Читать книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - - Страница 1
Хаатыҥкалаах киһи
(Сирэй кэпсээн)
ОглавлениеАҕыс уонус сыллар саҥалара. Билиҥҥигэ холоотоххо, үүт тураан, уу чуумпу холку олох. Мин университекка ассистенынан үлэлиибин. Дьиэбэр эбиэттии бараары, кафедрабар тугу эрэ гына олордохпуна, сэкирэтээр Антонина Семеновна кылбайан киирэн:
– Уйбаан Уйбаанабыс, тойоҥҥор бара тардар үһүгүн, – диэтэ.
Ити кэмҥэ миигин, саҥа кандидат буолбут отуччалаах киһини, деканы наукаҕа солбуйааччы оҥорбуттара. Онон урут соччо киирбэтэх-тахсыбатах хоспор, деканакка, сотору-сотору тэбинэр буолбутум.
Аан хоско киирбиппин, деканат сэкирэтээрэ Куприяновна саҥата суох, декан аанын диэки «киир» диэн сиэлийэ көрөн кэбистэ.
Деканаппыт диэн – үс да алталаах дьоҕус хос. Мунньахтыыр уһун остуол түннүк диэки уһугар балтыһахтыы турар остуолга декан Иннокентий Герасимович умса нөрүйэн олорон тугу эрэ суруйар. Мин киирэн дорооболоспуппар, эмиэ саҥата суох, эркини кыйа турар олоппостор диэки уруучукатын уһугунан ыйда. Олордум. Иннокентий Герасимович чочумча тугу эрэ суруксуттаата.
Мин, деканат үлэтигэр саҥа сыстан эрэр киһи, тойон хоһугар толло-толло киирэбин, онон туох да саҥата-иҥэтэ суох дьылыйан олорон кэтэстим. Кэмниэ кэнэҕэс декан суруксуттаан бүттэ, уруучукатын остуолга туора аста уонна ачыкытын нөҥүө мин диэки көрөн ылла.
Бу уоһун үрдүнэн тор курдук бытыктаах, аҕамсыйбыт, оччотооҕу сахаҕа орто уҥуохтаах хатыҥыр киһи математиктар физиктэртэн арахсан туспа барыахтарыттан деканныыр. Саха университетын бүтэрэн баран, Ленинградка аспираннаабыт, солотун онно көмүскээбит киһи.
– Иван Иванович. Дьэ, биир моһуок боппуруоска сүбэлэһээри ыҥырдым, – Иннокентий Герасимович аны ачыкытын аннынан миигин тобулу көрдө.
Мин соһуйа иһиттим. Баччааҥҥа диэри декан миэхэ «онно сырыт, манна сырыт, ону гын, маны гын» диэн судургу соҕус сорудаҕы этиинэн муҥурданааччы, бүгүн буоллаҕына, тугу эрэ «сүбэлэһээри» гынар. Мин болҕойуохпунан болҕойдум.
– Билигин биир дьикти киһи кэлэн барда. Хаһан диэхпиний? Чэ, иккис паара кэнниттэн уон диэки буолуо, – Иннокентий Герасимович туора хайыһан, миэхэ иэдэс биэрэн олорон, идэтинэн лоп бааччы уурталаан саҥаран барда.
«Тыый, ол туох киһитэ буоллаҕай? Факультекка ким эрэ кэлбитэ-барбыта сонун буола илик этэ дии…»
– Хаатыҥкалаах, тэлигириэйкэлээх, ушанкалаах, бэрт судургу таҥастаах кэлии киһи. Физмат наука докторабын, аатым Юрий Федорович Орлов, квантовай теория поля дьарыктанабын диир. Эн оннук ааттаах киһини истэр этиҥ дуо?
– Хайдах эрэ истибит курдукпун. Чуолкай бу ээ диэн өйдөөбөппүн.
– Устудьуоннарга лиэксийэ ааҕыам этэ диир. Ону мин туох да диэбэтим. Аны кини тахсан бараатын кытта, миэхэ звонок кэллэ. «Оннук-оннук киһи эһиэхэ сырытта дуо, устудьуоннарга лиэксийэ ааҕыам диэбитэ буолуо, ону отой сөбүлэһиэ суохтааххыт» диэтилэр.
– Ол ким эрийдэ?
