндээрэ күлэн, xapaҕы абылыыра, сүрэҕи сүүйэрэ. Үүйэ Эбэтин үтүөкэн көрүҥэ, сэрии ыар тыына сындалытан, санньылҕан чөмүччү бүрүйэ кууспутунуу тымныытык курустук нэлэhийэр. Кини Эбэтин кытыытыгар кыратык тохтоон ылла. Атын сыарҕатыттан түhэн хааман барда. Киэhэ ырааппыт. Күөлтэн ылбыт муустара чөмөхтөнөн турар сирдэригэр тиийиитигэр ый үөhэттэн, тугу гынар буолаҕын диэбиттии муҥунан дьэлтэччи көрөн, тулатын сырдатта. Халлаан куйаар сырдык банаара кыыска дoҕop буолардыы көмөлөhө тыган, кини онтон тэптэн тиэтэл муҥунан харса суох мууhун тиэйэн тириттэ-хорутта. Кэлэн иhэн дьагдьайбыта ханна да суох буолла. Сыарҕатын ойоҕолуу хааман, көлөтүн суолга киллэрэн дьиэтин диэки салайда. Бэйэтэ тahaҕacтaax сыарҕатын кэнниттэн хачыгырайда. Атын сыарҕатыгар, муус үрдүгэр, олоруо эбит да, аанньа аhаабат көтөх атын аhынан, ардыгар кириэс-мараас үктэннэр да сыарҕатыттан хаалсыбакка истэ.

Чараас таҥастаах дьону ыбылы кымаахтыыр тостор тымныыта оргуйан олорор кыыдааннаах кыhын үгэннээн турар. Кыhыҥҥы кылгас күн сырдыгын баттаhа, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Сэрии кэмин xaҕыc ыар тыына дьону нүксүччү баттаан эдэр, оннооҕор оҕо оҕонньор-эмээхсин курдук салбыҥнаhаллар. Сэниэ биэрбэт ымдаан сыыhа ас, күүстээх үлэ кими бaҕap бодутуох курдук. Үүйэ икки убайдарынаан, биирэ саастаах, иккиhэ ыарыhах буолан сэриигэ барбатахтара, төрөөбүт алаастарын күөлүгэр оччолоох балык кэлбэтэр да, куйуурдаан аhылык оҥостон абыраналлар. Куобахтыахтар эбит, баара буоллар, ол суох. Оннооҕор кутуйах да көстүбэт. Балык биригээдэтэ бултаабат кыра күөллэригэр дьон сэниэлээх өттө куйуурдаан айаҕар эбинэр. Үүйэлээх арыычча элбэҕи туттардахтарына, аччыктаан эрэр ыалларга түҥэтэллэр. Оҕолоро барахсаттар титирэстэhэ, харахтара чаҕылыҥнаhа түhээччилэр.

«Оо, хаhан ааhарый бу сордоох-муҥнаах күтүр кэмэ» дэhэн уолуйан-муҥатыйан ылааччы элбэҕэ. Үгүс эрэйи, кыhалҕаны уҥуох дьүдьэх санныларыгар сүкпүттэрэ. Эрэл бүтэhик өлөр дииллэринии, сэрии бүтүө, кыайыы кэлиэ диэн күүтэ сытан эрэллэрин сүтэрбэккэ өлбүт да элбэҕэ.

***

Үүйэ сүөhүтүн көрөн, ынахтарын уулатан баран сэки оттоох дулҕаны кырбаhан, олох хойутаан балаҕаныгар сыккыраан киирбитэ. Быйыл аҕата дэлби ыарытыйан, дьоно көhөн кэлэн бииргэ кыстаан олороллор. Ийэтэ чаанньыгын ohox уотугар аспыта. Кини куобах тириитин имитэ олорорун туора уурбута. Ол бэйэлээх быйыл аҕыйах, оҕонньор хойутуу күhүн бултаабыт булда этэ. Дьэки курус, хойукку киэhэҕэ хатыҥ чээрэтинэн оҥостон чэй иhэ олордоҕуна, дьүөгэтэ Эриппиэн аргыый тэлбиҥнээн киирбитэ.

– Үүйэ, бөөлүүн ыалым Сэмэн ынаҕын өлөрөн эт бэрсибитин буhаран олордохпутуна, биригэдьиир Торгуй милиция батыhыннарыылаах киирэн ордугун илдьэ барбыттара. Сэмэни тутан илдьибиттэр. Ынаҕын иhин, этин барытын ылбыттар үhү. Оҕолоро аччыктаан сытан барбыттарыттан ыксаан, кинилэри быыhаары дьаhаннаҕа.