– Уорганнар. Отой барытын көрө сыталлар эбит. Онон эйигин сэрэтээри ыҥырдым, баҕар, эйигин булуоҕа, ону эн… сөбүлэһимэ, – декан бүтэһик тылын, чочумча толкуйдаан, ыараҥнатан баран ыһыгынна.
– Ол хантан кэлбитэ буолуой?
– Таҥаһа-саба тыаттан кэлбит киһи курдук. Тыаҕа үлэлиир киһи быһыылаах. Уонна ол кэпсиирин курдук, кырдьык, дуоктар быһыылаах. Таҥаһын-сабын аахсыбатахха, хайдах эрэ оннук дьүһүннээх-бодолоох. Саҥата-иҥэтэ да оннук. Били Ньурба Твердохлебовын курдук киһи буолуо. Чэ, итинник, – декан кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, били туора аспыт тэтэрээтин бэйэтин диэки тарта, уруучукатын ылла.
Мин декан хоһуттан үлтү булкуллан таҕыстым.
Кафедрабар тиийбитим, ким да суох, Антонина Семеновна ханна эрэ элэс гыммыт. Дьыалабын салгыах киһи курдук остуолбар олорбутум баара да, өйүм-санаам ыһыллан хаалла.
Чэ, туох эрэ муокас киһи кэлэ сылдьыбыта чуолкай. Ол гынан баран… Факультекка «уорган» эҥин диэн кэпсэтии суох буолааччы ээ. Арай үлэ быыһыгар, сэдэмньи кэпсэтиилэргэ ити тэрилтэ аата биирдэ эмэ иһиллэн ааһааччы. Онон Иннокентий Герасимович бэйэтэ бэйэтинэн ити чыычый тэрилтэ аатын миэхэ сирэй ааттаабыта ордук соһутта.
Мин, саҥа анаммыт киһи быһыытынан, үлэлии сатаан, факультекка научнай семинар тэрийбитим эбээт. Хаарыаны, ол семинарга оннук киһини дакылааттаппыт киһи баар ини. Сэрэйдэххэ, Саахарап оскуолата буолуо. Физика саамай чыпчаал таһыма! Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ…
Чочумча олорболоон баран, «ээ, чэ, дьиэбэр баран чэйдээбитим ордук» диэн буолла. Таҥнан таһырдьа таҕыстым. Тымныы иккис муоһа тостон, күн уһаан турар кэмэ. Бүгүн ичигэс буолан, таһырдьа киһи элбээбит, кэлии-барыы бөҕө, халлаан үчүгэйэ сүрдээх даҕаны, хаатыҥкалаах киһи барытын күлүктээн кэбистэ. Арай үлэбэр дуу, дьиэбэр дуу кэллин, оччоҕуна хайдах кэпсэтэбин? Бука, сурук биэриэҕэ, ханна эрэ тиэрт диэччилэр күөрэс гына түһүөхтэрэ. Оччоҕо хайдах буолабын?
«Иккис» оптуобуһунан олорор сирбэр, Сайсаарым диэки, айаннаатым. Ол иһэн, били, Ньурбачааҥҥа көскө кэлэн олорбут диссидиэн Твердохлебовы, киниэхэ Сахаров ойоҕунаан кэлэ сылдьыбытын санаталаатым.
«Бээрэ, оттон кэтээччилэр тиийэн кэллэхтэринэ тугуй?.. Били Юра биэрбит Солженицын «Один день Ивана Денисовича» диэн айымньылаах «Роман-газета» сурунаала остуолбар үөһэ сытар эбээт. Аны туран ол кинигэни бобуулаах диэбиттэрэ ээ».
Хайдах эрэ куттаныах санаам кэллэ.
Дьиэбэр чугаһаан иһэн көрбүтүм, биһиги дьиэбитигэр сэргэстэһэ турар эмиэ икки этээстээх мас уопсай таһыгар милииссийэ «уазига» уун-утары хайыһан турар эбит.
– Һы, тугун түргэнэй?! – диэн эрэ хааллым.
Олорор дьиэм диэн Новокарьернайга турар, уруккута устудьуоннар икки этээстээх мас уопсайдара. Көрүдүөр да, көҥкөлөй хостор. Икки хос икки арда ааннанан биирэ куукуна, биирэ утуйар хос буолан турара биһи кыбартыырабыт диэн буолар. Куукунабыт түннүгэ уонна киирэр аан кэккэлэһэ тураллар, онон хас киһи киирдэҕин-таҕыстаҕын ахсын аан тыаһа лаһырҕыы турар.