– Оо, эрэйдээхтэри даа! Ийэлэрэ күhүн өлбүтэ. Сэмэн төрүт ыарыhах киhи өр барбатын билэн, кими эмит өрүhүйдэрбин диэн оҥороохтоотоҕо. Хаайыыттан тыыннаах эргийбэт, төрүт хаайыыга тиийбэккэ эрэ тыына быстар киhи, оннук мөлтөх көрүҥнээх сылдьара. Оҕолоро тулаайах хааллахтара. Бу үлүгэрдээх кыhыны хайдах-туох туораахтыыллар, – Үүйэ, Ылдьааттан сурук туппакка, санаата оонньуу сылдьар буолан кыайан туттуммакка, ытамньыйан саҥата бөлүөстэн, санна ыгдаҥнаан барда.

– Сэмэн биhиэхэ эмиэ биэрбитэ, уолунан балачча улахан кyhyoгy ыыппыта. Ону мин сэрэнэн ити Үүйэбэр да ситэ этэ иликпин. Онуоха-маныаха диэри кистээн туруоран баран, оттон Сэмэн оҕолоругар түүн буhарбыта буолан сиэтэн көрүөм.

– Ээ, эhиэхэ эт буhарбыт сыт cyoҕyн иhин сылдьыбатахтар. Өлөксөйдөөхтөн, Балбаарыстан эт буhарбыт сыттаах ыалтан барыларыттан кэрийэ сылдьан тутан барбыттар үhү.

– Дьэ, бэрт да үлүгэр эбит! Сэмэн саатар ынаҕын хаанын, ohoҕohyн ханна эмит кистээбэтэҕэ буолуо дуо? Оҕолоругар бука Торгуй үүт бэрдэрбэтэ буолуо. Дьэ, хайдах дьон буолар дьоммутуй бу? – диэн Үстүүнньэ муҥатыйа олордо.

Хараҥа түүн сабардаан кэлэн, бөhүөлэк кирийбиккэ диэри чуумпу курус балаҕаннарын, саба кууста. Ынырык сэрии дьэбир тыына ыраах түҥкэтэх тыылыгар аччык дьону аhыныгаhа суох тымныы, сыырас сыттаах хоонньугар угунна. Силлиэ илбиhирэ сирилээн-сиксиhитэн балаҕаттары хаарынан саба ыhан күөрчэхтэнэ ытыйда, бэйэтиттэн бэйэтэ тэптэн чыскыhыйа, улуйа сиэллэ.

***

Тото аhаабатаҕа ырааппыт Үүйэ хотонугар киирэн ынахтарын кэрийэ имэрийтэлээн ылла. Баҕана аттыттан күрдьэҕин ылан ынахтарын туруортуу-туруортуу күрдьэн барда. Кини миэстэтэ хотон үрдүк өртө буолан кураанах, үлэлииргэ чэнчис. Утары Балбаарыс эрдэ кэлэн сааҕын сыарҕаҕа тиэйэ туран:

– Үүйэ, мин ынахтарым хатыҥ лабаатын тиистэрэ кыайбат курдук кирэллэр. Эйиэннэрэ хайдах сииллэр? – диэн ыйыта тоhуйда.

– Оттон, эмиэ оннук. Хайыахтарай. Ысталлаах буолан дьоҕойон кэм аhаабыт курдук сананар буоллахтара. Симиэрт сэрии өрө туран халлаан кытта уларыйан, бу буола сырыттахпыт. Cүөhү ону өйдүүргэ дылы, дуостал маны сиэбэппин диэбит курдук чиккэччи тэбинэн турбат.

Ортоку эрээккэ элбэх oҕoлoox Настаа ынахтара лабаа сиэн кирдиргэтэр тыастара иhиллэр. Кини ынахтарын кытта эйэргэhэр, этиhэр саҥата тохтоло суох умайыктанан олорор. Хотон уҥа хонноҕор Баанньа уолчаан субай сүөhүнү көрөр. Ол диэкиттэн кини сөҥ куолаhа дөрүн-дөрүн hайдыыр саҥата иhиллэр. Аллараа уhукка Ааныс хайыы-сах ынахтарын уулата таhаартаан эрэр. Кини сүөhүлэрин соруйар айдаанын-куйдаанын кытары сүүрэн лаhырҕайдыыр тыаhа лиhиргиир. Хотон иhигэр субу кэмҥэ үлэ үөhэ үллэн олорор, сүөhүлэр тыыннара сылытан сииктээх салгын илгийэр. Үүйэ Балбаарыс кэнниттэн сыарҕалаах оҕyhy ылан ынахтарын сааҕын тиэйэн барда уонна Балбаарыска туhаайан:

Суостаах кэм өргөһүгэр

Подняться наверх