Дьиэбэр киирээт, бачыыҥкабын уһула биэрдим уонна соммун да устубакка утуйар хоспутугар түннүк анныгар турар үлэлиир остуолбар батыччахтаан тиийэн, илдьирийбит «Роман-газетаны» харбаан ылан, остуолга кыстанан турар кинигэлэр, тэтэрээттэр түгэхтэригэр астым.
Оронугар сынньана сыппыт ийэм:
– Хайа, бу туох буолан кэллиҥ? – диэн сөбүлээбэтэхтии саҥара-саҥара, туран аан хоско тахсан, күнүскү аһылыгын сылытта.
Оҕолор саадка сылдьаллар, ийэлэрэ үлэтигэр, онон иккиэйэҕин чэйдээтибит. Ийэм туох эрэ дьиэ таһынааҕыны кэпсиирин, дьоҕойон, «ыык» диэн сэҥээрбитэ буола олордум да, санаам – атыҥҥа.
Биирдэ тыл үөрэхтээҕэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолум, Баһылайап Дьуурка, кэлэ сылдьан, ити Солженицыны быраҕан барбыта.
– Ваня, бу – «Один день Ивана Денисовича». Баҕар, ааҕыа диэн аҕаллым. Ол эрэн, киһи хараҕа быраҕыллыбат сиригэр уура сырыт. Бу – Солженицын биир биллэр сэһэнэ. Ону көҥүллээн таһааран баран, аны бобон кээспиттэр. Эмиэ туохтара эбитэ буолла. Быраҕан кэбиһиэхпин санаам буолбат, – Дьуурка ол «бобон кээһэн» кинини түбүккэ түһэрбит кимнээхтэргэ эрэ өһүргэммит курдук, төбөтүн эйэҥэлэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, эппитэ.
Мин онно доҕорум сэрэҕин испэр күлэ саныы-саныы:
– Эс, ити кинигэ эмиэ туохтаах буолуой? Хааллар, хааллар. Хата, үчүгэйдик ааҕыам этэ. Баһыыба, – диэн кырыа-хоруо курдук эппитим да, хата, туох хайа иннинэ кистии оҕустум дии.
Массыына билигин да турара дуу? Баҕар, баран хаалбыта буолуо? Аһаан бүппүт киһи быһыытынан туран, түннүгүнэн таһырдьаны көрүөлээтим. Массыына харыс да халбарыйбатах.
Үгэспинэн үлэлиир остуолбар тиийэн олорунан кэбистим. Остуолга кыстана сытар кинигэлэр, кумааҕылар, сурунааллар быыстарыттан суруйа олорбут чинчийэр үлэбинэн ыстатыйа харатын ороон таһааран, иннибэр ууран арыйталаатым да, санаам хаатыҥкалаах киһиэхэ эргиллэ турар.
– Баанньаа, мин «Чиэхэпкэ» бардым, килиэппин ылыам, баҕар, эт тахсыбыта буолуо, – ис аан тыаһа «лап» гынна, онтон аны таһырдьа тахсар аан тыаһа «лиһигир» гынна.
Ийэм, хаһаайыстыбаннай суумкатын туппутунан, оҕо курдук барыны бары сэргэҕэлээбит хараҕынан тула-хала көрөн чэмээрийэн, олорор түннүгүм аннынан аа-дьуо ааһа турда. Ити аата кини Чиэхэп уулуссаҕа турар ас маҕаһыыныгар барда.
Харахпар ийэм көхсүн тобулу одуулаан олорор массыына лаампалара көстөн аастылар… Хаатыҥкалаах киһим бу киирэн кэлиэ диэн куттаммыт курдук ойон туран, кыбартыырам аанын иһиттэн хатанан «халыр» гыннаран баран, эмиэ олорунан кэбистим.
Атын күн эбитэ буоллар, тугу эмэ үлэлээмэлии түһэн баран, хайыһарбын ылан, Чочур Мураан диэки тэбинэ туруохтаах этим. Тоҕо эрэ кэннибин хайыһан, «баар дуо?» диэбит курдук орон уонна таҥас ыскаабын икки ардыгар кыбыллан турар хайыһарым диэки кылап гынан ыллым.
Мин билэрбинэн, үс киһи Саха сиригэр сыылкаҕа кэлэн олорбута. Твердохлебов – Ньурбачааҥҥа, биир физик – Кэбээйигэ, өссө биир киһи – Үөһээ Бүлүү Намыгар. Твердохлебовка Сахаров ойоҕунаан кэлэн, көрсөн барбыттарын истибитим. Уорганнар кэтии-маныы сылдьыбыттарын, суоппардар олордубакка ааһалларын туһунан усках кэпсээн элбэх этэ. Кэбээйи киһитин туһунан кэпсээн эмиэ баар этэ да, үһү-таамах курдук, соччо чуолкайа суох. Оччоҕуна ол киһи физика саамай төрүт боппуруоһунан, квантовай физиканан, дьарыктанар. Оҕо эрдэхпиттэн кэрэхсиир, интэриэһиргиир үөрэҕим. Ол аата бу киһи Сахаров оскуолатын бэрэстэбиитэлэ буоларыгар тахсар. Оннук улахан киһи бэйэтинэн кэлэн биэрэр. Хаарыаны, семинарга дакылааттаппыт, чэйдии-чэйдии кэпсэппит, сыыйа-баайа билсибит киһи баар ини!
Суруйар остуолум ким кэлэрин-барарын түннүгүнэн көрөргө анаан туруоруллубут курдук эбит. Хаатыҥкалаах киһим кэллэҕинэ да, олорор түннүгүм аннынан ааһыаҕа эбэтэр утары турар дьиэ уҥа өттүттэн тахсан, миэхэ уун-утары хааман кэлэн, дьиэҕэ киириэхтээх.
Ийэм кэллэ. Кырдьаҕас киһи сылайбыт, мааҕын оҕо курдук тугу барытын сэргэҕэлээн көрөн-истэн тахсыбыта суох буолбут, тугу эрэ санаан, атаҕын тумсун көрбүтүнэн хааман налыахтаан ааста. «Бээрэ, ааным хатыылаах этэ дии!» диэн сүүрэн тиийэн, ааным хатыырын төлө тартым.
Сотору ийэм киирэн, сонун уһулла. Атыыласпыт аһын оннун булларан, төттөрү-таары хаамыталаата, мин истэрбэр-истибэппэр кыһаллыбакка эрэ мөҕүттэр:
– Ити айылаах эти атыылыыллар, барыта уҥуох, ыллаҕым дии, хайыахпыный. Инньэ диэн толуону таах хаалларыам дуо. Айуу-айа.
Күннээҕи сүрүн үлэтин толорбут киһи быһыытынан ийэм, хоско киирэн, оронугар сытынан кэбистэ. Мин эмиэ туран, ийэм истибэтин диэн тыаһа суох ааны хатаан баран, кэлэн остуолбар олордум.
Халлаан боруоран барда. Эмискэ биир улахан уҥуохтаах киһи түргэнник хааман иһэрэ көһүннэ. Уһун сиэрэй хаатыҥкалаах. Кини! Тугу эмэ өйдүү-дьүүллүү охсуом иннинэ киһим элэс гынан ааһан хаалла да, аан тыаһа лип гынна. Мин олоппоспор хонос гына түстүм. Сүрэҕим битигирии түстэ. Хайыыбын? Ааны аһабын дуу, суох дуу? Хайдах кэпсэтэбиний, тугу кэпсэтэбиний? Баҕар, отой да атын киһи буолаарай?..
Ити икки ардыгар ааны тоҥсуйдулар. Чуо биһиги ааммытын тоҥсуйдулар. Улахана суохтук гынан баран кичэйэн, ылыннарыылаахтык. Быстыам дуо, ааҥҥа тиийдим. Тоҕо эрэ саҥарбакка дьылыйан хааллым. Бука, алҕас тоҥсуйбут буоллаҕына ааһыа диэн эрэнэбин быһыылаах. Суох, син биир тоҥсуйар. Онтон сибигинэйэ былаастаах саҥа иһилиннэ:
– Откройте, пожалуйста. Будьте мужчиной!
Чахчы инньэ диэтэ дуо?.. Иһиттим дуу, истибэтим дуу… Бээ, мин… «Кто там?» эбэтэр «кого надо?» диэн ыйытабын дуу? Харахпар дьиэм аанын супту одуулаан олорор «уазик» эмиэ көстөн кэллэ. Аан нөҥүө турар үтүөкэн киһи туох да куһаҕан, кэтэх санаата суоҕун дьэҥкэтик өйдүүбүн эрээри, ааны тэлэйэн биэрдим да, ол киһини батыспытынан биһиги үүт тураан сып-сылаас дьиэбит иһигэр туох эрэ хараҥа, кутталлаах, сидьиҥ күүс кутулла түһүөх курдук. Ол курдук аан хатыырын төлөрүтэн, бу хаатыҥкалаах, сылайбыт- элэйбит, сырдык, улахан киһини дьиэбэр ыҥыран киллэрэн кэпсэтиэхпин-ипсэтиэхпин баҕарар санаа уонна дьиэм, оҕолорум, билигин тугу да билбэккэ утуйа сытар ийэм тустарыгар куттанар иэйиилэр охсуһуулара өйбүн-санаабын ытыйа турдахтарына, эмискэ киһи тэйэ хаамар тыаһа иһилиннэ.
Барда! Мин түөһүм иһигэр туох эрэ быһа барбытын курдук буолла. Эмиэ тас аан лип гыммытыгар өйдөммүт курдук түннүккэ сүүрэн тиийбитим, хаатыҥкалаах уһун киһи бэрт дьулурҕатык аҕыйахта үктээн, утары турар дьиэ кэннигэр сүтэн хаалла.
Мин хараҥа аан хоско таалан тура түһэн баран, көхөттөн соммун, бэргэһэбин ылан кэттим, көрүдүөргэ таҕыстым. Биир-икки мүнүүтэ анараа өттүгэр мин санаабар туох эрэ кутталлааҕынан туолан турбут курдук көрүдүөр кур бэйэтэ кубулуйбакка, имик-самык лаампаларын уотунан, марайдаммыт эркиннэринэн, кырааската барбыт кирдээх муостатынан көрүстэ.
Ааны аа-дьуо аһан, таһырдьа тахсыбытым, били «уазигым» фарата холбонон, киһи хараҕа саатыах курдук бу тыган турар эбит. Мин кими эрэ албынныах курдук утары турар дьиэ диэки аа-дьуо хаамтым, онтон дьиэ күлүгэр тиийээт да, тохтобул диэки ыстанным.
Киһибэр кэтиллэ түстэхпинэ, киниэхэ тугу этэрбин да, киниттэн тугу ыйытарбын да быһаарбакка, куоттарбат эрэ мөккүөннээх, хараҥаран эрэр уулуссанан маҕыйан, «ахсыс» уһук тохтобулугар сүүрэн тахсыбытым, оптуобус соторутааҕыта барбыт быһыылаах, кубус-кураанах.
Хос быһаарыылар:
Орлов Юрий Федорович (1924, Москва) – биллиилээх чинчийээччи, физика-математика билимин дуоктара (1963). Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
1953 сылтан ССРС Билим Академиятын атомы чинчийэр кистэлэҥ лабораториятыгар үлэлээбит. 1956 сыллаахха Н.С. Хрущев ССКП ХХ сийиэһигэр оҥорбут дакылаатын дьүүллэһиигэ Сталины уонна Берияны буруйдаабыт, «социализмҥа олоҕурбут демократияны» туруорсубут. Ол кэннэ партияттан таһаарыллыбыт уонна кистэлэҥ үлэттэн туоратыллан, уурайарга күһэллибит.
Армения ССР-тын Билим Академиятын член-корреспондена (1968). 1979 сыллаахха ити солотун быспыттар.
1976 сыллаахха Москваҕа киһи көҥүлүн туруулаһар «Хельсинки» бөлөҕү тэрийбитэ. 1977—1984 сылларга – хаайыыга, 1984—1986 сылларга көскө олорбут. ССРС Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэригэр бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ, АХШ-гар үспүйүөннээн тутуллубут Геннадий Захаровка атастаһыллан уонна гражданствота быһыллан, 1986 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан таһаарыллыбыт.
1986 сылтан Америкаҕа олорор. Корнелль университетын профессора.
СГУ физикаҕа-математикаҕа факультетын деканыгар чахчы кини кэлэ сылдьыбытын туоһулуур докумуон билиҥҥитэ суох.
Егоров Иннокентий Герасимович (1935—2003) СГУ физико-математическай факультетын 1966 сыллаахха бүтэрбитэ. 1974 сыллаахха Ленинград университетыгар физико-математическай наука кандидатын солотун көмүскээбитэ. 1977—1987 сыллардаахха СГУ математическай факультетын деканынан үлэлээбитэ. Орто оскуола математикаҕа биэс учебнигын сахалыы тылбаастаабыта, сахалыы математическай термин тылдьытын оҥорбута.